12.02.2021 | 09:50

Римма ЖИРКОВА: “ТЫЛ ТЫЫННААХ ХААЛАРЫН ТУҺУГАР ҮЛЭ СИТИМНЭЭХ БУОЛУОХТААХ”

Римма ЖИРКОВА: “ТЫЛ ТЫЫННААХ ХААЛАРЫН ТУҺУГАР ҮЛЭ СИТИМНЭЭХ БУОЛУОХТААХ”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тыл күнүн көрсө, биһиги хаһыаппытыгар 2018 сыллаахха тэриллибит Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление салайааччыта, филилогическай наука кандидата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Римма Романовна Жиркова ыалдьыттыыр.

2018 сыллаахха диэри өрөспүүбүлүкэбитигэр тыл боппуруоһунан эрэ сүрүннээн дьарыктанар судаарыстыбаннай уоргана суох этибит. Бастакы бэрэсидьиэммит саҕана отдел баара, сыыйа сабыллыбыта. Тыл политикатын боппуруостарынан Норуоттар департаменнара, Үөрэх министиэристибэтэ кытта дьарыктана сылдьыбыттара.

– Тыл сайдыытын боппуруостарыгар үлэлиир управление хайдах быһыылаахтык үлэлиирий? Төһө үлэһиттээҕий?

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ  таһымнаах  тыллары сайыннарыыны судаарыстыба өттүттэн сүрүннүүр инниттэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2018 сыл бэс ыйын 20 күнүнээҕи 2688 №-дээх Ыйааҕынан, СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатыгар Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление тэриллибитэ. Управлениеҕа Тыл сэбиэтин үлэтин хааччыйыы уонна тылбаас отделын функциялара бэриллибитэ, Управление балаһыанньата бигэргэммитэ.

Управление Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыба биир кэлим бэлиитикэтин тэрийэр инниттэн, СӨ муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарыгар судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары сайыннарарга уонна чөл хаалларарга үлэлэһэр муниципальнай хамыыһыйалары тэрийэр үлэни ыытар. Маннык хамыыһыйалар өрөспүүбүлүкэ бары муниципальнай тэриллиилэригэр олохтоннулар.

Муниципальнай хамыыһыйалар үлэлэрэ сир-уот, административнай единицэлэр, нэһилиэнньэлээх пууннар, социальнай объектар, муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар баар судаарыстыба бас билиитигэр киирэр географическай уонна да атын эбийиэктэр ааттарын бэрээдэктииргэ, судаарыстыбаннай юридическай сирэйдэр ааттарын чопчулуурга, уларытарга, култуура нэһилиэстибэтин быстыспат сорҕотун быһыытынан урукку ааты-суолу сөргүтүүгэ уонна чөл хаалларыыга туһуланар.

Маны таһынан Управление ырытан оҥорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын чөл хаалларыы, үөрэтии уонна сайыннарыы концепцията Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2019 сыл олунньу 21 күнүнээҕи 384 №-дээх Ыйааҕынан бигэргэммитэ. Концепция судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары киэҥник туттарга, аныгы кэм усулуобуйатыгар дьүөрэлээн сайыннарарга усулуобуйаны тэрийиини торумнуур.

Тыл бэлиитикэтин олоххо киллэрэр биир сүрүн уорганынан СӨ Ил Дарханыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын сайыннарыыга сүбэтэ буолар. Сүбэ бэрэссэдээтэлэИл Дархан Айсен Сергеевич Николаев. Бу Сүбэ тыл бэлиитикэтин олоххо киллэрэргэ судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уонна гражданскай уопсастыба институттарын ситимниир. Сүбэ үлэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тылларын уонна Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларын сайыннарыыга, өйөөһүҥҥэ, чөл хаалларыыга уонна туттууга үөскүүр уустуктары быһаарар аналлаах. 

