Режиссер Алексей Амбросьев: “Бииргэ үлэлиир дьонум талааннарыгар, ис кыахтарыгар итэҕэйэбин”
Бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, хатыламмат буочардаах Алексей Амбросьев аата театр уонна киинэ эйгэтигэр иһиллибитэ балайда ыраатта. Аҕатын кытта бутуйбатыннар диэн, аатын кэннигэр мэлдьи “младший” диэн эбиликтээх буолара. Кэлин аччыгый Амбросьев Чоох Мунду диэн хос аатынан биллэр.
Киинэ күнүгэр эдэр режиссеру кытта дьиҥнээх искусство, үчүгэй киинэ, идиэйэ, сценарий туһунан, онтон да элбэҕи кэпсэттибит.
– Алексей, театр, киинэ эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний? Баҕар, биир үчүгэй киинэ эбэтэр биир түгэн айар куккун уһугуннарбыта буолаарай? Эбэтэр ким эрэ бу эйгэҕэ сирдээбитэ, суолгун ыйбыта дуу?
– Мин санаабар, ийэбиттэн уонна аҕабыттан саҕаламмыта. Ийэм Анастасия Николаевна биллиилээх суруналыыс, саха араадьыйатын редактора этэ. Кини театры олус сөбүлүүрэ, бу эйгэни ис сүрэҕиттэн таптыыра. Москваҕа да, аан дойду хайа баҕарар муннугар буолар бэстибээллэргэ, улахан тэрээһиннэргэ куруук аккредитация ылан сылдьара. Кириитиктэри кытта олус үчүгэй сыһыаннааҕа, доҕордоһоро. Ийэм миигин испэктээккэ үгүстүк илдьэ барара. Театрга элбэхтик сүүрбүт-көппүт оҕобун. “Хаарыан хампа күөх кытылым”, “Король Лир” айымньылары сыанаҕа көрөн баран олус долгуйбуппун өйдүүбүн.
Режиссердар биһиги дьиэбитигэр мэлдьи кэлэллэрэ. Аҕам Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду – суруйааччы, суруналыыс. Онон театр, искусство, айар үлэ диэни көрөн-истэн улааппытым.
Оскуола кэннэ бэйэбин булбакка, ускул-тэскил сылдьыбытым. Эр киһи итинник булкуллара үчүгэй эбит. Киһи суолун-ииһин көрдөнөр. Ол курдук Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар туттарсан киирбитим. Маастарым – Андрей Саввич Борисов. Идэбин хара маҥнайгыттан олус сөбүлээбитим, таптаабытым. Театр дьикти күүһүнэн угуйан, тардан ылбыта. Бу эйгэҕэ ис-испиттэн умсугуйан киирбитим.
Иккис кууруска үөрэнэ сырыттахпына, Рома Дорофеев: “Саҥа дьыл туһунан киинэтэ уһулуохха. Сценарийда суруйуохха”, – диэбитэ. Биир күнү быһа кэпсэппиппит, ол идиэйэнэн умайан, дьиэбэр түүнү быһа суруйбутум, бастакы 25 сирэйин бүтэрбитим. “Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” диэн киинэ күн сирин көрбүтэ. Онтон ыла аа-дьуо, сыыйа-баайа айар үлэм саҕаламмыта.
Степан Бурнашев булан ылан, “Бүтэһик күн” киинэ сценарийын суруйбутум. Онтон “Муммуттар” тахсыбыта. Ол кэннэ улам ылсан, билигин киинэ эйгэтигэр үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабын.
Бүтэр уһуга суох уһуннук суруйуохха сөп...
– Эн режиссер, сценарист быһыытынан биллэҕин. Сценарий туһунан иҥэн-тоҥон кэпсэтэ түһүөххэ. Төһө өр сурулларый? Туохха ордук болҕомто уураҕын: киинэ ис хоһоонугар, дьоруой майгытын арыйарга, ойуулааһыҥҥа, тылыгар-өһүгэр, монологтарга, диалогтарга... Эбэтэр?
