27.08.2021 | 11:00

Режиссер Любовь Борисова: «Таҥара — бастыҥ драматург. Олохтон ордугу айбаккын...»

Режиссер Любовь Борисова:  «Таҥара — бастыҥ драматург. Олохтон ордугу айбаккын...»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппын биир этиинэн билиһиннэриэхпин баҕарабын. Любовь Борисова – киинэ режиссера, продюсер, сценарист. Көрөөччү биһирэбилин ылбыт, аан дойдуга аар-саарга аатырбыт үлэтэ – “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”. Ситиһиилэрин барытын испииһэктээбэппин, ол наадата суох курдук. Арай бэйэтин эйгэтигэр буһа-хата сылдьар, элбэҕи сатыыр “универсал” үлэһит быһыытынан сырдатарга, кини санааларын, олоххо көрүүлэрин тиэрдэргэ дьулуһуом.  

Люба Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын   туйгун үөрэнээччитэ, актыбыыһа этэ. Телеустуудьуйаҕа үлэлиирэ. Кыра эрдэҕиттэн кинини билэр дьоно “киноман” диэн ааттыыллара. 90-с сылларга видеокассета үөдүйбүтүн өйдүүр буолуохтааххыт. “Прокат айдаана буолара. Бырааттарбын кытта көрбүт киинэбитин тэтэрээккэ сурунан, картотека оҥорон иһэрбит. Киинэ аатын, режиссерун, артыыстарын. Билигин kinopoisk.ru баар дии. Биһиги картотекабыт үүт-үкчү оннук этэ”, – диэн сэргэх сэһэргэһээччим кэпсэтиибитин саҕалыыр.

Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан, уруһуйдуур буолбута. Ол дьарыгар даҕаны киинэ алыптаах эйгэтэ син биир угуйа турара – артыыстары, постердары ойуулуура.

Ийэтэ Татьяна Семеновна – Үөһээ Бүлүү норуодунай театрын режиссера. Аҕата Пантелеймон Михайлович – талба талааннаах уус. Онон Люба икки өттүттэн айар эйгэҕэ улааппыта. “Театр оҕото этим”, – диэн билигин кэпсиир.

 

Оҕо саас сайына, эбээ үөрэҕэ

Сайын аайы эбэлээҕэр оттуу барара. Балааккаҕа хоно-өрүү сытан үлэлииллэрэ. Дьиҥэр, ходуһалара чугас эбит. “Ол эрээри ох курдук оҥостон, тэринэн тиийэрбит. Бу санаатахха, эбэбит үлэҕэ үөрэтээри, биһигини айылҕаҕа сынньатаары илдьэр эбит. Эбэм сир астыырга, сири-уоту аһатарга, өтөхтөргө сылдьарга, сиэри-туому тутуһарга үөрэппитэ. Ол үөрүйэхтэрим билигин да туһалыыллар”, – диэн күндү киһитин сылаастык ахтар. Сиэннэр халыҥ аармыйалара күүстээх үлэҕэ илии-атах буолаллара. Оту мунньан, уот оттон, уу таһан, чэй өрөн туһалыыллара.

Бааҥҥа төннүбэтэҕим...

Оскуоланы бүтэрээт, Люба Борисова экономист үөрэҕэр туттарсан киирбитэ. Оччолорго экономистан, юристан атын идэ суох курдуга. Онон университет кэннэ алта сыл бааҥҥа үлэлээбитэ. Ол саҕана “Лена” киинэ театра сыл аайы тэттик киинэ устуутугар куонкурус ыытара. Онно кыттар буолбута. Аан бастакы үлэтин улахан экраҥҥа көрө олорон, кинини олус дьикти, ураты иэйии кууспута. Бириис тутан, үөрүүтэ өссө үрдээбитэ.