Управлениебытыгар 5 үлэһиттээхпит: 1 салайааччы, 2 старшай референт, 2 сүрүн специалист. Ити 5 киһиттэн 3-һэ тылбаасчыт.

ТЭРИЛТЭЛЭР ЭРЭСИИМНЭРЭ ИККИ ТЫЛЫНАН БУОЛУОХТААХ

– Биһиги управлениебыт саха тыла өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыбаннай тыл буоларын учуоттаан туран, тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии – уопсастыба олоҕор икки тылы баһылааһыны үгэскэ кубулутар тосхоллоох үлэлиир. “Тыллар тустарынан» Сокуоҥҥа олоҕуран тэрилтэлэр ааттара (вывескалар) уонна үлэлэрин эрэсиимэ икки судаарыстыбаннай тылынан суруллуохтаах. Бу ирдэбили тутуһуу тэрилтэ судаарыстыбаннай статуһун, өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор, тылга сыһыанын көрдөрөр. Манан сибээстээн туох-ханнык үлэни саҕалаабыппытын кэпсиим.

Бастакытынан, 2018 сыллаахха биһиги управлениебыт үлэһиттэрэ Тыл Сокуонун бу ирдэбилин төһө тутуһаллар эбитий диэн ыйытыыга хоруй булаары, Дьокуускай куорат киин уулуссатын Ленин проспегын Наука Академиятын дьиэтиттэн саҕалаан Орджоникидзе болуоссатыгар диэри 125 тэрилтэ уонна предприятие аатын-суолун бэрэбиэркэлээтибит. Итинтэн 9 эрэ тэрилтэ аата-суола икки тылынан суруллубут. Ол аата 7,2 %.

Иккиһинэн, Тыл Сокуонун 36-с ыстатыйатыгар Саха  Өрөспүүбүлүкэтигэр оҥоһуллубут табаар этикеткэтин тиэкиһэ уонна бу табаар туһунан иһитиннэрии нууччалыы, ону тэҥэ табаары оҥорон таһаарааччы быһаарыытынан сахалыы уонна (эбэтэр) олохтоох дьиҥ таһымнаах тылынан суруллар диэн ыйыллар. Итини эмиэ ырытан көрбүппүт, Дьокуускай куорат 4 эргиэн туочукатыгар атыыга туруоруллубут, өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллубут 33 табаартан (ас-үөл бородууктата) 2 табаары оҥорон таһаарааччы эрэ табаардарын этикеткэлэрэ уонна иһитиннэриилэрэ икки тылынан суруллубут. Холобур, «Суорат», «Быырпах», «Ок-сиэ», «Сардаана», «Ньургун» диэн ааттаах табаардар ааттара эрэ сахалыы, атына барыта нууччалыы суруллубут.

Үсүһүнэн, ити Тылбыт Сокуонугар сурулларынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар, айан суолугар уонна да атын ыйынньыктарга сир-дойду аата судаарыстыбаннай тылларынан суруллар диэн быһаарыллыбыт. Билэргит курдук, сир-дойду аата географическай каарталарга суруллар. Сокуоннарга, Бырабыыталыстыба нуормалыыр быраап аакталарыгар, дьиҥ таһымнаах докумуоннарга, судаарыстыбаннай салалта уорганнарын матырыйаалларыгар, бэчээккэ, араадьыйаҕа уонна телевидениеҕа туттуллар. Сир-дойду аатын күннээҕи олоххо эмиэ туттабыт.