– Аан дойду киинэтигэр саамай сүрүнэ – сценарий. Үчүгэй сценарий баар буоллаҕына, киинэ сатанарыгар саарбах суох. Дьиҥэр, уһуннук суруллар. Сиппит-хоппут, эҥкилэ суох үчүгэй сценарийы бүтэр уһуга суох, төһө баҕарар уһуннук суруйуохха сөп. Ол эрээри биһиги үлэбит син биир болдьохтоох. Ону тутуһабыт. Саамай түргэтээбитэ биир ый, балтараа ый суруйабын. Чэ, бириэмэ төһө баарынан диэххэ сөп. “Муммуттар” киинэ сценарийын хас да ый, хас да варианын айбытым. Мин уһуурбун-кэҥиирбин олох сөбүлээбэппин. Түргэнник үлэлиирбин ордоробун. Сүнньүн буллуҥ да, этэҥҥэ сатаныахтаах диэн санааны тутуһабын.
Ити эппитиҥ барыта баар, ону таһынан идиэйэтэ үчүгэй буолуохтаах. История, драматургия, уобарас, конфликт... Ону барытын мунньан, түмэн баран, биир история гына оҥорон таһаараҕын. Сценарий суруйар олус интэриэһинэй. Марафонскай тиэмэ, спринтерскэй буолбатах. Бэйэҥ айа, суруйа олорор дьонуҥ характердара аҕыйах кэминэн тиллэн, киинэҕэ уһуллан, экраҥҥа тахсара дьикти. Бу дьарыкпын олус таптыыбын. Атын дьон сценарийдарын ааҕарбын эмиэ сөбүлүүбүн.
– Хронометражка төһө хаайтараҕын? Киинэ уһун буолара үчүгэй дуу, кылгаһа ордук дуу? Сорох хартыына олус уһаан-тэнийэн хаалар, ордук хос элбэх... Монтажтан эмиэ тутулуктаах буоллаҕа?
–Киинэ да, испэктээк да биир дьиктилээх – ол бириэмэтэ. Сорох айымньылар, үс чаастаах да буоллуннар, төһө да уһаабыттарын иһин, киһи ону билбэккэ хаалар. Эмискэ бүттэҕинэ, өйдөөн көрбүтүҥ – үс чаас ааһа охсубут буолар. Киинэ, испэктээк кэмигэр бириэмэ туһунан эрэ санаабаккын. Оннук интэриэһинэй, умсугутуулаах хартыына буолуон сөп.
Киинэни тус-туспа тэтимнээх дьон уһулар. Мин бириэмэҕэ улаханнык хаайтарбаппын. Киинэ үстэ төрүүр диэн этэллэр: сценарийга, площадкаҕа, монтаж түмүгэр. Үс туспа хартыына буолуон сөп. Монтаж режиссера мээнэ сааһылаабат, быспат, бэйэтин көрүүтүнэн атын киинэни оҥорон таһаарар кыахтаах. Мин Анатолий Яковлевтыын хаста да бэркэ тапсан үлэлээтим. Киниэхэ эркин курдук эрэнэбин. Монтаж кэмигэр туох эрэ ордук хос баар буоллаҕына, быһан бырахтарабын. Ол кадрга төһө да бириэмэ, сыра-сылба бараммытын иһин, олох аһыммаппын, аҥаар кырыытыттан лаһырҕатан иһэбин.
Таптыыр идэм, үлэм, сөбүлүүр дьарыгым
– Режиссер диэн кимий?
– Устудьуоннуу сырыттахпына, биирдэ учууталым Андрей Саввич эмиэ итинник ыйыппыта. Киһи эдэр сылдьан максималист, романтик буолар. “Режиссер – дирижер зрительских чувств”, – диэн хоруйдаабытым. Режиссер үлэтин оннук көрөрүм. Ону маастарым күлэн кэбиспитэ: “Слишком пафосно. Это работа”, – диэбитэ. Оннук эбит. Бу туспа эйгэ, сылаалаах үлэ. Утуйбаккын, толкуйдуугун, ыксыыгын, тугуҥ да сатаммат буолуон сөп. Ол иһин сорохтор аҕыйах үлэни таһааран баран быраҕан кэбиһэллэр.
