01.02.2023 | 17:00

«Прометей» оскуолатыгар сахалыы иитиини туруорсар төрөппүт кэккэтэ кэҥиир

«Прометей» оскуолатыгар сахалыы иитиини туруорсар төрөппүт кэккэтэ кэҥиир
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат историятыгар аан бастаан 990 миэстэлээх улахан оскуола аны күһүн үлэҕэ киириэхтээх. 
990 миэстэ диэн бырайыактаммытынан уйунар кыаҕа буоларын өйдүөххэ наада. Киин куораппытыгар миэстэ тиийбэт кыһалҕата баарын тухары оскуолаларбыт 2-3 төгүл ноҕоруускалаах, иккилии симиэнэнэн үлэлии олоруохтара турдаҕа. Онон бу саҥа оскуолаҕа балтараа тыһыынчаҕа тиийэ оҕо үөрэнэрэ буолуо диэн барыллаан ааҕан кэбиһиэххэ сөп.

Тохсунньу 31 күнүгэр “САҤА ОСКУОЛАҔА САХА ОҔОТО САЙДАР ТӨРҮТ ЭЙГЭТЭ ТЭРИЛЛИЭ ДУО?” диэн  көхтөөх төрөппүттэр, ийэ тыл кэскилин туруулаһар дьон, «Прометей” оскуолатын дириэктэринэн ананыахтаах М.Л. Прокопьева, “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай хамсааһын актыбыыстара кыттыылаах бэрт хорутуулаах ырытыһыы буолан ааста.

 

Виктор Борисов – “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү актыбыыһа:

— «Прометей” түөлбэ олохтоохторуттан оҕолорун сахалыы иитиэн  баҕалаахтары испииһэктиибит. Ол сыала-соруга – оскуола администрациятын кытта бииргэ үлэлэһэн, көмөлөһөн, төрөппүттэр икки ардыларыгар тиксиһиннэрээччи буолуу. Киһи уопсастыбанннай, гражданскай тус көрүүтүн  тиэрдэр буоллаҕына эрэ судаарыстыба сайдар. Дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путин ыйааҕыгар этиллэринэн, оҕону төрүт сыаннастарга үөрэтии хаһааҥҥытааҕар да наада буолла. Кистэл буолбатах, оҕолорбут интэриниэккэ убаннылар, оттон онно саха тылынан информация аҕыйах.

Төрөппүт оҕотун төрөөбүт тылынан үөрэттэриэн баҕарар буоллаҕына – оннук конституционнай бырааптаах. Оскуола, уһуйаан салалтатыгар «оҕобун сахалыы үөрэттэриэхпин баҕарабын” диэн сайабылыанньа суруйар кыахтаах. Ону биһиги көнөбүт, сэмэйбит сыттаҕа... Конституциянан мэктиэлэнэр бырааппытын туһаммаппыт, билбэппит даҕаны. Холобур, бу саҥа оскуолаҕа киириэн баҕалаахтары испииһэктиирбитигэр, “биһиги оскуолабытыгар сахалыы кылаас суох, ол иһин оҕобутун төрөөбүт тылынан үөрэтэр кылааска биэрбэтэхпит” диэччи элбэх. Ити, дьиҥинэн, туруорсуллар, быһаарыллар дьыала.

Урут, 2000 сыллар саҥаларыгар, Тыл сокуонугар “национальнай региональнай компонент” диэн баара – нууччаттан ураты атын тыллары оскуолаҕа үөрэтиигэ судаарыстыба мэктиэтэ. Хомойуох иһин, ити компонены Тыл сокуонуттан ылан бырахпыттара. Ол иһин билигин төрөппүт бэйэтэ туруулаһар. Бэйэм тыл магистра уонна историк буоларым быһыытынан итини олох сөбүлээбэппин.

Оччотугар сүрүн күүс дьон көҕүгэр сытар. Онно биир кыһалҕа баар – хайдах эрэ бары көҕө суох буолан хаалбыппыт, найылаһыы, сэлээннэһии, ким эрэ мин оннубар оҥорон биэриэ, оччоҕо кыттыһыам диэх курдук сыһыан. Испииһэк хомуйарбытыгар биһигини «оскуола дьону сурунар” дии саныыллар, биһиги уопсастыбаннай хамсааһын быһыытынан үлэлиибит. Ким баҕалаах биһиэхэ кэлэн кыттыһыаххытын, оскуоланы кытта үлэлэһиэххитин сөп.

