10.04.2022 | 16:00

Режиссер Наталия Кончаловская: «Саха сирин көрөөччүлэрэ киинэни хайдах ылыныахтарын интэриэһиргиибин!»

Режиссер Наталия Кончаловская:  «Саха сирин көрөөччүлэрэ киинэни хайдах ылыныахтарын интэриэһиргиибин!»
Ааптар: Яна БАЙГОЖАЕВА
Бөлөххө киир

Кулун тутар ыйга Дьокуускай куорат «Лена» киинэ тыйаатырыгар «Маҥнайгы хаар» диэн Арассыыйа трагикомедията көстүбүтэ. Киинэ эдэр режиссер уонна сценарист Наталия Кончаловская улахан киинэҕэ бастакы холонуута этэ.

Хартыына премьерата былырыын атырдьах ыйыгар Выборг куоракка ыытыллыбыт «Окно в Европу» 29-с киинэ бэстибээлин куонкурустаах бырагырааматын чэрчитинэн тахсыбыта. Онно дьахтар баай уонна утарсыылаах эйгэтин ураты талааннаахтык көрдөрүү иһин (Елена Морозова) бэстибээл анал бирииһин ылар чиэскэ тиксибитэ.

Продюсер Елена Степанищева этэринэн, киинэ төһө да кыһалҕаны аҥаардастыы дьахтар эрэ хараҕынан көрдөрдөр, син биир дьахтарыттан, эр киһититтэн тутулуга суох киһи аймах бүттүүнүн боппуруоһун таарыйар.

Саха норуотугар «аҕатын туйаҕын хатарар оҕо» диэн өс хоһооно баар. Ол иһин саха көрөөччүтэ Наталия Кончаловская – аан дойду таһымнаах режиссер Андрей Кончаловскай төрөппүт кыыһа буоларын сэргии билбит буолуохтаах.

Гений аҕатын кытта сыһыаннарын туһунан ыйытыыга Наталия айар киһи быһыытынан тутулуга суоҕун этэр: «Рай» уонна «Грех» уһуллууларыгар скрипт-супервайзерынан үлэлээбитим, аҕабыттан элбэххэ үөрэммитим уонна үөрэнэбин; биллэн турар, кини сабыдыала баар. Ол эрэн Андрей Сергеевичтыын атын-атын личностостарбыт, идэбэр бэйэм суолбун көрдүүбүн – киинэм дьоруойа дьахтар курдук. Сорох кэмнэргэ аҕабын кытта сүбэлэспитим баар, ол эрэн киниэхэ киинэ хайдах буолуохтааҕын туһунан бигэ өйдөбүл баар, ол мин тус санаабын кытта куруук сөп түбэһэр буолбатах». 

Биһиги эдэр талааннаах режиссер, сценарист Наталия Кончаловскаяны кытта кэпсэттибит.

Корр.: Наталия, маҥнайгы хаар – тугу, туох сыаннаһы көрдөрөр метафораный?

Н.К.:  Төһө да хаттаан төрөөһүн, туох эрэ саҥа саҕаланыыта сааһы кытта дьүөрэлэһэрин иһин, миэхэ тус бэйэбэр итиннэ ураты бэлиэ быһыытынан маҥнайгы хаар ордук барсар – аптаах түгэн, ону киһи өйдөөн хаалыан, иҥэриниэн баҕарар.

Корр.: Салгын курдук чэпчэки өйдөбүлү биэрэр курдук даҕаны, бу киинэ олус дириҥ уонна олоххо баар элбэх кыһалҕаны үөһэ араҥаҕа таһаарар. Төрөппүттэри кытта уустук сыһыан, ыал олоҕун кризиһэ, бэйэни, бэйэ суолун, аналын көрдөнүү, бэйэ ис дьиҥ тугу баҕарарын истии, бэйэ күүһүгэр тирэнии, бэйэ олоҕун буолбакка, төрөппүттэр ситэ олорботох олохторун салҕааһын, бигэтик олохсуйбут көрүүлэртэн тутуллуу уо.д.а. Хайдах итини барытын биир киинэҕэ сатаан көрдөрдүҥ?

Н.К.: Ити тиэмэлэри чугастык ылыммытыҥ, бэйэҕинэн аһарбытыҥ иһин махтал! Дьиҥэр, ити уһуннук толкуйдаммыт быһаарыы буолбатах – киинэҕэ таһаарыахтаах «тиэмэлэрим» испииһэктэрин эрдэттэн олорон эрэн суруйбатаҕым. Биллэн турар, миигин интэриэһиргэтэр кыһалҕалары интуиция быһыытынан бэйэм билэр этим, ити терапия да курдук буолбута. Миигин туох долгутарын туһунан суруйбутум, бастакы уочарат тус бэйэм ыйытыктарбар хоруйу була сатаабытым.

Корр.: Киинэҥ тус бэйэҕэр төһө сыһыаннааҕый?

Н.К.: Отой автобиографичнайа суох, ол эрэн бэйэм тус иэйиилэрим, санааларым, биллэн турар, бааллар.

Корр.: Сценарийгын төһө өр суруйбуккунуй?

Н.К.: Уопсайынан эттэххэ, сценарийы биэс сыл кэриҥэ суруйбутум.

Корр.: Туохтан иэйиини ылаҕын?

Н.К.: Дьонтон, кинигэлэртэн, муусукаттан, киинэттэн. Олохтон! Дьиҥэр, туохтан баҕарар өрө көтөҕүллүүнү ылыахха сөп дии саныыбын.

Корр.: Ханнык литератураны ааҕаҕын?

Н.К.:  Арааһы ааҕабын. No Kidding press кыһатын кинигэлэрин сөбүлүүбүн.

Корр.: Режиссер уонна сценарист быһыытынан тэҥинэн үлэлиир уустук дуу, төттөрүтүн, чэпчэки дуу?

Н.К.: Ханнык баҕарар дьыалаҕа курдук, үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрдээх. Тус бэйэм санаабар, ааптар бэйэтин санаатын тиэрдэригэр киинэтигэр сценарист да, режиссер да буолара ордук.  Итини сэргэ сценариһы кытта бииргэ суруйарбын сөбүлүүбүн.

Корр.: Киинэлэриҥ нөҥүө көрөөччүлэргэ тугу этиэххин, тиэрдиэххин баҕараҕын?

Н.К.: Миэхэ киинэ – алтыһыы көрүҥэ. Тугу эрэ тиэрдэ сатыахпынааҕар, мин көрөөччүнү кытта хайдах эмэ кэпсэтиэхпин баҕарабын. Ол иһин мэлдьи көрөөччү киинэбин хайдах ылыммытын интэриэһиргиибин.

 Корр.: Хоту эбэтэр Сибииргэ сылдьыбытыҥ дуо?

Н.К.: Суох, хомойуох иһин, сылдьа иликпин, ол эрэн олус баҕарабын. Манна даҕатан эттэххэ, хос-хос эһэм Красноярскайтан төрүттээх, онон мин эмиэ кыратык сибирячкабын.

Корр.: Саха сирин көрөөччүлэригэр тугу баҕараҕын?

Н.К.: Саха сирин көрөөччүлэрэ киинэни хайдах ылыныахтарын олус интэриэһиргиибин. Күндү көрөөччүлэр,  киинэ эһиги дууһаҕытын таарыйдын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...