Режиссура – таптыыр идэм, үлэм, сөбүлүүр дьарыгым. Площадкаҕа ыллыы-ыллыы барабын. Аны киинэ уста сылдьан олох ыалдьыбаппын ээ, дьикти. Бэл диэтэр, сөтөллүбэппин. Бүттүм да, ыарыым барыта көбөн тахсар.
–Артыыстары сүүмэрдииргэр, хамаандаҕын оҥосторгор тугу ирдиигин?
– Киинэ сценарийыттан, историятыттан, персонаж характерыттан, уобараһыттан тахсар. Ол иһин кастинг диэн баар. Хас биирдии режиссер бу артыыс үчүгэй, кини куһаҕан диэн сыымайдаабат. Кини киинэ интонациятын көрөр, сүүмэрдииригэр ону көрдүүр. Артыыс ис энергетикатыттан, харизматыттан бүтүн хартыына уларыйыан сөп.
Мин уруккулуу диктатор режиссер буолбатахпын. Айар бөлөҕү сөптөөх хайысхатын булларан, сирдээн биэрэбин. Бииргэ үлэлиир дьонум талааннарыгар, ис кыахтарыгар итэҕэйэбин. Бэйэ-бэйэбитин билбиппит ыраатта даҕаны. Артыыстар атын-атын айылҕалаах дьон буолалларын өйдүүбүн. Бу бэрт чараас эйгэ. Биһиги киинэбитин күлэ-үөрэ уһулабыт. Кырдьык, ханнык баҕарар үлэҕэ буоларын курдук, тыҥааһыннаах түгэннэр бааллар. Ханна барыахтарай?
Айымньы суолун бэйэтэ булар
– Сценарий, режиссер үлэтэ, артыыстар уобарастарын табан арыйыылара, музыка (саундтрек), көстүүм, эффект, реклама... Маны барытын туһунан ылан көрдөххө, киинэ ситиһиилэнэригэр туох сүрүн күүс буоларый?
– Бу ааттаммыт барыта. Киинэ туох-хайдах буолан тахсара айар бөлөх хас биирдии киһититтэн, кини ис туругуттан, настарыанньатыттан, айымньы тиэмэтиттэн, идиэйэтиттэн тутулуктаах. Бүтэһик уһугар режиссер идиэйэтин 35 бырыһыана хааллаҕына, ол аата киинэ сатаммыт дииллэр. Тоҕо диэтэххэ биһигини кытта бүтүн хамаанда үлэлиир, ол эбэтэр айар үлэбитигэр кыттыһар дьон элбэх. Киинэни биир идиэйэлээх дьон хас да буолан оҥорон таһаараллар. Тыыннаах процесс. Төһө да сценарий баарын үрдүнэн, баҕар-баҕарыма, уларыйара үгүс. Бэйэм суруйбут сценарийым буоллаҕына, өссө үчүгэй. Матырыйаалы төрдүттэн билэр буоллаҕым. Төһө баҕарар уларытар, эбэр-сабар, көҕүрэтэр кыахтаахпын. Ол эрээри, площадкаҕа сценарист туоруур, сүрүн киһи режиссер буолар.
– Ардыгар үчүгэй киинэ улахан тыаһа-ууһа суох күлүккэ хаалар. Оттон улахан уратыта суох эрээри, реклама көмөтүнэн тахсыбыт хартыына эмиэ баар буолар дии.
– Киинэ диэн бизнес, харчы хамсыыр, эргийэр индустрията. Ол иһин рекламаҕа элбэх харчыны куталлар. Төһөнөн элбэх киһи бу киинэ буолаары турарын билэр, оччонон элбэх киһи кэлэн көрөр.
Реклама бастаан эрэ күүскэ үлэлиир. Онтон киинэ көрөөччүтүн бэйэтэ булар. Сатаммыт буоллаҕына, дьон син биир сылдьар. Бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, этэргэ дылы, “этэрбэс араадьыйата” үлэлиир. Үчүгэй айымньы (киинэ, кинигэ, ырыа) бэйэтин суолун булар. Ол эрээри бу эйгэҕэ рекламата суох сатаммаккын.
