05.04.2024 | 14:00

Үрүҥ халааттаах аанньалтан — IT туонатыгар

Үрүҥ халааттаах аанньалтан —  IT туонатыгар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Үйэ ирдэбилинэн аныгы технологиялар олоххо суолталара күнтэн күн улаатар, ону кытта сэргээччи, сэҥээрээччи, IT-эйгэтин талааччы ахсаана да күннэтэ элбии турар. 
Бүгүн кэпсиир ыалдьытым аныгы олох тутулун уонна тугу ирдиирин билбит буолан, быраас үлэтигэр үлэлии сылдьан, эмискэ IT-эйгэтигэр кэлбит. Билигин кини өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕаммыт маркетплейс ымпыгын-чымпыгын толкуйдаан, аатырар «Вайлдберризтан» уратыта суох үлэлэтэ олорор. Кини кимий?

— Марианна, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр. Хантан төрүттээххин, дьиэ кэргэниҥ.

— Дьокуускай куорат сахалыы тылынан тахсар «Киин куорат» хаһыатын ааҕааччыларыгар үтүө күн буолуохтун! Мин Марианна Николаева диэммин, бэйэм Чурапчы улууһуттан төрүттээхпин. Кэргэннээхпин, тапталбытын туоһулуур үс оҕолоохпут: улахан уол Никита 9 саастаах, орто кыыс Алекса 6 саастаах, кыра кыысчаан Анита 1 саастаах. Аҕа баһылыкпыт бэйэтэ энергетик идэлээх буолан, вахтанан үлэлиир, онон элбэх уһун ыйдары оҕолорбунуун бииргэ атаарабыт.

Бэйэм идэбинэн рентгент бырааһынабын. 2006 сылтан медицина эйгэтигэр уопсайа 17 сыл үлэлээтим. Биэнсийэҕэ тахсар кэмим кэлэн, төбөбүн «Тугунан дьарыктанар буолабын?», «Нэһилиэнньэҕэ туһалааҕы оҥорбут киһи»  диэн ыйытыыларынан сынньарым элбээн испитэ. Бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлэтэргэ санаммытым. 

— Тыый, наһаа эдэргин дии, номнуо биэнсиэйэҕэ таҕыстыҥ дуо?

— Соччо-бачча бэйэбин биэнсийэлээх киһи курдук санамматарбын даҕаны, рентгенолог-быраастар 40 саастарыгар номнуо биэнсийэҕэ тахсаллар.

— Ханнык баҕарар идиэйэ туох эрэ кыһалҕаттан, ыарахаттартан тахсар. Быраастан айтига хайдах уонна туох санааттан кэллиҥ?

— Эппитим курдук, аҕабыт вахтанан үлэлиир буолан, оҕолорбунуун бэйэбит олоробут, кини үлэтэ хастыы эмэ ыйга тиийэ уһуон сөп. Дэкириэккэ олорор кэммэр туох эрэ туһалааҕынан дьарыктаныахтаахпын өйдөөбүтүм. Эмиий оҕотун кытта биир дьиэҕэ соҕотох хаалар ордук кыһын олус ыарахан. Тоһуттар тымныыга кыһыл оҕолоох маҕаһыыҥҥа тахсыбаккын, дьиэ ис-тас үлэтин да оҥорорго барытыгар илииҥ-атаҕыҥ баайыллар. Инньэ гынан арыт-ардыгар оҕоҕун көтөхпүтүнэн сүүрүүнэн сылдьан кыһалҕаҕын быһаарарга күһэллэҕин. Холобура, көрүөх бэтэрээ өттүгэр оҕоҥ памперса бүтэн хаалар, эбэтэр суһаллык түргэн ас астаары гыннаххына, бурдугуҥ тиийбэт. Ити курдук аахтахха, соҕотох олорор ийэлэр күннээҕи кыһалҕалара хара баһаам буоллаҕа. Бу кыһалҕаны бэйэм эппинэн-хааммынан билбит киһи буоламмын, «YktExpress» мобильнай сыһыарыыны толкуйдаан таһаарарга санаммытым.

— Сахалыы маркетплейс хайдах үлэлиирин туһунан ааҕааччыларбытыгар кэпсээ эрэ.

— Бу анал сыһыарыы эрэллээх атыылаһааччылары, саҥаттан саҥа клиеннэри буларгытыгар көмөлөөх. «YktExpress» – Дьокуускай куорат маҕаһыыннарыттан онлайн көрүҥүнэн атыылаһыллыбыт бородууктаны, табаары олус түргэнник дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр. Биһиги сорукпут – өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун уонна оҥорон таһаарааччыларын бииргэ түмүү, кииннээһин, кинилэр бородууксуйаларын тарҕатыы, тэнитии.

Биһиги баҕабыт – Саха сирин эргиэмсиктэрин уонна норуот  маастардарын оҥоһуктарын атыыга, киэҥ араҥаҕа таһааралларыгар, дьоҥҥо-норуокка хамаҕатык атыылыылларыгар көмө-тирэх буолар платформаҕа диэри сайдыы. Ол курдук, аадырыска илдьэн биэрэр курьердардаахпыт, онон дьиэҕиттэн харыс да халбарыйбакка, сакаас оҥоруоххутун сөп.

— Мин көрдөхпүнэ, дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр хас даҕаны сулууспа баар буолбут, бу кинилэри кытта ырыынагы хайдах үллэстэҕит?

