21.04.2024 | 12:00

Принц

Принц
Ааптар: Галина ОКОНЕШНИКОВА
Бөлөххө киир

Маайыска дьэ бу күһүн ас маҕаһыыныгар атыылааччы үлэтин булан үөрэ-көтө сылдьар. Оскуоланы ортотук эрэ бүтэрбитэ уонна, куоракка эрэ буоллун диэн, эксээмэнэ суох ПТУ-га биир сыллаах "продавец-кассир" идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Тыаҕа туох үлэтэ кэлиэй, онон, үөрэҕин бүтэрэн уопсайыттан тахсаат, онно-манна кыбыллан олорон куоракка сайыны быһа үлэ көрдөммүтэ. Бастаан биир кылааска үөрэммит кыыһа эдьиийин дьиэтигэр ыраах куорат таһыгар олороругар дьукаахтаһа сылдьыбыта, биир тастыҥ эдьиийэ муоста сууйар уопсайыгар кыра хостооҕор да хонуталаабыта, төлөбүрүгэр эдьиийин солбуйан муоста сууйара, эмиэ да аймахтарыгар оҕо көрсөн олорсо сылдьыбыттааҕа. Дьэ үлэ булан, хамнаһынан бэйэтэ хос куортамнаан олохсуйуоҕа. Бииргэ үөрэммит кыыһа кыттыһыах буолбута, куортам харчытын төлөһөргө арыый чэпчэки буолуо этэ диэн. Саҥа үлэлиир киһиэхэ хамнаһа, санаатыгар, сүрдээх улахан курдук. Үөрэнэр кэмигэр төлөбүрэ суох уопсайга олорбута, кыра да буоллар истипиэндьийэлээҕэ, хайа уонна дьоно тиһигин быспакка ас, харчы ыыта олорбуттара, оҕобут үөрэнэн идэ ылара хайаан да наада диэн. Билигин дьэ хамнастаах үлэһит буолан бэйэтин бэйэтэ хааччыныахтаах. Дьоно аны быраата оскуоланы бүтэрэн үөрэнэ барарыгар харчыларын мунньа сатыахтаахтар.

