Розалия Сандакова: «Педагогическай династиябыт уопсай ыстааһа — 1173 сыл»
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Дьокуускай куорат 26-с №-дээх орто оскуолатыгар 38 сыл үтүө суобастаахтык үлэлиир СӨ үтүөлээх учуутала, РФ бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, уопсай педагогическай ыстаастара 1173 сылга тиийбит династия чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Розалия Ивановна Сандакова. Кининэн сирэйдэнэн биир идэлээх чугас аймахтарын үүнэр көлүөнэни иитиигэ сыралаах үлэлэрин туһунан кэпсиэхпит.
Розалия Ивановна Сандакова – өрөспүүбүлүкэ учуутал аймаҕын улахан ытыктабылынан туһанар, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар туруу үлэһит. 2012-2019 сылларга оскуола дириэктэрин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Итини сэргэ СӨ ЮНЕСКО Ассоциированнай оскуолаларын уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, ЮНЕСКО норуоттар икки ардыларынааҕы «Я – Гражданин мира» сайыҥҥы айар оскуолатын төрүттээччилэриттэн уонна сайыннарааччыларыттан биирдэстэрэ. Кини салалтатынан 26-с №-дээх орто оскуола эмиэ ЮНЕСКО ыытар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Чистые берега», «Великие реки», «Наше достояние» курдук аахсыйаларга, «Всемирное наследие в руках молодых» норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференцияҕа тиһигин быспакка ситиһиилээхтик кыттар.
Биир идэлээхтэрэ Розалия Ивановнаны норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны олохтуур уонна бөҕөргөтөр киһинэн билэллэр. Ол курдук, кини өрөспүүбүлүкэбит Францияны уонна Бельгияны, «Перекресток романских культур» Европа ассоциациятын, «Корпус мира» агентствоны, «Альянс Франсез» уопсастыбаннай тэрилтэни кытта сыһыаннарыгар дьоһун кылаатын киллэрбитэ. Итини сэргэ педагог Кытай үөрэҕирии тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһиини саҕалаабыт дьонтон биирдэстэрэ.
Розалия Ивановна – «Сетевое взаимодействие как фактор инновационного развития образовательного учреждения» инновационнай бырайыактар куонкурустарын, итиэннэ Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэҕирии сетевой бырайыактарын куонкуруһун лауреата. 2010 сылтан – омук тылын учууталларын куораттааҕы аттестационнай хамыыһыйатын чилиэнэ.
Розалия Ивановна үөрэнээччилэрэ араас таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, дипломаннара, лауреаттара, ОГЭ эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран учууталларын үөрдэллэр.
Ойор-тэбэр оҕо сааһым
Мин 1960 сыллаахха тохсунньу томороон тымныытыгар Амма оройуонун Соморсун нэһилиэгин Михайловка сэлиэнньэтигэр (Элэһин) Иван Федорович уонна Дария Семеновна Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Мин иннибинэ икки эдьиий уонна убайым бааллара, онтон мин кэннибиттэн өссө үс уол төрөөбүтэ. Ортоку оҕо, саамай кыра кыыс буоламмын бары олус таптаан, атаахтатан улаатыннарбыттара. Ол иһин да буолуо, кырабар орой мэник оҕо этим. Биир да бүтүн былаачыйам суоҕа, барытын сүүрэн-көтөн хайа түһэр этим. Хата, ийэбит барахсан иистэнньэҥ буолан, хас бырааһынньык аайы барыбытыгар саҥаттан саҥа таҥаһы тигэрэ. Хайдах быыс буларын наһаа сөҕөбүн, улахан дьиэ кэргэни аһатан-таҥыннаран күн солото суох сылдьааччы. Дьиэбитигэр 11 этибит, эбэбит (ийэм ийэтэ) инбэлиит уолунуун биһиэхэ олороллоро. Ийэбит аны асчыта диибин диэн, оһоххо араас бурдук аһы, туортары кытта оҥороро. Биир тылынан сатаабата суох этэ. Ийэбит иистэнэрин көрөн, биһиги, кыргыттар, эмиэ таҥас тиктэр буолбуппут. Эдьиийдэрим олус хаачыстыбалаахтык, кыһаллан тигээччилэр. Мин устудьуоннуу сылдьан ыксаатахпына икки чааһынан таҥас тиктэр этим, биллэн турар, ис өттүн хаачыстыбата мөлтөх буолааччы.