— Ырыынак, конкуренция баар буоллаҕына эрэ сайдыы үөскүүр дии саныыбын. Мин кинилэри конкурент курдук көрбөппүн, хата, төттөрүтүн, сакаастыахпын сөп, сакаас оҥоробун даҕаны. Маннык сулууспалар хайаан даҕаны баар буолаллара олох ирдэбилигэр кубулуйда. Тоҕо диэтэр биһиги ыарахан усулуобуйалаах сиргэ-уокка олоробут, кыһынын киһи улахан кыһалҕалаах эрэ буоллаҕына таһырдьа тахсар. Ол иһин, төһөнөн элбэх маннык хабааннаах сулууспа баар даҕаны, соччонон үчүгэй, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах. Чуолаан маннык сыһыарыылар мин олохпор улахан көмөлөөхтөр. Куруук кыра оҕолору кытта дьиэҕэ олорор киһи ону-маны сакаастаары гыннаҕына, наһаа эрэйдэнэр ээ. Иккиһинэн, билиҥҥи олоххо бириэмэ тиийбэт – сыһыарыы көмөтүнэн киһи бородуукта сакаастаан баран бэйэтин дьыалатынан дьарыктаныан сөп. Үсүһүнэн, маҕаһыыннарынан сүүрэкэлээбэккэ, ону-маны көрдөөбөккө, таксига харчы бараабакка, оптуобус кэтэспэккэ, чахчы олох-дьаһах тыын боппуруостарын дьиэттэн олорон эрэ быһаараҕын (ордук эдэр ийэлэр, соҕотох олорор аҕа саастаах кырдьаҕастар абыраналлар).

— Билиҥҥи уопсастыба олоҕун-дьаһаҕын хас биирдии эйгэтэ цифровой буолла, ону арыаллыыр сыһыарыылар олус тоҕоостоохторо дакаастанна. Ол эрээри хас иккис урбаанньыт, ама, сыһыарыы оҥостуохтара дуо?

— Билиҥҥи үйэҕэ барыта цифровизация буолла диэн сөпкө этэҕин. Ол эрээри аан дойду балаһыанньатын сабыдыалынан онлайн үлэ харгыстанар кэмэ үүнүөн эмиэ сөп. Аны туран, кистэл буолбатах, саайт оҥорорго элбэх харчы наада. Хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут сыһыарыы, саайт добуоччу үпкэ турар. Ол эбэтэр ким барыта айар-тутар кыаҕа суох, элбэх үптээх эрэ буоллаххына, кыайа-хото тутаҕын. Иккиһинэн, урбаанньыт маҕаһыыныгар сыһыарыы оҥорор түгэннээх да буоллаҕына, киһи барыта ону хачайдыаҕа диэн эрэл суох. Биһиэхэ, бүгүҥҥү күн туругунан, 70-ча маҕаһыын таһаарыылаахтык үлэлии олороллор.

— Бу сыһыарыыны хас буолан оҥордугут? Хамаандаҥ уонна тэрилтэҥ туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Бастаан дьүөгэбин кытта иккиэ буолан саҕалаабыппыт, кэлин кыыһым дьиэ-уот тэринэн, олох бокуойа суох буолбута. Инньэ гынан бэйэм кыра-кыралаан ситэрэн-хоторон, эбэн-сабан биэртэлээбитим. Син бириэмэ ааспытын кэннэ бэйэм курдук толкуйдуур, биир санаалаахтарбын түмэммин, тэрилтэ арынан үлэлии олоробун. Хас биирдии улахан бырайыак эрэллээх хамаандалаах буоллаҕына табыллар, ситиһии суолун тутуһар. Биһиги графическай дизайнертан саҕалаан маргетологка тиийэ үлэһиттэрдээхпит.

— Дьэ аны харчытыгар киириэххэ. Бу сыһыарыыгыт барыһы киллэрэр дуо?

— Барыс туһунан толкуйдуу да иликпит, ороскуот да сабылла илик, ол сабыллыа да ыраах быһыылаах (күлэр). Кыра-кыралаан онлайн эргиэмсиктэр киирэллэр, атыыны-тутууну хамаҕатык батараллар.

— Нэһилиэнньэ ордук тугу атыылаһар эбитий?

— Бастакы уочарат – бородуукта; иккиһинэн, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын сөбүлээн ылаллар, ордук үрүҥ ас, барыанньалар, эт ас уо.д.а. Маны таһынан бытовой табаардары атыылаһаллар. Санатан эттэххэ, биһиги маркетплейспытыгар Саха сирин бастыҥ оҥорон таһаарааччылара бары кэриэтэ киирэн олороллор.

— Эһиги сыһыарыыгытынан төһө киһи туһанарый?

— Күннэтэ 3 тыһыынчаттан тахса киһи актыыбынайдык туһанар; биллэн турар, бу наһаа элбэҕэ суох да буоллар, саҥа саҕалаан эрэр дьоҥҥо сөбүгэр соҕус дии саныыбын. Хас биирдии салайааччы оҥорор өҥөтүн таһымын үрдэтэргэ, хаачыстыбатын тупсарарга кыһаллар, онно элбэх сырабытын-сылбабытын уурабыт. Биһиэхэ бу көрдөрүү, нууччалыы эттэххэ, “предел” буолбатах, өссө күүскэ үлэлээммит, иннибитигэр  сайдар соруктары туруорабыт. Мин баҕа санаам диэн, улахан ыскылаат туттан, өссө үрдүк таһымҥа тахсыы. Киин куораты, өрөспүүбүлүкэни эрэ буолбакка, ыаллыы сытар регионнары кытта хааччыйар былаан баар.

— Марианна, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Салгыы өссө даҕаны сайдаргытыгар баҕарабын.

— Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...