08.12.2022 | 09:00

Рево Алексеев: «Саха киһитэ ыра сатыа суохтаах!»

Рево Алексеев:  «Саха киһитэ ыра сатыа суохтаах!»
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Орто саастаах дьон үлэттэн сылайдаҕына, хаһан биэнсийэҕэ тахсабыт диэн өрө тыыналлар. Оттон бүгүҥҥү ыалдьыппыт Рево Захарович Алексеев 85 хаарыгар үктэнэн да баран күн бүгүҥҥэ диэри мууһура үлүйбүт киһини быыһыырга олоҕун анаабыт үлэтигэр — Дьокуускайдааҕы научнай-чинчийэр кииҥҥэ түбүгүрэ сылдьар. Бэйэтин сааһыгар лаппа эдэрчи көрүҥнээх, саастаах киһи диэтэххэ, үчүгэйдик көрөр-истэр, сорох кырдьаҕас курдук хос-хос, үрүт-үөһэ ыйыппат.

Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ

Рево Захарович Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэр 7 кылааһы түмүктээбитэ, ол кэнниттэн педагогическай училищены бүтэрбитэ. Төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин толорон, аармыйаҕа ыҥырыллан, муора флотугар сулууспалаабыта. Онтон Хабаровскайдааҕы Медицинэ институтугар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран дойдутугар эргиллэн кэлэн, 1966 с. травматологынан үлэлээбитэ, 1974 с. илии үлүйүүтүн чинчийэн, медицинскэй наукаҕа кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ.

Ити ылсыбыт тиэмэтин сайыннаран, мууһура үлүйбүт киһини быыһыырга улахан үлэни оҥорон, 1999 с. медицинскэй наука докторын үрдүк аатын ылбыта. Рево Захарович Дьокуускайдааҕы Мединститукка өр кэмҥэ үлэлээбитэ, онтон научнай-чинчийэр кииҥҥэ старшай научнай сотруднигынан көспүтэ. Билигин даҕаны онно ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар уонна ыстаапка чиэппэригэр Мединститукка устудьуоннарга лиэксийэ ааҕар.

Кырдьаҕас киһи ыарыыга-дьаҥҥа бэриммэккэ, хойукка диэри дьон ортотугар, олох үөһүгэр сылдьыан баҕарар буоллаҕына, куруук эт-хаан өттүнэн хамсана сылдьыан наада диэн бэлиэтиир.

Хаһыаппыт дьоруойа сыаллаах-соруктаах, ону ситиһэргэ өйү үлэлэтэр киһи олоҕо уһуур, оччоҕо эрэ киһи олорор диэн санаанан салайтаран баччааҥҥа диэри кэллэ.

— Саатар 5-6 оҕону төрөтөн, барыларын атаҕар туруорабын диэн сыалы тутуһан сылдьыахха. Тус бэйэм кандидатскайбын, докторскайбын көмүскүүргэ, мууһура үлүйбүт дьону быыһыырга, тоҥмут киһини балыыһаҕа киллэрэн тилиннэрэргэ сүрүн сыаллаах этим, — диэн кэпсээнин саҕалыыр бүгүҥҥү ыалдьыппыт.

Тымныы киһиэхэ хайдах дьайарый?

Дьокуускайдааҕы научнай-чинчийэр киини Сахабыт сирин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аспыта. Бырабыыталыстыба иһинэн тэриллибит чинчийэр киин билигин даҕаны сүрүннээн оҕо аймах ыарыытын, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыт удьуор ыарыытын, искэн ыарыытынан ким ыалдьыан сөбүн, ханнык улуус олохтоохторо, кинилэргэ туох сабыдыаллыырын үөрэтэр.

Биһиги учуонайдарбыт оҕо удьуордаан ыарыытын, кырдьаҕас дьон этигэр-сиинигэр туох уларыйыы барарын чинчийэллэр. Холобур, Паркинсон, Альцгеймер ыарыыта буллаҕына, аҕа саастаах дьон дьиэлэриттэн тахсан баран мунан хаалаллар, хантан кэлбиттэрин өйдөөбөттөр.

Саха дьоно удьуордаан тугунан ыалдьарын чинчийэр киин үлэһиттэрэ эмиэ үөрэтэллэр, төрүөхтэриттэн кыайан истибэт дьону, былчыҥ ыарыыларын чинчийэллэр.