 

Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта:

— Олох көрдөрөрүнэн, сорох төрөппүттэр оскуолаҕа сайабылыанньа суруйа кэлэн баран онно баар атын дьон сабыдыалынан сайабылыанньаларын ис хоһоонун уларытан кэбиһэллэр. Мин 12 сыл сахалыы кылаастары элбэтиигэ үлэлэспит киһи быһыытынан элбэҕи көрөн кэллим, хайдах гынан дьон санаатын уларыталларын билэбин. Холобур, е-Якутия порталга “сахалыы” диэн кылааһы талан баран, оскуолаҕа кэлэн суруйалларыгар “биһиэхэ сахалыы кылаас арыллыбат” диэччи дьону истэн, оскуолаҕа эрэ тигистэрбин диэн санааттан, нууччалыы да кылааска үөрэниэхпит диэн буолар. Эбэтэр сайабылыанньаҕа тылы талыы графатын харандааһынан толорторор оскуолалар бааллар, кэнники ону хайдах баҕарар сотон, уларытан биэрэн, кылаас арыйыахха сөп. Биһиги ол иһин сэрэхэдийэбит. Аһаҕастык этэр буоллахха, сорох оскуола дириэктэрдэрэ уһуйааннары кэрийэн нууччалыы кылааска аҕытаассыйалаабыт кэмнэрэ баара. Итинник түгэннэр тахсыахтара диэн төрөппүттэр сайабылыанньаларын хомуйан, түмэн, бииргэ илдьэн туттарар этибит – бачча киһи кырдьык саха кылааһыгар наадыйар диэн көрдөрөр гына. Бу саҥа оскуолаҕа оннук буолуо суоҕа диэн эрэнэбит уонна төрөппүттэргэ сахалыы үөрэттэриэххитин баҕарар буоллаххытына тиһэҕэр диэри туруорсуҥ диибит. Ол иһин билигин түмсүөхтээхпит, бачча киһи баар диэн көрдөрүөхтээхпит, сахалыы иитиигэ, үөрэтиигэ баҕарарбытын биллэриэхтээхпит.

Биһиги, уопсастыбаннас, бу саҥа оскуоланы бүтүннүү сахалыы оҥоруҥ диэбэппит. Ким баҕалааҕы сахалыы кылааска ылары туруорсабыт. ХИФУ-га чинчийии ыыппыппыт (“Киин куорат” хаһыат ол чинчийии түмүгүн таһааран турар – Аапт.), онно куоракка көһөн кэлээччилэр тылга кыһалҕа баарын бастакы үс сылларыгар өйдөөбөттөрө көстүбүтэ. Онтон үс сыл буолан баран дьэ сахалыы үөрэттэриэхтэрин баҕаран кэлэллэр эбит.

Ийэ тыллаах оҕо биир саамай күүстээх өрүтэ – икки тылынан саҥарар, икки тылынан толкуйдуур дьоҕурданар. Сайдыы төрдө онно сытар.

Сахалыы үөрэтии диэни төрөппүттэргэ быһааран биэриэххэ наада: холобур, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа, Айыы кыһатыгар сахалыы учебниктар алын сүһүөххэ эрэ бааллар – “Тулалыыр эйгэ” уонна “Ахсаан” предметтэрин сахалыы үөрэтэбит. Онтон салҕыы нууччалыы учебнигынан эрээри сахалыы быһаарыы, кэпсэтии баар. Саамай сүрүнэ – иитии эйгэтин тэрийэн, төрүт үгэстэргэ, национальнай култуураҕа сигэнэн, оҕо ис кыаҕын арыйыы. Ол иһин сахалыы иитиилээх оскуоланы туруорсабыт.

 

Мария Леонидовна Прокопьева – “Прометей” түөлбэ оскуолатын дириэктэринэн ананыахтаах:

— Биһиги ийэ тылбыт кэскилин туруорсарбыт сөп. Ону кытта бары Арассыыйа сорҕото буоларбытын өйдүөхтээхпит. Биһиги оскуолабыт 990 миэстэлээх. Кыбаарталбытыгар оҕону иитэр тэрилтэ арылларыгар манна 3 эрэ тутуу баара, билигин улахан кыбаартал буола үүнэн таҕыстыбыт. Инфраструктура барыта баар, дьоҥҥо табыгастаах оройуон буолла, мантан ханна да ырааппакка үлэлиэххэ, үөрэниэххэ сөп.

Бу кыбаартал тутулларын саҕана үксэ эдэр ыал, оҕо-уруу төрөтөр араҥа олохсуйуоҕа биллэр этэ. Бастаан начаалынай оскуола эрэ былааннанан баран, сир көстөн, улахан оскуола тутуллубута улахан үөрүү.

Оскуолабыт үс сүрүн хайысхата төрөппүттэри анкеталааһынынан быһаарылынна: физико-математическай, информационнай-технологическай, биолого-химическай. Биолого-химическэй хайысха базатыгар медицинскэй кылаастар баар буолуохтара, ХИФУ-лары кытта үлэлээн, Медицинэ дьоҕус академиятын арыйыахпыт. Онон төрөппүттэр сакаастарын толордубут дии саныыбын.