Төрөппүттэрим туһунан иһирэх тылынан...
Төрөппүттэрбит иккиэн туруу үлэһит дьон этилэр. Аҕабыт Иван Федорович – Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Японияны утары сэрии кыттыылааҕа. Сэриигэ эчэйэн дьүлэй буолан кэлбитэ, наһаа налыччы, мүчүк гынан күлэн кэбиһэр аҕыйах саҥалаах киһи этэ. Табах тардыбат, арыгы испэт, чөл олохтоох, биһигини хаһан даҕаны мөхпөт көнө майгылаах этэ. Сэрии иэдээнин этинэн-хаанынан билбит буолан, ол кэм туһунан отой кэпсээччитэ суох. Кэнники улаатан баран биһиги уйулҕабытын харыстаан эбит дии саныыбыт. Сэриигэ бииргэ сылдьыбыт доҕоро Гаврил Андреев биһиэхэ Амматтан ыалдьыттыы кэллэҕинэ, эбэтэр аҕабыт киниэхэ бардаҕына, бэйэлэрэ эрэ түүнү быһа истиҥник кэпсэтэн, ахтан-санаан ааһаллара. Дууһалара төһө аймаммытын ким билиэй. Сороҕор көрүдьүөс да түбэлтэлэр бааллар эбит. Кэпсэтэллэрин быһыта-орута иһиттэххэ, сэриигэ биир кэмҥэ наһаа аччыктаабыттар. Аҕабыт кулгааҕынан кыайан истибэт, аны анараа табаарыһа хараҕынан мөлтөх. Инньэ гынан иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, оҕуруотунан эҥин ас була баралларын кэпсэтэллэрин, күлэллэрин өйдүүбүн.
Аҕабыт Ленин аатынан холкуоска, кэлин Строд аатынан сопхуоска төһүү үлэһит этэ, өр сылларга сылгыһыттаабыта уонна өссө сылгыны айааһыыра. Ийэбит Дария Семеновна бэтэринээр идэлээҕэ, холкуоска, онтон сопхуоска үлэлээбитэ. Онтон элбэх оҕолоох буолан уонна доруобуйатын туругунан оҕо уһуйааныгар көһөн асчыт, ньээнньэ буолбута. Хомойуох иһин, ийэбит барахсан баара-суоҕа 50 саастааҕар күн сириттэн күрэммитэ. Аҕабытын 1987 сыллаахха куоракка массыына түҥнэри көтөн, онно улаханнык эчэйэн, төбөтүгэр уустук эпэрээссийэни ааһан баран үс ый эрэ буолаахтаабыта. Дьиҥэр, бэйэтин кыанар, доруобай киһи этэ. Уоттаах сэрииттэн тыыннаах эргиллибит аҕабыт барахсан итинник куһаҕаннык тыына быстыбыта.
Оскуолатааҕы дьоллоох сылларым
Соморсун орто оскуолатыгар үөрэммитим. Үчүгэй үөрэнээччи уонна сүрдээх көхтөөх оҕо этим. Бары тэрээһиннэргэ барытыгар, спортивнай күрэхтэһиилэргэ көтүппэккэ кыттарым, инньэ гынан дьиэбэр хонукпар эрэ кэлэрим. Наар үҥкүүлүүр, кэнсиэртэргэ кыттар этим, таҥаспытын эмиэ ийэм тигээччи. Наһаа сөбүлээн туран үөрэммитим, кырабар эдьиийдэрим уонна убайым оскуолаҕа баралларын, дьиэлэригэр кэлэн кинигэ ааҕалларын олус да ымсыыра көрөрүм. Дьоммут наһаа элбэх сурунаалы, хаһыаты суруттараллара, онон наһаа ааҕар оҕолор этибит.
