14.12.2023 | 18:00

Руслан Смирников: «Анараа хас биирдии күнүҥ ураты күндү»

Руслан Смирников:  «Анараа хас биирдии күнүҥ ураты күндү»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Дойду көмүскэлин инники күөнүгэр сылдьар уолаттардаах ийэлэргэ анаммыт “Мэлииппэ” ырыа 1996 сыллаахха улуу артыыс Людмила Гурченко толоруутугар киэҥ эйгэҕэ көппүтэ. Бу дириҥ иэйиилээх ырыа бүгүҥҥү күҥҥэ Ийэ алгыһа буолан Арылы Дуйдаах тылбааһынан, Мария Соболева куолаһынан сахалыы тыыннанан киэҥ эйгэҕэ көтөн, анал дьайыыга сылдьар уолаттардаах ийэлэр олус чугастык ылыннылар.

Ийэ алгыһа

Арылы Дуйдаах тылбааһа

 

Оо, уолчааным,

Ханнык туора дойду хаарыгар

Муус тымныы эйигин хаарыйар,

Ийэлии сүрэҕим долгуйар.

 

Оо, бу тоҕо,

Биһиги дьылҕабыт туһугар,

Атын сир халлаанын анныгар

Тоҥ сулус курустук кылайар?

 

Баҕардым олус

Ол сулус курдук

Оҕобун бэйэм илэ көрүөхпүн,

Саҥа күн тахсарыттан үөрүөхпүн,

Эрэли кэһии гынан тиийиэхпин.

 

Баҕардым олус

Кыргыһар кэмҥэр

Алгыһым куйах буолан тиллиэҕэр,

Эйигин бу сэрииттэн быыһыаҕар,

Кэмсинэр санааларбын кыйдыаҕар.

 

Оо, биэбэкэм,

Төрөөбүт түөлбэҕэр, эн дьиэҕэр

Бигэтик үтүөҕэ эрэнэ

Кэтэһэр мин кутум эймэнэ.

 

Оо, оҕокком,

Хатылыам сүүс төгүл күннэтэ –

Сандал саас кэлэрин кэриэтэ

Эргиллиэҥ, хотойум, этэҥҥэ.

 

Оо, уолчааным,

Кый ыраах сындалҕан сырыыгар

Эйигин харыстыыр, арчылыыр

Ийэлии алгыһым тиийиэхтин.

Бу хоһоон тылларыгар төһөлөөх ийэ аймалҕана, оҕотун туһугар кистии-саба мэлииппэ ааҕара, аар айыылартан көрдөһөрө, кини туһугар алгыһа куйах буолан тиллэн тиийэригэр иһиллэрэ буолуой?!

Бүгүҥҥү дьоруойум Борец диэн позывнойдаах Руслан Смирников анал байыаннай дьайыыттан бааһыран, госпиталга эмтэнэн, билигин дойдутугар кэлэ сылдьар. Ол эрээри сотору барыахтаах. Биирдэ наһаа үөрэн эрийбитэ: “Наталья, уоппускабын уһатар буоллулар, хамандыырбын кытта кэпсэттим, аны комбриг бирикээһэ наада үһү, баҕар, дойдубар саҥа дьыллыам дии...” – диэн. Кырдьык, дойдугар, чугас дьоҥҥун, тапталлаах дьиэ кэргэҥҥин кытта аҕыйах да күн, аҕыйах да чаас сылдьар төһөлөөх дьол буоларын кинилэр эрэ билэн эрдэхтэрэ.

 

— Руслан, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо, дьонуҥ-сэргэҥ кимнээхтэрий?

— Күн сирин 1989 сыллаахха тохсунньу 31 күнүгэр көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, убайдаахпын.

Уһуйааҥҥа сылдьан баран 1996 сыллаахха оскуолаҕа киирбитим. Үөрэнэр сылларбар спордунан утумнаахтык дьарыктаммытым, куруук инники сылдьар, оҕолору бэйэм тула түмэр актыбыыс бэрдэ этим. 5-с кылааска оройуоннааҕы спортивнай оскуола-интэринээккэ көҥүл тустуунан дьарыктана диэн үөрэнэ киирбитим. Онтон 9-с кылааска дойдубар кэлэн, оскуолабын онно бүтэрбитим. Бэйэм кэммэр тустууга кэккэ ситиһиилэрдэммитим. Онтон 2006 с. Чурапчытааҕы физкултуура институтугар үөрэнэ киирбитим, кэлин кэтэхтэн бүтэрбитим.

2009 сыллаахха олоҕум аргыһын көрсөн, ыал буолан, уруу тэрийбиппит. Билигин үс оҕолоохпут, биир уол уонна икки кыыс.

2010 сыллаахха элбэҕи-үгүһү толкуйдаабакка, дойдубар ытык иэспин төлүү, аармыйаҕа барбытым. Онно тиийэн тута хантараак баттаспытым, онон алта ый Кавказ эргин Чечняҕа, Дагестаҥҥа сылдьыбытым, байыаннай разведкаҕа сулууспалаабытым, разведбатальон диэн ааттанар. Онтум билигин СВО сылдьарбар сүрдээҕин көмөлөстө.

Аармыйаттан кэлэн СХПК үлэлии сылдьыбытым, тустууга оҕолорго тренердээбитим, онтон Анаабыр Сааскылааҕар баран дьиэ кэргэнинэн икки сыл курдук үлэлии, олоро сылдьыбыппыт. Кэргэним учууталлаабыта, мин ДЮСШ тренердээбитим, бастакы сылбар дириэктэр эбээһинэһин толорон үлэлээбитим.

Биһиги аҕата суох улааппыппыт, ийэбит соҕотоҕун ииппитэ. Бииргэ төрөөбүт убайдааҕа, кини икки оҕолоох этэ. Таайбыт, хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугар суох, күн сириттэн бараахтаабыта. Кини биһиэхэ аҕабытын солбуйбут олус күндү киһибит буолар, элбэххэ үөрэппитэ, такайбыта, булка-аска сыһыарбыта. Түөрт оҕоттон мин саамай кыралара этим, билигин даҕаны бары бииргэ төрөөбүт курдукпут, онон кинилэр иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ олохпор элбэхтэ туһалаабыта.

Устудьуоннуур сылларбар, аармыйаҕа сылдьан, бу анал байыаннай дьайыыга даҕаны интэринээккэ олорбутум олохпор көмөлөстө дии саныыбын. Бэйэни көрүнүү, таҥаһы-сабы тэринии, спордунан утумнаахтык дьарыктаныы барыта, ону билигин сүрдээҕин сыаналыыбын. Уонна таайбыт да кытаанахтык тутар, ирдэбиллээх этэ.

— Анал байыаннай дьайыыга хайдах барбыккынй, баҕа өттүнэн дуу, мобилизация дуу?

— 2022 сыллаахха мобилизацияҕа түбэһэн, бэбиэскэ тутан барбытым. Аармыйаҕа разведкаҕа сылдьыбыт буоламмын онно ылаллара буолуо дии санаабытым эрээри, 155-с биригээдэҕэ морской пехотаҕа ылбыттара. Ону хайыаххыный, сирбэккин-талбаккын, онтуҥ бэйэтэ элита, элбэх саха уола баар этэ. Дойдубуттан икки уол буолан тутуһан сылдьыбыппыт.

Бастаан Украинаҕа тиийэн баран штурмовой бөлөххө сылдьыбытым, онтон ый - балтараа ый курдук буолан баран, хамандыырым, урут ханна суулуспалаабыппын билэр буолан, разведкаҕа баҕараҕын дуо диэбитигэр үөрүүнү кытта сүбэлэспитим. Биир дойдулаах уолбун илдьэ бараары эппиппэр ылбыттара, кини - снайперынан, мин - разведкаҕа. Головной дозорга сылдьыбытым, ол аата инники күөҥҥэ.

— Бойобуой дьайыыга тиийэргэ төһө өр бэлэмнэниини ааспыккытый?

— Владивостокка Приморскай уокурукка Бомбурово полигоҥҥа үс нэдиэлэ дьарыктаабыттара, Украинаҕа сылдьыбыт уопуттаах уолаттар, офицердар, дьарыктара үчүгэй этэ. Онтон Владивостокка аҕалан үс күн сынньалаҥ биэрбиттэрэ. Олохтоохтор дьиэлэригэр кэргэттэрин, оҕолорун кытта быраһаайдаһа барбыттара, биһиги тэринэ, көрүнэ, тиктэ, саабытын, брониктарбытын бэринэ хааллахпыт дии.