Төрөппүт кэмитиэтин кытта үлэлииргэ бэлэммит.

 

Мария Леонидовна көрсүһүүгэ кэлбит төрөппүттэр үгүс ыйытыыларыгар хоруйдаата. Онтон саамай сүрүнүн сомсон ыллахха, маннык:

— Олунньуга бу оскуолаҕа ханнык аадырыстар хапсаллара чуолкайданыаҕа. Ол информация Үөрэхтээһин управлениетын саайтыгар тахсар: https://yaguo.ru

— Биллэн турар, бастаан пропискалаах оҕолору ылаллар (дириэктэр бастайааннай пропискалаах буоллаххытына эрэ киирэҕит диэтэ да буоллар, сокуон быстах болдьоххо оҥоһуллубут прописканы көҥүллүүр. Оскуолаҕа киирэргэ бэл куортамнаан олорор кыбартыыраҕыт дуогабара барсыан сөп. Онон сокуону үөрэтиҥ. – Аапт.).

— Муус устар 1-кы күнүттэн маҥнайгы кылаастарга ылыы саҕаланар. 2-тэн үөһээ кылаастары ыам ыйыттан кэмпилиэктиэхтэрэ.

— Быйыл 6 бастакы кылаас арыллар – ханнык тылынан үөрэтэллэрэ төһө сайаапка киирэринэн быһаарыллар. Атын кылаастар – сайаапка төһө киирэриттэн.

— Син биир икки симиэнэнэн үөрэнэллэр.

— Кытыы микрооройуоннартан кэлэр оҕолор пропискалаах оҕолору ылыы кэнниттэн сайаапка биэриэхтэрин сөп. (Дьокуускай куоракка олохтоммут быраабыланан, от ыйын 1 күнүгэр диэри пропискалаахтары ылаллар, ол кэннэ прописката суох дьон сайаапкаларын туталлар, миэстэ төһө баарынан эбии ылаллар. – Аапт.)

— 1-9 кылаастар арыллаллар. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолору саҥа оскуолаҕа көһөрүү буолбат.

— Куорат оскуолатыгар барыларыгар курдук “Нууччалыы үөрэтии”, “Сахалыы үөрэтии”, “Саха тылын предмет быһыытынан үөрэтии” диэнинэн араараллар.

— 7-с кылаастан “предпрофильнай”, 8-тан “профильнай” буолаллар.

Саҥа оскуолаҕа учууталлар штаттарын таҥыыга база оҥосто сылдьаллар. Үлэҕэ ылыы атырдьах ыйыттан саҕаланар. Резюмелары электроннай почтаҕа туталлар: scool39_ykt_@mail.ru

Бу оскуола икки спортивнай саалалаах – улахан саалатыгар “большой теннис” курдук биһиэхэ тарҕана илик спорт сонун  көрүҥэр дьарыктыыр кыахтаахтар; универсальнай саалалаахтар – 6 м үрдүктээх, онно художественнай гимнастика ыытыллыан сөп.

Остолобуойдарыгар сөпкө аһааһын быраабылатынан үлэлиэхтэрэ, ол аата кэмпиэт, фастфуд атыыга суох буолар. Менюлара номнуо оҥоһуллубут.       

Информационнай технологиялар киирэллэр: оҕо кэлэ-бара карточканан бэлиэтэнэр, ол карточкатыгар ситиһиилэрин иһин бааллары хомуйар, ол баалынан остолобуойга аһыыр уонна да атыҥҥа туһанар кыахтанар.

***

Көрсүһүүгэ элбэх төрөппүт санаатын аһаҕастык эттэ. Сүгэ кыайбатаҕын, сүбэ кыайар.

Кэнники сылларга ордук эр дьон – аҕалар, эһэлэр – сахалыы иитиини уонна үөрэтиини өйүүллэрэ, хайдах өйдүүллэрин санааларын тиэрдэ сатыыллара хайҕаллаах. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо иитиитигэр ийэ эрэ буолбакка, аҕа эмиэ улахан оруолу ылара, ыччаппытын сахалыы иитиигэ төрөппүттэр иккиэн тэҥинэн туруналлара өссө кэрэхсэбиллээх.

 

Төрөппүттэр түмсүүлэрэ уонна “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай хамсааһын мантан саас «Прометей” оскуолатын тула Ил Түмэнтэн, куорат дьаһалтатыттан бэрэстэбиитэллэри ыҥыран мунньахтыыр санаалаахтар. Ону өссө биллэрэн иһиэхпит. Билиҥҥитэ 300-тэн тахса киһи оҕотун сахалыы үөрэттэриэн баҕарарын хомуллубут испииһэк туоһулуур.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...