Үлэлиир күннэригэр Маайыска сарсыарда эрдэ уһуктан, тиэтэйэ-саарайа тэринэн-хомунан үлэтигэр ыстанар. Дьүөгэтиниин икки хостоох толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа биир хоһу куортамнаан дьукаахтаһан олорбуттара ыйтан орто. Улахан хоско эдэр кэргэнниилэр, эмиэ куортамнааччылар, олороллор, эмиэ күнү күннээн үлэлэригэр. Хаһаайка ый бүтэһик чыыһылатыгар кэлэн куортамын харчытын ылар, дьукаахтыылар бэрт чуумпутук, чөкөтүк, иллээхтик олороллор. Маайыска үлэтин сөбүлээтэ, сатаата. Ыарахан, сылаалаах да буоллар, эдэр киһи ыарырҕаппат. Дьоҕус ас маҕаһыыныгар икки атыылааччы буолан, иккилии күнүнэн солбуһан үлэлииллэр, табаары бэрийэр-уурар, маҕаһыыны сууйар-сотор биир киһилээхтэр уонна кэлэ-бара барыларын дьаһайар администратордаахтар. Маҕаһыын хаһаайынын Маайыска бакаа харахтаан көрө илик. Бас билэр маҕаһыына, тэрилтэтэ элбэх эбит, олор үлэлэрин барытын администратордара дьаһайаллар, киниэхэ отчуоттууллар. Администратор Мариша этэринэн, эдэр да буоллар, олох сүрдээх кытаанах, ирдэбиллээх, дьаһаллаах тойон үһү. Кинилэр маҕаһыыннарын сэргэстэһэ итии дойдуттан кэлии омуктар фрукта, оҕуруот аһа атыылыыр дьоҕус киоскалара баар. Кэнники ити омуктар үгүс атыы-эргиэн тэрилтэлэрин бас билэр буолан эрэллэр, онон бу үлэлээн эрэр маҕаһыынын Маайыска эмиэ кэлии дьон киэнэ буолуо дии саныыра. Биир күн атыылыы турдаҕына, орто уҥуохтаах, боростуой таҥастаах-саптаах эдэр саха уола киирэн кэлбитэ. Соһуйуон иһин, администратор Мариша: "Евгений Николаевич, здравствуйте! Проходите-проходите, добро пожаловать в свою вотчину!" - дии-дии сэбирдэхтии тэлээриҥнээбитэ-хаптаҥнаабыта. Бай, муҥур тойонноро бу эбит буоллаҕа, үлэлиэҕиттэн дьэ харахтаан көрдөҕө, саха эбит ээ уонна олох эдэр... Евгений үлэһиттэрин кытта дорооболоһон, билсиһэн баран, сурунааллары, суот-учуот прибордарын, аппараттарын көрүтэлээбитэ, администраторын кытта тугу эрэ кэпсэтэн, барыларын кытта бакаалаһан тахсан барбыта. Килэйбит-халайбыт массыыната аан таһынааҕы түннүгүнэн элэс гынан ааһара көстөн хаалбыта. Мариша "һуу" диэбиттии дьэ сэргэхсийэн, ону-маны дьаһайбахтыы түһэн баран, аны атын маҕаһыыҥҥа ойбута. Оттон Маайыска, солото суох үлэлии да турдар, өйө-санаата олох атыҥҥа этэ: хас да хонно бу аттынааҕы киоскаҕа эмиэ атыылааччынан үлэлиир эдэр уолу кытта билсибитэ. Биирдэ эбиэтигэр дьаабылака ылынаары тахсыбыта, олох хартыынаттан эбэтэр илиҥҥи остуоруйалартан тыыннаахтыы түһэн кэлбит принц курдук кэрэ дьүһүннээх, иирэ талахтыы имигэс, көнө быһыылаах-таһаалаах,  арылыччы көрбүт уоттаах харахтаах эдэркээн уол наһаа аламаҕайдык, үөрэ-көтө көрсүбүтэ, атыылаабыта. Сэмэй тыа кыысчааныгар ким хаһан маннык эйэргэһэ сыһыаннаспыта баарай, Маайыска олох сүрэҕэ сылаанньыйбыта, ууллубута. Араас сылтаҕынан киоскаҕа сылдьара элбээн барбыта, сороҕор, "принц" (Маайыска уолу иһигэр итинник ааттаабыта) үлэтигэр суох буолан хомоторо, оттон баар эрэ буоллар кыыс муҥнааҕы мүөттээх тылынан, умсугутуулаах мичээринэн абылаан, дууһатын сыысчаанын долгутара. Күнтэн-күн ааһан истэҕин аайы эдэр дьоннор улам чугасыһан, ыкса билсиһэн барбыттара, өрөбүллэригэр төлөпүөнүнэн, бассаабынан сибээстэһэллэрэ, онтон хаста да иккиэйэх киинэлээбиттэрэ, кафелаабыттара. Маайыска олоҕор аан бастаан билбит тапталын иэйиитигэр бүүс-бүтүннүү умсубута. Уол да киниттэн эрэ күнэ тахсарга дылыта, эр киһиттэн бэлэх диэни тутан көрө илик кыыһы сибэккинэн, фруктанан, сакалаатынан "көмө" сыспыта. Хаһан да томороон тымныылаах кыһын буолбат итии дойдутугар Маайысканы илдьэ барыах, хайаан да дьонугар сыаналаах сыбаайба тэрийтэриэх буолан омуннурара. Тиһэҕэр, хаста да суукканан куортамнанар хосторго бииргэ хонон турбуттара. Биир хоско олорор дьүөгэтэ Карина сүбэлээн, сэрэтэн көрбүтүн ылымматаҕа: "Атын омук даа? Онно туох баарый, кини миигин эрэ таптаатын уонна итирдэхтэринэ эрэ хорсуннара киирэн эрийсэн ньаҕайданар саха уолаттарынааҕар баҕас кини уон төгүл ордук! Дьадаҥы даа? Һы, оттон ол мин баай ыал кыыһабын да? Туһанаары эрэ сылдьар даа? Ол миигиттэн тугу туһанар? Иккиэн үлэлиибит, кырата суох хамнастаахпыт. Кырдьаҕас эмээхсин курдук лахсыйан бүт эрээ, Кариночка, наһаа күлүүлээххин! Таптаһабыт биһиги бэйэ-бэйэбитин, онно туох да атын мэһэй баарын көрбөппүн, билбэппин! Үйэ-саас тухары бииргэ буоларга, дьоллоох олоҕу оҥосторго иккиэн бэлэммит!" Дьүөгэтэ кыыс ити тылларыттан төбөтүн эрэ илгистэн кэбиспитэ.

