08.07.2021 | 16:00

Өҥүрүк куйааска абыраллаах утах

Өҥүрүк куйааска абыраллаах утах
Ааптар: Айыына Саввинова
Бөлөххө киир

Умайар уот куйааска үгүс киһи аанньа аһаабат. Сорох дьон кыараҕас кыбартыыраҕа дьиэбит оргуйан хаалар диэн улаханнык астаммат буола сатыыллар. Маннык кэмҥэ смузи диэн доруобуйаҕа туһалаах, битэмииннээх утаҕы оҥостон иһиэххэ сөп.   

Смузи – фруктаттан, отонтон, оҕуруот аһыттан оҥоһуллар хойуу утах.

Аан дойду дьоно клубникаттан, кивиттэн уонна банантан смузины ордороллор. Астыырга бэрт судургу, блендер эрэ наада. Иһиэх эрэ иннинэ бэлэмниир ордук. Холодильникка өр турдаҕына, түгэхтэнэн хаалар диэн биир бэйэм сөбүлээбэппин.

Өҥүрүк куйааска сүрэҕи сөрүүкэтэр. Тотоойу буолан аччыктаабыты абырыыр, күүс-уох эбэр. Аны туран, смузи куртаҕы сынньатар, иһи-үөһү ыраастыыр аналлаах.  

Хойуу уонна тотоойу, ол эрээри үксүн калорийа аҕыйах утаҕы диетаҕа олорор эбэтэр ыйааһын түһэрэ сылдьар дьон сөбүлээн иһэллэр. Кинилэр үүт оннугар йогурт эбэтэр сыата суох кефири эбэллэр. Ол эрээри, төһө да диетаҕа олорбутуҥ иһин, аҥаардас смузинан сылдьыбаккын.

Мантан салгыы судургу ырысыаптары таһаарабыт. Смузита оҥостон иһиҥ!

Клубникаттан, банаантан

Туох наадата:

Банаан – 1 устуука

Клубника – 6-7 устуука

Уу (үүт ордук) – 0, 5 ыстакаан

Дьиҥэр, билигин маҕаһыыҥҥа дыргыл сыттаах клубника дэлэй. Ол эрээри мин үксүн сибиэһэйдии тоҥоруллубут клубниканы ылан кутабын. Сорохтор өссө банааны морозильникка кыратык тоҥоро түһэллэр эбит (хайдаҕын билбит суох). 

Уопсайынан, смузига кутуллар ингредиеннэр холодильникка эбэтэр сөрүүн сиргэ тураллара ордук дии саныыбын. Өҥүрүк куйааска ханнык да мороженайы солбуйар, эбиитин доруобуйаҕа туһалаах. 

Банааны төгүрүктүү эбэтэр кубиктыы быһыҥ. Блендергэ кутуҥ. Үрдүгэр клубниканы уонна ыстакаан аҥаара ууну эбиҥ. Биир кэлим маасса буолуор диэри блендеринэн ытыйыҥ. 

Оҕолор, улахан да дьон олус сөбүлүүллэр. Кырачааннарга саахар кутан минньитэ түһүөххэ сөп.

Моркуоптан, дьаабылыкаттан, апельсинтан

Сарсыардааҥҥы аһылыкка олус үчүгэй. Күн устата эрчимнээх сылдьыаххыт. Ыра сатыыр, хас биирдии бородуукта калорийын ааҕар дьоҥҥо өссө ордук.

Туох наадата:

Моркуоп – 1 устуука

Дьаабылыка – 1 устуука

Апельсин – 2 устуука

Лен сиэмэтэ – 1 ост.ньуоска

Моркуобу сууйабыт, ыраастыыбыт, куубуктуу кырбыыбыт. Дьаабылыканы хахтыыбыт, эмиэ куубуктуу быһабыт. Апельсины аҥаардыыбыт уонна суогун ыгабыт. Ону блендер иһитигэр кутабыт, ыгыллыбыт апельсиммытын бырахпакка, эмиэ угабыт. Моркуобу, дьаабылыканы кутабыт, ньуоска аҥаара лен сиэмэтин табыгынатабыт.

Блендербитин бастаан күүстээх эрэсиимҥэ холбуубут, онтон бытааҥҥа көһөрөбүт. Смузибытын ыстакааннарга эбэтэр бокалларга кутабыт уонна үрдүгэр ордубут лен сиэмэтин табыгынатабыт.     

Мороженайдаах, отонноох

Сорох оҕолор сир аһын сөбүлээбэттэр, барыанньа эҥин сиэбэттэр. Оттон бу туһалаах уонна минньигэс утаҕы амсайартан аккаастаныахтара суоҕа, астына-дуоһуйа иһиэхтэрэ.

Туох наадата:

Уҥуоҕа суох отон (малина, сугун, ежевика, о.д.а.) – 300 г

Саахар – 1-1,5 ост.ньуоска

Мороженай – 1 стаканчик

Үүт (бэйэ сөбүлүүрүнэн)

Отоммутун (малинаны, сугуну, ежевиканы эбэтэр атыны) блендергэ кутабыт, саахар эбэбит (саахара суох да үчүгэй). Үрдүгэр мороженайбытын кутабыт, ириэрэ түһэбит. Үүтүнэн убатан биэриэххэ сөп. 1-2 мүнүүтэ эрэсиимҥэ туруоран блендердиибит.   

“Тропическай”

Туох наадата:

Үүт – 400 мл

Банаан – 3-4 устуука

Апельсин суога – 400 мл

Саахар – 1 ост.нь.

