29.06.2022 | 10:18

Үөрэхтээһин управлениетын начаалынньыга Мария Петрова: “Биһиэхэ эдэр каадырдар наадалар”

Үөрэхтээһин управлениетын начаалынньыга Мария Петрова: “Биһиэхэ эдэр каадырдар наадалар”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Үөрэхтэһиҥҥэ управлениетын начаалынньыгынан соторутааҕыта анаммыт Мария Петрова киин куоракка үөрэх сайдыытын туһунан көрүүлэрин үллэһиннэ: Биһиэхэ эдэр каадырдар наадалар, кинилэр инникитин оҕону иитэр үчүгэй учуутал буола үүнүөхтэрэ. Билигин үөрэхтээһин туһунан сокуоҥҥа кэккэ уларыйыылар киирдилэр, онно олоҕуран, үһүс куурус устудьуоннара оскуолаҕа быраактыкаларын ааһан баран, салгыы дуогабарынан үлэлии хаалыахтарын сөп буолла.

Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ыйааҕынан, 2030 сылга диэри биһиги 17 тыһыынча үөрэх миэстэтин уонна 5 тыһыынча учууталларга үлэ миэстэтин оҥоруохтаахпыт. Ол иһин билигин эдэр педагогическай үөрэхтээх каадырдары оскуолаҕа ыҥырарбыт наада, ол туһугар устудьуоннары кытта үлэ барыахтаах”.

Салайааччы бэлиэтииринэн, үөрэхтээһин сокуонугар уларыйыыга олоҕуран, устудьуоннар үөрэнэ сылдьан учууталлыыр кыахтаныахтара. “Биллэн турар, маныаха настаабынньыктар оруоллара улахан буолуоҕа. Холобур, билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга 240 настаабынньык үлэлиир. Кинилэр эдэр үлэһиттэри уонна устудьуоннары кытта ыкса алтыһаллар, көмө, өйөбүл буолаллар, - диир Мария Петрова.

Арассыыйаҕа кэлэр 2023 сыл Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэриллэр буолбутун туһунан Үөрэхтээһин управлениетын начаалынньыга маннык санаалаах: “Биһиги бу сонуну истэн сүргэбит көтөҕүлүннэ. 2010 сыл Учуутал сыла этэ. Онно учууталлар үгүс өйөбүлүнэн туһаммыттара, уопсастыбаҕа учуутал оруола өссө бигэргэммитэ. Учуутал өйдөбүлүгэр эбии үөрэхтээһин, музыкальнай уонна художественнай үөрэхтээһин уһуйааччылара эмиэ киирэр буоллулар. Үөрэх хаачыстыбатын кытта учуутал аата тэҥҥэ таһыма үрдээн иһиэхтээх дии саныыбын”.

Дьокуускай куорат Үөрэхтээһиҥҥэ управлениета начаалынай кылаас учууталларын форумун ыытыаҕа. Билигин Дьокуускайга 740 начаалынай кылаас учуутала үлэлиир. Учуутал уопсай ахсаана – 4300, кинилэр 50 625 оҕону үөрэтэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...