200-тэн тахса байыаннайы бортка олордон Ростов-на-Дону көтүппүттэрэ. Түүн тиийбиппит, олус хараҥа этэ, ханна-ханна кэллибит диэн аймалҕан тахсыбыта. Байыаннай бортартан дьааһыктаах аптамааттары түһэртээн, толору маҕаһыын иитиилээх “готовность номер 1” кэтэһэн тураллар этэ. Онтон Ростовтан Украина кыраныыссатыгар диэри алта-сэттэ чаас айаннаабыппыт. Тиийбит күммүтүгэр Урал массыынанан окуопаларга биир ротаны хааллараллар, ол аата 120-тэн тахса киһини, биһигини, окуопаҕа ылан быраҕаттаан кэбиһэллэр, Волноваха таһыгар. Биһиги кэм бэлэм окуопаҕа тиийбиппит, ити кыһыары күһүн этэ, оһох да, туох да суох. Сарсыарда туран дьэ тугун-ханныгын көрдүбүт. Арыычча тыыл диэки сытар эбиппит, передок буолбатах этэ. Онно уонча күн сытыаран баран барыбытын ыһыталаан кэбиспиттэрэ. Кирилловка диэн дэриэбинэҕэ биһиги биир взвод, о.э. 25-26 киһи тиийбиппит. Атын роталар бааллара, олору кытта холбооттоон кэбистилэр.

Бастакы сорудахпыт диэн хомунуу, билсиһии, хамандыырдар картанан лесополосаны көрдөрөллөр, эргэ төлөпүөннээх буоллаххына, карта быраҕан биэрэллэр уонна Угледары барытын хачайдаан көрүҥ, үөрэтиҥ дииллэр. Бастаан ханан киирэрбитин, тахсарбытын, үлэлиирбитин көрбүппүт. Онтон дьэ штурм, лесополосаҕа киирэн позиция ылаҕын, передокка, блиндажка сытаҕын, кэтэһэҕин. Инниҥ диэки барбаккын, утары сэриилэһээччилэр киирбэтиннэр диэн позицияҕын тутан баран сытаҕын: нэдиэлэ, уон күн буоллун, көтө сылдьар “птичкаҕа” көстүө суохтааххын, онтон солбуйар смена кэлэр.

Кэннибитигэр биһиги уолаттарбыт, “летчики квадрокоптеры”, дрону көтүтэр уолаттар сыталлар, биһигини өссө иннин диэки киириҥ диэхтэрин сөп, утары өстөөх суох буоллаҕына. Ол курдук, 200-300 миэтэрэ көстүөххүн сөп, уопсайынан, кыралаан кимэн киирэн иһиэхтээххин, сир былдьаһыыта буоллаҕа.

Хамандыырбыт Горыныч диэн этэ, аатын-суолун билигин да билбэппин. Сүрдээх төбөлөөх, муударай, 40-чалаах, уолаттары мээнэ солуута суох сорудахха ыыппат, сүрдээҕин харыстыыр этэ. Разведчик буолан баран штурмнар курдук үлэлиибит. Разведка лесополоса кэтэҕинэн туораан киирэр, көстүө суохтааххын, оннук үлэлэр барбыттара. Снайпердаах эҥин барабыт. Квадрокоптер көтүтэбит, өстөөх баар буоллаҕына, снайпер ыҥырабыт, кини олох атын сиргэ баран соҕотоҕун үлэлээн саҕалыыр.

— Ордук туох санаа-оноо киирэрий?

— Бүгүҥҥү күн эрэ этэҥҥэ аастын диэн толкуйдар киирэллэр, күннээҕинэн олороҕун. Күнүҥ этэҥҥэ ааста, аны сарсын эмиэ туох күүтэрэ биллибэт. Разведкаҕа барбыт табаарыһым снайперынан үлэлиир буолан, туспа сылдьар этэ. Мин биэс нууччаны кытта сылдьыбытым. Ол уолаттарым бойобуой турукпутун күүскэ көтөҕөллөрө, бөҕөргөтөллөрө. Приморье уолаттара этилэр, икки уолбут билигин суохтар, от ыйыгар Пумба “200” буолбута, күһүөрү соҕус Москва суох буолбута. Хромой диэн уолум баар, билигин куруук сибээстэһэбит, уоппускаҕа сылдьар, эмиэ бааһыран эмтэнии барар.

— Усулуобуйа хайдах этэй, аскыт-таҥаскыт, хааччыллыыгыт, гуманитарка тиийэрэ дуо?

— Биһиги биригээдэбит хааччыллыыта үчүгэй этэ. Хамандыырбыт Горыныч ол чааһыгар чиҥ-чаҥ, булар-талар. Оборона министиэристибэтин өттүттэн дьааһыгынан трубкалаах кыракый сок диэн, 1,5 лиитэрэлээх ууну дэлэйдик биэрэллэр, ону таһынан армейскай сухой паек быстыбакка кэлэрэ.