ТЫЛ СОКУОНА ТОЛОРУ ТУТУҺУЛЛУБАТА ХОМОЛТОЛООХ

– Өрөспүүбүлүкэ дьаһалтатын, сирин-уотун тутулун, тэриллиитин  Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай-территориятааҕы тутулун уонна географическай ааттарын боппуруостарыгар Бырабыыталыстыба бастайааннай хамыыһыйата сүрүннүүр. Ол курдук, 1999 уонна 2009 сыллардаахха   Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай-территориятааҕы тутулун ыйынньыктара тахсыбыттара. Бу икки ыйынньыгы тэҥнээн, ырытан көрбүтүм түмүгэр 38 араастаһыытын, 133 аат сахалыы таба суруйуу быраабылатыгар сөп түбэспэтин буллум. Холобур, уһун аһаҕас дорҕоону кылгатыы үгүстүк көстөр: Быраҥатталаах-Быраҥаатталаах, Дьарыла-Дьаарыла, Кытыл Дьураа-Кытыл Дьуураа, Күлэкээн-Күүлэкээн, Сүлэ-Сүүлэ о.д.а.

Саха тылыгар уһун аһаҕас оннугар кылгас аһаҕас дорҕоону туттуу тыл суолтатын төрдүттэн уларытар уратылаах. Холобур, Сылгы Ыытар нууччалыы Сылгы Ытар диэн буолара олох сыыһа. Онон, биһиги инникитин маннык көстүү тахсыбатын туһугар бу хайысхаҕа киэҥ хабааннаах үлэни ыытан, түмүгэр сир-дойду сахалыы аатын каталогын оҥорон таһаарар былааннаахпыт.

Төрдүһүнэн, саха тыла туттуллар эйгэтин кэҥэтиигэ Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар сахалыы биллэрии, иһитиннэрии киирбитэ дьоһун суолталаах. Онуоха бүгүҥҥү күҥҥэ тохтобуллар ааттарын сөпкө тылбаастыыр кыһалҕата аһаҕас турар.

Бэсиһинэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонун ирдэбиллэрин тутуспат буолуу иһин административнай эппиэтинэс дьаһаллара бааллар. Ол курдук, Административнай сокуону кэһии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кодексыгар Тыл сокуонун ирдэбиллэрин тутуспат түгэҥҥэ ыстараап көрүллэр: гражданнарга – 1 тыһыынчаттан 2 тыһыынчаҕа диэри солкуобай, дуоһунастаах сирэйгэ – 2 тыһыынчаттан 3 тыһыынчаҕа диэри солкуобай, юридическай сирэйгэ – 3 тыһыынчаттан 4 тыһыынчаҕа диэри солкуобай. Хомойуох иһин, бүгүҥҥү күҥҥэ Тыл сокуона толору тутуһуллубат, административнай миэрэ да туттуллубат. Онон сибээстээн биһиги управление СӨ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын административнай хамыыһыйаларыгар анаан Административнай сокуону кэһии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай Кодексатын 13.4 ыстатыйатын таба туһанарга Методическай сүбэни ырытан оҥорбуппут уонна бары муниципальнай тэриллиилэргэ ыыппыппыт. Онон «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонун 32, 34, 35 ыстатыйаларын ирдэбиллэрин тутуһууну олоххо киллэрэргэ чопчу суол арылынна диэххэ сөп.

Ити курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха уонна нуучча судаарыстыбаннай тыллары уонна дьиҥ таһымнаах эбэҥки, эбээн, дьүкээгир, долган, чукча тылларын чөл хаалларыыга, сайыннарыыга судаарыстыба өттүттэн кыһамньылаах уонна ситимнээх үлэ ыытыллар.

БЫЙЫЛ 56 МӨЛҮЙҮӨН

– Тыл сайдыытын судаарыстыбаннай бырагырааматыгар төһө үп көрүллэрий?

Саха тыла судаарыстыбаннай статуһа Төрүт Сокуон (Конституция) 46 ыстатыйатыгар бигэргэтиллибитэ. 1992 сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» Сокуон ылыныллыбыта. Бу сокуону олоххо киллэрэргэ, тыллар чөл туруктаах сайдыыларын хааччыйар аналлаах хас да төгүл анал судаарыстыбаннай таһымнаах бырагыраамалар ылыллан үлэлээбиттэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллар оруолларын үрдэтэр, судаарыстыбаннай тылларынан үөрэнии кэлим тиһигин, судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары үөрэтиини сайыннарар, тыллары киэҥник тарҕатар уонна туһаныллар эйгэлэрин кэҥэтэр инниттэн “2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраамата бигэргэммитэ. Бу бырагыраама 3 хос бырагыраамалаах:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллар оруолларын үрдэтии.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларынан үөрэҕи сайыннарыы.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллара туһаныллар эйгэлэрин кэҥэтии.

