11.12.2022 | 12:00

Өрүү сылааһынан сыдьаайар күндү киһибит

Өрүү сылааһынан сыдьаайар күндү киһибит
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

2022 сылы өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сылынан биллэрбиттэрин бары да үөрэ истибиппит. Сыл устата Дьокуускайга, улуустарынан, нэһилиэктэринэн араас тэрээһиннэр, үтүө түмүктээх үлэлэр ыытылыннылар. 
Нам улууһун туһунан сырдатар буоллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ улуус үрдүнэн 10-тан тахса Дьоруой ийэ баара бэлиэтэнэр. Олортон саамай эдэрдэрэ 36 саастаах, 10 оҕолоох саамай эдэр ийэ Хатырык нэһилиэгэр олорор.

Оҕо сааһа сэрии сылларыгар

Мин бүгүн биир дойдулаахпын, Нам улууһун Хамаҕатта сэлиэнньэтин олохтооҕо, 11 оҕолоох Дьоруой ийэ, сэрии кыттыылааҕын огдообото, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Нам улууһун, Хамаҕатта, Салбаҥ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, норуот маастара, сцена бэтэрээнэ, 26 сиэннээх уонна 45 хос сиэннээх, 4 хос-хос сиэннээх, бу соторутааҕыта эрэ күн сириттэн күрэммит Аграфена Григорьевна Местникова туһунан сырдатыахпын баҕарабын.

Аграфена Григорьевна Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгэр 1930 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Аҕа дойду сэриитин кэмигэр ааспыта. Сэрии сут-кураан кыһарыйбыт кэмигэр 5 км тэйиччи сиртэн быраатынаан оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. II-с кылааска үөрэнэ сылдьан үөрэх кэнниттэн куйуурдаан аһыыллара, ийэлэрэ Матырыас үрүҥ хараҕын өрө көрбөт, үлэттэн олох иллэҥ буолбат эбит, онон туох кыалларынан ийэлэригэр көмөлөһѳр эбиттэр. Аҕалара сыл аайы Моой үрэххэ айаҥҥа баран кыстыыр эбит. Онно туу маһын бэлэмнээн аҕалбытын ийэлэрэ тыыран туу өрөрө. 1941 сыл сайыныгар  таайдара сиэмэни баайан түһэрэр комбайнҥа үлэлээн иһэн Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыт. Уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэх. Комбайн  үлэтэ ол иһин тохтообут.

Салгыы үөрэнэллэригэр оскуолалара сабыллан хаалан, аҕыйах тулаайах оҕону интернаттаах сиргэ үөрэттэрэ ыыппыттар. Онон Аграфена Григорьевна 4 кылаас үѳрэхтээх. Төһө да кыра буоллар, ханнык да үлэттэн толлон турбата. Сайын ыһыыга, паардааһыҥҥа сир хоруталлара. Афанасий Копырин оҕонньор биригэдьиирдээх окко киириэх иннинэ солооһуҥҥа үлэлииллэр, кэрдиллибит мас чөҥөчөҕүн түөрэллэр. Түөрэллэригэр 10-ча оҕо төһүү төбөтүгэр ыйаастан, баттаан, тардан түөрэллэр, онтон аны адаарыйбыт чөҥөчөҕү  кытыыга соһуу буолар. Бириэмэ кѳһүннэҕинэ муҥхалаан собонон аһылыктаналлар. Күһүн сиэмэ баайыытын үлэтэ саҕаланнаҕына сиэмэлэрин тиэйэн малатыылкалыыллар. Бу үлэлэр үмүрүйдэхтэринэ, дьиэлэригэр кыратык иллэҥ буоллулар да, чөҥөчөхтөөн, ону мунньан баран, хаар түстэҕинэ тиэйэллэрэ. Быраатынаан тиит мас кэрдэн тиэйэллэрэ. Сорох сыл сиэмэ хаһыҥнаан, сороҕор уот кураан буолан аһыҥа сиэн туох да үүнүүнү ылбат эбиттэр. Үлэлииллэригэр тиритэллэрэ, сылайаллара, аччыктыыллара ханна барыай; ол да буоллар оннук эрэйи көрбүт курдук санаммат этилэрэ. 