Биирдэ тэрилтэ корпоративыгар тэттик киинэ устубуттара.  Онтон сайын уоппуска кэмигэр уһун кээмэйдээх киинэни устар туһунан баҕа санааламмыттара. Оччолорго бу эйгэ “ис куукунатын” билбэттэрэ бэрдиттэн биир ыйдаах сынньалаҥҥа бүтэриэхпит дэспиттэрэ.

“Остуоруйа суруйбутум, устуудьуйа көрдөөбүтүм. Харчы көстүбэтэҕэ. Уоппускабыт онон бүппүтэ. Саатар фэнтези этэ ээ!” – диэн билигин күлэ кэпсиир.

Ол сылдьан устуудьуйаҕа үлэлиир уолаттары кытта билсибитэ. Намҥа “Тишка-мишка, кот на крыше” диэн сериал уһуллуутугар ыҥырыллыбыта. “Сценарийга да орооспутум, режиссер көмөлөһөөччүтүнэн да сылдьыбытым, тэрийэр үлэтигэр эмиэ кыттыспытым. Сылаалаах, ол эрээри миэнэ эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Сериалбыт киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта. Итиэннэ бааҥҥа төннүбэтэҕим”, – диэн сэһэргэһээччим киинэҕэ хайдах кэлбитин кылгастык кэпсиир.

Онтон айар аартыга арыллан, бииртэн биир бырайыактар оҕуруолуу тиһиллибиттэрэ. Салгыы дьоруойу кытта кэпсэтиибитин ааҕыҥ.

Продюсер быһаарара үгүс

– Көрөөччү хараҕын далыгар үксүн артыыстар уонна режиссер эрэ көстөллөр, кинилэр ааттара эрэ иһиллэр. Эн продюсер быһыытынан элбэх бырайыакка үлэлээбитиҥ. Продюсер киинэ күн сирин көрүүтүгэр, улахан экраҥҥа тахсыытыгар оруолун ааҕааччыларга судургутук быһаарыаҥ дуо?

– Продюсер эмиэ араастаах ээ. Эбээһинэстэрэ, үлэлэрэ да уратылаһар. Генеральнай продюсер – иилээччи-саҕалааччы, харчы булааччы-талааччы, дьону наймылаһааччы, тэрийээччи. Кини аннынан толорооччу продюсер баар, бу киһи тэрийэр үлэни ымпыгар-чымпыгар тиийэ  оҥорор – ким ханнык тырааныспарынан айанныырын, ханна аһыырбытын, о.д.а.  Ол эбэтэр туох баар бытархай эрээри, олус суолталаах тыын боппуруостары быһаарар. Киинэни дьоҥҥо-сэргэҕэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга “продюсер продвижения” үлэлиир. Холобур, биһиэхэ Сардана Саввина баар. Дьиҥэр, улахан бырайыактарга элбэх продюсер үлэлиир. Киинэ диэн бүтүн хамаанда үлэтэ.

Элбэҕи сатыырым үчүгэй...

– Сценарий туһунан иҥэн-тоҥон кэпсэтиэххэ. Бу режиссерга эрэ барытыгар бэриллибэт дьоҕуруҥ, сатабылыҥ үлэҕэр туһалыыр дуу, ханнык эрэ түгэҥҥэ мэһэйдиир дуу? Эн суруйбутуҥ төһө уларыйарый?

– Киинэҕэ төһөнөн элбэҕи сатыыгын, билэҕин да, оччонон көмөлөһөр дии саныыбын. Атын дьон үлэтин өйдүүргэ да үчүгэй. Продюсеры, режиссеру, оператордары, тыаһы-ууһу оҥорооччулары, композиторы кытта биир тылы булуохтааххын, тэҥҥэ кэпсэтэр киһи буолуохтааххын.

Мин монтаж режиссерунан эмиэ үлэлиибин. Ол иһин айарбар таҥыллыбыт тэтимнээҕи харахпар көрөбүн. Онон сценарийым улаханнык уларыйбат. Бэйэҥ суруйар, устар, таҥар буоллаххына, мөккүөр тахсыбат. Атын ааптардары кытта үлэлииргэ, биллэн турар, уларыйыы баар. Монтаж иһин-таһын билбэт киһи тиэмпэни учуоттаабат буолуон сөп.

