30.01.2020 | 09:57

ПУТИН ТУҺААЙЫЫТЫН КЭННЭ САНААЛАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Туһаайыытын кэннэ элбэх дьиэ иһигэр кэпсэтии тахсыбыт буолуохтаах.

Тутаах салайааччыбыт 16-ыс Туһаайыыта быйыл сөхтөрөр өрүттэрдэх буолла.

Маныаха, бастатан туран этиэххэ наада, сокуоннар өссө оҥоһулла иликтэр, көннөрү дойду салайааччытын баҕа санаатын быһыытынан эрэ иһилиннилэр. Олору кылгастык, сүрүнүн, ааҕан кэбистэххэ, маннык:

  • Ийэ хапытаала 466,6 тыһ. солк. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастакы оҕо төрөөтүн кытта бэриллэр буолуоҕа.
  • Иккис оҕоҕо эбии 150 тыһ. солк. көрүллэр., ол аата холбоон иккис оҕо харчыта 616 тыһ. солк. буолар.
  • Кыаммат ыал 3-тэриттэн 7-лэригэр диэри саастаах оҕолоругар ый аайы бэриллэр босуобуйа олохтонор.
  • Начаалынай кылаас (1-4 кылаастар) үөрэнээччилэрэ оскуолаҕа бука бары босхо аһылыгынан хааччыллаллар.
  • Регионнарга дьааһылалары тутууга харчы көрүллүөҕэ, губернатордар бу кыһалҕаны быһааралларын ыксатыахтара.
  • Үрдүк үөрэх кыһаларыгар бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэ элбиэхтээх.
  • Оскуолаларга барыларыгар интэриниэт ситимэ тардыллыаҕа.
  • Кылаас салайааччыларыгар хамнастарыгар эбии 5000 солк. төлөнүөҕэ.
  • Инвестицияны 5 бырыһыан элбэтиэхтээхпит диэтэ.
  • Быраастар уонна биэлсэрдэр олорор дьиэлэрин кыһалҕатын быһаарыахтаахпыт.
  • Экология кыһалҕаларын быһааран саҕалыахха: бөҕү-сыыһы көрүҥүнэн наардаан хомуйууну киллэриэххэ, полигоннарга бөҕү аҕыйатыахха.
  • Уонна саамай сөхтөрбүт этиитэ – РФ Конституциятыгар уларытыылары киллэрии туһунан буолла.

УҺУК ИЛИН ЧЭПЧЭКИ ИПОТЕКАТА

Биһиги региоммутугар 2 бырыһыаннаах ипотека киирдэ. Бу соторутааҕыта эрэ быраабылата чуолкайданна:

  • Арассыыйа гражданина ханна олороруттан тутулуга суох ылар кыахтаах, ол эрэн атыылаһар дьитэ Уһук Илин региоҥҥа буолуохтаах;
  • Чэпчэтиилээх ипотеканан туһаналлар:
  • Кэргэнниилэр (оҕолордоох эбэтэр оҕолоро суох). Иккиэн 35 саастарын ааһа илик буолуохтаахтар (быйыл 35 саастаахтар киирсэллэр).
  • Уһук Илин гектарын ылбыт киһи (сааһа, кэргэннээҕэ, оҕолооҕо оруолу оонньообот) – сиригэр дьиэ-уот туттар эрэ буоллаҕына бэриллэр.
  • Тугу ылыахха сөбүй:
  • Бэлэм эбэтэр тутулла турар саҥа дьиэҕэ юридическэй сирэйтэн эрэ атыылаһар (ол аата тэрилтэттэн ылар, чааһынай киһиттэн буолбатах);
  • Тутуллубут, урут дьон олорбут дьиэтин тыа сиригэр (тыа сиригэр эрэ!) атыылаһар көҥүллэнэр;
  • Бас билэр чааһынай сиргэ дьиэ туттуохха сөп. Маны таһынан, сир атыылаһарга эмиэ ипотека ылыахха сөп (гектар буолбатах!);
  •  “ИЖС” (олорор дьиэ) эбэтэр ЛПХ (кэтэх хаһаайыстыба) туттарга анаммыт Уһук Илин гектарыгар дьиэ туттарга.
  • Бастакы төлөбүр – дьиэ сыанатын 20 бырыһыана;
  • Кирэдьиит муҥутуур кээмэйэ – 6 мөл. солк.;
  • Кирэдьиит муҥутуур уһун болдьоҕо – 20 сыл;
  • Кирэдьиит ставката – 2 бырыһыан.
  • Доруобуйаҕытын уонна олоххутун страховкалаабат буоллаххытына, кирэдьиит ставката 1 бырыһыан эбиллэр;
  • Рефинансирование диэн суох. Кирэдьиит саҥа буолуохтаах. Бу ипотека үлэлиир кэмэ: 01.12.2019 – 31.12.2024 сыллар.
  • Ханнык докумуоннар наадаларын бырагыраамаҕа кыттар баан бэйэтэ чопчулуур. Дом.РФ сайтка бааннар испииһэктэрэ баар.

