Петунияны — бүтүн буочуканан
Петуния үгүс суортарын тохсунньу-олунньу ыйдартан ыһан саҕалаабыттар билигин умнастааһын ньыматынан (черенок) силис тартаран, элбэтиинэн дьарыктанар кэмнэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, сыл аайы сиэмэ атыылаһан саҥаттан арассааданы кытта бодьуустаспат туһуттан, күһүн петунияны дьиэҕэ киллэриэххэ сөп. Бу сайыҥҥы сибэкки дьиэҕэ үчүгэйдик кыстыыр, аны туран атын үүнээйилэртэн биир уратытынан умнаһыттан үчүгэйдик силис тардар. Онон олунньу-кулун тутар ыйдартан умнастарын бысталаан, холкутук силис тартарыахха сөп.
Петуния көһөрүн сөбүлүүр. Таһырдьа таһаарыахха диэри арассаадатын иһитин хаста да уларыттахха, ол эбэтэр сыыйа улаатыннаран истэххэ, махталын хойуутук үүнүөҕэ уонна өлгөмнүк сибэккилиэҕэ. Ол кистэлэҥэ кини бастаан силиһинэн иһитин барытын «баһылаатаҕына» эрэ «кэрэтин көрдөрөр», сибэккилиир идэлээҕэ буолар. Ол эбэтэр быыкаа арассааданы тутатына улахан иһиккэ олортоххо, ол иһитин толороругар аралдьыйан, сибэккилииргэ ыксаабат.
Биллэрин курдук, петуния чуолаан Тайдал көрүҥэ бэйэтигэр сөптөөх улахан иһиккэ киэҥник-куоҥнук олордоҕуна эрэ, туох баар кэрэтин, сиэдэрэйин көрдөрөр, кыраһыабайдык уонна хойуутук үүнэр.
Бүгүн эһиэхэ анаан петуния араас суортарыгар төһө иэннээх иһит барсарын таһаарабыт:
* Easy Wave (Изи Вейв) – 8-12 л;
* Shok Wave (Шок Вейв) – 6-10 л;
* Opera Supreme (Опера Суприм) – 10-15 л;
* Ramblin (Рамблин) – 10-12 л;
* Trilogy (Трилогия) – 8-10 л;
* Explorer (Эксплорер) – 10-15 л;
* Velvet (Вельвет) – 8-12 л;
* Wave (Вейв) – 10-15 л;
* Tidal Wawe (Тайдал Вейв) – 50 л саҕалаан;
* Бөлөҕүнэн үүнэр петуниялар – 3-5 л;
* Вегетативнай көрүҥнэр (сиэмэнэн ыһыллыбат, угунан эрэ силис тартаран ууһатыллар суортар) – суордуттан көрөн, 5-30 л саҕалаан.
Көрөрбүт курдук, бүтүн буочуканы баһылыыр-көһүлүүр суортар кытта бааллар. Аны туран, петунияны нэдиэлэ аайы эбии аһаттахха, ордук хойуутук сибэккилиир, доруобай буолар. Онон, холобура, Тайдал петунияны олордуоххутун баҕарар буоллаххытына, улахан иһити туруорар миэстэлээх, элбэх буору, уоҕурдууну атыылаһар үптээх буоларгыт ордук.
Бэлиэтээн эттэххэ, эустома курдук хаппырыыс сибэккини эмиэ дьиэҕэ киллэрэн кыстатыахха сөп. Ол гынан баран кини петуния курдук силис тартарыллыбат, угуттан саҥа умнастар тахсаллар. Кыстаабыт эустома, биллэн турар, эрдэ сибэккилиир.
Кими – ханна?
Сиэмэ, үүнээйи маҕаһыына аныгы үйэҕэ ас маҕаһыыныттан итэҕэһэ суох баай ассортименнаах буолла. Ол иһигэр күн эгэлгэ, саха санаабатах сибэккитэ барыта баарын көрөн, ардыгар хартыыналарыгар эрэ ымсыыран, түһээн баттаппатах, харахтаан көрбөтөх сибэккибитин атыылаһан тахсыбыппытын бэйэбит да билбэккэ хаалабыт. Оттон хас биирдии сибэкки күҥҥэ, күлүккэ, кураанах сиргэ, сииктээх буорга үүнэринэн араастаһарын, тэлгэһэбитигэр, учаастакпытыгар кинилэргэ ол сүрүн ирдэбиллэрин хааччыйар кыах баарын-суоҕун дьиэбитигэр эрэ кэлэн баран өйдүүбүт.
