14.06.2023 | 16:04

“Үөрэниэх, үтүөнү өйдүүргэ...”

“Үөрэниэх, үтүөнү өйдүүргэ...”
Ааптар: Светлана Самсонова, суруналыыс
Бөлөххө киир

Кэбээйи улууһун Лүксүгүнүттэн төрүттээх Степанида Иванова-Санаара айар-суруйар абылаҥҥа ылларан, “Ыраас санаам” диэн бастакы хомуурунньугун 2016 сыллаахха бэчээттэтэн турар. Кини айылҕаттан иилиир-саҕалыыр дьоҕурдаах буолан, бастаан “Айар кут” сойууска, онтон  “Иэйии” кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэҕэ (салайааччы Илья Ильич Афанасьев-Алмаас) түмэр-тэрийсэр, эппиэтинэстээх үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Ааптар «Күһүҥҥү хатыҥ” диэн хоһооннорун иккис хомуурунньуга 2020 сыллаахха «Долун” типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбытын миэхэ бэлэх ууммута син балайда кэм буолла.

Киирии тылы СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Чурапчы” литературнай түмсүү салайааччыта Римма Корякина-Хотууна “Айар кут долгунугар” диэн төбөлөөн суруйбут. Хомуурунньук үс тэттик түһүмэхтэн турар. “Күһүҥҥү хатыҥым” диэн бастакы түһүмэххэ киһи сүргэтин көтөҕөр оптимистыы тыыннаах, дьоһун хоһооннор киирбиттэр. Ааптар айылҕаҕа сөбүлээн сылдьара, ис кутунан чугаһа көстөр. Ол курдук, ытыктыыр маһын хатыҥы сөҕө-махтайа маннык хоһуйар:

Дьикти абылаҥҥа куустаран,

Сөҕөбүн бу уран көстүүнү,

Дьэ, хантан бу талан, ойуулаан,

Айылҕам ыларый өҥнөрү?

(Күһүҥҥү хатыҥым)

“Хатыҥ” хоһооҥҥо дьыл түөрт кэмигэр айылҕа маанылаах маһын дьүһүнэ хайдах уларыйарын тэҥнээһин ньыматын туттан бэргэнник ойуулуур:

Күһүҥҥү айылҕам көстүүтэ

Долгутта мин чараас дууһабын,

Ол, көрүүй, хатыҥмыт барахсан

Көмүскэ симэнэн турарын.

Сүктэр кыыс кэриэтэ сотору

Хаар маҥан таҥаһын таҥныаҕа,

Киэргэлэ ыраахтан дьиримнээн

Баай Далбар Хотуннуу көстүөҕэ.

Маны сэргэ ааптар тыыннааҕымсытыы ньыматын хото туһанар: сандал саас буолан хатыҥ “кыһыҥҥы кырыатын тэбэнэн, сааскы күн уотугар” сыламныыра, оттон сайын кэлэн “мааны кыыс таҥаһын” таҥнара, “күөх солко суугунас таһаатын күн уота күлүмнүү” оонньоторо хараххар субу баардыы көстөн кэлэр.

Санаара – тыа сириттэн тирэхтээх саха хоһуун кыыһа буолан, айылҕа көстүүтүн этинэн-хаанынан өтө сэрэйэр, кулгааҕынан чуордук истэн ис туругар чугастык ылынар, тэҥҥэ үөрэр-хомойор. Холобур:

Бүгүн мин өр да өр тураммын

Ардах музыкатын иһиттим,

Долгуйа сүрэхтиин иһийэн,

Дьикти матыыбын өйдөөтүм.

(Ардах музыката)

Ааптар кыра да, улахан даҕаны ааҕааччыга өйдөнөр судургу тылынан ойуулаан көрдөрөр дьоҕурдаах, киһи ылбычча өйдөөбөт күлүмүрдэс тылларын, тыл ситимнэрин туттан уустугурда сатаабат, була сатаан ууһумсуйбат. Ылан көрүөҕүҥ, самаан сайын кэлиитин, айылҕа уһуктуутун хоһуйарын:

Алар тыам холлороон сыырыттан

Аллара суккуллар үрүччэм,

Курулуу-харылыы тэнийэн,

Киэҥ эбэм киэлигэр холбосто.

(Дорообо, сайын!)