Маайыска маҕаһыыныгар үлэлии турдаҕына хаһан эмэ Евгений тиийэн кэлэр, кэтэх хоско киирэн ол-бу кумааҕылары, табаары бэрийэр, Маришалыын кэпсэтэр. Оттон Маайыска үксүн атыылаан солото суох буолар, тойонун кытта нэһиилэ дорооболоһор эрэ. Элэккэй-эйэҕэс, түргэн-тарҕан туттунуулаах кыыһы атыылаһааччылар бэркэ сөбүлүүллэр, өрүү махтанан-баһыыбалаан тахсан бараллар. Администратора Мариша эмиэ мэлдьи хайгыыр, киниэхэ бүк эрэнэр. Суот-учуот үлэтигэр сыысхала суоҕун кэриэтэ. Дьон тугу наадыйарын, ыйыталаһарын анал тэтэрээккэ суруйан иһэр, сурунаалларын кэмигэр сөпкө толорорун хаһан да умнубат. Үлэтин миэстэтэ мэлдьи бэрээдэктээх, формата ыраас буолар, хаһан да хойутаабат. Төһө да сылайдар, үҥсэргээбэт, муҥатыйбат. Арай бу кэнники күннэргэ уоттаах таптал умсулҕаныгар ылларан, өйө-санаата атыҥҥа буолан, кыралаан ыһылынна диэххэ сөп: үлэ чааһа бүтэрин тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэр, үлэлиир күнүгэр быыс буллар эрэ таһараа киоскаҕа ыстанар, оттон Асик суох, өрөбүлэ буоллаҕына, аны быыһыгар төлөпүөнүн илиититтэн түһэрбэт. Бу бүгүн эмиэ атыылаһааччы тахсан барбытыгар, тойоно маҕаһыын иһигэр баарын олох да умнан, төлөпүөнүгэр умса түстэ. Аттыгар ким эрэ тохтообутугар соһуйан өрө көрдө: папка кыбыммыт Евгений кэтэх хостон тахсыбыт эбит, тахсар аан диэки эргиллэн иһэн: "Көрсүөххэ диэри, Майя", - диэбитигэр кыыс саҥата суох кэҕиҥнээтэ эрэ. Маҕаһыын иһигэр күндү одьукулуон дьикти үчүгэй сыта туран хаалла...

Маайыска бүгүн өрөбүлэ, Асиктыын киинэлиэн баҕарбыта да, сатаммата. Ыаллара Еля, Гоша сокуоннайдык холбоспуттарын бүгүн киэһэ аҕыйах чугас доҕотторун дьиэҕэ ыҥыран, кыратык бэлиэтээри гыналлар эбит, дьукаахтарын Кариналаах Маайысканы хайаан да ыҥырабыт диэбиттэрэ. Дьэ онон Еляны кытта Маайыска сарсыардаттан олорон көрбөккө куукуналарыгар түбүгүрэ сылдьаллар. Оттон Гоша, Карина бүгүн үлэлэрин күнэ, көҥүллэтэн арыый эрдэ кэлиэхтээхтэр. Маайыска ыал улахан оҕото буолан сүрдээх асчыт, туох да аһы ыарырҕаппакка "ааһан иһэн" астыыр. Хас да араас салаат, минньигэс бөрүөк оҥордо, остуолу, төһө кыалларынан, киэргэтэ тарта. Еля итии астары буһарда, өссө иккиэн саба түһэн бэрэскилээтилэр. Гоша аара алкомаркеттаан кэлэн тоҥ эт, быар быһан, балык кыһан бэлэмнээтэ. Оттон Карина эрдэттэн сакаастаабыт туортарын, букеттарын ылан аҕалла. Ыалдьыттар сыыйа-баайа кэлитэлээн, остуолга олороору тэриннилэр, онуоха Гоша ханнык эрэ Женяны өссө күүтэ түһүөххэ диэтэ. Кыргыттар хосторугар оҥосто, киэргэнэ сырыттылар. Маайыска таҥнан-симэнэн бүтэн, киирэр аан аттыгар улахан сиэркилэҕэ көрүнэ таҕыста. Сиэркилэ иннигэр эргичиҥнээн эрдэҕинэ эмискэ аан звонога "лыҥкыр" гыммытыгар, эргиллэн арыйда. Маҕаһыынын тойоно Евгений халыҥ суулаах букет тутуурдаах киирэн кэлбитигэр соһуйан чуут хоһугар ыстана сыста. Уол оннооҕор соһуйан, киэргэммит, тупсуоҕунан тупсубут кыыһы хараҕын муҥунан көрдө: "Ээ, д-дорообо, М-Майя, эн бу хантан манна баар буолан хааллыҥ?". "Дорообо, Евгений Николаевич, мин манна олоробун ээ," – Маайыска симиттэн мух-мах буоллар да, мичээрдии-мичээрдии хардарда. Улахан хостон Гошалаах Еля ойон тахсан, үөрүүлээх хаһыы-ыһыы, куустуһуу буолан, сатамматах соһуччу көрсүһүүнү тохтоттулар. Гоша бастыҥ доҕоро били күүтүүлээх Женя дьэ тиийэн кэлбит эбит.