Түгэнинэн туһанан, маҥнайгы учууталым барахсан туһунан кэпсээн ааһыахпын баҕарабын. Надежда Гаврильевна Абрамова билигин 80 саастаах. Кини туһунан бары наһаа үчүгэйдик саныыбыт. Бастакы көрсүһүүбүтүн билигин даҕаны субу баардыы өйдүүбүт – Надежда Гаврильевна эп-эдэр, уһун синньигэс уҥуохтаах, муус маҥан хаатыҥкалаах. Итинник хаатыҥка дэриэбинэбитигэр киниэхэ эрэ баара. Бастакы күнүттэн учууталбытын наһаа сөбүлээбиппит, кинини хомотумаары бары кыһаллыы бөҕө. Кими да араарбакка, барыбытын тэҥҥэ тутан үөрэппитэ. Надежда Гаврильевнаҕа уруок аайы ол-бу араас көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаал бөҕөтө, онон үөрэнэргэ наһаа интэриэһинэй этэ. Параллельнай кылаастарбыт биһиэхэ наһаа ымсыыраллара. Бастакытынан эдэр, кэрэ көстүүлээх, иккиһинэн, үөрэтэрэ үчүгэйэ. Учууталбытын кытта билигин да билсэ турабыт, сүбэ-соргу ылабыт, 80 сааһын туолар үөрүүлээх үбүлүөйүн бэлиэтэспиппит.
Аны төрөппүттэрбит хаһан даҕаны уруоккутун ааҕыҥ диэбэттэрэ. Оскуолабыттан кэллим даҕаны, аһаабакка-сиэбэккэ, тута дьиэтээҕи үлэбин толорон, ааҕан барарым. Ол саҕана 16 чаастан 18 чааска диэри уруок ааҕар кэм, ити бириэмэҕэ биир да оскуола оҕото дэриэбинэҕэ хаама сылдьыбат, учуутал эппитэ – сокуон. Аны учуутал буолар ыйааҕым тардан диэбиккэ дылы, учуутал сорудаҕынан үөрэхтэригэр мөлтөх оҕолору кытта дьарыктанар этим. Ыаллыы олорор уолаттарбытын мунньан үөрэтэбин, уруокка тугу барбыппытын хос кэпсиибин, дьиэҕэ үлэлэрин оҥорторобун. Ким да тугу да утары эппэт, арай сороҕор куһаҕан харахтарынан көрөллөр. Сорох оҕолор ийэлэрэ манан оройго охсон биэрээр диэн «указка» аҕалан туттараллара. Кэнники, улахан кылааска тахсан баран, уолаттарым ол саҕана миигин ынырыктык абааһы көрөллөрүн эппиттэрэ. Бэйэм бары предметтэри сөбүлүүрүм, учууталларбыт наһаа үчүгэйдэрэ. Оскуолаҕа орто сүһүөххэ пионерскай дружина бэрэссэдээтэлэ, үрдүкү кылаастарга хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрэ этим, биир үксүн онон отой солом суоҕа. Инньэ гынан химияҕа арыый мөлтүү сылдьыбыттааҕым. Аны ол саҕана дэриэбинэбитигэр наһаа үчүгэй спорт саалатын туппуттара. Онон оскуола оҕолоро, олохтоох ыччат онтон тахсыбат этибит, үөрэхпит быыһыгар мээчиктээн тахсарбыт. Бииргэ үөрэммит уолаттарбыт оннооҕор өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киирсэн ситиһиилээхтик оонньууллар этэ.
Үөрэх сырдык суолунан
Оскуола кэнниттэн, ол кэмҥэ буоларын курдук, оскуола – производство – үрдүк үөрэх кыһата девиһинэн сопхуоска үс сыл кэриҥэ бүттүүн кылааһынан ыанньыксыттаабыппыт. Аны ол кэнниттэн солбуйар киһим суох буолан, Дьокуускайга алтынньы ый саҕана эрэ тиийэн кэллим. Инньэ гынан, үөрэххэ туттарсарга, оннооҕор бэлэмнэнии кууруһугар киирэргэ хойутаан хаалбытым, наһаа хомойбутум. Хата, мин дьолбор, үөрэҕирии министиэристибэтигэр Томскайдааҕы педагогическай институт бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн бэлэмнэнии кууруһугар ылыыны биллэрбиттэр. Онно түбэһэн тиийдим уонна икки хонугунан Томскайдаан хааллым. Үс хайысханы талларбыттара – математика, английскай уонна французскай тыллар. Мин иккис эдьиийим француз салаатыгар үөрэнэ сылдьар буолан эмиэ французскайы таллым. Эһиилигэр устудьуон буоллум уонна 1985 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрдим. Омук тылын салаатыгар сахалар бааллар этэ гынан баран, кууруспуттан соҕотох бүтэрбитим, сорохтор академическай уоппускаҕа эҥин барбыттара.