Ону таһынан, спортсменнар туруктарын, уолаттар хайдах сайдыахтарын сөбүн кэтээн көрөллөр. Чинчийэр кииҥҥэ туспа салаа арыйан, бу ахсынньы аам-даам, тохсунньу тоһуттар тымныыта киһиэхэ сабыдыалын, хайдах дьайарын, туох буортулааҕын уонтан тахса киһи үөрэтэн барбыппыт. Бэл, кыраныысса таһыгар тахсан, Норвегия, Швеция, Бельгия учуонайдарын кытта алтыһан, уопсайынан хоту олорор скандинавскай омуктары кытта билсэн, чинчийэр үлэбитин кэҥэппиппит. Бэркэ саҕалаан, уопут атастаһан үлэлээн истэхпитинэ, олохтоох былаас уларыйбытыгар тоҕо эрэ тохтотон кэбиспиттэрэ, кыраныысса таһыгар тахсарбыт аны бобуллубута.

Тымныы дьайыытын дьаныһан туран үөрэтиигэ мин эрэ хаалбытым. Сахабыт сирин тымныыта киһиэхэ, ынахха-сүөһүгэ дьайыытын чинчийэргэ научнай пуонда диэни туруорсан арыйбыппыт. Онно бэтэринээр быраастар, кардиохирургтар, реаниматологтар о.д.а. үлэлииллэр. Үлүйбүт, улаханнык тымныйбыт киһини тилиннэрэргэ дьулуһабыт. Иллэрээ сыллааҕыта Арктическай медицинскэй киин аһыллыбыта, онно, дьэ, тымныы дьоҥҥо дьайыытын үөрэтэн эрэллэр, мин кинилэри кытта эмиэ үлэлэһэбин.

Тоҥмут киһини тилиннэриэххэ сөп

Кыһын үлүйбүт, хамсаабат буолбут киһини өлбүт диэн ааттыыллар, дьиҥэр, кини мэйиитэ үлэлии сытар; сөпкө дьаһаннахха, бу киһини тилиннэриэххэ, илиитин-атаҕын быыһыахха сөп. Биһиги ону үөрэтэбит уонна дьону эмтииргэ, быыһыырга киллэрэ сатыыбыт.

Судмедэкспертиза этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тоҥон өлүү 2020 с. икки төгүл үрдээбит. Ол сүрүн төрүөтүнэн тоҥон хаалбыт киһини балыыһаҕа киллэрбэккэ, быыһыы сатаабакка, муоргаҕа атааран иһэллэрэ буолар. Тоҥмут киһини балыыһаҕа киллэрэн ириэриэххэ наада. Урут ожоговай салааҕа ыйга 30-40 киһи киирэр этэ, билигин биир да киһини киллэрбэттэр.

Киһи -40С тымныыга таһырдьа 6-7 чаас сыттаҕына биирдэ сүрэҕэ тохтуур, ону 4-5 чаас сыппыт киһини муоргаҕа илдьэллэр. Биллэн турар, тоҥон охто сытар киһи хас чаас сыппыта биллибэт, кини 1-2 чаас сытта да, сатаан саҥарбат буолар, илиитэ-атаҕа мууһуран барар. Оннук киһини балыыһа ылбат, тоҥмут диэн кыайан тилиннэрбэттэр.

Урут Сэбиэскэй сойуус кэмигэр биһиги арыйбыт ньымабытын син балыыһаҕа туһанан, үлүйбүт дьону быыһыыр этилэр. Кэнники Доруобуйа харыстабылын салаатыгар улахан уларыйыы тахсан, булгуччулаах медицинскэй страхование киирбитэ. Хас биирдии ыарыыга дьону хайдах эмтииргэ биир халыыптаах ирдэбил оҥоһуллубута. Онно быраас хайдах эмтиэхтээҕэ, тугу туттара-туттубата ырылыччы сурулла сылдьар. Итинник ирдэбили Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ эрэгийиэннэргэ ыытар.

Тымныйыыны биһиги арассыыйалар эрэ эппиттэринэн эмтиэхтээхпит. Оттон сылаас, сымнаҕас айылҕалаах дойдуттан Сахабыт сирэ чыҥха атын, ону манна, Москваҕа үлүйбүт киһини быыһыыр курдук, биир халыып ирдэбили ыыта сатыыллар. Уһук хоту -35-40С уонна -10-15С киһи үлүйүүтэ атын. Ону соҕуруу дойдулар өйдөөбөттөр.