Барытын бииргэ блендердиибит. Ыстакааннарга эбэтэр бокалларга кутабыт.

Сүбүөкүлэттэн уонна моркуоптан

Антиоксиданнарынан, аминокислоталарынан, ферменнэринэн уонна минералларынан баай смузи. Күүс-уох эбэр, сүргэни көтөҕөр.

Туох наадата:

Сүбүөкүлэ – 140 г

Моркуоп – 70 г

Уу – 240 мл

Мүөт – ост.ньуоска аҥаара

Сүбүөкүлэни уонна моркуобу буһарбаппыт, онон минньигэс уонна симэһиннээх буолаллара ордук. Хатан хаалбыт амтана астыга суох.

Моркуобу уонна сүбүөкүлэни хаҕын ыраастыыбыт, сууйабыт, кыра гына кырбыыбыт. Блендер иһитигэр холбуу кутабыт, мүөт эбэбит. Онно ыраас ууну кутабыт. Күүстээх уонна түргэн эрэсиимҥэ холбоон эрийтэрэбит.

“Тотоойу”

Бу утаҕы сарсыардааҥҥы аһылыкка оҥостон истэххитинэ, күнү быһа тот, сэниэлээх сылдьыаххыт. 

Туох наадата:

Кефир – 1 ыстакаан

Дьаабылыка – 1 уст.

Банаан – 1 уст.

Эбиэс хлопьялара – 2 ост.нь.

Мүөт – 1 ч. ньуоска.

Блендер иһитигэр эбиэс хлопьяларын, үрдүгэр кефир кутабыт, 5-8 мүн.туруора түһэбит. Дьаабылыкабытын, банааммытын кыра гына кырбыыбыт. Барытын иһиккэ кутабыт, мүөт эбэбит. Биир маасса буолуор диэри блендердиибит.

Иэдьэгэйтэн, банаантан

Кыратык үссэнэргэ үчүгэй утах. Банаан амтанын минньитэр, онон саахар да наадата суох. Иэдьэгэй иҥэмтэтин, доруобуйаҕа туһатын бэркэ диэн билэр буолуохтааххыт.

Туох наадата:

Иэдьэгэй – 100 г

Банаан – 1 уст.

Үүт – 300 мл

Какао бороһуога – 1-2 ост.нь.

Бастаан блендер иһитигэр иэдьэгэйи, үрдүгэр какао бороһуогун, үрдүгэр үүт кутабыт. Иэдьэгэйи илдьирийиэр диэри блендердиибит. Онтон банааммытын эбэн эрийтэрэбит. Ыстакааннарга кутабыт уонна үрдүгэр биир кымаах какао бороһуогун эбэтэр сакалаат түөркэлээн кутабыт. Оччоҕо өссө минньигэс буолар.

Моонньоҕонтон уонна кефиртэн

Туох наадата:

Кефир – 1 ыстакаан

Моонньоҕон – 1 ыстакаан

Джем (ханнык баҕарар) – 1 ч.нь.

Блендер иһитигэр моонньоҕону, кефири, джеми холбуу кутабыт. Биир кэлим маасса буолуор диэри блендеринэн ытыйабыт.

Ырыан баҕалаахтарга

Туох наадата:

Улахан дьаабылыка – 1

Апельсин – 1 уст.

Киви – 2 уст.

Үүт – 0,5 мл (йогурт эбэтэр суок буолуон сөп)

Имбирь – 5 г

Лимон суога – 1 ост.нь.

Фруктаны барытын сууйан, ыраастаан, кыра гына кырбаан бэлэмниибит,  имбири эбэбит,  барытын блендер иһитигэр кутабыт, лимону ыгабыт. 5 мүн. кэриҥэ эрийтэрэбит. Онтон үрдүгэр үүтү кутан, өссө 1 мүн. блендердиибит. 

Арбузтан, сливаттан уонна дьаабылыкаттан

Туох наадата:

Арбуз – 300 г

Слива – 100 г

Дьаабылыка – 200 г

Мүөт – 1 ч. нь.

Лён сиэмэтэ  – 10 г

Мята – икки сэбирдэх

Слива уҥуоҕун ылан быраҕабыт, блендеринэн илдьиритэбит. Пюретын икки ыстакааҥҥа арааран кутабыт. Дьаабылыканы сууйан, ыраастаан, кыра гына кырбаан блендердиибит. Аһыы буоллаҕына, мүөт эбиэхпитин сөп. Итиэннэ ыстакааннарбытыгар тэҥ гынна үллэрэн иккис араҥа оҥорон кутабын.  Онтон арбузпутун ыраастыыбыт, сиэмэлэрин ылан быраҕабыт. Эмиэ блендердиибит, үһүс араҥанан ыстакааннарга кутабыт. Үрдүгэр лён сиэмэтин табыгынатабыт. Мята сэбирдэҕинэн киэргэтэбит.

Клюквалаах, банааннаах уонна мүөттээх

Туох наадата:

Үүт – 1 ыстакаан

Банаан – 1 уст.

Клюква (сибиэһэй эбэтэр тоҥоруллубут)  – 4 ост. нь.

Мүөт (саахар) – 2 ост. нь.

Банааны ыраастыыбыт, төгүрүк гына быһабыт, блендер иһитигэр кутабыт. Үрдүгэр клюкваны, мүөтү (саахары), үүтү эбэбит. Барыта биир кэлим маасса буолуор диэри блендердиибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...