– Хронометражка төһө хаайтараҕын? Биһиги, суруналыыстар, эмиэ уһун уонна кылгас тыыннаах диэн арахсабыт. Сороҕор олус элбэҕи батарыаххын баҕараҕын да, балаһа кээмэйэ кыра. Эһиэхэ хайдаҕый?

– Сороҕор тиийбэт дьаабыта буолар ээ. Ардыгар аһара барыаххын баҕараҕын. Ол эрээри сценарий суруйар бырагыраама бириэмэтин көрдөрөр. Урут чаастан эрэ ордук уһуннаах киинэлэр уһуллаллара, билигин икки чаастан быдан тахсаллар. Чаастан ордук эрэ буоллаҕына, сорох көрөөччү астыммат. Таһынан барыы диэн биирдэ эмит буолар.

– Сценарийы төһө уһуннук суруйаҕын? Чэ, холобур, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэни ылан көрдөххө?

Ити киинэ сценарийа олус түргэнник суруллубута. Иккис киинэм киэнэ уһуннук, биир сыл. Элбэх эрэдээксийэни ааста, бастакы барыйааныттан уларыйда. Сүрүнүн биир ыйынан бүтэриэхтээхпин, күн аайы баччаны суруйуохтаахпын диэн былаан туруорунабын.

Ким оонньуохтааҕын харахпар көрөбүн

– Сыыйа-баайа сыҕарыйан, аны монтаж үлэтигэр киириэххэ. Киинэ оҥоһуллан тахсыытыгар бу түһүмэх сүрүн миэстэни ылара саарбаҕа суох. Сорох киинэҕэ ордук хос сыана элбэх, сорох хартыына киэнэ тып-тап, сөрү-сөп. Оттон сорох чаастара олус быһыллыбыт, “кырыллыбыт”, ылан быраҕыллыбыт буоллаҕына, киинэҕэ өйдөммөтө үксүүр, ыһыллыы тахсар.

– Ити эн эппитиҥ сценарий кыһалҕата диэххэ сөп. Ситэ эрэдээксийэлээбэтэх, көннөрбөтөх буоллаххына, монтаж кэмигэр онтуҥ көбөн тахсар. Дьиҥинэн, ону эрдэттэн сценарий таһымыгар быһаарыахтааххын. Таҥар саҕана эрэйдэммэт курдук. Кумааҕыга соторуҥ ордук. Ити үксүн ыксал-тиэтэл түмүгэр тахсар. Устан, дьон сыратын, бириэмэтин, харчы бөҕөтүн бараан кэлбитиҥ – наһаа элбэх ордук хос сыана баар буолан хаалыан сөп. Режиссер бэйэтэ таҥар буоллаҕына онтун харыһыйара чуолкай. Түүннэри-күнүстэри уһулбутун ылан быраҕара ыарахан. Монтаж режиссера, устууга үлэлээбэтэх, сыһыана суох киһи кэлэн хирург курдук быһан кэбиһиэн эмиэ сөп. Ол иһин уопуттаах режиссердар ону билэллэр, итэҕэйэр буоллахтарына, харахтарын быһа симэн баран биэрэн кэбиһэллэр. Ол эрээри үксүн сөбүлэҥинэн үлэлииллэр. 

– Сорох режиссердар сценарийдарын суруйан баран, чочулла, ситэ-хото, кэмэ илик диэн сытыараллар. Эйиэхэ оннук баар дуо?

– Суруллан бүппүт сценарий диэн суох. Бырайыактар бааллар. Устар саҕана көннөрүөм, ситэриэм диибин. Соло суох курдук. Ол иһин ыган кэллэҕинэ эрэ суруйабын.

