16.11.2021 | 11:00

Рецидивист албастара

Ааптар: Макар Яковлев, астаапкаҕа сылдьар генерал-майор, Арассыыйа ХХ-с үйэҕэ оһуобай суолталаах дьыалаларга чулуу силиэдэбэтэллэрин энциклопедиятыгар киллэриллибит силиэдэбэтэл
Бөлөххө киир

Бу сыл алтынньы 29 күнүгэр төһө да саха хомсомуола төрүттэммитэ 100 сыла буоллар, кинини төрүттээччини – Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй хомсомуолу санаабат буолар кэрэгэй.

Бу күннэргэ Николай Федорович Борисов-Ньукулай Уус «Рецидивист албастара» диэн кинигэтэ таҕыста. Дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕурбут ахтыы-сэһэҥҥэ суруйааччы тоҕус киһи тыына быһыллыбыт быһылаанын сатабыллаахтык сэһэргиир.
Ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар өрөспүүбүлүкэ борокуруорун силиэстийэҕэ солбуйааччытынан 18 сыл,  кэлин Арбитражнай суут бэрэссэдээтэлинэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбит Николай Федорович төһө даҕаны 89 саастаах буоллар, айар үлэтин үгэнэ. Барыта сүүрбэттэн тахса кинигэни суруйбута дьон биһирибэлин ылан, атыыга сонно бүтэн иһэр. 
Кини 90-с сылларга «Алроса» хампаанньаны тэрийсэн, правовой балаһыанньатын кэскиллээхтик оҥорон, күн бүгүнүгэр диэри «Алросаттан» өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүн толоруна олорорбутугар үтүөлээх. Билигин «Тыл кэпсиир» диэн саха омук иккис үйэттэн саҕалаан хайдах сайдан испитин туһунан элбэх источникка олоҕуран, историческай, научнай аҥаардаах улахан арамаан суруйа сылдьар. Онтон сороҕун быһа тардан, суруналыыс Валентина Петрова сиэрийэ курдук араадьыйанан биэриилэри оҥорор.
Николай Федорович иннэ-кэннэ биллибэт киһи тыына быһыллыбыт дьыалаларын арыйыыга уонна силиэстийэлээһиҥҥэ силиэстибэннэй бөлөхтөрү тэрийэн, силиэстийэ барыытын торумнуур буолара. Оччолорго 50-ча эрэ саастаах киһи ырааҕы көрөрүн, олоҕу билэрин, мындырын билигин сөҕө саныыгын. Кини силиэстийэҕэ борокуруор солбуйааччыта буолуор  диэри Саха сирин силиэстийэтин түмүктэрэ Арассыыйаҕа бүтэһиктэргэ сылдьар буолан, элбэхтик коллегияларга мөҕүллэр эбит. Николай Федорович дуоһунаһыгар саҥа ананаат, эмиэ Арассыыйа прокуратуратын  коллегиятыгар улаханнык сэмэлэммит. Ол кэннэ силиэстийэ отделын үлэһиттэрин Свердловскайдааҕы юридическай институту саҥа бүтэрэн кэлбит Василий Колмогоров, Макар Яковлев, Валерий Прокопьев уо.д.а. эдэр  уолаттарынан бөҕөргөппүт. Онтон ыла көрдөрүү тупсан, сорох сылларга өлөрүүнү арыйыы уонна силиэстийэ түмүктэрэ 100% тиийтэлиирин өссө 2-3%  аччатан көрдөрө сатыыр буолбуттар. Николай Федорович ИДьМ холуобунай ирдэбилгэ бастыҥ үлэһиттэрин кытта аттаран силиэстибэннэй бөлөҕү сатабыллаахтык тэрийэр буолара.