Дьиҥэр, учуутал буолар эрэ ыра санаалаах буолбатах этим. Наар учууталлаах оонньооччубун, ол эрэн, кырабыттан наар олус сөбүлээн үҥкүүлүүр буоламмын, үҥкүүһүт, балерина буолуохпун эмиэ баҕарарым. Атаҕым төбөтүгэр тура-тура араастаан үҥкүүлээн биэрэр этим. Оччолорго аҕам балта, «Амма чэчирэ» оҕо ырыа, үҥкүү образцовай ансаамбылын тэрийээччитэ, салайааччыта Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич кыыһын Москваҕа балетнай оскуолаҕа үөрэттэрээри гыммыта, ол иһин бииргэ сырыттыннар диэн миигин эмиэ ыыта сыспыттара. Ону ийэм итиччэ ыраах сиргэ куттанан ыыппатаҕа. Оскуоланы бүтэрэрим саҕана учуутал буолар эбиппин диэн быһаарыммытым. Улахан эдьиийим Лариса номнуо университекка математик учуутал идэтин баһылыы сылдьара. Иккис эдьиийим Светлана Иркутскайга Хо-Ши-Мин аатынан институкка француз тылын салаатыгар үөрэнэрэ.
Үлэ киниискэтигэр биир суруктаахпын
Томскайга үлэ миэстэтэ бөҕө баар, инньэ гынан дойдубар ыыппат буола сатаатылар, анараа хаалан үлэлээ диэн. Биир Саха сириттэн сылдьар биолог кыыстыын маннааҕы министиэристибэҕэ сурук ыыттыбыт, инньэ гынан «отношение» ыыттылар, Өлүөхүмэ оройуонун Заречнай бөһүөлэгэр миэстэ баар диэн. Ол эрэ кэнниттэн үөрэн-көтөн Дьокуускай куоракка тиийэн кэллибит. Министиэристибэҕэ тиийбиппит, отой да миэстэ суох эбит, кэнники өйдөөбүппүт биһигини дойдубутугар төннөрөөрү «отношение» ыыппыттар эбит. Аны тыа оҕолоро куоракка хаалымаары, дойдубутугар үлэлии барар баҕа баһаам. Үөрэҕирии министиэристибэтигэр күн аайы тиийэн миэстэ ыйытабыт. Арай үөрэх дьыла субу саҕаланаары турдаҕына, атырдьах ыйын 30 күнүгэр аны куораттааҕы үөрэҕирии салаатыгар тиийбитим, Дьокуускай 26-с №-дээх орто оскуолатыгар миэстэ баар диэн буолла. Дириэктэр Александр Петрович Рыбкин наһаа үчүгэйдик көрүстэ, завучтар оскуоланы кэрийэн көрдөрдүлэр уонна ол күн үлэҕэ киирэн хааллым. Итинтэн саҕалаан, бу оскуолаҕа күн бүгүнүгэр диэри, 38 сыл оҕолору француз тылыгар үөрэтэ сылдьабын, быйыл 39-с сылбар үктэнним, инньэ гынан үлэ киниискэтигэр биир эрэ үлэ миэстэтэ сурулла сылдьар.
Удьуор утума
Аҕам өттүнэн, Ивановтар, педагогическай династиябытын төрүттээчи – Иннокентий Яковлевич Иванов, кылгас, ол эрэн чаҕылхай олохтоох киһи, ньиэмэс тылын учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан, лейтенант званиелаах кыргыһыы хонуутугар охтубута.
Убайбыт Семён Федорович Иванов – Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн баран төрөөбүт Амма оройуонугар эргиллэн, Бөтүҥ уонна Алтан орто оскуолаларыгар үлэ уонна муусука уруоктарын учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит аҕам саастаах дьоно сүрдээҕин ытыктыыр, сөбүлүүр киһилэрэ, эдьиийбит Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич олоҕун бүттүүнүн эбии үөрэхтээһиҥҥэ анаан, оскуола оҕолорун эстетическэй уонна култуурунай иитиигэ сыралаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук, төрөөбүт улууһугар «Амма чэчирэ» диэн РФ таһымнаах образцовай уус-уран кэлэктииби – оҕо ырыа, үҥкүү этнографическэй ансаамбылын тэрийбитэ. Итини таһынан, Ольга Петровна экологическай иитиигэ улахан үлэни ыыппыта. Билигин кини иитиллээччилэрэ төрөөбүт улуустарын экологиятын көмүскүүллэр, харыстыыллар, Амма эбэ таһынааҕы ойууру кэрдиини тохтоторго туруулаһаллар. Эдьиийбит олохтон барбытын кэнниттэн улахан кыыһа Вера Геляриевна Шилова (Сидоркевич) ийэтэ саҕалаабыт үлэтин салгыыр, ансаамбылын үлэлэтэр.