Кырдьык, сорох үчүгэй киинэ улахан прокакка тахсыбакка, дубляжтаммакка, биллибэккэ-көстүбэккэ хаалыан сөп. Хойутаан да буоллар, билиҥҥи интэриниэт үйэтигэр син биир көрөөччүтүн булуоҕа дии саныыбын.
– Киинэни искусство уонна бизнес өттүттэн көрдөххө, аныгы индустрияҕа хайата баһыйарый?
– Киинэ – бүтүн индустрия. Үп бөҕө көрүллэр. Ол эрээри харчыны эрэ сырсыбакка, искусство айымньытын уһулар дьон да элбэх. “Авторскай посыл” диэн өйдөбүл баар. Коммерция диэн туспа. Мин санаабар, олус харчыны батыспакка, аҥаардас авторскайга охтубакка, ортотун булуохха наада.
Киинэ искусствота, Андрей Тарковскай эппитинии, “запечатленное время”. Бэйэни билии, дьиҥ олоҕу өйдөөһүн. Дьоҥҥо атын олоҕу арыйар. Шедевр киһиэхэ саҥаны арыйар, билбэтэҕин көрдөрөр дьикти күүстээх. Киинэ киһиэхэ дьайыыта оннук улахан.
Мозаика курдук хомуллан, таҥыллан тахсыбытым
– Айар үлэҕэр тугу көрдөрөргө дьулуһаҕын?
– Ханнык баҕарар айымньыга сүрүнэ – кини идиэйэтэ. Олох туһунан көрдөрө сатыыбын. Көрөөччү киинэттэн ыраастанан, санаата көтөҕүллэн, олоҕу олоруохпун баҕарабын диэн таҕыстаҕына, ол аата санаам сиппит диэхпин сөп.
– Эн киинэлэргэр дьээбэ-хообо, көрдөөх түгэн үгүс. Кырааскалыыр ньыма курдук туттаҕын дуу эбэтэр истиилиҥ дуу?
– Бэйэм дьээбэни-хообону сөбүлүүбүн, оннук дьону кытта алтыһабын. Үчүгэй комедиялары көрөрбүн ордоробун. Бу жанры устарбын сэргиибин. Драманы, трагедияны да уһулар буоллахпына, көрдөөх түгэҥҥэ миэстэ көстөр, хайаан да булан кыбытабын. Оннуга суох киинэ тууһа суох аска тэҥнээх. Олохпут онто да суох ыарахан. Киһи күллэҕинэ чэпчиир, үйэтэ уһуур.
– Тус санааҕын, олоххо көрүүгүн уларыппыт киинэ диэн баар дуо? Уопсайынан, үчүгэй киинэ киһи өйүн-санаатын уларытар, оннооҕор уһугуннарар кыахтаах дииллэрэ сөп дуо?
– Аан дойду киинэтэ барыта. Оннук биир киинэни ааттыахпын, чорботуохпун баҕарбаппын. Аҥаардас Акира Куросава үлэлэрин ылан көр. Италия неореализма, сэбиэскэй, Америка, Европа киинэлэрэ мозаика курдук хомуллан, мунньуллан, мин айар үлэм хартыынатын оҥорбуттара диэххэ сөп. Араас жанртан, киинэ эпохаларыттан өйүм-санаам, талааным, ыра санаам, олоххо дьулуһуум таҥыллыбыта. Дьиҥнээх искусство киһи өйүн-санаатын уларытар, иэйиитин уһугуннарар, өрө күүрдэр, сыаннаһын өйдөтөр кыахтаах. Үчүгэй киинэҕэ түбэстэххинэ, ыраастанаҕын, чэпчиигин, катарсис ылаҕын.
–Сүгүрүйэр режиссердааххын дуо?
– Чопчу биир киһини ааттыыр кыаҕым суох. Айар үлэҕэ сирдээбит дьонум – уһуйааччыларым. Маастарым – Андрей Борисов. Учууталым – Сергей Потапов. Кинилэр баар буоланнар, бэйэм суолбун-ииспин булбутум.
