Үөрэххэ туттарсыыга туох уларыйыы киирдэ?
Билиҥҥи үйэҕэ уларыйыы-тэлэрийии көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолар. Онон үрдүк үөрэххэ туттарсыы туһунан эрдэттэн билэ-көрө, ыйыталаһа, ааҕа сылдьыбыт ордук. Маныаха М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тутар хамыыһыйатын сүрүннүүр тутаах исписэлииһэ Петр Петрович Кычкинныын тэрээһин уонна уларыйыы боппуруостарын тула кэпсэттибит.
— Петр Петрович, дорообо! Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ университета кэлэр 2023 сылга үөрэххэ ылыы быраабылатыгар туох уларытыылары киллэрдэ?
— Сүрүн уларыйыы чуолаан бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар, докумуону тутуу болдьоҕугар баар буолуоҕа. Ол курдук, 2023 сылга күнүскү уонна кэтэхтэн үөрэххэ докумуону биир кэмҥэ тутуохпут. Ол эбэтэр төлөбүрдээх да үөрэх буоллун, кэтэхтэн да үөрэх буоллун – атырдьах ыйыгар докумуону тутан бүтэбит. Холобур, урукку сылларга алтынньы ыйга диэри докумуоннары тутар этибит, эһиил атырдьах ыйыгар барытын түмүктүүбүт.
Өссө биир сүрүн уларыйыы – «система приоритетов” диэн өйдөбүл киирдэ. Ол аата үөрэххэ туттарсааччы тута биир сайабылыанньаны биэрэр, элбээбитэ биэс хайысханы талар кыахтаах. Онно кини ханнык үөрэххэ урутаан киирэрин уонна ханнык идэни баһылыан баҕарарын бэлиэтиир. Холобурдаан эттэххэ, бастакы уочарат математика уонна информатика институтун түмүгүн күүтэр, үп-экономика институтун иккис туруорар, үһүскэ – физико-техническэй институт салаатын. Ханнык салааны ыйара – туттарсааччы бэйэтин көҥүлэ.
Бу эһиилги приемнай хамыыһыйа үлэтигэр икки улахан уларыйыыбыт буолар диэн бэлиэтиибин.
— Аҕата анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт биитэр кытта сылдьар түгэнигэр, абитуриеҥҥа туох эмит өйөбүл көрүллэр дуо?
— 2022-2023 сс. бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар туттарсыыга Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннайдар уонна анал байыаннай тэрээһиннэр оҕолорун үөрэххэ ылыы туһунан Ыйаах таһаарбыта. Ол быйыл ыам ыйыгар бигэргэммитэ.
Сокуон Донецкай Өрөспүүбүлүкэ, Луганскай Өрөспүүбүлүкэ уонна Украина территориятыгар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт, ол иһигэр байыаннай сулууспалаах өлбүт да буоллаҕына, оҕолорун үөрэххэ ылыыга туһуланар.
ХИФУ ураты усулуобуйаҕа квотаны маннык түгэҥҥэ көрөр:
Байыаннайдар уонна үлэһиттэр оҕолоро (аҕата өлбүт, бааһырбыт, эчэйбит, контузияламмыт уо.д.а. ).
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕар да, оҕотугар да көрүллэр (бааһырбыт, эчэйбит, контузияламмыт эбэтэр ыалдьыбыт түгэнигэр). Айар куонкуруһа уонна профессиональнай хайысхалаах эбии тургутуута суох киирэллэр.
— Эһиилги үөрэх дьылыгар төһө бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ?
— Уопсайа 4436 бүддьүөт миэстэтэ тыырыллан турар.
— Саҥа үөрэх хайысхалара аһыллаары тураллар диэн истэн аһарбытым, ханнык салааларга?
— Маннык саҥа идэлэр бааллар:
Автодорожнай факультет – «Машиностроение (Инженерия и реновация машин, альтернативный транспорт)”; “Наземные транспортно-технологические средства (Подъемно-транспортные, строительные, дорожные средства и оборудование; Технологические средства природообустройства и защиты в чрезвычайных ситуациях)”.
Тас дойду филологиятын уонна регионоведение института – “Зарубежное регионоведение (Американские и азиатские исследования)”; “Медиакоммуникации (Иностранные языки в креативной индустрии (английский и китайский))”; “Педагогическое образование (с двумя профилями подготовки) (Иностранный язык (французский) и Иностранный язык (английский) в цифровом образовании)”.
Психология института – “Психология служебной деятельности (Психология менеджмента и организационное консультирование)”; “Педагогическое образование (с двумя профилями подготовки) (Начальное образование и Родной (якутский) язык и литература)”.
— Үөрэххэ туттарсыы болдьоҕо хаһааҥҥыттан саҕаланар?
— ХИФУ-га эһиил докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн бары салааларга — күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно), кэтэхтэн (заочно) үөрэхтэргэ докумуоннары тутан саҕалыыбыт.
Биир кэлим экзамен (ЕГЭ) түмүгүнэн болдьох – бэс ыйын 20 күнүттэн от ыйын 25 күнүгэр диэри.