Гуманитарка өттүгэр киирдэххэ, мин подразделениебар, хомойуох иһин, Саха сиригэр сырыттахпына эрэ баһыылка кэлбит этэ. Оройуоммуттан, дэриэбинэбиттэн хомуйан ыыппыттара аадырыһыгар тиийээхтээбэтэҕэ. Олох атын сиргэ тиийбит буолуохтаах, итинник түбэлтэ элбэх дииллэр уолаттар. Хата, Приморье гуманитаркатын дэлби туппуппут, мөһөөччүгүнэн наскы, ис таҥас, футболкалар, күһүҥҥү, кыһыҥҥы халыҥ таҥас, оҕолортон суруктар эҥин.

Онно ЛНР, ДНР сирэ-уота наһаа киэҥ, хайысха да олус элбэх, онон Саха сириттэн барыбытыгар кыайан тиийбэт буоллаҕа.

— Төлөбүр төһө арахсарый, баҕа өттүнэн барааччыларга, контрактниктарга уонна мобилизованнайдарга?

— Ол сороҕо бэйэҕиттэн тутулуктаах. Чааскыттан барарга бухгалтерияҕа докумуоҥҥун сөпкө биэрбит буоллаххына, каартаҥ, ИНН нүөмэрин эҥин, оччоҕо үчүгэйдик кэлэр, сыыппараны сыыһымыахха наада. Контрактниктар киэннэрэ арааһынай, былырыын биир уолбут киэнэ түспэт этэ. Хамандыырбыт Владивостокка сибээскэ тахсан, бухгалтерияны билсэн, “хамаандалаан”, хамсааһын тахсан барбыта. Уопсайынан, хамандыыртан элбэх тутулуктаах, наҕараада өттө, хамнаһыҥ эмиэ.

 

— Олохтоохтору кытта сыһыан хайдах этэй, син биир алтыһан ааспыккыт буолуо дии.

— Тыылга Волновахаҕа сылдьарга икки фермер массыыналаах этибит, онон тиийэбит. Дэриэбинэлэргэ олохтоохтор сибиинньэ сыата, этэ эҥин атыылыы олорор буолаллар. Дьиэҕитин көрдөрүҥ диибит, дьаат эҥин кутуохтарын сөп, ол-бу буоллаҕына кэлэбит диэн этэбит, куттуубут. Ким эрэ кэпсэтэр, ким эрэ кэпсэппэт, дьон арааһынай буоллаҕа, бары ытыс үрдүгэр көрсүбэттэр. Арай дьахталлар, эмээхситтэр үөрээхтииллэр, “Вы наши защитники” дииллэр.

Валерьяновка диэн дэриэбинэҕэ биир алталаах-сэттэлээх оҕо куруук уулуссаҕа турар буолааччы, Арассыыйа былааҕын тутан, броник, каска кэтэн. Ааһан иһэн сок, кэмпиэт биэрэр этибит. 

— Инники кирбиигэ төһө элбэхтэ сырыттыҥ?

— Бааһырыы ылыахпар диэри уончата киирдэҕим дии. Киһи киһиэхэ сатаан кэпсээбэт сэриитэ буолар. Ближнэй 50 миэтэрэлээх киирсиигэ, хата, түбэспэтэҕим, миэнэ барыта 200-300 миэтэрэ, ол аата “дальняй” диэн. Артиллерия үлэлээтэҕинэ, кэлбит сиргинэн, бааһынанан сүүрбэккэ, сөптөөхтүк төттөрү баран блиндажка киириэххин наада, ол курдук кыйа баран дрон көрбөт буоллаҕына саһыахха сөп.

— Улахан бааһырыы ылаҥҥын Бурденко госпиталыгар сытан эмтэнэн, этэҥҥэ икки атаххынан хааман кэллиҥ. Ханнык кыргыһыыга бааһырбыккыный?