Көрөөччү – тыыннаах организм
– Билиҥҥи көрөөччү тугу ордук сэргиирий? Манна киинэ прокатыгар тохтоон ылыахха. “Агент Мамбо” киинэ көрөөччүтүн ахсаанынан инники күөҥҥэ сылдьар дии.
– Аан дойду көрөөччүтэ – тыыннаах организм. Сыл аайы уларыйа турар. Биир кэмҥэ научнай фантастиканы эрэ сэргиир, ардыгар комедияларга, мюзиклларга көһөр. Сороҕор драмаларга. Долгун курдук кэлэн ааһар. Киинэ уһулааччыларга эмиэ оннук. Туох барыта ситимнээх. Бары биир чараас эйгэҕэ сылдьабыт. Идиэйэ биир эрэ киһиэхэ кэлбэт.
Хас биирдии улахан экраҥҥа тахсыбыт киинэ көрөөччүгэ ананан тахсар. Дьон киинэ театрыгар кэлэн, харчы төлөөн, билиэт атыылаһан киирэр. Ол “кассовай сбор” диэн буолар. Оннук элбэх киһи сылдьыбыт киинэтэ ситиһиилээх диэн ааттанар. Дьиҥэр, харчы көрдөрүү буолбатах. Сорох үчүгэй киинэлэр кассовай сбордара суох.
“Агент Мамбо” – ыччакка аналлаах криминальнай комедия. Артыыстарбыт, сүрүн геройдарбыт, уопсайынан, хамаандабыт табылынна дии саныыбын. “Suоratt”, “HITs prod” уолаттара биллэр-көстөр вайнердар. Историябыт да сатанна. Ыччаты кытта кинилэр тылларынан киинэ нөҥүө кэпсэттибит. Эдэр дьон бэйэлэрин дьиҥ олохторун экраҥҥа сэргии көрдүлэр. Ол киинэбит табыллыбытын сүрүн кистэлэҥэ дии саныыбын.
– Быйыл көрөөччү биһирээбит “Агент Мамбо” киинэ саҥа чааһын уһулан бүттүгүт. Ол туһунан сэһэргии түс эрэ.
– Маҥнайгы киинэ иннигэр буолбуту көрдөрдүбүт, ол аата приквел уһуллубут. Альберт Ноговицын оонньообут персонаһын олоҕо “Агент Мамбо: Truepaс” диэн туспа киинэ, спин-офф буолан таҕыста. Көрөөччүлэр бу история туохтан саҕаламмытын сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
– Бэйэҥ киинэлэргин улахан экраҥҥа көрө олорон, “манна тугу эрэ эбэн биэриэххэ баара”, “итини таах киллэрэн”, о.д.а. санаалар киирэллэр дуо?
– Оннук буолбатын диэн постпродакшн баар, монтаж кэмигэр хос-хос көрө сатыыбыт. Киһи уларыйар, санаата эмиэ. Онно болҕомтобун уура сатаабаппын. Уһуллум – бүттэ. Ол аата оннук буолуохтаах эбит дии саныыбын.
– Кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтэ – киинэ. Театрга үлэҥ туһунан аҕыйах тылы этэн аһардаххына табыллар курдук.
– 2010 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, Мииринэйгэ үлэлии барбытым. Онтон Ньурба театрыгар көспүтүм. Кэлин куоракка Үүнэр көлүөнэ театрыгар кэлбитим. Ол быыһыгар киинэ устарым. Бүтэһик үлэм – Эстрада театрыгар “Киристэпиэл” испэктээк пьесата. Сергей Потаповтыын үлэлээбиппит. Театр син биир угуйа турар. Онон пьеса да суруйуом, испэктээк да туруоруом диэн баҕа санаалаахпын. Киинэни уонна театры итинник дьүөрэлиэм.
Саха уобарастаан, өтө көрөр дьоҕурдаах
–Биһиги киинэбитигэр туох тиийбэт дии саныыгыный? Чэ, бүддьүөппүт кыра, ону таарыйбат буоллахха.