Сахабыт сирин бытархан тымныыта хам ылан, үлүйбүт киһи хамсаабат буолар, тымырдара мууһуран хаалаллар. Илиитин кыайан хамсаппат киһи ол аата кыра уонна суон хорук тымырдара мууһурбуттар. Онно көмөнү оҥоруу отой атын.

Үлүйбүт киһиэхэ итии киириэ суохтаах

Үлүйбүт киһини итиигэ киллэриэ суохтааххын. Итиигэ киллэрдэххинэ, тас өттө ирэр, ис уоргана — муус; оччотугар, кислород кыайан киирбэккэ, киһи чаас аҥаарынан өлөн хаалар. Оттон илиитин-атаҕын хамсаттаххына, тута тостор. Тоҥмут киһини илбийиҥ, итии ууга угуҥ дииллэрэ төрүт сыыһа.

Таһырдьа өр тоҥмут, улахан тымныйыыны ылбыт киһи ис-иһиттэн ирэн, итийэн, хаана эргийэн барыахтаах, аа-дьуо тилиннэриллиэхтээх. Тоҥмут өттө температурата түһүө суохтаах, ол туһуттан итиини киллэрбэт повязка оҥоһуллуохтаах.

Тоҥмут киһини итиини киллэрбэт таҥаһынан бүрүйбэтэххэ, кыайан быыһаабаккын. 4-5 хонугунан харааран, өлөн киирэн барыа, оччоҕо илиитэ-атаҕа быһыллар эрэ. Өссө төгүл тоһоҕолоон этиэм этэ, саамай сүрүнэ – үлүйбүт киһиэхэ итии киириэ суохтаах.

Мээнэ таҥастан оҥоһуллубут повязка өр барбат, тоҥмут киһи сылыйарыгар кырата 10-20 чаас наада. Биһиги араас матырыйаалтан повязка оҥоро сылдьыбыппыт. Көннөрү таҥас, түүлээх кыайан туппат. Саамай көдьүүстээҕинэн таба тириитэ буоларын быһаарбыппыт. Үлүйбүт киһини буллахтарына, таба тириитинэн үтүлүк уонна кээнчэ кэтэрдэн кэбиһиллэр, оччоҕо итии киирбэт. Эмсэҕэлээбит киһи ис-иһиттэн ирэн, чөлүгэр түһэр.

Хас эмит сыл үлэлээн, «Сахатент” хампаанньаны кытта повязка аҕыс көрүҥүн оҥорон таһаарбыппыт. Ол балыыһаҕа, Суһал көмөҕө, биэлсэр пуунугар хайаан да баар буолуохтаах. Ону, хомойуох иһин, ханна да ылбаттар, ылымматтар даҕаны. Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ бобор диэн балачча элбэх киһини быыһаабыт повязкабытын ылбаттар, киһи мууһурар диэни билиммэттэр. Кинилэр Москва ыыппыт ирдэбилинэн үлэлииллэр, атыылаһар бырааптара суох. Куоракка билигин оннук повязка ханна да суох.

Мин 25 сыл устата үлэлээн, үлүйбүт киһи мууһурарын дакаастаан турабын. Урут бары утарар этилэр. Муус буолбут киһиэхэ көмө оҥорор эмиэ атын.

Мууһурбут киһини хамсатыа суохтааххын

Эппитим курдук, үлүйбүт киһини хамсатыа суохтааххын, 12-24 чаас устата итиини киллэрбэт повязканан баайыахтааххын. Киһи иһинээҕи температурата 37С буолуохтаах, оттон тирииҥ, илииҥ-атаҕыҥ тас дьайыыттан тутулуктаах, дьыл кэмиттэн көрөн уларыйа сылдьар.

Өскөтүн иһинээҕи температураҥ 37С кыраадыстан түстэҕинэ, киһи ыалдьыбытынан барар, мэйииҥ ону бэркэ хонтуруоллуур. Тымныы киирэн бардаҕына, илииҥ-атаҕыҥ тута билэр, онтон киһи тоҥуута тохтооботоҕуна, мэйииҥ тымырдарынан хаан эргиирин тохтотон кэбиһэр. Тымыры ыга тутуҥ диэн хамаанда биэрэр, оччоҕо тымныы иһирдьэ киирбэт эрээри, тоҥоруҥ түргэтиир. Итинник мэйииҥ тымныы ис уорганнарга киирбэтин тохтотор быһыыта.