Сүрдээх көрдөөх-нардаах дьоро киэһэ бэртээхэйдик ааста. Маайыска астаабыт минньигэс бөрүөгэ ыалдьыттар биһирэбиллэрин ылыаҕын ылла, бэл, аҕыйах саҥалаах Евгений махтанан соһутта. Киэһэ хойут ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ кыргыттар иһиттэрин сууйан бүтэн баран куукунаҕа бэйэлэрэ эрэ бүөмнээн сэһэргэһэ, туортаах чэйдии түстүлэр, араас сэкириэттэрин ырытыстылар. Елялаах Карина оонньуу-күлэ, мөҕө былаастаан да буоллар, Маайыскаҕа таарыччы бэйэтин омугун уолаттарын көрөргө сүбэлээтилэр. Еля: "Ити Гоша бастыҥ доҕоро Евгений олох маладьыас уол, соҕотох ийэҕэ бэрт кыһалҕалаахтык иитиллэн улааппыт уол аҥаардас бэйэтин кыаҕынан үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, бизнеска ылсыбыта. Аҕыйах сылынан бу куорат биир саамай баай киһитэ буолан олорор дии. Төһө да кыаҕырдар-байдар, олох улаатымсыйбат, урукку доҕотторун умнубат. Кини сүбэлээн, өйөөн, биһиги чааһынай дьиэ тутта сылдьабыт, бүттэр эрэ көһүөхпүт, бу хоһу быстах куортамнаабыппыт, урукку кыбартыырабытын дьиэ туттаары атыылаан баран", – диэн кэпсээн кыргыттары соһутта. Онуоха Карина Маайысканы хомуруйбуттуу көрө-көрө: "Ити баар дии, оттон Маайыска итиччэ баай-мааны саха уолуттан ордорон устугас, дьадаҥы, өссө атын кэлии омук, баара-суоҕа бэйэтин курдук атыылааччыны таптаан муҥнанар..." – диэбитигэр кыыс кыыһыран "кытар" гына түстэ, хараҕын уута чаҕылыйда. Еля кыыһы аһына санаан көмүскэстэ: "Кэбис, доҕор, Карина, итинник тосту-туора тыллаһыма дуу. Кыыс оҕо сүрэҕэ барахсан таайыгас, уйан, хайаан да дьиҥнээхтик таптыыр киһитигэр эрэ арыллар буоллаҕа, ол сырдык иэйии дьону баайга-дьадаҥыга, араас омукка араарбат эбээт". Маайыска ити тыллартан уоскуйан, Еляҕа махтанан кэҕиҥнээтэ.

Дьэ ити курдук күнтэн-күн ааһан истэ. Күүтүүлээх Саҥа дьыл бырааһынньыга улам чугаһаан иһэр. Маайыска кэнники күннэргэ үлэтигэр түбүк элбээн, Асигын кытта көрсүспэтэхтэрэ балайда ыраатта, төлөпүөнүнэн сибээстэһэллэрэ да кэнникинэн сэдэхсийбит курдук буолла. Ону ол диэбэккэ, кыыс тапталлааҕын кытта иккиэйэҕин бииргэ үөрүүлээх бырааһынньык киэһэтин хайдах дьоллоохтук атаарыан эрэ өйүгэр ыраланар, тугу бэлэхтиэҕин долгуйа күүтэр. Аны үлэлэринэн корпоратив буолуохтаах эбит, тойонноро Евгений куорат биир бастыҥ рестораныгар зал сакаастаабыта ыраатта. Маайыска онно анаан хамнаһыттан ордорон мааны былаачыйа, хобулуктаах түүппүлэ ылыммыта, эрдэттэн парикмахерскайга суруттарбыта.