– Ис-иһигэр киирдэххэ, хасыһан бардахха, тиийбэтэ элбэх буолуо. Мин санаабар, хас биирдии регион, дойду тус-туспа кыһалҕалаах. Саха киинэтигэр анал үөрэхтээх, идэтийбит үлэһит (сценаристар, худуоһунньуктар, уот туруорааччылар, о.д.а.) аҕыйах. “Дьардьамата”, тирэнэр олоҕо баар. Ол ситиэн, туолуон наада. Саха ыччата киинэҕэ талааннаах. Уопсайынан, саха киһитэ уобарастаан, өтө көрөр дьоҕурдаах. Ону сатаан сааһылыыр. Ол иһин саха киинэтэ аан дойдуга тахсан, аатыран эрэр.
– Саха киинэтин сайдар кэскилэ?
– Барыта – бэйэбит илиибитигэр. Бары бииргэ түмсэн айа-тута, үлэлии-хамсыы сырыттахпытына, бииртэн биир үчүгэй киинэни оҥорон таһаарыахпыт. Кэскилбит – ыччакка. Эдэрдэр үөрэнэн, үлэлээн, бэйэлэрин суолларын булан, киинэ эйгэтигэр киирэн иһэллэригэр баҕарабын.
– Киинэ бэстибээллэригэр тугу сыаналыылларый? Оннук киинэ туспа диэччилэр.
– Эрдэ эппитим курдук, авторскай киинэлэр диэн бааллар. Бэстибээллэргэ үксүн оннук үлэлэр кытталлар. Дьон мин киинэбин өйдүө суоҕа, бэстибээлгэ эрэ анаан уһулабын диир сыыһа соҕус. Эн үлэҕин төһөнөн элбэх киһи көрөр, сыаналыыр (кириитикэлиир, хайҕыыр) буоллаҕына, оччонон үчүгэй дии саныыбын. Мин авторскай киинэлэри ис-испиттэн көрөбүн. Блокбастердары да сирбэппин, оҕо курдук попкорн сии-сии айахпын атан баран олоруохпун сөп.
Эдуард Новиков “Тойон Кыыл”, Любовь Борисова “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”, Сергей Потапов киинэлэрэ бииртэн биир үчүгэй киинэлэр. Киинэни бэстибээллэргэ кытыннарар туспа үлэ. Дьону кытта кэпсэтэн, доҕордоһон, алтыһан – бу барыта сыһыан, политика. Саха сирин промоутера Сардана Саввина олус таһаарыылаахтык үлэлиир, саха киинэлэрин аан дойдуга таһаарар.
–Айымньы эмиэ киһи курдук олох олорор. Көрөөччү уларыйар диэтиҥ. Ол эрээри хайдах да кэмҥэ өлбөт-сүппэт үйэлээх айымньылар бааллар.
– Хас биирдии айымньы төрүүр. Бастаан идиэйэ буолан үөскүүр, иитиэхтэнэ сылдьар. Онтон күн сирин көрөр. Дьэ, ол кэннэ бэйэтэ туспа олоҕунан олорор. Эн үөйбэтэх өттүгүттэн буолуон сөп. Холобур, сорох киинэттэн элбэҕи күүтэҕин. Онтон премьера кэнниттэн көрөөччү атыннык ылынар. Оттон соччо эрэммэтэҕиҥ, төттөрүтүн, эмискэ тахсыа. Киинэ эмиэ бэйэтэ майгылаах, киһи курдук олохтоох. Сороҕор кылгас, ардыгар – уһун. Ити эн эппит үйэлээх киинэлэриҥ классикаҕа кубулуйаллар. Хас биирдии үчүгэй айымньыга бүтүн киһи аймах сыаннаһа баар буолар. Көҥүл. Кырдьык. Кэрэ. Үтүө санаа. Киһи олоҕун туһунан... Ол киинэҕэ итэҕэтиилээхтик көстүбүт буоллаҕына, бу айымньы уһун үйэлэнэр.