Анастасия Михайловна (Иванова) Лазарева – РСФСР норуот үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, «СӨ социальнай-экономическай сайдыытыгар суолталаах кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, «Гражданскай килбиэн» түөскэ анньынар бэлиэлээх, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ үлэ бэтэрээнэ.
Эдьиийбит Анастасия Михайловна туһунан сиһилии кэпсии түһүөхпүн баҕарабын. Кини 1945 сыллаахха бэс ыйын 4 күнүгэр Амма оройуонун Абаҕа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Аҕата Михаил Яковлевич Иванов кадровай булчут этэ, ийэтэ сэрии кэнниттэн эрдэ өлбүтэ, онон кыысчаан эрэйи эҥээринэн тэлэн улааппыта. Кини, 1966 сыллаахха Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх педагогическай училище оскуола иннинээҕи салаатын үөрэнэн бүтэрээт, Амма сэлиэнньэтигэр 1-гы №-дээх оҕо уһуйааныгар иитээчинэн барбыта. Кэргэн тахсан баран, эдэр ыал Дьокуускайга көһөн, Анастасия 51-с №-дээх уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлии киирэр. Үс сылынан, 1971 сылтан, Анастасия, 26 сааһын да туола илик эдэр исписэлиис, итиннэ сэбиэдиссэйинэн ананар. Ол кэмҥэ ити уһуйаан соҕотох сахалыы тыллаах этэ. Итиннэ Анастасия Михайловна 17 сыл тухары таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, материальнай-техническэй базаны бөҕөргөппүтэ.
1987 сыллаахха Анастасия Михайловнаны 21-с №-дээх «Кэнчээри» дьааһыла-саад сэбиэдиссэйинэн аныыллар. Оччолорго нууччалыы бөлөхтөрү сэргэ сахалыы тыллаах бырагырааманан дьарыктааһын саҕаламмыта. Эдьиийбит кыыһа Жанна Николаевна Саввинова, эмиэ ийэтин туйаҕын хатаран, 17 сааһыттан Дьокуускай куорат 6-с №-дээх дьааһылатыгар үлэтин саҕалаабыта. Билигин кини – 21-с №-дээх «Кэнчээри» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
Аны Анастасия Михайловна бииргэ төрөөбүт балта Парасковья Гаврильевна Варламова 50 сыл оҕо уһуйааныгар иитээччинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ.
Биир убайбыт Иннокентий Егорович Иванов педагогическай үлэтин төрөөбүт Соморсун орто оскуолатыгар физкультура учууталынан саҕалаабыта, кэргэнэ Розалия Степановна – француз тылын учуутала. Кэлин, Хаҥалас оройуонун Синскэйигэр көһөн баран, Иннокентий Егорович үлэтин салҕаабыта, Розалия Степановна француз тылыгар уһуйарыгар эбии оскуола дириэктэрин үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччытынан буолбута. Кыыстара Оксана Иннокентьевна Иванова – нуучча тылын уонна литературатын учуутала, 1995 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын филологическай факультетын бүтэриэҕиттэн нуучча уонна омук литературатын кафедратыгар үлэлиир, омук литературатын историятын преподавателэ, филологическай наука кандидата.
Аны бииргэ төрөөбүттэрим туһунан кэпсии түһүөм. Саамай улахан эдьиийбит Лариса Ивановна Иванова – математика учуутала, РФ алын профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна, СӨ орто анал үөрэхтээһинин уонна РСФСР профтехүөрэхтээһинин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ үлэ бэтэрээнэ. Билиҥҥи кэмҥэ Лариса Ивановна Профессиональнай үөрэхтээһини сайыннарыы институтугар методист. Кини өр сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар уонна Уус Алдан улууһун 19-с №-дээх училищетыгар математика учууталынан, завуһунан, үөрэтэр-производственнай үлэҕэ дириэктэр солбуйааччытынан, онтон Наука уонна профессиональнай үөрэхтээһин министиэристибэтигэр салаа начаалынньыгынан уонна кылаабынай исписэлииһинэн үлэлээбитэ. Педагогическай ыстааһа – 45 сыл.