— Бу быйыл саас, муус устар саҕана, хаҥас таас уҥуохпун тосту ыттаран кэбиспитим, улахан осколок хатаммыта. Түүн 3 аҥаарга түүҥҥү обстрелга түбэспиппит. Мин дьолбор Хромойум хостоон таһаарбыта, онон киниэхэ сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабын. Кини бөлөхпүт старшайа, Приморье уола. Соһон таһааран, аҥаар атахпынан киһибиттэн өйөнөн, саһа-саһа хааман тыыннаах хаалбытым, ол ытыалаһыыга Тайфун уонна мин “300” буолбуппут. Ытыс таһынар ыас хараҥа этэ. Никольскайга диэри 3-4 км соһуллан кэлэбин. Бастакы көмөнү умайбыт БТР-га илдьэн баран оҥорбуттара. Биинтэлээбиттэрэ, хаҥас атахпар бааһырыы ылбыт буоламмын, уҥа илиибэр промедол укуоллаабыттара. Промедол диэн ыарыыны мүлүрүтэр күүстээх препарат. Аптечкабатыгар кырата биирдии промедолу укта сылдьабыт.

Бастаан Донецкайга улахан бронированнай массыынанан илдьибиттэрэ, онтон “вертушканан” Ростовка көтүппүттэрэ. Наһыылкаҕа сытабын, үс эҥин күн буолбутум быһыылаах, үчүгэйдик өйдөөбөппүн, ыарыыбыттан, бааһырыыбыттан түүл-бит курдук этэ. Онтон үс күнүнэн “Центр” диэбиттэрэ, ол аата Москваҕа эбэтэр Питерга ыыталлар, оскуолакпын сатаан ылбатахтара, местнай наркоһунан хаһа сатаабыттара. Ол курдук Бурденкоҕа илдьибиттэрэ, онно үһүс дуу төрдүс дуу күммэр эпэрээссийэлээн оскуолакпын дьэ ылбыттара. Онтум билигин Пушкин аатынан библиотекаҕа музейга сытар.

Москваҕа госпиталга сыттахпына Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева, “Сахаволонтер” хамсааһын кыргыттара ас-үөл аҕалан, атахпар турарбар күүс-уох буолбуттара. Эпэрээссийэ кэнниттэн икки нэдиэлэ сыппытым, онтон Владивостокка ыыппыттара, онно икки нэдиэлэнэн баттыкка туран хаампытым. Буулдьа тааһым уҥуоҕун алдьатарыгар буутум былчыҥын быспыт, онон лазер уонна магнит көмөтүнэн эмтэммитим, онтон дойдубар 60 хонукка ыыппыттара, балаҕан ыйын бүтүүтэ баттыкпын быраҕан бэйэм хаамар буолбутум.

— Аан бастаан туох санаа киирбитэй бааһыран бараҥҥын?

— Бааһыран баран бүттүбүт, өлөр диэн маннык дуу дии санаабытым. Бу диэн өйдөөбөппүн, хайдах эрэ тула барыта бытааран хаалбыт курдук этэ, киһим сирэйбин эҥин таһыйар, хайдаххыный, тулуй, кылаабынайа хараххын сабыма, оҕолоргор, кэргэҥҥэр тиийиэҥ дии, мин эйиэхэ сынньана тиийиэм дии-дии кэпсэтэ сатыыра.

— Анал байыаннай дьайыы дьиҥнээх сыалын-соругун бары өйдүүллэр дуо, куотуу, таҥнарыы түбэлтэтэ тахсар дуо?

— Паникалар, биллэн турар, бааллар, мин сылдьар уолаттарбар биирдэ да оннук тахсыбатаҕа. Таҥнарыы эҥин диэн суох. Сорох өйдөөбөт дьон бааллар этэ, туох иһин диэн, бэйэ икки ардыбытыгар да бу боппуруостар үөскүүллэрэ, оннук кэпсэтиилэр бэйэбит испитигэр тахсааччылар. Куоппуттарын истибэтэҕим.

Передоктан аккаастанааччылар бааллар этэ, ону кинилэр көҥүллэринэн буолбат буоллаҕа. Оннуктары “ямаҕа” быраҕаттыыллар, биэс күн аһа суох сытыараллар, онтон син биир передокка ыыталлар. Биһиги уопсайынан антах сылдьарбытын үлэ диэн ааттыыр этибит, үлэҥ курдук ылынаҕын.

— Сахалар Аҕа дойду да сэриитигэр, билигин да хорсуннарын, харса суохтарын уонна булугас, мындыр өйдөрүн, сатабылларын куруук истэн, көрөн, киэн туттабыт. Сахалар аттыларыгар сырыттахпытына өлөн-охтон биэрбэппит, аччыктаабаппыт диэн атын регионтан сулууспалыы сылдьааччылар этэллэрэ оруннаах дуо?