Үлүйбүт киһи тымыра син биир истибэт, кэҥээбэт, мэйиитэ хамаанда биэрэн, тымыры ыга туппутун ыыппат. Ол хамаанданы суох оҥордоххо биирдэ тымыр кэҥиир. Оччотугар эмсэҕэлээбит киһини утутуохха наада, норкуос, эмп көмөтүнэн мэйиини утуттахха, төбө дьайыытын устан кэбиһэр. Оччоҕо киһи түргэнник ирэр.

Тоҥмут киһини илиитин-атаҕын быспакка эрэ быыһыыр буоллахха, сиргэ булбут киһилэрин отой хамсатыа суохтаахтар; илиитин хамсаттахха, тостон хаалар. Уонна итиини киллэрбэт таҥаһынан бүрүйүллүөхтээх. Ону таһынан, балыыһаҕа илдьэн, төбөтүн утутар эбэтэр ньиэрбэлэригэр блокада оҥорор наада, сигнал барбатын курдук. Үлүйбүт киһи бэйэтэ хамсаатаҕына эмиэ алдьанар.

Итинник ньыманы туттан, 1980-1990 сс. үлүйэн киирбит элбэх киһини быыһаабыппыт, мууһурбут дьон илиилэрин-атахтарын быстарбакка эрэ чөлүгэр түһэрбиппит. Ол түмүгүнэн патент оҥорбуппут эрээри, киһини эмтииргэ үөһэттэн биир халыып ирдэбил оҥороннор, барытын бобон кэбистилэр. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ олох ылыммат.

Тоҥмут киһи мэйиитэ биир суукка үлэлии сытар 

Кыһын кулгааҕын, сирэйин, муннун үлүппэтэх оҕо Саха сиригэр, бука, суоҕа буолуо. Үлүйдэҕинэ этиҥ маҥхайар, ону имиттэххэ, алдьанар, 1-2 хонон баран үллэн, харааран тахсар. Маҥхайбыт, мууһурбут сиргин илиигинэн сылытыахтааххын, тымныыны киллэрбэт курдук сылаас шарфигынан бааныахтааххын. Эбэтэр тыыммакка эрэ, тыыҥҥын хаайан, искин ититэҕин. Үлүйбүт сиргин имитиэ суохтааххын. 

Булчуттар үксүн илиилэрэ-атахтара тоҥор, киһи иһинээҕи температурата 20С диэри түстэҕинэ, сүрэҕэ тохтуур. Тоҥмут, үлүйбүт киһи сүрэҕэ, мэйиитэ, ис уоргана биир суукка тухары тыыннаах сытар. Ону муоргаҕа илдьэллэр, онно киирээт, өлөн хаалаллар. Оннук киһини балыыһаҕа аҕалан тилиннэриэхтээхтэр. Биһиги урут тилиннэрэр этибит, ону бобон кэбистилэр. Киһи сүрэҕэ тохтоотоҕуна, тута барбат, мэйиитэ үлэлии сытар.

Уһук хоту олорор дьон үгүстүк тоҥон-хатан, сүнньүнэн сүһүөхтэринэн моһуогураллар. Тымныы, бастатан туран, киһи сүһүөҕэр дьайар, тымныйыы өр кэмҥэ мунньуллан, дьон 50-60 саастарыгар сүһүөхтэрэ алдьанар, артрит, артроз буолар. Үлүйбүт киһини кэлин рентгент сардаҥатыгар көрдөххө, сүһүөхтэрэ барыта алдьаммыт буолар. Улахан тымныыттан сүһүөхтэри харыстыахха наада, былыр өбүгэлэрбит түүлээх таҥаһы кэтэр этилэр. 

Сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ күммүт тыкпат буолан, Д битэмиин тиийбэтиттэн баттах түһэр, тиис эмтэрийэр, сүһүөх моһуогурар. Ол иһин Д битэмиини балык сыатыттан ылабыт, саха киһитэ балыгы сиэбэккэ кыһыны туораабат, С битэмиин бэс, харыйа уутугар баар.

Аны туран, сайыммыт буһарык куйаас –  +35-38С, оттон кыһыммыт –  -45-55С, итинник дьыл кэмэ эмискэ уларыйар сиригэр олорор буолан, олохтоох дьон үөрэнэн хаалаллар. Ити доруобуйаҕа туох да буортута суох, син биир итиигэ киирэн паарданан тахсан баран тымныы ууга чомполонор курдук.