Иккис эдьиийим Светлана Ивановна Еремеева – эмиэ француз тылын учуутала, этэн аһарбытым курдук, Иркутскайдааҕы Хо-Ши-Мин аатынан омук тылын педагогическай институтун үөрэнэн бүтэрбитэ. Төрөөбүт Соморсун нэһилиэгин орто оскуолатыгар кини идэтинэн үлэ суоҕа, онон «Чэчир» оҕо уһуйааныгар үлэҕэ киирбитэ уонна кэтэхтэн үөрэнэн иитээччи идэтин баһылаабыта. Инньэ гынан 37 сыл уһуйааҥҥа үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. «Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» түөскэ анньынар бэлиэ хаһаайына, «СӨ Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинин 100 сыла», «Амма улууһун үөрэҕириитин систиэмэтин 150 сыла» үбүлүөйдээх бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. СӨ үлэ бэтэрээнэ, Соморсун нэһилиэгин Бэтэрээннэрин уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ.
Дьокуускай куоракка оҕо уһуйааныгар кийииппит Галина Ивановна Иванова иитээччинэн үлэлиир, ол иннинэ 25 сыл Соморсун орто оскуолатыгар учууталлаабыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
Династиябыт элбэх бэрэстэбиитэлэ төрөөбүт нэһилиэктэрин оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, ол иһигэр Егор Егорович Иванов кэргэнэ Мария Семеновналыын иккиэн француз тылын учууталынан үлэлээбиттэрэ; балтыбыт Розалия Ивановна Никифорова Сэргэ Бэс сэлиэнньэтин «Чуораанчык» уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээбитэ, педагогическай ыстааһа – 23 сыл. 2013 сыллаахха АГИКИ-ны бүтэрэн библиотекарь идэтин баһылаабыта. Билигин кини М.Н. Сибиряков аатынан Сэргэ Бэс орто оскуолатыгар педагог-библиотекарь.
Утум салҕанар
Дьиэ кэргэммиттэн туйах хатарааччым улахан оҕом, кыыһым Бальжима Александровна Сандакова буолар. Педагогическай үлэтин Уус Ньаратааҕы оҕо дьиэтигэр тэрийээччи психологынан саҕалаабыта. Онтон бэйэтэ үөрэммит оскуолатыгар – Дьокуускай 26-с №-дээх орто оскуолатыгар эмиэ психологынан үлэлии киирбитэ. Билигин кини дириэктэр иитэр үлэҕэ солбуйааччыта буола үүннэ.
Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын оскуола иннинээҕи үөрэҕириитин тэрилтэлэригэр династиябыт эдэр бэрэстэбиитэллэрэ үлэлииллэр – Мария Федоровна Гаврильева, Елена Михайловна Захарова, Лариса Федоровна Апросимова. Мария Федоровна Гаврильева (Иванова) Дьокуускайдааҕы 21-с №-дээх «Кэнчээри» уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир, идэтинэн саха тылын уонна литературатын учуутала, номнуо 16 сыл педыстаастаах. Лариса Федоровна Апросимова (Иванова) ХИФУ пединститутун бүтэрбитэ, Дьокуускайдааҕы 104 №-дээх «Ладушка» уһуйаан иитээччитэ. Эдьиийим кыыһа Елена Михайловна Захарова ХИФУ пединститутун бүтэрбитэ, Дьокуускайдааҕы 21-с №-дээх «Кэнчээри» уһуйааҥҥа 1-гы категориялаах иитээччи. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэ уонна Дьокуускай үөрэҕириитин араас тэрилтэлэригэр Михаил Валерьевич Еремеев – эбии үөрэхтээһин педагога; Наталья Геннадиевна Иванова, математика учуутала бааллар, иитии уонна эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр сиэн бырааппыт Иван Федорович Иванов үлэлээбитэ. Эдьиийим Светлана Ивановна уола Еремеев Михаил Валерьевич Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын бүтэрбитэ, худуоһунньук. Хаҥалас улууһун А.В. Дмитриев аатынан Ойдооҕу орто оскуола маастар-преподавателэ.