Тыллар сайдыыларыгар көрүллүбүт бырагыраама уопсай суумата 56 мөлүйүөн солкуобай. Бырагыраама толоруллуута уонна үбүлээһинэ үөрэх уонна наука министиэристибэтинэн ыытыллыаҕа. Ол чэрчитинэн министиэристибэлэр, үөрэх, наука тэрилтэлэрин тэрийэр уонна ыытар систиэмэлээх үлэлэригэр туһуланыаҕа.

САХА ТЫЛЫНАН ҮӨРЭНЭР ОҔО АХСААНА ЭБИЛЛЭ ТУРАР

 – Саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан туттуллар таһымын, эйгэтин кэҥэтиигэ уонна үрдэтиигэ туох оҥоһулунна? Өссө туох ситиһиллэ илигий?

– Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тыл бэлиитикэтэ бары тыллары биир тэҥник тутан сайыннарыыга тирэҕирэрин быһыытынан,  былааннаах уонна ситимнээх үлэ ыытылларын бэлиэтээн туран, бу ыйытыыга толору хоруйу үөрэх, култуура, инновация уонна сибээс министиэристибэлэрин, үрдүк үөрэх уонна наука эйгэтин үлэтин-хамнаһын сорох өрүттэрин кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэҕэ тылы уонна култуураны чөл хаалларыы сүрүн мэктиэтинэн үөрэх эйгэтэ буолар. Бу эйгэҕэ өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ (миниистир Михаил Петрович Сивцев) ситимнээх үлэни ыытар. Биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх нуучча уонна саха – икки судаарыстыбаннай тылынан ыытыллар. Маны таһынан предмет быһыытынан саха тыла уонна өрөспүүбүлүкэ дьиҥ таһымнаах эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, долган тыллара үөрэтиллэллэр.

2019 сылга 652 уопсай үөрэх тэрилтэтэ баарыттан 280 оскуола алын сүһүөх, сүрүн уонна орто (толору) уопсай үөрэх бырагыраамаларын нуучча тылынан ыытар. Ити оскуола уопсай ахсаанын 42,9 % ылар. 368 оскуолаҕа үөрэтии саха тылынан барар. Ити оскуола уопсай ахсаанын 56,4 % тэҥнэһэр этэ.

2019/2020 үөрэх сылыгар нуучча тылынан үөрэнэр оҕо ахсаана 2016/2017 үөрэх сылынааҕар 19,9 % элбээн, 95 418 оҕоҕо тэҥнэстэ. Саха тылынан үөрэнэр оҕо ахсаана 5,2 % кыччаата. Саха тылын үөрэтэр оҕо ахсаана 2016/2017 үөрэх сылын кытта тэҥнээтэххэ, 53,7 % эбилиннэ. Маны таһынан долган, чукча, дьүкээгир тылларын үөрэтэр оҕо ахсаана биллэрдик элбээтэ. Эбээн уонна эбэҥки тылын үөрэтэр оҕо ахсаана аҕыйаабыта бэлиэтэнэр.