Дьэ, кими ханна ыһар ордугуй?
Күлүк, кыра күннээх сиргэ:
Аквилегия, аконит, бархатцы, бадан, барвинок, бруннера, волжанка, годеция, гейхера, дороникум, дицентра, камнеломка, колокольчик широколистный, ландыш, лилейник, лобелия, лютик, люпин, примула, фиалка, флокс, хоста.
Күннээх сиргэ:
Алиссум, астра, бегония, годеция, гелениум, георгина, гипсофила, гладиолус, дельфиниум, ирис, канна, клематис, колокольчик, лилейник, мак, настурция, пион, петуния, синюха, стахис, флокс, тысячелистник, эдельвейс.
Сииктээх сиргэ:
Астильба, аквилегия, барвинок, бадан, бузульник, волжанка, виола, ветреница, гейхера, ирис, дицентра, лилейник, калужница, незабудка, пион, папоротник, примула, синюха, флокс, фиалка, хоста.
Кураанах сиргэ:
Алиссум, вероника, василек, живучка, кермек, камнеломка, котовник, лен, люпин, молочай, молодило, очиток, стахис, энотера.
Туустаах буордаах сиргэ:
Адиантум, анемона, барвинок, гвоздика, дицентра, камнеломка, колокольчик, люпин, лютик, молодило, незабудка, очиток, примула, синюха, флокс.
Тууһа суох сиргэ :
Адонис, вероника, гейхера, гесперис, гипсофила, иберис, камнеломка, клематис, нивяник, пион, примула, роза, эринус, эустома.
Ый түбүктэрэ
«Киин куорат» хаһыаппыт «Тускар туһан» рубрикатын оҕуруокка аналлаах таһаарыытыгар Саха сиригэр биллэр оҕуруотчут Ньурбаттан Агафья Тарасова эксперт быһыытынан үлэлэһэр.
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Агафья Афанасьевна оҕуруотчут бу кэмҥэ тирээн турар түбүктэрин кытта үллэстэр:
Отонноох мастары чэбдигирдии
Муус устар ыйга моонньоҕон, охта уктарын марганкалаах итии уунан саба ыһан, араас ыарыыттан эмтиибин.
Оттон атын кустарниктарга, холобура, биэ эмиийэ, крыжовник, хаптаҕас, жимолость курдуктарга, итии ууну куппаппын, атыннык эмтиибин. Ол курдук, биир биэдэрэ сылаас ууга биир ыстакаан мас күлүн уонна хаһаайыстыбаннай мыыла кыра куһуогун хойуу күүгэн оҥорон кутан баран, лейканан саба кутабын. Мыыла оннугар билигин маҕаһыыҥҥа атыыланар «Зелёное мыло» диэн убаҕас сириэстибэни туттуохха сөп. Манна эмиэ биир остолобуой ньуоска сириэстибэни биир ыстакаан күлү кытта булкуйабын уонна эмиэ уктарбар үөһээттэн кутабын. Бу ньыма уктарбын ыарыылартан харыстыыр, үөн-көйүүр чугаһаабат оҥорор, чэбдигирдэр. Күлбүт мыылалаах буолан, сэппэрээктэрбитигэр сыстан харыстыыр, эмтиир.
Моонньоҕону, ирганы сиэмэнэн үүннэрии
Халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан, тэпилииссэ иһэ ирэн, оҕуруотчуттарга түбүктээх кэмнэр кэллилэр. Олортон биирдэстэринэн отонноох сэппэрээктэри үүннэрии буолар. Бу күннэргэ тэпилииссэҕэ моонньоҕон, ирга сиэмэлэрин ыһыахха сөп. Ол курдук, туһунан буордаах иһиккэ үрдүгэр хаар кутан баран, сиэмэлэргитин онно тарҕата ыһыҥ. Буорун хатарыа суохтааххыт, көрө сылдьан уу кутуллар. Үүнээйилэргит буортан быган арыый улааттылар даҕаны, сайын былыттаах күн эбэтэр киэһэ күн аллараа түһүүтэ таһырдьа олордуллар. Бастаан утаа икки ардыларын 0.50 см курдук олордуохха сөп, кэнники төһө улааталларынан көрөн аналлаах сирдэригэр балтараа миэтэрэ арыттаах олордуллар.