– Оттон атын дьон киинэ оҥорон таһаар диэн суруйан аҕалаллар дуо? Эбэтэр бу айымньынан киинэ таһаарыам дии саныыгын дуо?

– Бэлэм сценарийы аҕалбаттар. Оннук сценарист да суох. Арай айымньытын көрдөрө биэрэр киһи элбэх. Мунньулунна аҕай, соло булан  ааҕа иликпин.

– Биир биллиилээх режиссер: “Оруолга сөп түбэһэр, харахпар оҥорон көрөр артыыһым көстүбэккэ, сценарийым хас да сыл сытта”, – диэн интервьютугар эппитин аахпытым. Эйиэхэ оннук баара дуо?  

– Эппитим курдук, бэлэм сытар сценарийым суох. Ким оонньуохтааҕын, чопчу киһини харахпар көрөн олорон суруйабын. Степан Петрову кытта “Тойон кыыл” киинэҕэ үлэлээбиппит, ол иһин “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” сценарийын киниэхэ анаан суруйбутум. Иван Константиновы билбэт этим, ол эрээри эдэр уол оонньуохтааҕа эрдэттэн быһаарыллыбыта. Артыыспытын диалог суруллуон иннинэ булбуппут. Онон үчүгэйдик тахсыбыта.

Ханнык баҕарар айымньыга прототип баар буоллаҕына, дьоруой тыыннаах буолар. Усулуобунай персонаж айыллара ыарахан. Киинэҕэ эмиэ оннук. Дьиҥнээх киһиэхэ сыһыардаххына, характера тахсан кэлэр, ол драматургияҕа эмиэ көмөлөһөр. Олох диэн олох. Дьоруойдарыҥ суруйбутуҥ курдук үүт-үкчү буолбаттар. Артыыс тыыннааҕымсытан, быдан дьиҥнээх оҥорор.

–  Режиссер быһыытынан тугу ирдиигин?

– Бэйэм дьоммун кытта үлэлиибин. Операторым Семен Аманатовы кытта тыл быһаҕаһыттан өйдөһөбүт. Уопсайынан, хамаандабын кытта билсибиппит, “эн-мин” дэспиппит ыраатта. Ол иһин санаабыппыт сатанар.

Искусствоҕа кыраныысса диэн суох

– Киинэни бизнес уонна искусство өттүттэн ылан көрдөххө, аныгы үйэҕэ хайата баһыйарый?

– Голливудка бизнес баһыйда. Түмүгүн бары көрөбүт. Арассыыйаҕа өйдөммөт. Саха сиригэр айар үлэ баһыйар... (толкуйдуур). Чэ, иккиэн дьүөрэлэһэллэр диэххэ сөп. Ол иһин көрөөччүгэ анаммыт, ол эрээри авторскай киинэ элбэх. Тэҥ-тэҥҥэ тахсар. Сахалар үксүн авторскай киинэни таһаарабыт эрээри, көрөөччүгэ син биир чугаспыт. “Хайдах да буоллун” диир, касса туһугар эрэ үлэлиир режиссер суох. 

 Элбэх бэстибээлгэ сырыттыгыт, сири-дойдуну кэрийдигит. Атын омуктар саха киинэтин феноменын таайа сатыыллар. Тас дойду көрөөччүлэрэ биһиги киинэбитин туох дииллэрий?

– Билигин феномен диэн суох буолла. Арай “Арассыыйаҕа сахалар диэн бааллар дуо?”, “онно киинэ уһулаллар дуо?” диэн соһуйуохтарын сөп. Саха киинэтэ бүтүн аан дойдуга тиийэ аатырда. Бастаан Арассыыйа таһыгар биллибитэ. Онтон бэйэбит дойдубутугар.

