04.12.2022 | 10:00

Өр сыллаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанна

Төһө да аныгы сайдыылаах олоххо олорбуппутун иһин, саха норуотун киэн туттуута буолбут олоҥхобут барахсан ытык дьоммут көмөлөрүнэн үйэлэри уҥуордаан баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэҕэ. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Олоҥхо декадата киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар.
Өр сыллаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанна
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаев уран тыл баайын, сүөгэйин-сүмэтин эдэр ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэ сылдьар ытык-мааны дьоммутугар биир сыллаах, ый аайы төлөнөр 30 тыһыынча солкуобайдаах истипиэндьийэни олохтоото. Ол курдук төрүт култуурабытын үйэтитэр олоҥхоһуттарга, оһуокайдьыттарга уонна уустарга сүдү кылааттарын иһин анаммыт истипиэндьийэ сыл устата төлөнүөҕэ.  Маны таһынан, уус-уран тыл уонна саха култууратын чөлүгэр түһэриигэ, харыстааһыҥҥа уонна тарҕатыыга ураты үтүөтүн иһин Борис Федорович Неустроев-Мандар Ууска истипиэндьийэ үйэтин тухары ананыаҕа.

Саха героическай эпоһын тилиннэриигэ, чөлүгэр түһэриигэ, харыстааһыҥҥа уонна тарҕатыыга сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, оҕолору уонна ыччаты уһуйбут, өр сыллаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммыт хомоҕой тыллаах олоҥхону толорооччуларбытын сырдатабыт.

Николай Петрович Тарасов, Чурапчы улууһа

Николай Петрович 1928 с. Чурапчы улууһугар төрөөбүт. Олоҥхоһут, уус-уран айымньыны тарҕатааччы, «СӨ уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэ хаһаайына, «СӨ бастыҥ экономиһа», «Гражданскай килбиэн» анал аат хаһаайына, олоҥхону толорооччулар күрэхтэрин лауреата.

Никандр Прокопьевич Тимофеев, Сунтаар улууһа

Никандр Прокопьевич 1934 с. Сунтаар улууһугар төрөөбүт. Саха сирин биир бастыҥ олоҥхону толорооччута, уһуйааччы-маастар буолар. «Бастыҥ маастар-педагог», «СӨ үтүөлээх учуутала” анал ааттар хаһаайыннара.

Аркадий Михайлович Захаров, Мэҥэ Хаҥалас улууһа

Аркадий Михайлович 1935 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрөөбүт. Биллэр олоҥхоһут, уус-уран айымньыны толорооччу, «Олоҥхо бастыҥ толорооччута» бэлиэ хаһаайына, РСФСР үтүөлээх механизатора, норуоттар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр лауреаттара.

Кирилл Никонович Никифоров, Үөһээ Бүлүү улууһа

Кирилл Никонович 1938 с. Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүт, Саха сирин тарбахха баттанар, холобур буолар олоҥхону толорооччута, “Россия Душа” национальнай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, аан дойдутааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи  күрэхтэр кыайыылааҕа.

 

Валентин Гаврильевич Исаков, Уус Майа улууһа

Валентин Гаврильевич 1949 с. Уус Майа улууһугар төрөөбүт, олоҥхону толорооччу, СӨ үтүөлээх артыыһа, норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр лауреаттара.

Василий Иванович Иванов-Чиллэ, Ньурба улууһа

Василий Иванович 1950 с. Ньурба улууһугар төрөөбүт. Олоҥхоһут, уус-уран айымньылары тарҕатааччы, 8 эпическэй айымньы ааптара, СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, аан дойдутааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кыайыылааҕа.

Петр Максимович Тихонов, Мэҥэ Хаҥалас улууһа

Петр Максимович 1951 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрөөбүт. Биллиилээх толорооччу, «Олоҥхо бастыҥ пропагандиһа», «Учууталлар учууталлара», «Норуодунай үөрэхтээһин туйгуна», «Гражданскай килбиэн» бэлиэлэр хаһаайыннара, норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр лауреаттара.