“Рецидивист албастара” сэһэн документальнай аҥаардаах буолан, силиэстийэҕэ уонна оперативнай үлэҕэ үлэлээбит уолаттар ааттара туох да уларытыыта суох бэйэлэринэн киирбиттэрэ ордук сэргэтэр. Силиэстийэҕэ быһылаан буолбут сирин ойуулаан суруйууга улахан болҕомтотун уурбут. Доппуруос эриирдэрин-мускуурдарын, психологическай утары турсуу эрэдэһиннэрин уустуктаан суруйар. Оперативнай үлэһиттэр кыра да суолу-ииһи хабан ылан, сатабыллаах версияны тутуһан, күннэри-түүннэри үлэлииллэрин сырдатар.  
Өлөрүүлэр тустарынан дьыалалары кэпсээтэххэ, сүүһүнэн буолар, ону нэһилиэнньэ билбэт уонна сүнньүнэн билэрэ наадата да суох. Билигин  биһиги холобурбутугар үөрэммит, ИДьМ холуобунай ирдэбилин начаалынньыгынан үлэлээн сылдьыбыт Виталий Егоров элбэх дьон-сэргэ сэргээн ааҕар кинигэлэрин суруйар буолла. Кини айымньыларыгар холуобунай ирдэбил, силиэстийэ үлэһиттэрэ хайдахтаах курдук ыарахан үлэни оҥороллорун уонна бэйэлэрэ биллибэккэ хаалалларын нэһилиэнньэ өйдөөн эрэр диэхпин баҕарабын. Ырыаһыты, поэты, суруйааччыны, худуоһунньугу бары билэллэр, үтүөлээх үлэһит бөҕө буолаллар, онтон оперативнигы, силиэстийэ үлэһитин сүнньүнэн билбэттэр даҕаны, наҕараадаҕа да тиксибэттэр. Урут партийнай үлэһиттэр хас пятилетка аайы уордьан ылар буолаллара кистэл буолбатах…
Ньукулай Уус кинигэтинэн сиэттэрэн уонна Милииссийэ (Полиция) күнэ буолаары турарынан, билигин  биһиги  кэккэбитигэр суох буолбут холуобунай ирдэбил систиэмэтигэр номоххо киирбит оперативнай үлэһиттэри ахтан-санаан ааһар, үйэтитэр санааттан, кинилэри кытта хайдах дьыалалары арыйан силиэстийэлээн сылдьыбыппытын аҕыйах дьыалаҕа холобурдаан кэпсээн ааһыахпын баҕарабын.
Ааспыт  үйэ 70-80-с сылларын кирбиилэригэр Өймөкөөн хайаларын быыстарыгар холбоон барыта биэс «хищник» (кистээн көмүс сууйааччылар) өлүктэрин булбуттара. Өлүктэр дьардьамалара эрэ хаалбыттар этэ, ону тэҥэ куллукулара. Ити барыта биэс сыл ааспытын кэннэ, дьыала көбүтүллэн, силиэстийэ саҕаламмыта. Дьыала Сэбиэскэй Сойуус прокуратуратын хонтуруолугар турбута. Силиэстийэлиир бөлөххө мин салайааччылаах Виталий Измеров (кэлин генерал буола үүммүтэ), Николай Пак (кэлин Нерюнгри куорат милииссийэтин начаалынньыга, полковник буола үүммүтэ), Владимир Таюрскай (полковник, кэлин Чечняҕа уончата сылдьыбыта), Анатолий Жмырко (кэлин Алдан оройуонун милииссийэтин начаалынньыга, полковник буола үүммүтэ) бааллара. Виталий Измеров, Владимир Таюрскай, Анатолий Жмырко, Дмитрий Ефимов, хомойуох иһин, биһиги кэккэбититтэн эрдэ туораабыттара. 
