Үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар пааматынньык наада!
Бэнидиэнньиккэ биһиги эрэдээксийэбитигэр:
“Дорооболоруҥ! Мин коронавирустан эмтэнэн, балыыһаттан таҕыстым. “Эхо столицы” хаһыакка сурукпун тиэрдиэххит дуо? “Киин куоракка” сахалыы таһаарыаххыт дуо? Дьон маны билиэхтээх”, – диэн көрдөһүүлээх ааҕааччы киирэн кэллэ.
Виссарион Дмитриевич Балбаахап сүүрбэттэн тахса сыл атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлээбит. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. 2015 сылтан оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга лиэксийэ ааҕар. Саҥа дьыл иннинэ оҕолору кытта үлэлиир дьон вакцина ылыахтаахтар диэбиттэрин истэн, тохсунньуга коронавирус утары “Гам-Ковид-Вак” быһыы бастакы компоненын туруортарбыт.
– Оччолорго дьон куттанар, сэрэхэчийэр курдуга. Мин вакцина ыларбар уонча эрэ киһи уочараттаан олороро. Бастакы, иккис компонеммын ылан баран, кыратык температурам тахсыбыта уонна этэҥҥэ аһарыммытым. Сорох дьон аҕыйах нэдиэлэнэн ИФА анаалыһын туттараллар, мин оннук гымматаҕым. Арай быраастар сыл аҥаарынан вакцина ылан эбии бөҕөргөтүнүөххүтүн сөп диэбиттэрин өйдөөн хаалбытым, – диэн кэпсээнин саҕалаата.
От ыйыгар Новосибирскайга уонча хонукка бара сылдьыбытым. Кэлэрбэр кыыһым аах коронавирустаан баран, эмтэнэн, үтүөрэн эрэллэр эбит. От ыйын 23 күнүгэр температурам таҕыста, күөмэйим аһыйар, кыратык сөтөллөбүн, сыты, амтаны билбэппин, аһыахпын баҕарбаппын. Хайдах эрэ дьиксинним, быраас ыҥырыахха диэтим. Ол күн быраас кэлэ сырытта, нөҥүө күнүгэр ПЦР-тест ыллылар. Икки күнүнэн “положительнай” диэн биллэрдилэр. Быраас КТ-га түс диэн ыытта. Сарсыныгар түмүкпүн эттилэр, балыыһаҕа киллэрэр буоллулар.
От ыйын 29 күнүгэр Губин уул., 5, баар обсерваторга аҕаллылар. Орто туруктаах ыарыһахтар сыталлар эбит. Быраас тута көрөн-истэн, эмтээн барбыта, анаалыстарга, кардиограммаҕа ыыппыта. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн аллергия баарын-суоҕун быһаарар укуол туруорбуттара, чаас аҥаарынан систиэмэҕэ сытыарбыттара.
Быраастарбыт ыарахан үлэҕэ сылдьалларын сөҕө-махтайа, аһына көрдүм. “Мин да оччо хамнаска сөбүлэһиэм этэ”, – дииллэрин хомойо истэбин. Кинилэр эмиэ биһиги курдук дьиэ кэргэннээх дьон буоллахтара.
Балыыһа олоҕо сарсыарда 4 чаастан, анаалыс ылыыттан саҕаланар, сорохтору укуоллаабытынан бараллар. 10-11 ч. процедура буолар, онтон киэһэ аҕыстан уон чааска диэри салҕанар. Ити курдук балыыһа үлэһиттэрэ хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри олорон көрбөккө, атахтарыгар сылдьаллар. Төһөлөөх улахан эппиэтинэһи сүгэ сылдьалларый? Үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар пааматынньык туруорарбыт уолдьаста. Сөбүлэһэр инигит?
“Кыһыл зонаҕа” киирээччи элбэх. Усулуобуйата олус үчүгэй диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Күҥҥэ түөртэ аһаталлар. Палаатаны үстэ сууйаллар-сотоллор, дезинфекция ыыталлар. Балыыһа иһэ ып-ыраас, биир да быыл суох буолуор диэри кичэйэн ыраастыыллар. Сылаас, сойбут иһэр уу көрүдүөргэ мэлдьи турар. Көрдөстөххүнэ утуйар таҥаскын уларыталлар.
Үлэ лоп курдук бириэмэтигэр толоруллар. Күнүстэри-түүннэри температура, дабылыанньа кээмэйдээһинэ, сатурация бэрэбиэркэлээһинэ буолар. КТ-га болдьоммут кэмигэр түһэ бараҕын.
Быраастар хас биирдии ыарыһаҕы иҥэн-тоҥон көрөллөр. Атын ханнык ыарыылааххын барытын ыйыталаһаллар.
Ыалдьа сытар киһиэхэ үтүө сыһыантан ордук туох наада буолуой? Обсерватор үлэһиттэрэ бары аламаҕайдар, барыбытын кытта кэпсэтэн, санаабытын көтөҕөн, үтүөрэргэ эрэл кыымын саҕаллара олус үчүгэй. Сорохтор сыл аҥаара, сыл курдук үлэлээбиттэр.
Вакцина ылбыт буолан, бу уодаһыннаах ыарыыны кыайдым, арыый даҕаны чэпчэкитик аһарынным диэн бигэ эрэллээхпин. Балыыһаттан үтүөрэн тахсарбар хайдах эмтэммиппин выпискабар сиһилии суруйан биэрбиттэрэ, салгыы хайдах эмтэнэрбин, чөлбөр түһэрбин сүбэлээн-амалаан ыыппыттара. Кырдьык даҕаны, дьиэҕэр тахсан баран, эн бэйэҥ доруобуйаҥ хайдах буолара бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.
Амарах санаалаах иллээх кэлэктиип хас биирдии ыарыһах этэҥҥэ үтүөрэн тахсарыгар кыһаллар. 11 хонук эмтэммитим тухары модун санаалаах, хорсун-хоодуот, үлэлэригэр бэриниилээх үрүҥ халааттаах аанньалларбыт хайа баҕарар киһини атаҕар туруорар кыахтаахтарын илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим.
Быраастарбыт идэлэрин толору баһылаабыттар. Эмтээбит, атахпар туруорбут бырааспар Алексеева Изольда Валерьевнаҕа, дьуһуурунай быраастарга, медсиэстэрэлэргэ, медбырааттарга, ас таһааччыларга, техническэй үлэһиттэргэ “Киин куорат” хаһыат нөҥүө барҕа махталбын тиэрдэбин.
Түмүкпэр хаһыат ааҕааччыларыгар уопсастыбаннай сирдэргэ ирдэниллэр быраабылалары тутуһуҥ, мааскалаах, бэрчээккилээх сылдьыҥ, бэйэ бэйэҕитин харыстааҥ диэн этиэхпин баҕарабын.
Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар