Өрөгөйдөөх Өктөөп өрөбөлүүссүйэтиттэн чахчылар
Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолбута 104 сылын туолла. Бу өрөбөлүүссүйэ бүтүн история хаамыытын уларыппыт, дьон-аймах сайдыытыгар сабыдыаллаабыт сүдү суолталаах кэминэн ааҕыллар.
Автономия тэриллиитэ
1922 сыл муус устар 27 күнүгэр РСФСР Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтэ Саха сирин норуоттара бэйэлэрэ судаарыстыбаннастаах буолууларын билиммитэ. Ити курдук РСФСР састаабыгар Cаха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ олохтонорун туһунан анал Декрет тахсыбыта. Бу историяҕа киирбит докумуон Саха сирин национальнай судаарыстыбаннаһын бигэргэппитэ, биһиги региоммут экономическай, социальнай, култуурунай сайдыытын өр сыллаах олугун уурбута.
Барытын — Сэбиэккэ
Сэбиэскэй былаас кэмигэр Улуу Өктөөп бырааһынньыга дирбиэннээхтик-дарбааннаахтык, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэрэ. Бу бэлиэ даата суолтатын, ис дьиҥин сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, иитиллибит дьон үчүгэйдик өйдүүр, саныыр. Ол курдук, бу күн чугаһаатаҕын аайы бүттүүн сэбиэскэй норуот “барытын – Сэбиэккэ” диэн өйүнэн-санаанан салайтарара, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах буолара.
Үөрэх уонна сайдыы кэрэһитэ
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ үөрэҕи сахалартан биирдиилээн дьон ылар буоллаҕына, 1917 сылтан ыла Новгородов алпаабыта маассабайдык киирэн, үөрэх кинигэтин бэчээттэппиттэрэ, оскуолалар тутуллубуттара. Сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан бары кэриэтэ үөрэхтэммиттэрэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыбыт улааппыта. 1922 сыл муус устарга автономияны ылыммыппыт. Бэйэтин салайынар судаарыстыбаннай уорганнары олохтооһун, сайдыы инники хайысхаларын торумнааһын уо.д.а. соруктар киирэллэрин ситиспиттэрэ.
Аҕыйах ахсааннаах норуот
1924 сыллаахха Максим Аммосов, Исидор Барахов көҕүлээһиннэринэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун-дьаһахтарын үөрэтэр, чинчийэр аналлаах бастакы комплекснай экспедиция тэриллэн, дьон-сэргэ ортотугар киэҥник тарҕаммыт ыарыылары эмтииргэ улахан болҕомто ууруллубута.
Сэбиэскэй кэм уратылара
Оччолорго Сэбиэскэй Сойууска 15 өрөспүүбүлүкэ киирэрэ. Ол кэмҥэ социалистическай дойдулар доҕордуу сыһыаннаах этилэр, “бырааттыы дойдулар” диэн ааттаналлара. Омугунан арахсыы, тиис-тиискэ иирсии, кыра-хара норуоту тэпсии, атааннааһыы диэн суоҕа дэһэллэр.
Сэбиэскэй кэмҥэ хас иккис киһи үлэлээх эбит. Үлэһит дьону өрө туталлара. Үлэнэн эрэ муҥурданар дьону сыаналыыллара. Бастыҥ тырахтарыыс, ыанньыксыт, бостуук уо.д.а. соҕуруу дойдуга путевканан күүлэйдээн кэлэллэрэ.
Өктөөп, Пиэрибэй Маай сэбиэскэй дьон сөбүлүүр, күүтүүлээх бырааһынньыктара буолара.
ССРС оскуолаларын үөрэнээччилэрэ бары биир тэҥ формалаахтар этэ. Сааһынан арахсан октябренок, пионер, комсомол диэн тэрилтэлэргэ киирэллэрэ.
Онон аныгы дьон Улуу Өктөөп бырааһынньыгын бэлиэтиирэ оруннаах. Бу бэлиэ даата суолтатын сөпкө өйдөөһүн салгыы сайдарга тирэх буолара саарбахтаммат.