Урут атын омуктар өйдөөбөттөр, уларытан устуохтааххын эҥин диэн кэпсэтии баар буолара. Холобур, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэ саха көрөөччүтүгэр ананан уһуллубута. Ол эрээри аан дойду көрөөччүтэ барыта өйдүүр эбит. Биһиэхэ майгынныыр култууралаах, үгэстээх омук элбэх.

– Бэстибээллэргэ туохха ордук болҕомто ууралларый?

– Маны ордук сэргииллэр диэн быһаччы этэр кыах суох. Тренд диэн баар. Аны дьүүллүүр сүбэ хайдаҕыттан эмиэ тутулуктаах. Бэстибээл бэйэтин бырагырааматыгар чугас киинэлэри сүүмэрдиир. Онно сөп түбэһэр буоллаххына ааһаҕын.

– “Тренд” диэн тыл билигин үгүстүк туттуллар.  Ону батыһан,  сырсан уратыбытын умнуохпутун сөп курдук. Эн туох дии саныыгын?

– Кими эрэ батыһан бэйэҥ суолгун булбаккын, үчүгэй киинэни таһаарбаккын. Сырса сатаан, хаһан да “в тренде” буолбаккын. Эйигин туох долгутарын киинэ нөҥүө этиэхтээххин.

– Киинэ эйгэтигэр политика орооһор дуо? Кэнники кэмҥэ, оннооҕор спорка (чуолаан Олимпиадаҕа) атааннаһыы, киирсии көстөр. Ону бары билэ-көрө олоробут.

– Биир дойдуттан наһаа элбэх киинэ кэлээри гынна эҥин диэхтэрин сөп. Ону Арассыыйабытын атаҕаста атылар, политикалаатылар диэбэппит. Искусствоҕа, култуураҕа кыраныысса диэн суох. Киинэ нөҥүө кими баҕарар кытта кэпсэтиэххин сөп.

– Ханна буолбут бэстибээли ордук өйдөөн хаалбыккыный?

– Бу иннинэ хаһан да көрбөтөх дойдуларбар сырыттым. Киинэтэ суох тиийиэм суоҕа этэ. Холобур, Австралия курдук ыраах сиргэ киинэ академиятын чилиэннэрэ буолбуппут. “Азия Оскарыгар”.  Канадаҕа, Германияҕа, Финляндияҕа, Кытайга, о.д.а. дойдуларга тиийэн сахабыт киинэтин көрдөрбүппүт. Уфаҕа Гран-при үрдүк аатын сүкпүппүт, саала дьоно бары ойон туран ытыстарын таһыммыттара. Ону өйдөөн хаалбыппын. Чукоткаҕа олус үчүгэй бэстибээл ыытыллыбыта. Кыттарыҥ таһынан өссө киинэ устаҕын. Ону тэрээһин сабыллыытыгар көрдөрөҕүн. Интэриэһинэй этэ. Тываҕа бэркэ сылдьан кэлбиппит, дьиэбитигэр тиийбит курдук санаммыппыт. Алтаайга айылҕата олус кэрэ этэ. Чэ, аҕыннахха итинник.

Халыыбы алдьатар ааптар аҕыйах

– Ханнык баҕарар эйгэҕэ халыып диэн баар. Эн этэр “шаблонуҥ”, “штамповкаҥ” эмиэ наада курдук.  Арай искусствоҕа мэһэйдиир буолуон сөбө дуу?

– Айар үлэҕэ куһаҕан дии саныыбын. Ити коммерческай бырайыактары кэми-кэрдиини, бэрэбиэркэни ааспыт халыыбынан, формуланан оҥороллор. Оттон киинэ бэстибээллэригэр саҥаны, сонуну көрдүүллэр. Сороҕор бэйэҥ да билбэккинэн төбөҕөр Голливуд шаблоннара киирэн хаалаллар, ол иһин ардыгар халыыбынан баран иһэн тохтуу биэрэҕин, уларыта охсоҕун. Халыыбы алдьатар, онтон тахсар ааптар аҕыйах. Ким да устубатаҕын устар диэн ыарахан.