Алын сүһүөх уопсай, сүрүн уопсай, орто уопсай үөрэх судаарыстыбаннай аккредитациятын ааспыт бырагыраамаларынан үөрэтэргэ туттуллар учебниктар федеральнай кэрискэлэригэр саха тылыгар 1-9 кылаастарга барыллаан бырагыраамалар, саха литературатыгар 1-11 кылаастарга барыллаан бырагыраамалар, 1-9 кылаастарга үөрэх федеральнай стандартыгар эппиэттиир саха тылын уонна литературатын түмүктэммит учебниктара киирдилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин 2017 сыл бэс ыйын 17 күнүнээҕи бирикээһинэн гражданнар төрөөбүт тылынан үөрэнэр уонна төрөөбүт тылы үөрэтэр бырааптарын хааччыйар учебниктар кэрискэлэрэ бигэргэммитэ.

Саха тылын үөрэтэр бары үөрэх тэрилтэлэрэ учууталларынан, учебниктарынан уонна үөрэтэр пособиеларынан толору хааччылыннылар.

2020 сылга Арассыыйа Федерациятын Хотугулуу-Илиҥҥи төрүт олохтоох норуоттарын тылларын институтун (дириэктэр Гаврил Григорьевич Торотоев, филологическай наука кандидата) 159 устудьуон бүтэрдэ. Олортон  филология хайысхатынан 49, педагогическай үөрэх 29, культурология 37, норуот уус-уран култууратын  7, туризм уонна сервис хайысхатыгар 25, лингвистика салаатын 6, литературнай айымньы салаатын 6 оҕо идэни баһылаата. Үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолор талбыт идэлэринэн үлэлии-хамсыы, сорохторо магистратураҕа уонна аспирантураҕа салгыы үөрэнэ сылдьаллар. Ол курдук, саха тылын уонна литературатын  учууталларынан, өрөспүүбүлүкэ институттарыгар научнай үлэһиттэринэн, былаас судаарыстыбаннай уонна муниципальнай уорганнарыгар араас таһымнаах специалистарынан уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр эйгэлэригэр таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

Итини тэҥэ, Институт тылбаас суолтатын үрдэтэргэ, саха тылын үөрэтиини тупсарарга, тыллары дьүөрэлээн сайыннарарга туһуламмыт аан дойдутааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах кэккэ научнай тэрээһиннэри ыытар.

Маны таһынан институт сыл устата устудьуоннарга олимпиадалары, саха тылын учууталларыгар, преподавателлэригэр, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр бэрэстэбиитэллэригэр идэни үрдэтэр куурустары тэрийэн ыытта.

ИНФОРМАЦИОННАЙ УОПСАСТЫБАНЫ САЙЫННАРЫЫ

– Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр култуураҕа, дойдуга тапталы иҥэриигэ, омуктары, норуоту сомоҕолуурга ураты кылааты киллэрэллэр. Норуоту духуобунай өттүнэн байытар, Арассыыйа  норуоттарын тылларын уонна култуураларын чөл халларар ураты аналлаахтар. Бу үлэни өрөспүүбүлүкэбитигэр инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ (министр Семенов Анатолий Аскалонович)  иилээн-саҕалаан ыытар.

Нэһилиэнньэҕэ социальнай суолталаах уонна дьиҥ таһымнаах сонуну тиэрдэр инниттэн “2018-2022 сылларга информационнай уопсастыбаны сайыннарыы” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай барыгарааматын көмөтүнэн 48 судаарыстыбаннай хаһыат, олортон 27 саха тылынан, 5 сурунаал, олортон үһэ саха тылынан бэчээттэнэр. Араадьыйа 1 ханаала уонна ситим 1 таһаарыыта хааччыллар. “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа тэлэбиисэринэн биэриитин 67 %, араадьыйанан биэриитин 87,5 % сахалыы тахсар. “Якутия 24” сахалыы биэриитэ 14 % тэҥнэһэр.

Анаабыр, Эдьигээн, Аллараа Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустарыгар Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларынан хаһыаттар бэчээттэнэллэр. Уопсай тираж 2610 тэҥнэһэр. “Илкэн” долган, чукча, дьүкээгир, эбээн, эбэҥки тылларынан тахсар өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыат 510 тираһынан бэчээттэнэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ “Илкэн” хаһыат редакциятыгар тирэҕирэр Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларынан уонна английскай тылынан Интэриниэт ситимигэр “Илкэн” порталы тэрийэр уонна бу бырайыагы “2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрэр үлэни ыытар.

Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ураты аудиовизуальнай эйгэни үөскэтэллэр, Саха сирин норуоттарын тылларынан ханна да суох контены оҥорон таһаараллар. “Эдэр саас”, “Кыым”, “УлуусМедиа” сахалыы тыллаах сайтар тэриллэннэр олоххо киирдилэр, бэйэлэрин ааҕааччыларын буллулар. “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа дьон-сэргэ сэҥээрэр саха телесериалларын уһулан киэҥ эйгэҕэ таһаарар, киэҥник кэрэхсэммит “Маша и медведь” мультфильмы сахалыы саҥардан көрдөрөн эрэр.

С.А.Новгородов аатынан “АЙАР” национальнай кинигэ кыһата (генеральнай дириэктэр Август Васильевич Егоров) ханнык баҕарар мобильнай тэрил  көмөтүнэн “Сыыппара библиотеката”, “Саха халандаара”, “Букубаар” учебник, “Саха тыла” учебник сыһыарыыларын сахалыы ааҕар кыахтанныбыт, ону сэргэ саха остуоруйаларыгар олоҕурбут оонньуулары оҥордо. “Төрөөбүт тыл уонна култуура” хайысхатынан Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларынан уруоктары оҥорорго грант үбэ көрүллүбүтэ, ол уруоктар “Ютуб” ханаалга таҕыстылар.

Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллар литературнай нуормаларын тутуһалларыгар утумнаах үлэ барар. Ол курдук, үгэс быһыытынан олунньуга өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин айар үлэһиттэригэр аналлаах семинар ыытыллар.

“Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа (генеральнай дириэктэр Олег Олегович Марков) уонна “Саха” судаарыстыбаннай телерадиохампаанньа  эфирдэригэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллар литературнай нуормаларын туттуу туһунан Арассыыйа Наукаларын  академиятын  Сибиирдээҕи салаатын гуманитарнай  чинчийиигэ уонна Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын кыһалҕаларыгар институтун научнай үлэһиттэрэ “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа айар үлэһиттэригэр семинар ыыттылар. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах уонна оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр анаан “Сэргэлээх” устуудьуйа ютуб ханаалыгар “Күнчээн” уонна “Биһикчээн” биэриилэри угар.

КИНИГЭТТЭН САҔАЛААН КИИНЭҔЭ ТИИЙЭ – БАРЫТА ТЫЛБЫТ САЙДАРЫН ТУҺУГАР

– Култуура эйгэтигэр норуоппут үгэһин, өйүн-санаатын, ийэ тылбытын, улуу олоҥхобутун барытын түмэ тардар киэҥ ис хоһоонноох үлэни өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ (миниистир Юрий Степанович Куприянов) иилээн-саҕалаан тэрийэн ыытар.

Ааспыт сылга Национальнай библиотекабыт (дириэктэр Саргылана Васильевна Максимова) үлэһиттэрин сыралаах үлэлэрин түмүгэр саха тыла куйаар ситимигэр үлэлиир Яндекс.Переводчик диэн массыына көмөтүнэн оҥоһуллар тылбаас өҥөтүгэр холбонно. Ааҕааччы баар буоллаҕына эрэ, литература сайдарын бары өйдүүбүт. Онтон литература сайыннаҕына эрэ тыл тыына уһуур уонна күүһүрэр. Ол иһин үгүс сыллар усталарыгар суруйааччылар айымньыларын нуучча уонна атын омуктар тылларыгар тылбаастыыр үлэни тэрийиигэ, саха литературатын аан дойду таһымыгар таһаарыыга Саха сирин суруйааччыларын сойууһун кытта үгүс өрүттээх былааннаах үлэ ыытыллар.

Атын регионнары кытта сибээһи олохтуур, саха литературатын саҕахтарын кэҥэтэр сыаллаах Арассыыйа таһымыгар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы  таһымҥа литература бэстибээллэрин тэрийиигэ “Үрүҥ хаар алгыһа” курдук хоһоон норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлэ ыытыллар (ааптар – саха норуодунай поэта Наталья Ивановна Харлампьева).

2019-2020 сылларга култуураҕа уонна искусствоҕа умсулҕаны үөскэтиигэ, оҕо араас источниктартан ылар информациятын бэйэтэ сыаналыыр дьоҕурун сайыннарыыга, саҥа билиини ыларга дьулуһуутун көҕүлүүргэ, үөрэнээччини саҥа информацияны көрдөөн булар үөрүйэхтэргэ уһуйарга, патриотизм култууратын чопчулуурга өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн олимпиада ыытыллыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ сэттэтиттэн үөһэ саастаах 193 оҕо кыттыбыта.

Өрөспүүбүлүкэҕэ саха киинэтин сайыннарыыга утумнаах үлэ ыытыллар. 2010 сылтан 2020 сылга диэри уопсайа 100 тахса толору кээмэйдээх уус-уран киинэ таҕыста. 2017 сылтан “Сахафильм” судаарыстыбаннай национальнай киинэ хампаанньата оҕолорго аналлаах кылгас кээмэйдээх анимационнай киинэлэри устан саҕалаата. Саха сирэ киинэни оҥорууга бастыҥ регион буоларын өссө төгүл бигэргэттэ. Ол курдук, “Кинотавр” бэстибээлгэ Дмитрий Давыдов “Пугало” киинэтэ бастыҥ киинэ аатын сүктэ. Маны таһынан Выборг куоракка ыытыллыбыт «Окно в Европу» киинэ бэстибээлигэр Степан Бурнашев  “Хара хаар” киинэтэ бэлиэтэннэ. Бары билэрбит курдук, 2020 сылга “Тыгын Дархан” киинэ киэҥ эйгэҕэ тахсан, Улуу Новгород куоратыгар ыытыллыбыт «Вече» устуоруйа киинэлэрин бэстибээлигэр үс сүрүн бирииһи ылла. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэбит култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтин көҕүлээһининэн саха киинэтин устууну сайыннарар уонна чиҥэтэр инниттэн сахалыы киинэлэри оҥорон таһаарыыга былааннаах үлэ ыытыллар.

Саха киинэтин ситиһиилэрэ, киинэ саҥа саалаларын арыйарга туһаайыллыбыт көхтөөх үлэ көрөөччү интэриэһин сөргүттэ. Сылтан сыл ахсын саха киинэтигэр сылдьыы ахсаана элбээн иһэр.

ХАННЫК ЧИНЧИЙИИЛЭР БАРДЫЛАР?

– Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тылга, култуураҕа уонна социальнай эйгэҕэ аныгы быһыыны-майгыны учуоттаан, саха тылын эйгэтигэр фундаментальнай научнай чинчийиилэр ыытыллаллар. Ол курдук, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын гуманитарнай чинчийиигэ уонна Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын кыһалҕаларыгар института (дириэктэр – филологическай наука кандидата Наталья Иннокентьевна Попова) Саха сирин төрүт олохтоох норуоттарын омук быһыытынан уратыларын уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрин чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга сүҥкэн кылааты киллэрэр. 2019-2020 сылларга  Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын үөрэтии, чөл хаалларыы уонна сайыннарыы эйгэтигэр институт үлэтэ-хамнаһа наукалар судаарыстыбаннай академияларын фундаментальнай чинчийиилэрин Бырагырааматын сүнньүнэн уонна “Сибиир, Уһук Илин норуоттарын тылларын уонна нуучча тылын типологическай, историческай уонна ареальнай чинчийии” Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын бырагырааматын чэрчитинэн ыытылынна.

