22.10.2022 | 13:00

Роман Дорофеев: «Туохтан да толлумаҥ, иннигит диэки дьулуһуҥ!»

Роман Романович Дорофеев – режиссёр, сценарист, артыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, РСФСР үтүөлээх, САССР норуодунай артыыһа Пантелеймон Васильев аатынан бириэмийэ бастакы лауреата. Киинэ эйгэтигэр режиссер, артыыс быһыытынан биллэр, 9 бырайыакка 12 үлэлээх.
Роман Дорофеев:  «Туохтан да толлумаҥ, иннигит диэки дьулуһуҥ!»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Оҕо саас умнуллубат түгэннэрэ

Мин 1985 сыллаахха Таатта улууһун, оччолорго Алексеевскай оройуон Чөркөөх сэлиэнньэтигэр Дорофеевтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон төрөөбүтүм, үс убайдаахпын. Ол саҕана биһиэхэ интэриниэт, суотабай төлөпүөн суох буолан, сүүрэн-көтөн, оонньоон тахсарбыт. Оҕо сааһым биир чаҕылхай түгэнэ – саха биллиилээх суруйааччыта Суорун Омоллооннуун көрсүһүү. Кини, Чөркөөх буолан, күһүн дойдутугар төрөөбүт күнүн бэлиэтии кэлээччи. Бөртөлүөт көтөн кэлэн музей таһыгар түһэрин өйдүүбүн. Ону көрөөрү, биһиги, оҕолор, сүүрэн тиийээччибит. Чөркөөх ытык киһитин көрөөрү, олохтоохтор бары онно мустааччылар.

 

Артыыс буолар дьылҕабар маҥнайгы хардыыларым

«Кустук» диэн самодеятельнай куруһуокка дьарыктаммытым. Итиннэ артыыс буолар дьылҕабар маҥнайгы хардыыларым саҕаламмыттара. Учууталым Матрена Николаевна Вырдылина диэн этэ. Кини биһигини хайаан даҕаны артыыс буолаҕыт диэн үөрэппэтэҕэ, тылбытын-өспүтүн чочуйарга көмөлөспүтэ, литератураҕа сыстан, онтон үөрэнэн саҥарар-иҥэрэр буолуҥ диирэ. Ол куруһуоктан артыыс идэтин талбыттартан мин баарбын. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Уһук Илиҥҥи «Океан» лааҕырга бараммыт Гран-при хаһаайына буолан турардаахпыт. Матрена Николаевна көмөтүнэн сыанаҕа сыстаммын, оскуоланы бүтэрэрим саҕана артыыс буолар баҕа санаам күүһүрбүтэ.

 

АГИКИ-ны талбытым

2002 сыллаахха Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын бүтэрбитим. Биһиги кылааспытыттан түөрт буоламмыт артыыс буоларга быһаарыммыппыт. Ол саҕана «Щепкиҥҥэ” туттарсыы суоҕунан Владивостокка бараары гыммыппыт. Онтон оруобуна Дьокуускайга АГИКИ арыллыбыта. Инньэ гынан АГИКИ-га актер салаатыгар үөрэххэ киирбитим, 2007 сыллаахха бүтэрбитим. Маастарым Эдвардас Купшис этэ, Нуучча тыйаатырын артыыһа. Үөрэххэ туттарсарбар нуучча уонна саха кууруһа баар этэ. Оҕолору Нерюнгри тыйаатырыгар сүүмэрдээбиттэрэ, куукула тыйаатырыгар. Үөрэхпитин 11 буолан бүтэрбиппит. Биир кууруска үөрэммит оҕолорум билигин Нерюнгрига, сорохпут Нуучча тыйаатырыгар үлэлии сылдьаллар. Эстрада тыйаатырыгар фокусник Алексей Гольдеров баар. Саха тыйаатырыгар мин соҕотохпун, манна 2006 сыллаахха, өссө  устудьуоннуу сылдьан киирбитим. Ол иннинэ, 2005 сыллаахха, гостуруолга сылдьыспытым.