Ол дьыл кыһарыйбыт курдук олус тымныы буолбута. Магадан,  Сусуман куораттарга, Мяунджа, Кадыкчан рабочай бөһүөлэктэргэ үлэлээбиппит. Биир ыарахана – өлүктэр  кимнээхтэрин-туохтарын билии этэ. Бастарын уҥуохтарын ылан, үчүгэй худуоһунньук булан, мэтириэттэрин уруһуйдаппыппыт. Ити бөһүөлэктэргэ биир да киһилии ааттаах киһи суох, барыта хос ааттаах хаайыыттан тахсыбыт дьоннор этилэрэ. Уолаттар өлөрүллүбүт дьоннор кимнээхтэрин-туохтарын билээри үлэ бөҕөтүн ыыппыттара. «Бич» курдук таҥнан, анаан-минээн кыһыл «барматуха» атыылаһан, маҕаһыыннарга, араас туочукаларга «бичтэргэ» атас-доҕор буола сылдьыбыттара. Туох да сурдээх элбэх кистэлэҥ оперативнай үлэ оҥоһуллубута. Быһылаан буолбут сирин көрүү түмүгэр хаайыылаахтар илиилэринэн оҥоһуллубут быһаҕы булбуппут. Онтон сиэттэрэн уонна мэтириэттэрин уруһуйдарынан далаһаланан, өлүктээхтэр бииргэ сылдьыбыт дьонноругар тахсыбыппыт. Инньэ гынан, Сэбиэскэй Сойуус 3 куоратыттан өлөртөөбүт дьону: Пушкаренконы, Николаевы, Циклобу булбуппут. Силиэстийэлиир бөлөх элбэх дакаастабыллары булан, сатабыллаах доппуруостары оҥорон, уорбаланааччылар оҥорбут буруйдарын билинэргэ күһэллибиттэрэ. Бары өлөрүөхсүттэр ытылларга ууруллубуттара. Дьыала барыта 9 ый иһигэр арыллан, силиэстийэлэнэн, сууттанан бүппүтэ. Ону ааһан, Магадан милииссийэтин уонтан тахса үлэһитин, «хищниктарга» көмөлөспүт сотрудниктары, үлэлэриттэн уһултарбыппыт. Ити дьыала ССРС ИДьМ музейыгар холобур курдук көрдөрүллэн турбута.
Эмиэ ити сылларга күһүөрү атырдьах ыйыгар Биология институтун дириэктэрэ, өрөспүүбүлүкэ тарбахха баттанар учуонайа, профессор Щербаков уола сүппүтэ. Элбэх үлэ кэнниттэн уол Күөх  хонууга өлөрүллүбүтэ биллибитэ. Институт үлэһиттэрин таһааран, Күөх хонууну тараан, өлүк көмүллэ сытара булуллубута. Уорбаланааччы, уол «Нива” массыынатын ылан, Өлүөхүмэ диэки куоппутун билбиппит. Опердар: Виталий Измеров, Семен Гусаревич, эксперт Владимир Гаврильев уонна силиэдэбэтэл мин буолан, «Нива” массыынанан икки түүннээх күн эккирэппиппит. Кыһалҕатын оҥорон, ардах түһэн курулуу турар этэ. Хас бөһүөлэк аайы сэрэнэн-сэрэнэн «макаровка» бэстилиэппитин иитинэн киирии буолара. Биир кыра бөһүөлэккэ үөмэн-сыыллан киирбиппитин өйдүүбүн. Ардахха баттатан, батыллан, хабыс-хараҥаҕа илдьи сытыйан, хайа үрдүгэр баар кыра дьиэҕэ уот умайарын көрөн дабайан тахсан, нэһиилэ көҥүллэтэн, бары муостаҕа кэккэлэһэн сыппыппыт. Сытаат да хапсыччы барыы буолбута. Арай түһээтэхпинэ, моонньубунан туох эрэ сылаас сүүрэр. Уһукта биэрбитим, моонньубар сибиинньэ оҕото ииктээн ахан эрэр эбит. Соһуйан, ылан элитэн кэбиспитим, орулааһын бөҕө буолла. Бары уһукта биэрдибит. Кэлин кэпсээбиттэрэ, дьээбэлээх киһи Виталий Измеров сибиинньэ оҕото сылдьарын тутан ылан, тарбаан-тарбаан баран хоонньубар уган кэбиспит. Ити курдук төһө да мүччүргэннээх түгэннэргэ көрдөөхтүк сылдьар этибит. Инньэ гынан, киһибитин Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас кыраныыссатыгар сиппиппит. Ити икки ардыгар өлөрүөхсүт өссө биир киһини харчытын ылаары, тааһынан төбөҕө охсон өлөрдүм диэн көмөн кэбиспит, киһитэ киэһэ тиллэн кэлэн, хата, биһиэхэ көмө буолбута. Ити дьыала алта ый иһинэн бүтэн, сууттанан, өлөрүөхсүт ытылларга ууруллубута.