Кыайыы өрөгөйүн билии

Кыайыы күнүн көрсөллөрүгэр оҕолор бары улаатан туруу үлэһит буолбуттар. «Сэрии бүттэ, кыайыы буолла, ньиэмэһи биһиги аармыйабыт кыайбыт» диэн биллэриини истэн үөрүү да, курус да санаа кинилэри кууспут. Кыайыы күнүгэр түөрт кыыс иккилии оҕуһунан муоһанан сир хоруттара паардааһыҥҥа сылдьыбыттар.

Арыый улаатан баран оҕолор сайынын атын улуустарга, нэһилиэктэргэ оттууллара, онно кыстыы хаалаллара. Биир сайын утуйар, таҥнар таҥастарын, аһыыр иһиттэрин оҕуска тиэйэн, сүѳһүлэрин үүрэн, Курбуһахтан Чурапчы улууһун Мугудайыгар Билиилээххэ тиийэн, сүѳһүлэрин сыл таһааран төннүбүттэр. Оччолорго олохтоохтор күүс өттүнэн көһөрүүгэ барбыт буоланнар, дэриэбинэҕэ дьон суох буолан, дьиэлэрин ааннара маһынан туора саайыллан  турар кэмэ эбит.

Кыайыы кэнниттэн олохторо түргэнник тупсубатаҕа. Үлэлииллэригэр абаанса курдук үллэрэн аһаталлар, лэппиэскэни эмиэ өлүүлээн биэрэллэр. Аһыыр-аһаабат сылдьаллар. Аграфена барахсан туох үлэни үлэлээбэтэҕэ баарай. Биир сыл кыһыҥҥы тымныыга үс оҕуһунан от тиэйэн кыстаабыт. «Онно хайдах курдук тоҥорбун Айыы Таҥара бэйэтэ биллэҕэ»,- диирэ.

Ити курдук, сыл аайы атынтан-атын сиргэ кыстыыра, ол сылдьан биир сайын Нам улууһун Салбаҥыгар тахсан оттоон баран, кыстыы олорон, 1951 с. Василий Игнатьевич Винокуровка, сэрии бэтэрээнигэр, кэргэн тахсар. 1964 с. диэри Салбаҥҥа Өргөлөөххө олороллор, онно 7 оҕолоноллор, эбии убайдарын тулаайах хаалбыт 1 саастаах оҕотун иитэ ылаллар. Аграфена Григорьевна оҕолонорун быыһыгар ыанньыксыттыыр. Бу кэмҥэ Салбаҥҥа тѳрдүс эрэ кылааска диэри үөрэтэр буоланнар, Хамаҕаттаҕа көһөн кэлэллэр уонна эбии 3 оҕолоноллор. Кэргэнэ пиэрмэҕэ оробуочайынан, бэйэтэ оҕо саадыгар ньээҥкэнэн үлэлииллэр. 1978 с. кэргэнэ ыарахан ыарыыттан олохтон туораабытын кэннэ Аграфена биир да оҕотун интэринээккэ биэрбэккэ иитэн,  атахтарыгар туруорбута. Хамаҕатта оҕо саадыгар 19 сыл устата ньээҥкэнэн, онтон таҥас сууйааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитин араас махтал суруктар, грамоталар туоһулууллар. Манна үлэлиир кэмигэр араас субуотунньуктарга, оҕолорго ыытыллар бырааһынньыктарга, уһуйаан  оҕолоругар аналлаах сахалыы оҥоһуктары оҥорон, үлэһиттэр, оҕолор болҕомтолорун тардара.

Биэнсийэҕэ 1980 с. тахсыбыта уонна салгыы оскуола интэринээтигэр 13 сыл поварынан үлэлиир, үлэтин уопсай ыстааһа 52 сыл.

Ийэбитинэн киэн туттабыт

Аграфена Григорьевна оҕолоро ийэлэринэн киэн туттуохтарын тутталлар. Ол курдук, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэ араас көрүҥэр утумнаахтык үөрэппитэ. Улахаттар кыра балтыларын, бырааттарын көрөн-иитэн, дьиэ ис-тас үлэтин бары көрүҥүн оҥорон, тиэргэннэригэр хортуоппуй олордон, ходуһаларыгар от оттоон, сир аһын хомуйан, оттук мас бэлэмнээн, хотон араас үлэтин толорон улааппыттар. Күндү киһилэрэ соруйбут сорудаҕын бары бириэмэтигэр толорорго дьулуһаллара, төһө кыалларынан көмө, тирэх буолаллара.