Сахабыт сиригэр тыынар салгыммыт наһаа кураанах, сиигэ баара-суоҕа 20%, саас-сайын-күһүн ойуур баһаардара буолан, бүтүн куораты, нэһилиэги буруо саба бүрүйэн, салгыммыт киртийэр, дьон итини барытын тыынар, тыҥатыгар иҥэринэр. Онон дьиэҕэ салгыны сиигирдэр тэрили туттуохха, элбэхтик уу иһиэххэ наада. Ойуур баһаарыттан сииктээх мааска эрэ быыһыан сөп.

Тымныы дойдуга олорор киһи ыра сатыа суохтаах

Кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ дьон олохтон туоруур бастакы сүрүн төрүөтэ онкологическай искэн ыарыы тарҕаныыта дииллэр эрээри, бу дьаҥ наһаа тарҕаммата, быраастар уруккутунааҕар билэллэрэ элбээтэ. Искэн былыр да баар этэ, ону көрөр-истэр аппараат суох буолан, хаалан хаалара. Билигин медицина күүскэ сайдан, ыарыы саҥа үөскээн эрдэҕинэ билэллэр. Урут дьон олоҕо олус кылгас этэ, нэһиилэ 50-чаларыгар тиийээт, үгүстэрэ олохтон эрдэ туоруура. Кэлиҥҥи кэмҥэ олохпут таһыма тупсан, дьон олоҕо уһаата, 70-гар тиийэллэр, ону ааһаллар даҕаны. 

Биһиги чинчийэр кииммит учуонайдара улуустарынан экспедиция тэринэн, олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын, иһэр уутун, аһыыр аһын туругун үөрэтэллэр. Ким тугунан ыалдьарын, хааннарын састааба уларыйыытын кэтээн көрөллөр. Холобур, тоһуттар тымныылаах тыйыс дойдуга олорор дьон ис сыата улаатар, ол кинилэргэ эниэргийэ биэрэр.

Үгүс саха киһитэ ис сыалаах, уойдаҕына тоҕо эрэ иһинэн уойар, хаһата халыйан, иһэ төгүрүйэн, хат дьахтар курдук буолар уонна илиитэ-атаҕа синньигэс. Оттон учуонайдар этэллэринэн, ис сыа биһигини тымныыттан харыстыыр халыҥ хаххабыт.

Үчүгэйдик аһаабат, сыалаах эти сиэбэт киһи сэниэтэ, эниэргийэтэ суох буолар, нукаай курдук сылдьар. Төһөнөн тымныы айылҕалаах дойдуга олоробут даҕаны, оччонон иҥэмтэлээх аһы сиэхтээхпит, саатар кыһын. Киһиэхэ эниэргийэ биэрэр — сыалаах-арыылаах ас. Диетаны тутуһан, аанньа аһаабат, Саха сиригэр олорон сылаас дойду дьонун үтүктэн оту-маһы аһылыктанар киһи мөлтүүр.

Отой ырбыт, ис-тас сыата суох киһи тымныыны тулуйбат, эниэргийэтэ суох буолар. Бэйэтигэр сөп эттээх, сыалаах киһиэхэ тымныы киириитэ да кыра. Онон аһы аҕыйатан, аһары хааччахтаан, аһаатыҥ да спортзалга ийэ-хара көлөһүҥҥүн тоҕуоххар диэри дьарыктанан наһаа ыра сатыыр тымныы дойдуга олорор дьоҥҥо сөбө суох.

Сыалаах-арыылаах ас тымныыттан харыстыыр

Уһук хоту дойдуга олорор нэһилиэнньэ доруобуйатын туругар анаммыт научнай-практическай конференцияҕа үлэлиир саастаах дьон сүрэх-тымыр ыарыытыттан сылтаан, кэмигэр доруобуйаҕа болҕомто уурбакка, көрдөрүммэккэ, эмискэ үлэлиир кыахтарын сүтэрэллэрин туһунан этилиннэ. Статистика этэринэн, сүрэх-тымыр ыарыыта дьон олоҕун илдьэ барарынан искэн кэнниттэн 2-с миэстэҕэ турар.