Николай Борисов-Ньукулай Уус «Рецидивист албастара» диэн кинигэтигэр төнүннэххэ: Уус Алдан Майаҕаһыгар биэс киһи өлүгэ көстүбүтэ, өр-өтөр буолбакка Дьокуускай куоракка түөрт киһи өлүгэ көстөр. Оччолорго итиччэ элбэх  киһини өлөрүү Сэбиэскэй Сойуус да үрдүнэн  суох буолара. Дьыала «Москва» хонтуруолугар турбута. Николай Федорович, өрөспүүбүлүкэ борокуруорун силиэстийэҕэ солбуйааччыта буоларын быһыытынан, ИДьМ миниистэрэ Удовенколыын бирикээс таһааран, силиэстибэннэй биригээдэ тэрийбиттэрэ. Онно прокуратураттан Василий Колмогоров, Валерий Прокопьев, Константин Федоров киирбиттэрэ. Мин ити кэмҥэ Арҕаа Украинаҕа дьыала силиэстийэлии сылдьар этим, ол иһин кэлин кэлэн кыттыспытым. ИДьМ өттүттэн миниистир солбуйааччыта Анатолий Качанов (кэлин Афганистан сэриитигэр советник быһыытынан сылдьыбыта), Виталий Измеров, Семен Гусаревич, Николай Петров, Владимир Михайлов, Егор Васильев, Игорь Демин сылдьыбыттара. Хомойуох иһин, билигин Анатолий Качанов, Семен Гусаревич, Николай Петров, Владимир Михайлов, Егор Васильев  биһиги  кэккэбитигэр суохтар. Киһи номох гынан кэпсии сылдьар опердара этилэр. Москваттан биир полковнигы көмөҕө ыыппыттара кыайан үлэлээбэккэ төттөрү барбыта. Буруйдуур түмүгү суруйбутум эрээри, кинигэ ааҕыллыыта интэриэһинэй буоллун диэн, тугу да кэпсээбэппин. Дьыала тоҕус ый иһинэн силиэстийэлэнэн бүтэн, өлөрүөхсүт Пересыпкин А.Е. буруйа толору дакаастанан, ытылларга ууруллубута.
Василий Васильевич Колмогоров  генерал–полковник, Арассыыйа генеральнай борокуруорун солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Игорь Демин генерал-майор, Москва биир улахан оройуонун начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Валерий Прокопьев өрөспүүбүлүкэ борокуруорун солбуйааччытынан, юстиция миниистиринэн, конституционнай суут судьуйатынан, Константин Федоров транспортнай борокуруорунан үлэлээбиттэрэ. Опердар: полковниктар Николай Пак, Николай Петров (белай) Москваҕа олороллор. Биһигини кытта баттаһа үлэлээбит, опер полковник Николай Никитин ИДьМ холуобунай ирдэбилгэ отделын начаалынньыгынан, Дьокуускай куорат милииссийэтин начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Билигин дөрүн-дөрүн сибээстэһэбит, оперативнай уонна силиэстибэннэй үлэһиттэр бэтэрээннэрин сомоҕолоһуулара ол курдук үйэлээх уонна күүстээх. Биһиги үлэбит – эйэлээх кэмҥэ фроҥҥа сылдьыбыт тэҥэ буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....