Киириигэ тургутууну туттарыы (юридическай факультет, үп-экономика института, тас дойду филологиятын уонна регионоведение института уонна медицина институттарыгар) – бэс ыйын 20 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри.
— Оттон төлөбүрдээх (коммерческай) үөрэхтэргэ?
— Докумуон тутуу болдьоҕо маннык:
БКЭ түмүгүнэн – бэс ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри.
Киириигэ тургутууну туттарыы түмүгүнэн – атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри.
Тус сыаллаах бырагырааманан туттарсааччы дуогабарын, ирдэниллэр докумуоннарын, бигэргэтиилээх суругун, тус ситиһиилэрин от ыйын 25 күнүгэр диэри хойутаабакка эрэ туттарыахтаах.
— Үөрэххэ туттарсааччы ханнык докумуоннары туттарар?
— Саамай наадалаах докумуоннар – пааспар, аттестат/диплом уонна СНИЛС. Бу үс докумуон куоппуйатын хайаан да ирдиибит.
Маны таһынан эбии ирдэниллэр:
Туттарсааччы тус ситиһиитэ (спорка, наукаҕа, үөрэххэ ситиһиилэрэ уо.д.а). Барытын куоппуйалыыгыт;
Хаартыска 3*4, 1 устуука/цифровой;
ИНН куоппуйата биитэр нүөмэрэ;
086у/29н медицинскэй ыспыраапка (оригинал биитэр куоппуйа).
Квотанан киирээччилэр:
Льготанан туттарсаргытын туоһулуур тустаах докумуон (инбэлиит оҕолор, 1, 2 категориялаах инбэлииттэр, төрүөхтэриттэн инбэлииттэр, байыаннай дьайыыларга эчэйии ылан инбэлиит буолбут дьон, байыаннай сулууспаны ааһа сылдьан эчэйбит киһи, тулаайахтар, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор, анал байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ).
— Куонкуруһунан туттарсааччыга орто баал төһө буоларый?
— Биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн үөрэххэ туттарсааччыга маннык ирдэбиллэр киирэллэр:
Нуучча тыла – 40 б;
Математика – 39 б;
Физика – 39 б;
Химия – 39 б;
Информатика уонна ИКТ – 44 б;
Биология – 39 б;
История – 35 б;
География – 40 б;
Обществознание – 45 б;
Нуучча литературата – 40 б.
Манна даҕатан эттэххэ, 2023/24 үөрэх дьылыгар 2019-2023 сылларга диэри БКЭ түмүгүнэн туттарсыахха сөп.
— Тус ситиһиитэ хайдах ааҕылларын, учуоттанарын билбэт киһи элбэх, ол туһунан кылгастык кэпсиириҥ буоллар.
— Тус ситиһиилэрдээх абитуриент муҥутаан 10 баалы эбинэр кыахтаах. Судургутук быһаардахха, оҕо ситиһиилэрэ уонна тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара ааҕыллар уонна үөрэххэ киирэригэр суолу арыйар. Кыттыбыт тэрээһиннэрэ, таһымнара эмиэ учуоттанар.
ХИФУ тус ситиһиини алта бөлөххө араарар:
Спортивнай;
Үөрэххэ ситиһии;
Волонтер буоллаҕына эбии баал көрүллэр;
Арассыыйа таһымнаах олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттыбыта, миэстэлэспитэ. Холобура, СВОШ уонна “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада кыайыылаахтара;
Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо ыытыллар “Абилимпикс” норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх кыттааччытыгар;
Интеллектуальнай уонна айар күрэхтэр кыайыылаахтара. Кыттыбытын туһунан туоһу суруга эмиэ ааҕыллар.
— Докумуону ханнык көрүҥүнэн туттарыахха сөбүй?
— Докумуону биэс көрүҥүнэн тутар кыахтаахпыт. Бастакытынан, туттарсааччы хамыыһыйаҕа кэлэн бэйэтэ туттарар биитэр дэбиэринэстээх киһитэ кини оннугар кэлэн сайабылыанньа суруйар. Иккиһинэн, ХИФУ сайтыгар бас билэр кэбиниэтин нөҥүө. Үсүһүнэн, priem@svfu.ru электроннай аадырыска ыытар кыахтаах. Төрдүһүнэн, почта хайа баҕарар салаатыттан Дьокуускай куорат, Белинскэй ууллуссатын, 58 дьиэтигэр ыытар. Бэсиһинэн, судаарыстыбаннай өҥө порталын (Госуслуги) нөҥүө “Поступление в ВУЗ онлайн” суперсервиһи туһаныахха сөп.
Күндү ааҕааччы! Ууга-уокка түспэт туһуттан туох-ханнык идэни баһылаан үлэһит үтүөтэ буоларгын хайыы-үйэ быһаарынан олорор буолуохтааххын диэн эрэнэбит. БКЭ-ни ситиһиилээхтик туттаран, устудьуон үрдүк аатын сүгэргэр баҕарабыт.