 

Саха тыйаатыра – биир улахан дьиэ кэргэн

Устудьуон олоҕо, артыыс үөрэҕэр да буолтун иһин, уонна тыйаатыр үлэтэ – олох тус-туспалар. Институкка үлэбит омоонун эрэ көрдөрөн бэлэмнииллэр. Үлэбин саҕалыырбар бастаан соһуччу түгэннэр бааллара. Ол курдук, биир артыыс ыалдьан хаалбыта. Онно, дьэ, улахан оскуоланы ааспытым, соһуччу наһаа элбэх оруолга түргэн баҕайытык киллэрбиттэрэ. «Ввод» диэн баар, ол аата атын артыыһы солбуйтаран түргэнник оруолга киллэрии. Улахан испэктээкиллэр буолаллар этэ, холобур, «Свободы жаркий день», «Ороһуоспа киэһэтэ», «Сааскы кэм», олорго киирбитим. Онно уопуттаах артыыстар наһаа көмөлөспүттэрэ. Кинилэр сүбэлэринэн, көмөлөрүнэн кэлэктиипкэ уонна үлэбэр үчүгэйдик киирбитим. Биһиэхэ, Саха тыйаатырыгар, эбээлэрдээхпит, эһээлэрдээхпит, убайдардаахпыт, эдьиийдэрдээхпит, бырааттардаахпыт, балтылардаахпыт – биир улахан дьиэ кэргэн курдукпут. Кинилэр сүбэлэрэ, ыйан-кэрдэн биэриилэрэ улахан суолталаах.

Бары даҕаны киһи холобур оҥостор, ытыктыыр артыыстара. Анатолий Николаев, Герасим Васильев, Ефим Степанов, Иннокентий Дакаяров, Иннокентий Луковцев – бары улахан, киһи киэн туттар дьоно. Анна Ивановна Кузьминаны, Татьяна Ивановна Мырееваны, Мария Спиридоновна Канаеваны ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын, кинилэри холобур оҥостобун, сүгүрүйэбин. Кинилэри кытта биир кэмҥэ, биир сыанаҕа үлэлээбиппин дьолбунан ааҕабын, куруук саныыбын, суохтуубун. Татьяна Ивановна Мыреевалыын «Гарольд и Мот» испэктээккэ оонньоон турардаахпын, кини тиэкис өттүгэр наһаа үчүгэйдик үлэлиирэ, булгуччу хос-хос аахтарара. Анна Ивановналыын «Тиэтэйбит» испэктээккэ оонньообуппут, наһаа элбэх сүбэни-аманы биэрэрэ. Мария Спиридоновна Канаевалыын «Сааскы кэмҥэ» оонньообутум, эмиэ наһаа үчүгэй сүбэһит этэ. Сахалыы итинник саҥарыллыбат, тылыҥ бүтэһигин сиэн кэбиһимэ, иһиллэр курдук саҥар диэн элбэхтик өйдөтөллөрө. Ити бэйэтэ туспа оскуола этэ.

Оруолларбын барытын күндүтүк саныыбын

Бастакы оруолум – «Чингисхан кистэлэҥэ» испэктээккэ Хохочой оҕо эрдэҕинээҕитэ. Сааһырбыт Хохочойу Ефим Николаевич Степанов толорбута. Итинник аарыма артыыһы кытта биир сыанаҕа оонньуур улахан чиэс этэ.

Оруолларбын барытын күндүтүк саныыбын, холобур, «Хаарыан хампа күөх кытылым» – Кириискэ, «Ревизор» – Хлестаков, «Мэҥэ халлаан оҕото Манчаары Баһылай» – Манчаары, «Мин доҕорум Гамлет» – Гамлет уо.д.а. Киһи ханнык баҕарар оруолун ахта саныыр, ол эрэн ыарырҕатар оруоллар эмиэ бааллар. Билигин даҕаны «Хаарыан хампаны» уустуктук ылынабын, Кириискэ уобараһын. Этэргэ дылы, улахан дьоннор оонньообут оруоллара, ити испэктээк – театр «визитнай карточката». Ол иһин сырыы аайы киһи көрөөччүгэ уобараһы сөпкө тиэрдээри долгуйар.  Итиэннэ киһини солбуйар, этэн аһарбытым курдук, «вводка» үлэлиир ыарахаттардаах.