Айымньы иэйээччитэ күн күбэй ийэтигэр, бар дьонугар, төрөөбүт дойдутугар таптала уҕараабат, күн-дьыл аастаҕын ахсын эбии күүһүрэн иһэр, ааспат ахтылҕан буолан сүрэҕэр сөҥөн сылдьар. “Ийэбэр”, “Ийэ сүбэтэ” “Сунтаарым уоттара”, “Түүҥҥү куоратым”, “Үөрүүнэн ыалдьыттыы кэллим”, “Күндү-мааны ыалдьыттар”, “Кыыс оҕо анала” хоһоонноругар – саха сэмэй дьахтарын олоҕо.

Ийэ барахсан сүбэтэ-амата, арчылыыр алгыһа, кэс тыла – хас биирдиибитигэр күндүттэн күндү. Ааптар оҕону иитиигэ төрөппүт ийэ улахан оруолу ыларын тоһоҕолоон бэлиэтиир:

Ийэтэ такайбыт оҕото

Олоххо эрэллээх улаатар,

Сүрэҕэр сылааһы иҥэрэн,

Олоххо миэстэтин булунар.

(Ийэ сүбэтэ)

Кэрэни кэрэхсиир, кэрэттэн үүнэр-үрдүүр, кэрэҕэ талаһар – киһи сирдээҕи анала. Санаара, олохпут төһө даҕаны уустугун иһин, үчүгэйи таба көрөн кыраттан да үөрэр чараас куттаах, уйан сүрэхтээх. “Кэрэҕэ үөрэниэх” хоһоонтон:

Үөрэниэх, үөрэҕи ыларга,

Үөрэниэх, үтүөнү өйдүүргэ,

Үтүмэн элбэҕи билэргэ,

Өйүнэн сыдьаайа сылдьарга.

Ааптар бу хоһоонугар: “Үөрэниэх, үтүөнү өйдүүргэ” диэн этэрэ оруннаах. Аныгы үйэ дьоно бэйэ-бэйэбитигэр сыһыаммыт уустугурда, майгыбыт-сигилибит тутахсыйда. Киһиэхэ үтүөнү оҥорорго, “үтүөнү өйдүүргэ” үөрэниэххэ, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыахха... Ханныгын да иһин, киһи барахсан үйэтин тухары үөрэнэр эбээт!

Үөрэниэх, доҕору харыстаан,

Үтүөкэн аргыстаах буоларга,

Өйөһөн биир тылы буларга,

Өрүүтүн үөрдэ сылдьарга.

Хоһоон тыллара ааҕааччыны доҕордоһуу суолтатын туһунан толкуйдаталлар. “Дьиҥнээх доҕору кэбиһиилээх окко түспүт сулумах иннэни көрдүүр курдук көрдөөн булуохха сөп. Оччоҕо эрэ кинини олоҕуҥ устата сүтэриэҥ суоҕа. Түбэһиэхчэ киһи доҕор, табаарыс буолбат...” – диэн Н. Босиков суруйбутун санаан кэлэбин.

Оттон “Эн эрэ...” диэн иккис түһүмэххэ киирбит хоһооннор – таптал тыыннаах туоһулара. Уйаҕас сүрэх нарыннык-намчытык сипсийэр, имэҥнээхтик иэйэр-куойар, доҕорун ахтар-саныыр, дьылҕатыгар махтанар.

Холобур, “Эн эрэ...” хоһоон:

Ыарыыбын аһарар

Эмим – Эн эрэ,

Харахпын сырдатар

Күнүм – Эн эрэ.

(Эн эрэ...)

Айымньы иэйээччитэ таптыыр киһитин олус суохтуур, кинитэ суох соҕотохсуйар, туорхаһыйар. “Билинии” хоһооҥҥо:

Мин ырыам ылламмат

Эн суох буоллаххына.

Оттон доҕоро баарыгар сүргэтэ көтөҕүллэн айар-тутар:

Мин иэйиим уһуктар

Аттыбар баар буоллаххына.

Кырдьыга, таптал туохтан даҕаны иҥнибэт, тугу барытын кыайар, ыараханы чэпчэтэр, кытаанаҕы тулуйар, ырааҕы чугаһатар күүстээх иэйии. Таптал – олоҕу хамсатар, эрэли үөскэтэр, киһини киһи гынар улуу күүс.

