24.11.2022 | 15:00

Промышленнай уокурук олохтоохторун ыра санаалара туолла

Промышленнай уокурук олохтоохторун ыра санаалара туолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 22 күнүгэр Промышленнай уокурукка киин куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко Дзержинскэй уул., 40/3, Федор Попов уул., 16/3  дьиэтин олохтоохторун кытта көрүстэ. Манна тиэргэннэри тупсарыы бырагырааматынан элбэх үлэ ыытылынна, сакаасчытынан “Главстрой” МХТ, бэдэрээтчитинэн “Основа” ХЭТ буоллулар.

Олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ Антон Алексеенко быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх, 75 тиэргэн өрөмүөннэммитин, ол барыта 100 тыһыынча кв. миэтэрэттэн тахса иэннээх сир буоларын бэлиэтээтэ.

 «Сүрүн үлэ барыта, ол иһигэр аспааллааһын, спортивнай бүрүөһүннэри тэлгэтии, бордюрдары ууруу түмүктэннэ. Дьоҕус архитектурнай формалары тиэйэн аҕалыыга мэһэйдэр үөскээннэр графиктан кыратык хаалыы баар”, –  диэтэ баһылык солбуйааччыта.

Бу үлэ барыта 3 сыл мэктиэлээх. “Главстрой” МХТ муниципальнай сакаасчыт быһыытынан үлэни тутууга, хонтуруолга, аакталары оҥорууга уонна итэҕэстэри-быһаҕастары туоратыыга болҕомтотун уурар. Гарантияҕа олоҕуран, ситэ оҥоһуллубатах уонна бытархай ситэрии барыта кэмигэр оҥоһуллара ирдэнэр.

Баһылык солбуйааччыта олохтоохторго тугу бэлиэтии көрбүттэрин, итэҕэстэри туоратыыга этиилэрин хорсуннук киллэрэн иһэллэригэр сүбэлээтэ. Маныаха олохтоохтор Управаларыгар иһитиннэриилэрин киллэриэхтээхтэр.

Бэдэрээтчит “Основа” ХЭТ бэрэстэбиитэлэ Ньургун Яковлев иһитиннэрбитинэн, Дзержинскэй уул., 40/3 аадырыһыгар тиэргэни тупсарыы үлэтэ атырдьах ыйыгар саҕаламмыт. Саҥа бырайыакка олоҕуран, оҕо балаһааккатын иэнэ биллэ кэҥэтиллибит. Итиэннэ олохтоохтор баҕалара учуоттанан, массыына парковкатын кэҥэппиттэр. Тупсарыы үлэтэ барыта кэмигэр түмүктэннэ, үлэ болдьоҕун кэһии улаханнык тахсыбатах.

 

Уокурук олохтооҕо Галина Коновалова бэдэрээти толорбут тэрилтэ үлэни барытын кэмигэр толорбутун таһынан, олус хаачыстыбалаахтык үлэлээтилэр диэн хайҕаата:

— Өрөмүөн бара турар кэмигэр биһиги, таһынааҕы дьиэ олохтоохторо, бары кыттыспыппыт, санаабытын, баҕабытын барытын этэн испиппит. Ону барытын учуоттаабыттарыгар, биллэн турар, махталбыт улахан. Дьокуускай дьаһалтатыгар уонна Уокурукпут салалтатыгар олус махтанабыт. Билигин аны оҕо балаһааккатын таһынан ааһар суолга массыыналар түргэннэрин намыратар курдук, суолга анал оҥоһуулары тэлгииллэрин туруорсабыт.

 

Федор Попов 16/3 аадырыһыгар олорор дьон ааттарыттан Валентина Бястинова тыл эттэ:

— Биһиги ыытыллыбыт өрөмүөнтэн олус астынныбыт. Күн аайы хайдах үлэлээбиттэрин көрөн олордубут. Эппиэтинэстээхтэрин уонна үрдүк хаачыстыбалаахтык үлэлээбиттэрин сөбүлээтибит. Оҕо балаһаакката тупсубутун таһынан, суол кытыыта барыта тэҥнэннэ, массыыналар сырыыларын бытаардар “полицейскайдар” кытта баар буолбуттара үчүгэй.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...