— Ол баар, сахалар передовойга да, окуопаҕа да сытан толкуйдара, мындырдара саллааттартан саҕалаан, хамандыырдары кытта сөхтөрөр. Аҥаардас биһиги бултуур буоламмыт, саабытын сууйабыт-сотобут, уоспутугар бадараан киирбэтин диэн наскы кытта угабыт, нууччаларбытын куруук сүбэлии-амалыы сылдьабыт. Кинилэр үгүстэрэ аармыйаҕа биирдэ, иккитэ эрэ сааны туппут, сорохторо бултаабатах да уолаттар. Уопсайынан, анараа сахалары олус убаастыыллар, үрдүктүк туталлар.

Мин бэйэм булт диэн баран муннукка ытаабыт киһибин, этэргэ дылы кустааһын диэн биһиэхэ саамай кыра булт  буоллаҕа, булт диэн миэхэ биир саамай сөбүлүүр дьарыгым, улахаҥҥа да сылдьабын, тайахха, кырдьаҕаска.

— Олох эдэркээн уолаттар хайдах тулуйалларый, анараа тиийэн омугуттан, кимтэн да тутулуга суох убай, быраат буолуу диэн чахчы дуо?

— Үчүгэй хамандыырга түбэстэхтэринэ, өйүү сатыыллар, биһиги даҕаны эдэрдэри санааларын көтөҕөн илдьэ сылдьабыт, дьаһайа, мөҕө-этэ, баттыы хайыы сылдьыбакка, барытын бииргэ оҥороҕун, үөрэтэҕин-хайыыгын. Оннук бииргэ тутуһа сылдьан, биллэн турар, убай, быраат курдук буолаҕын.

— Өлүү-сүтүү аттыгынан сырыттаҕа, доҕотторуҥ тыыннарын толук биэрдэхтэрэ. Биирдэ эмит ытаабытыҥ дуо?

— Биллэн турар, анараа хас биирдии күнүҥ ураты күндү. Биир иһиттэн аһыы сылдьыбыт, биир окуопаҕа кэккэлэһэ сыппыт, эн-мин дэсиһэн, өйдөһөн биир өлүүнү өлө сылдьыбыт бойобуой доҕоруҥ суох буолара, табаарыстарыҥ өлбүт сурахтарын иһиттэххинэ, ытыыгын, доҕоруҥ эчэйии да ыллаҕына, харах уута тахсар, киһи онтон кыбыстыбат. Икки доҕорум суох буолбуттара, биирэ Приморье уола, икки оҕолоох этэ, сайын бохоруонатыгар сылдьыбытым, Владивостокка Русскай Островка кистээбиппит, аҕатын кытта билигин сибээһи тутабын. Үөрэммит оскуолатыгар мемориал туруорбуттара, онно ыҥырбыттара, алтынньы ыйга бара сылдьыбытым. Биир уолум эмиэ суох, контрактник, Читаттан төрүттээх этэ. Биир үчүгэйэ диэн, өлүктэрэ хостонон, булуллан, ийэ буордарыгар, дойдуларыгар кистээтилэр. Наһаа элбэх уол онно булуллубакка хаалаахтыыр.

— Дойдуҥ дьонугар тугу баҕарыаҥ этэй, саҥа дьылбыт да чугаһаата, кэлэр сылга үктэнэрбит аҕыйах кэм хаалла, онуоха өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, ааҕааччыларга тугу тиэрдэҕин?

— Дойдум дьонугар дойдугутун харыстааҥ, ытыктааҥ, патриот буолуҥ диэн ыҥырабын. Биир дойдулаахтарбар кэлэн иһэр 2024 сылынан эҕэрдэбин ыытабын, тулуйуохпут, кыайыахпыт-хотуохпут диэн эрэнэбин! Этэҥҥэ кыайыы өрөгөйдөөх сэрии бүтэ оҕустун, доҕотторбут, аймахтарбыт, бырааттарбыт, убайдарбыт этэҥҥэ кэллиннэр.

Сүрдээҕин диэн махтаныам этэ Светлана Владимировнаҕа, кини сүбэлээн-амалаан элбэхтэ көмөлөстө, Владивостокка сүүрэр-көтөр эдэр волонтер кыыс Туйаара Владимировнаҕа, Москва волонтер кыргыттарыгар, биһиги, саха уолаттарын, 155-с биригээдэ аатыттан, ону таһынан дойдум дьонугар улаханнык махтанабын, көмөлөрө элбэх этэ. Бука бары дьоллоох буолуҥ, кэлэр сыл үчүгэйи, үтүө эрэ сонуннары аҕаллын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...