 Маайыска биирдэ сарсыарда үлэтигэр киирэн иһэн тугу эрэ атыҥырыы көрөн, тохтоон турда, өр одууласта. Бай, аттынааҕы киоскалара лип хатанан турар эбит, уот-күөс мэлигир! Асиктан ыйытаары  ватсаптаата да – эппиэт мэлигир. Киэһэ үлэтиттэн баран иһэн аны эрийэн көрдө: "Аппарат абонента выключен". Сарсыныгар, өйүүнүгэр да киоска аһыллыбатаҕа, Асик сибээскэ аны тахсыбатаҕа. Ити курдук уоттаах хара харахтаах, умсугутуулаах тыллардаах "принц" ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ. Маайыска хомолтотуттан, ыар санааларыттан самнары баттаппыт курдук сылдьар, кимҥэ да ис санаатын арыйбат, кистэлэҥин кэпсээбэт. Үлэтигэр да барыан баҕарбат буолла. Саҥа дьыллааҕы корпоратив буолар күнүгэр өрөбүлэ түбэһэрин үрдүнэн, бырааһынньыктыы рестораҥҥа барбата, хоһугар сууланан лип сытта. Хомолтолоохтук сүтэрбит бастакы тапталын аһыйан хараҕын уутунан суунар, кинитэ суох салгыы хайдах олоруон сатаан санаабат. Өйүгэр-сүрэҕэр кини, кини эрэ – алыптаах мичээрдээх, арылхай харахтаах Асига эрэ. Тоҕо тугу да эппэккэ, быһаарбакка сүппүтүн дуу, куоппутун дуу араастаан таайа сатыыр. Туохха эрэ түбэстэҕэ эбэтэр ыарыйдаҕа дуу диэн мунчаарар, эрэйдэнэр.

Маайыска сарсыарда үлэтигэр тиийбитэ, администратор Мариша өрүү үгүс-элбэх сонунун ыһа-тоҕо кэпсии тоһуйда:

- Уой, с наступающим, дорогая! Тоҕо бэҕэһээ кэлбэтиҥ корпоративка?  Бу эйиэхэ тэрилтэҥ аатыттан “Махтал сурук” уонна сыаналаах бэлэх, Евгений Николаевич олох тус бэйэтигэр тиксэрээриҥ диэн биэрбитэ, кэлбэтэххиттэн наһаа соһуйбута уонна, арааһа, сүрдээҕин хомойбута быһыылааҕа, шучу, конечно, кыыһырыма... Ээ, арба да уонна бэҕэһээ эн суоххуна манна туох эрэ формалаах, фсбшниктар дуу, полициялар дуу киирэн доппуруос бөҕө: ити аттыбытынааҕы киоскалаах дьон туох эрэ буруйга уорбаланан тутуллубуттар эбит... Ким кинилэргэ чааста сылдьар, киирэр-тахсар, кэлэр-барар этэй, камераларгытынан көрөн син биир барытын билиэхпит, этиҥ, кистээмэҥ дииллэр, айуу... Уой, туох буоллуҥ, Майя? Уой даа... Ким эмэ көмөлөһүүҥ!...

Маайыска балыыһаҕа ый аҥаара курдук сытан таҕыста. Соһуччу психологическай охсуу ылан, онтон сылтаан оҕо куотан, хаана баран өлө сыспыт кыыһы быраастар барахсаттар өрүһүйэн, онтон өр эмтээн бэттэх аҕаллылар. Хайа охсубут аҥаара хаалбыт кыыс үлэтигэр нэһиилэ сүөдэҥнээн сылдьар, кими да кытта үөрэ-көтө сэлэспэт, күлбэт-салбат, дьиэтигэр тиийдэ да, сууланан сытынан кэбиһэр. Олоххо аны туох да интэриэһэ суох курдук буолла. Өссө балыыһаҕа сыттаҕына ийэлээх аҕата кэлэн дьиэтигэр, дойдутугар илдьээри гыммыттарын буолумматаҕа. Манна саатар үлэлээн аралдьыйыа, дьонугар сүгэһэр, дьаакыр буолан дьиэҕэ таах сытыан кэриэтэ.

Биир киэһэ Маайыска тоҕо эрэ хаһааҥҥытааҕар да тууйулунна, муунтуйда, араас ыар санаалар үүйэ туттулар. Ойон туран, таһырдьа тахсаары тас таҥаһын сабыта быраҕан таҥна сатыы турдаҕына эмискэ аан звонога "лыҥкыр" гынна. Кыыс соһуйан чочумча таалан турда. Хаһыын-хаһан эрэ маннык киэһэ буолбута, баара дии: тапталтан дьоллоно мичээрэн, тупсуоҕунан тупсан, дэлби киэргэнэн баран бу сиэркилэ иннигэр эргичиҥниирэ, аан звонога тыаһаабытыгар ааны арыйбыта букеттаах Евгений турара... Ааны арыйбыта букеттаах Евгений турар...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...