Валентин Гаврильевич Исаков:

— Сүрдээҕин  диэн үөрэн, астынан сылдьабыт! Биһиэхэ бу истипиэндьийэни өссө 2013 с. Егор Афанасьевич Борисов көрбүтэ, ол эрэн оччолорго дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар, кириисис кэлэн  сотон кэбиспиттэрэ. Онтон быйыл Үөһээ Бүлүү оройуонугар ыытыллыбыт үбүлүөйдээх 15-с Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар Ил Дархаммыт олоҥхоһуттары, олоҥхону толорооччулары уонна уустары өйүүрүн туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.  Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэтин чөлүгэр түһэриигэ уонна бөҕөргөтүүгэ болҕомто ууруллубута. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар олоҥхоһуттар уонна толорооччулар, айааччылар ааттарыттан махталбын тиэрдэбин!

Биһиги, олоҥхону толорооччу дьон, бу күҥҥэ диэри өбүгэ үгэһин утумнаан кэнчээри ыччакка, эдэр дьоҥҥо, саҥа үүнэн эрэр оҕолорго баай тыллаах олоҥхону кэпсии-ипсии, тарҕата сылдьарбытыттан олус үөрэбит. Хас биирдиибит бэйэтин кылаатын киллэрэн, өрөспүүбүлүкэ аатын элбэх тэрээһиҥҥэ сырдаппыт дьон буолабыт. Уус-уран тыл маастара Никандр Прокопьевич ытык сааһыгар диэри олоҥхоҕо сүгүрүйэ, толоро сылдьар, оскуола оҕолорун уонна артыыстары үөрэтэр. Аркадий Михайлович 88 саастаах, бэҕэһээ Мэҥэ Хаҥаласка тахса сырыттым, билигин даҕаны куолаһа олох үчүгэй. Петр Максимович туһунан этэр буоллахха, кини билигин Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиир, олоҥхо тула сүрдээх элбэх үлэни ыыта сылдьар.

Хомойуох иһин, саас ылан иһэр, хас даҕаны олоҥхоһут күн сириттэн күрэннэ, ол да буоллар, билигин баар дьон төһө кыахтара тиийэринэн үлэни ыыта сылдаллар.

Мин санаабар, эдэр уустары өйөөбүттэрэ саамай сөптөөх. Мандар Уус, чахчы, элбэх ыччаты үөрэттэ, төрүт үгэһи үйэтиттэ. Онон маннык таһымнаах болҕомто уурбуттара саамай сөп. Кини үөрэппит оҕолоро, уустара кинини батыһан, өссө да айыахтара-тутуохтара буоллаҕа, эдэр ыччат сайдан иһиэҕэ, кини курдук таһымҥа тиийэр кыахтаах дьон тахсыахтара. Мандар Уус харда тыл этэригэр иистэнньэҥнэри эмиэ өйүөххэ наада диэбитин бэркэ сэргии иһиттим. Билигин толкуйдаан көрдөхпүнэ, маннык наҕараадаҕа түһэриэххэ сөп эбит. Иистэнньэҥнэр олус мындыр дьон, кинилэри өйүөххэ эрэ наада. Аны туран, аныгы таҥастарга сахалыы элэмиэннэри киллэрэр буоллулар, бу эмиэ барыта өбүгэ саҕаттан кэлбит оһуордар-мандардар. Маны этэн аһарбычча, Сергей Местниковка эмиэ махтанабын, кини биһигини салайар эдэр киһи. Төһө даҕаны  аныгы кэм киһитэ буоллар, саха тыла, олоҥхо сайдарыгар, саха кулутууратын өрө таһаарарга сүрдээҕин диэн ис-иһиттэн кыһаллар, биһиги мантан үөрэбит эрэ. Чахчы, аныгы ыччат кырдьаҕастары сыаналыыра, ытыктыыра көстөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...