“Чэпчэтиилээх” диэн тыл ханнык баҕарар өҥөнү, табаары минньитэр, атыылаһааччыны ымсыырдар алыптаах. Икки эрэ бырыһыаннаах ипотекаҕа элбэх киһи ымсыырбыт буолуохтаах. Буолумуна, билигин 2000 сыллар кэннэ ипотека кирэдьиитин бурҕалдьытын кэппит дьон үксэ 13-16 бырыһыаннаахха, кэлиҥҥилэр 8-9 бырыһыаннаах ипотека хабалатыгар киирэн олороллор. Онуоха 2 эрэ бырыһыан буола түспүтэ, кырдьык, үчүгэй бөҕө курдук буоллаҕа...

“Ипотека диэн аныгы үйэ крепостной бырааба” диэн аныгы анекдокка эҕэлээхтик этиллэрин курдук буолла. Киһи барыта дьиэлэниэн баҕарар, үгүспүт хамнаһа орто уонна ортоттон кыра, дьиэлэнэр соҕотох суолбут – кирэдьиит. Бырыһыан кыччаабытынан өссө элбэх киһи кирэдьиит хабалатыгар киириэҕэ. Онон былыр ыраахтааҕыга харчы төлөөн олорбут өбүгэлэрбит курдук, аныгы үйэ киһитин бурҕалдьыта – ипотека.

КОНСТИТУЦИЯ УЛАРЫЙЫЫТА

Дойду Конституциятын уларытыы манан дьыала буолбатах. Оттон Путин этиитигэр сүрүн сокуоммутун чыҥха атыннык уларытар санаалааҕын иһитиннэрдэ. Кылгастык сүрүн санааларыгар тохтуохха:

  • Бэрэсидьиэн оруола мөлтүүр, киниэхэ консультант диэн сыһыарыллар;
  • Парламент оруола күүһүрэн биэрэр;
  • Госсовет олохтонор;
  • Конституционнай суут боломуочуйата кэҥиир, ону кытта судьуйалар өссө тутулуктаах буолан биэрэллэр;
  • Национальнай быраап аан дойдутааҕы бырааптан үрдээн биэрэр.
  • Муниципалитеттар федеральнай былааска киирэн биэрэллэр, бэйэлэрин иннилэрин бэйэлэрэ быһаарынар кыахтара кыччыыр.

Сорох аналитиктар бу Туһаайыыны “Путин бэйэтигэр туһалаах сценарийы сурунна. Бэрэсидьиэннээн бүтэн баран өссө элбэх боломуочуйалаах дуоһунаска көһөр буолла, дойдуга саамай кылаабынай киһи оруолун кимиэхэ да туран биэрбэт. Маннык түгэҥҥэ бэрэсидьиэн аатыгар эрэ дуоһанас буолан хаалар, төһө да быыбардаан талбыппыт иһин...” диэн санааны тутуһаллар.

Конституция – сүрүн сокуоммут. Ону хаттаан суруйар, уларытар-тэлэритэр буоллахпытына, ол аата бырааптаах судаарыстыба аатыттан тахсабыт диэн этии эмиэ үгүһү толкуйдатар. Конституционнай уларыта тутуу судаарыстыбаннай уларыта тутууга тэҥнэнэр.

Нэһилиэнньэ айаҕын социальнай өйөбүлүнэн бүөлүүр эмиэ соччото суох. Олох көрдөрөрүнэн, төрүүр кыахтаах ийэлэргэ төһө да сүүһүнэн тыһыынчаны биэрбит иһин, демография таҥнары түспүтүн курдук түһэ турар.

Былаас араас дьапталҕаларыгар уруурҕаһыы (улуустаһыы), бэйэ-бэйэни өйөһүү баарын тухары олохпутугар улахан уларыйыы тахсыбат. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан эрэ сап саҕаттан салҕанан олорор кыра дьон (дьадаҥылар) уонна кыахтаах, үксүн үрдүк дуоһунастаах улахан дьон диэҥҥэ (баайдар) арахсар буолбуппут “биһиги бу чахчы демократическай дойдуга олоробут дуо?” диэн ыйытыыны үөскэтэрин хайдах да гынар кыахпыт суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...