– Эксперименнэргэ төһө ылсаҕын?

– Саха киинэтигэр үп тиийбэт. Мэлдьи ыксыы сылдьаҕын. Биир сыананы күнү быһа эбэтэр хас да күн устар кыахпыт суох. Күн-дьыл эмиэ ыгар. Устан бүтэ иликкинэ сэбирдэҕиҥ саһарыа дии. Онон сүүрүүнэн сылдьаргар тиийэҕин. Ол иһин классика буолбут ньымалары туһанабыт.  Бириэмэбит, харчыбыт элбэҕэ буоллар, биллэн турар, эксперименнэри да киллэриэ этибит. Дьиэни уруккуттан баар ньыманан тутаҕын дии, киинэҕэ эмиэ оннук.

Мин мэлдьи “Таҥара – бастыҥ драматург” диэн этэбин. Төһө да киинэҕэ ойуулуу, көрдөрө сатаабыппыт иһин, олоххо баартан ордугу айбаккын. Ол иһин киинэҕэ олоххо баары көрдөрөргө дьулуһуохтааххын. Киһи диэн уустук. Уһулуччу үчүгэй эбэтэр букатын куһаҕан киһи диэн суох. Ол иһин драматургияҕар олоххо баар дьиҥ чахчы көстүөхтээх.

 

Салгыы маннык олорорбут табыллыбат...

– Пандемияҕа хаайтардыҥ дуо? Онлайн олоххо төһө бэлэм эбиккиний?

– Хаайтаран... Оннооҕор даача атыыласпытым. Кыбартыыраҕа кыайан олорбот эбиппин. Локдаун кэмигэр тулуйбакка-тэһийбэккэ, дьиэм тула хаамыталыырым. Салгыы маннык олорорбут табыллыбат диэн үөһэттэн толкуйдатар кэм кэлбит дии саныыбын. “Ханнык баҕарар кириисис саҥа кыахтары биэрэр” диэн этии баар. Ол иһин пандемия, араас катаклизмнар айылҕата суох инникитин хайдах олороору гынаҕыт диэн өйгө-санааҕа аҕалаллар. Туох барыта үчүгэйгэ эрэ буолар. Холобур, ити улахан баһаардар дьону түмтүлэр, сомоҕолоһуу күүстээҕин туоһулаатылар.

– Билигин биһиги күн аайы бириэмэ сырсыытыгар сылдьабыт. Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?

– Бириэмэ көһүннэ эрэ, даачаҕа бара сатыыбын. Онно сибээс үчүгэйдик хаппат, ол иһин күнүм уһаан хаалар. Интэриниэт киһи бириэмэтин олус сиир эбит. 

– Хааччах-тааһын кэмигэр сорох дьон урут санамматах да дьыалаларыгар ылыстылар. Ким эрэ талаана арыллыбыт, туох эрэ саҥаҕа үөрэммит. Кырдьык, бэйэни иһиллэнэр, толкуйданар кэм кэлбит диэхпин баҕарабын. Эн санааҥ? 

– Мин үлэм бүппэтэҕэ. Сценарий суруйбутум. Ол эрээри бу кэмҥэ доруобуйа туһунан элбэҕи хасыһан аахтым, көрдүм. Билиибин чугас дьоммор үллэстэбин, сүбэлиибин. Оннооҕор съемкаҕа сылдьан гимнастикалыыр, туһалаах эрчиллиилэри көрдөрөр буолбутум. “Секта” диэн ааттыахтарыгар диэри үөрэттим быһыылаах (күлэр). Пандемия кэмигэр дьону дьиэҕитигэр олоруҥ диэбэккэ, төттөрүтүн таһырдьа тахсан хаамыҥ диэхтээх этилэр. Барыгытын хамсаныҥ, элбэхтик хаамыҥ, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ диэн ыҥырабын.

Любовь, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Кэлэн иһэр Киинэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бары үтүөнү баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...