Ийэ барахсан  оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр олоҕун устата ѳрүү үтүө холобур буолара. Наһаа ыалдьытымсах, кэлбит дьону ѳрүү итии чэйдээх, минньигэс астаах көрсөрө. Ойон тураат суорат ытыйан барара. Сыллата тиэргэнигэр араас сибэкки олордоро, эрдэттэн арассаадалаан оҕуруот аһын арааһын, кукурузаҕа тиийэ ыһара, тарҕатара. Нэһилиэккэ оҕуруотчуттарга ыытыллар күрэхтэргэ кыттан, араас номинацияларга тиксэн, махтал суруктарынан наҕараадаланан үөрүүтэ үксүүрэ.

Кэтэх хаһаайыстыбатыгар сүөһү, куурусса, хоруолук иитэн, оҕуруот аһын араас көрүҥүн олордон, сиэннэрин, хос сиэннэрин, оҕолорун дэлэй битэмииннээх, иҥэмтиэлээх аһынан аһатара, күндүлүүрэ, кэллэххэ-бардахха өрүү кэһиилээн атаарара. Ийэ астаабыт аһа наһаа минньигэс, амтаннаах буолара. Билигин оҕолоро ийэлэрин, эбэлэрин алаадьытын, бэрэскитин, сарсыарда аайы ытыйан оҥорор суораттаах күөрчэҕин олуһун суохтуубут диэн этэллэр.

Аграфена Григорьевна иллэҥ кэмигэр иистэнэрэ, сиэлинэн, кылынан араас оҥоһуктары хатара, сиэннэрин, оҕолорун үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйара. Иис-күүс үлэтин бары кѳрүҥүн баһылаабыта. Таҥас араас кѳрүҥүн барытын тигэрэ. Элбэх оҕолоох буоланнар, кэргэнинээн кыһын кэтэр атахпыт таҥаһын араас тирииттэн имитэн, улларан тигэллэрэ. Кыһыҥҥы бэргэһэлэри тулуппакка тигэрэ. Оҕолоругар тигэрин таһынан быраатын оҕолорун эмиэ көрөрө, истэрэ, таҥыннарара. Кэлин кыл, сиэл, сукунанан аттарыллыбыт үлэлэринэн нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттара. 2008 с. «Удьуор уус ситимэ» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт быыстапкаҕа оҕолорун, сиэннэрин үлэлэрин туруоран, грамотанан наҕараадаламмыта, «За многочисленность мастеров в роду» номинацияҕа тиксибитэ.  Иистэнэригэр 92 сааһын ааһыар диэри массыынатын уонна илиинэн тигэр иннэлэрин сабын бэйэтэ түргэнник угара.

Маны таһынан сахалыы кроссвордары, сканвордары тулуппакка таайан  сөхтөрөрө. Олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри сир аһын астаан, лоскуй таҥастан аттаран тигэн, орон сабыыларын оҕолоругар, сиэннэригэр бэлэхтээн, барыларын үөрдэрэ.

Аграфена Григорьевна нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Түөлбэлэринэн ыытыллар араас дьаһалларга, ыытыллар кэнсиэртэргэ чабырҕахтаан, сценкаларга оонньоон, ыһыахтарга, куонкурустарга кыттан, оҕолорун элбэххэ, үчүгэйгэ үөрэппитэ, сырдыкка сирдээбитэ.

“Амарах санаалаах, сырдыгынан, ырааһынан сыдьаайар, сэмэй, эйэҕэс майгылаах кэрэ ийэбит, эбэбит, хос эбэбит, хос-хос эбэбит Аграфена Григорьевнаҕа махталбыт муҥура суох, бэйэбитин дьоллооҕунан ааҕабыт. Кини сатабыла, сүбэлээн-амалаан үөрэппит, такайбыт билиитэ-кѳрүүтэ  көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ, олорбут олоҕун туһунан үтүѳ өйдөбүл, кэрэ санаа биһиги сүрэхпитигэр өрүү баар буолуоҕа…” - диэн оҕолоро долгуйа ахталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....