Институт үлэһиттэрэ грамматика, лексика, лексикография, терминология, ономастика, диалектология, социолингвистика боппуруостарынан үгүс ахсааннаах монографияларын, хомуурунньуктарын уонна научнай ыстатыйаларын бэчээккэ таһаардылар. Итини тэҥэ, хотугу норуоттар тылларын үөрэтиигэ методическай босуобуйалары, научнай монографиялары, тылдьыттары, научнай-популярнай литератураны таһаарда. Кэнники 2 сылга 7 монография уонна тылдьыт, 2 үөрэнэр босуобуйа, 3 фольклор хомуурунньуга бэчээттэнэн таҕыста.

Институт үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын кытта “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын илиинэн суруллубут пааматынньыктарын пуондатын култуурунай артефактара: эбээн уонна эбэҥки фольклорун тиэкиһэ” бырайыагы олоххо киллэрэллэр.  Бу бырайыак чэрчитинэн фольклор  илиинэн суруллубут матырыйааллара бэчээккэ бэлэмнэнэллэр.

“Эбээн тылын аудиовизуальнай пуондата” бырайыак ырытыллан оҥоһуллар. Бырайыак сүнньүнэн эбээн тылын сүтэр кутталлаах диалектарын уонна саҥарар саҥатын ойууламмыт эрээри, лингвистическэй ойуулааһын оҥоһуллубатах тыл матырыйаалларын фиксациялыыр уонна докумуоҥҥа киллэрэр үлэ ыытыллыаҕа. Аудиовизуальнай пуонда матырыйааллара интэриниэт ситимигэр угуллуохтара. Онуоха уларыйа турар тулалыыр эйгэ усулуобуйатыгар саҥарар саҥа уонна диалект туттуллуутун уратыта уонна этнокултуурунай балаһыанньа уратыта учуоттанар.

– Өрөспүүбүлүкэбит сирин-уотун ааттааһыҥҥа, сөпкө саҥарарга уонна суруйарга хамыыһыйа тэриллэрин туруорсубуттааххын. Ол эйгэҕэ билигин туох ситиһиилэннэ?

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан Сокуон 7-c ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарыгар судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын эйгэтигэр биир кэлим судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэрэр туһуттан, тылы сайыннарар хамыыһыйалар өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарыгар, оройуоннарыгар уонна куораттарыгар баһылык таһымыгар тэрилиннилэр. Бу хамыыһыйалар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар тэриллибит Тыл сайдыытын Сэбиэтин кытта ыкса үлэлиэхтэрэ. Хамыыһыйалар үлэлэрин былаанныыр уонна көдьүүстээх үлэ ыытылларын хааччыйар инниттэн, Тыл Сэбиэтин мунньаҕын уурааҕынан бигэргэммит Балаһыанньа оҥоһуллан барыларыгар тириэрдиллибитэ.

Бу хамыыһыйалар үлэлэрэ дьаһалта-сир-уот единицэтин, нэһилиэнньэлээх пууннар, социальнай эбийиэктэр, сир-дойду уонна  Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиитин сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай бас билии эбийиэктэрин ааттарын-суолларын бэрээдэктииргэ, чопчулуурга көмөлөһүөхтэрэ. Ону тэҥэ, история, култуура нэһилиэстибэтин быстыбат сорҕото буолар историческай ааттары сөргүтэргэ, чөл хаалларарга төһүү күүс буолуохтара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар олорор норуоттар тылларын баайа, эгэлгэтэ, дэгэтэ омуктар икки ардыларыгар иллээх-эйэлээх сыһыаны, уопсастыбаннай-политическай өттүнэн бигэ туругу олохтуурга, социальнай-экономическай сайдыы стратегическэй соруктарын быһаарарга көмөлөһөр.

Бары биир сүбэнэн үлэлээтэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын чөл хаалларыахпыт, сайыннарыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...