 

Үрдүк сыанабыл – көрөөччү махтала 

Соторутааҕыта, федеральнай бырагыраама өйөбүлүнэн, Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «Учуутал, эн үрдүк ааккар...» диэн тэрээһиҥҥэ кыттан, ону сэргэ Калмыкияҕа, Элистаҕа баран гостуруоллаан кэллибит. Ол курдук, Санкт-Петербурга Александрийскай, Москваҕа Малай тыйаатырдарга оонньоотубут. Луиджи Пиранделло «Тыйаатырга буолбут түбэлтэ», Уильям Шекспир «Илиир хоруол» айымньыларын көрдөрдүбүт. «Илиир хоруол» испэктээккэ шут оруолун оонньоотум. Ити судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ тиксибит оруол. Мин иннибинэ Иннокентий Луковцев, Игорь Говоров, Айсен Лугинов оонньообуттара. Үүт-үкчү кинилэр ооонньообуттарын курдук буолбакка, ол мизансценалары хаалларан туран, туох эрэ саҥаны киллэриэххин наада. Онон ити испэктээккэ улахан болҕомтону уурдубут. Малай тыйаатыр салалтата эһиил өссө кэлээриҥ диэн ыҥырда. Бу уустук кэмҥэ Москваҕа, Санкт-Петербурга, Элистаҕа баар биир дойдулаахтарбытын көрсөн, санаабытын үллэстэн кэллибит. Атын регионнар көрөөччүлэрэ улахан академическай тыйаатыр эбиккит диэн сөхтүлэр, үлэбитин сэҥээрдилэр, махтаннылар.

Киинэ эйгэтигэр

Киинэ эйгэтигэр сыстарбар аҕам Роман Романович Дорофеев улахан оруоллаах дии саныыбын, кини киинэ мэхээнньигэ этэ. Уонна оттон биһиги, 90-с сыллар оҕолоро, киинэ диэн баран муннукка ытаабыт дьон буоллахпыт. Ити кэмҥэ Арассыыйаҕа Голливуд киинэлэрэ, блокбастердар кэлбиттэрэ. Аркадий Новиков киинэлэрин олус сөбүлээн көрөрбүт, кинини холобур оҥостон, Саха сиригэр эмиэ киинэ устуохха сөп эбит диэн санаа киирбитэ.

2007 сылтан саҕалаан «DetSAT» диэн айар бөлөхтөөх этибит. Бөлөхпүт үлэтэ «Кэскил» киинэттэн саҕаламмыта, кэнники «Үбүлүөй»,  «Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс», «Арай биирдэ» киинэлэр тахсыбыттара. Онно кыралаан режиссердаан саҕалаабытым. Кэнники кэмҥэ бэйэм киинэлэрбин – «Тиэтэйбит», «Зина&Леха» уһуллум. Режиссер быһыытынан үлэлиирим миэхэ быдан интэриэһинэй.

 

Дьиэ кэргэним – эркиним

Ийэм Марфа Семеновна өр сылларга оскуолаҕа асчытынан үлэлээбитэ. Аҕам Роман Романович, этэн аһарбытым курдук, киинэ көрдөрөрө итиэннэ норуодунай тыйаатырга артыыстыыр этэ. Хомойуох иһин, аҕам билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Бэйэм дьиэ кэргэним туһунан кылгастык эттэххэ, 2013 сылга ыал буолбутум. Кэргэним Нина эмиэ Тааттаттан төрүттээх, картограф идэлээх, икки уол оҕолоохпут. Улахаммыт оскуолаҕа 2-с кылааска үөрэнэр, кырабыт – уһуйаан иитиллээччитэ. Бэйэм иллэҥ кэммэр дьарыгым – «дартс» диэн оонньуу, күрэхтэһиигэ кыттабын, бөлөҕүнэн күрэххэ 3-с миэстэлээхпин. Айылҕаҕа сылдьарбытын, балыктыырбытын, сайын дойдубутугар тахсан оттуурбутун сөбүлүүбүт. Оҕолорбутун сахалыы тыыҥҥа иитэ сатыыбыт, дьиэбитигэр төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэбит.

 

Саамай сүрүнэ – дьулуур

Билигин АГИКИ режиссерскай салаатыгар Андрей Саввич Борисовка үөрэнэ сылдьабын, эһиил бүтэрэбин. Артыыс буолуон баҕарар оҕолорго сүбэлиэм этэ – элбэхтик кинигэтэ ааҕыҥ уонна харса суох киирсэн иһиҥ, туохтан да толлумаҥ. Талаан эрэ быһаарар буолбатах, наһаа үлэһит буолуохха наада. Станиславскай эппитинии, талаан 30% үлэлиир, уоннааҕыта – талаанын сайыннарыыга киһи бэйэтин дьулуура, сыралаах үлэтэ. Онон чахчы артыыс буолабыт диир буоллаххытына, кытаатыҥ, иннигит диэки түһүнэн кэбиһиҥ. Кыһалыннаххытына хайаан даҕаны баҕа санааҕыт туолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...