Тымныыны даҕаны билбэккэ,

Туруохха, доҕоруом, куустуһан,

Сүрэхпит тэбиитин истэммит,

Дьоллонон ылыахха долгуйан.

(Сэгэрбэр)

Бэлиэтээн эттэххэ, Степанида Иванова хомоҕой хоһооннорун тылыгар олоҕун аргыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун самодеятельнай художественнай айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” бочуотунай бэлиэ хаһаайына, “Этигэн хомус-2007” бириэмийэ “Сыл бастыҥ ырыата” номинациятын кыттыылааҕа, СӨ ырыа айааччыларын “Үйэлээх ырыалар” бочуоттаах бэлиэ хаһаайына, 2023 с., ырыаһыт, мелодист Константин Мохначевскай-Саһарҕа үчүгэйкээн ырыалары айан, киэҥ эйгэҕэ таһааран, кынат үүннэрэн көтүппүтэ. “Ыраас санаам”, “Саҥа хаар”, “Таптал вальса”, “Ньургуһун” диэн ырыалар кэнсиэртэргэ ылланан, саха араадьыйатыгар иһиллэн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылаллар. Константин Мохначевскай 2018 сыллаахха таһаарбыт диискэлээх ырыанньыгар “Саҥа хаар”, “Таптал вальса” киирэн тураллар. Маны сэргэ Санаара хоһоонноругар матыыбы айааччылар Александр Дмитриев-Таммах “Мин дьоллоохпун”, “Көрдөһөбүн, доҕоруом”, “Күүтээр миигин”, Люция Бандерова-Айыллаана “Кэрэ сардаана”, Михаил Атласов “Биллибэт бэлэх” диэн ырыалара уостан түспэккэ ыллана сылдьаллар. Манан сиэттэрэн, Санаара инники өттүгэр ырыа буолбут хоһооннорун түмэн туһунан диискэлээх кинигэ таһаартарара буоллар диэн эрэнэ саныыбын.

Үс хоһоонум мелодиһа Александр Дмитриев-Таммах
Мелодиһым Михаил Атласов

Хомуурунньук үһүс түһүмэҕэр ааптарга анаммыт ис сүрэхтэн тахсар сырдык, ыраас иэйиилээх хоһооннор хото киирбиттэр. Бу Санаара айар эйгэҕэ тулалыыр дьонугар, доҕотторугар сайаҕас майгылааҕын, истиҥ сыһыаннааҕын көрдөрөр. Кини ылсыбыт дьыалатын хайаатар даҕаны кичэллээхтик толорор уонна тиһэҕэр тиэрдэр үтүө хаачыстыбалааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол туһунан анабыл хоһооннортон ааҕан кэрэхсиибин.

Түһүмэҕи “Дьүөгэбэр алгыс тылбын аныыбын” диэн Амма Чакырыттан истиҥ иэйиилээх ааптар тэттик суруга арыйар. Айар-суруйар киһини кынаттыыр кэс тылтан, ама, ким үөрбэт-көппөт буолуоҕай? “Сахалыы хомоҕой хоһоону уустаан-ураннаан, киһи дууһатын долгутардыы суруйан, бар дьоҥҥо кэһии гынан утары уунар дьоҕура өссө да силигилии ситэ турдун, айбыта ахтылла сырыттын,” – диэн Александра Матвеева алҕаабыта туолуохтун! Алгыс баһа сыаланнын!

Маны сэргэ Санаараҕа анаан бэйэлэрин баҕа санааларын хоһоонунан тиэрдэллэр: Петр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ, Николай Нутчин-Дьуур, Евдокия Уварова, Марина Кычкина-Ситим Кут, Александра Стручкова-Сулустаана, Галина Ивановна Петрова, Татьяна Винокурова-Сабыйа, Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Светлана Самсонова-Сиибиктэ, олоҕун аргыһа Көстөкүүн Саһарҕа.

Түмүкпэр, Степанида Иванова-Санаараҕа инники өттүгэр дьолу-соргуну, ситиһиини баҕаран тураммын, хомуурунньугу анаарыыбын анабыл хоһоонум алгыс тылынан туомтуу баайабын:

“Санаа хоту сайдан-үүнэн,

Саха саргытын түстэһэн,

Санаара, айар аартыгыҥ

Сандаарыйа сырдаатын!”

Хаартыскалар Степанида Иванова-Санаара тус архыыбыттан ылылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...