Аны аһары сыалаах-арыылаах аһылыгынан, хоргуннаах миининэн үлүһүйдэххэ, холестерин үрдээн, тымырдаргын сыанан бүрүйэр, онон ортотун көрөн тутуһуохха наада. Холестерин барыта куһаҕан буолбатах, тымныыны утары охсуһар күүһү биэрэр. Саха киһитэ арыыны-сыаны сиэбэккэ кыайан кыһыны туораабат, ол иһин, атын дойдулары кытта тэҥнээтэххэ, үйэтэ кылгас.

Көмпүүтэр иннигэр биир сиргэ бүк түһэн олорбокко, куруук хамсана, сүүрэ-көтө сырыттахха, ол сыа-арыы сүтэр, холестерин түһэр. Аһыы-аһыы дьиэттэн тахсыбакка дьыбааҥҥа телевизор иннигэр сытар киһи аһары уойан, холестерина, саахара үрдүүр, кэлин сүһүөхтэрэ, былчыҥнара кыайан үлэлээбэт буолаллар. Хомойуох иһин, биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон үгүстэрэ бириэмэлэрин итинник атаараллар.

Былыр биһиги өбүгэлэрбит сыалаах эти сиэн, хоргуннаах миини иһэн баран оһохторун оттон, мастарын бэлэмнээн, хаар күрдьэн, муус киллэрэн, ынахтарын көрөн, куруук хамсана сылдьаллара. Билигин барыта бэлэмҥэ үөрэнэн хаалан, кыһын буолла даҕаны аҕа саастаах дьон сылаас дьиэттэн тахсыбаттар. Ол олорон атахтара ыалдьар, сүһүөхтэрэ хамсаабат, аһары уойан хаалан ыйааһыннарын кыайан уйбаттар. Онон, хамсаабат буоллуҥ да, олох бүтэр.

Сир баайын хостуур бырамыысыланнас тулалыыр эйгэни сүһүрдэрин бары билэбит эрээри, олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатыгар охсубатын туһугар тустаах үлэ, хомойуох иһин, ыытыллыбат. Алмааһы хостооччулар күндү таастарын ыраастыылларыгар клеричи диэн химическэй убаҕаһы тутталлар, ол 5мг быар искэнигэр тиэрдиэн сөп. Уларытыҥ диэн туруорса сылдьыбыттара даҕаны, туһа тахсыбатаҕа.

Алмаастарын сууйбут химическэй буккаастаах ууларын күөлгэ, тулалыыр эйгэҕэ куталлар, онтулара, ардах түһэн, уу таһыма үрдээтэҕинэ, тоҕо баран өрүскэ түһэр.

Сыаллаах-соруктаах киһи үйэтэ уһуур

Аны, хамсык дьаҥын кэнниттэн дьон доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр реабилитационнай кииннэри, аныгы хааччыллыылаах санаторийдары тутуохха наада. Соҕуруу дойдуга итинник кииннэр бааллар. Киһиэхэ аҥаардас эминэн эрэ көмөлөспөккүн, сөпкө тыынарга эрчийэн, хаамтаран, хамсатан чөлүгэр түһэрэҕин.

Кырдьар сааска ыһыктынан кэбиспэт курдук киһи үлэлиэн-хамсыан уонна олоҕор сыаллаах-соруктаах буолуон наада. Тэтэрээккэ 1, 3, 5 сыллааҕы былаан оҥостон, ону кэмиттэн кэмигэр көрөн, уларытан, эбэн-көҕүрэтэн биэрэр ордук. Тугу ситиһиэхтээххин толкуйдаан, ону оҥоро сатаан өйгүн үлэлэтиэхтээххин. Мэйиитэ үлэлээбэт, туох да сыала суох киһи олохтон эрдэ 60-70-гар туоруур.

Холобур, тыа сиригэр бултаан-балыктаан, уһанан, талба талааҥҥын арыйан олоруохха. Мэйии үлэтин эрчийэн, саатар сканворд таайыахха, сарсыарда туран зарядка оҥоруохха, саҥаны билэ-көрө сатыахха, ааҕыахха-суруйуохха, тылы үөрэтиэххэ. Күҥҥэ 2-3 лиитэрэ ыраас уу иһэр доруобуйаҕа туһалаах. Уу испэт киһи төбөтө кыайан үлэлээбэт.

Эттэххэ уустуга суох курдук эрээри, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт дьон дьиэҕэ олорон тугу да гымматтар, былчыҥнара үлэлээбэт, төбөлөрө толкуйдаабат, ол иһин өр барбаттар. Онон биэнсийэҕэ хойут тахсар киһи  үйэтэ уһуур (күлэр).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....