Тэпилииссэҕэ хаары кутабын
«Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларын кытта сыл аайы тэпилииссэҕэ хаары туттар ньымабын үллэстиэхпин баҕарабын.
Дьиҥинэн, саас тэпилииссэҕэ хаары кутары киһи барыта билэрэ буолуо. Мин албаһым диэн, хаары чараас гына кутуу буолар. Оннук куттахпына, кини түргэнник ирэн, буорга үчүгэйдик иҥэр. Ол кэннэ кыраабылынан эбэтэр кыра күрдьэҕинэн буорун сахсатан биэрэбин. Наада дии санаатахпына, буорум куурбутун кэннэ хаарбын иккиһин эмиэ чараас гына кутан баран, өссө куурдабын. Оттон хаары наһаа өрөһөлүү куттахха, буорбут үрдэ эрэ ирэр, аллараата тоҥ сытар. Оччоҕуна буорбут, салгылаабакка, аһыйар, сытыйар, ибис-инчэҕэй да буолар, хойукка диэри кууран быстыбат. Аһыйбыт буорга олорбут арассаадабыт төһө үчүгэйдик үүнүөҕэй?! Буора үрдүнэн көҕөрө-көҕөрө, от күөх хахтанар, араас кыра от үүнэр. Маны көннөрөр уустук.
Ол иһин, тэпилииссэ буора аһыйбатын наадатыгар, хаары кыра- кыралаан киллэрэн, куурда-куурда кутар ордук туһалаах.
Оҕуруотчут кистэлэҥнэрэ
Тэпилииссэни эмтээһин уонна эрдэтээҥҥи үүнээйилэр
Тэпилииссэбит иһэ сылыйда да, хас биирдии оҕуруотчут бэйэтэ тутта үөрэммит ньыматынан (буруолатан эбэтэр итии марганкалаах уунан) хоруудалары, муостатын тула ыстаран эмтиир. Маннык биир-икки күн сабан туруорабыт уонна, дьэ, эрдэ сиир, түргэнник ситэр үүнээйилэрбитин ыһабыт. Мин, холобура, хоруудаларым кытыыларынан араас күөх туманы ыһабын – түргэнник ситэр салааттар, рукколо, укуруоп, редис, кресс салаат уонна эрдэ сииргэ аҕыйах сүбүөкүлэ. Бу сүбүөкүлэбин сайын эрдэ борщ буһарарбар туттабын.
Ити курдук муус устар ый 24-25 күннэрин эргин эмиэ хоруудаларым кытыыларынан хаппыыстабын ыһабын. Оннук ыһыллыбыт хаппыыста сайын таһырдьа таһааран олордор кэмҥэ оруобуна улаатар, үчүгэй арассаада буолар. Доруобай, үчүгэйдик сайдыбыт силистээх арассаада хаһан баҕарар түргэнник ылсан үүнэр.
Дьэдьэни, клубниканы эбии аһатыы
Арассаадаҕа килиэп хоручуоскатын сөбүлээн туһанабын. Ол курдук, хоручуосканы бытархай гына кырбаан баран, духуопкаҕа хатара түһэбин. Ол кэннэ ууга быраҕан, ностуой оҥорон, дьэдьэн, клубника, оҕурсу кыра арассаадаларын аһатабын.
Ностуойум састааба: 3 л иэннээх өстүөкүлэ бааҥкаҕа чиэппэринэн килиэппит хаҕын кутабыт уонна иһиппитин сылаас уунан толоробут. Маннык биир күн хонноробут. Сарсыныгар уунан убата түһэн, сиидэлээн аһатыахха сөп. Ханнык баҕарар үүнээйини эбии аһатыах иннинэ бастаан кыратык сылаас уу кутулларын санатыам этэ. Килиэп хоручуоскатын хатаран аһатыы кэннэ дьэдьэн, клубника арассаадата биллэ улаатар, тупсар.
Сонун үүнээйи
Сиэмэнэн ыһыллар биир интэриэһинэй, астаах үүнээйинэн бамия буолар. Бамияны элбэҕи буолбакка, үс-түөрт угу тэпилииссэҕэ помидору кытта үүннэриэххэ сөп.
Сиэмэтин ыһар судургу: буордаах иһиккэ ыһан баран, 1 см курдук буорунан сабабыт уонна сылаас сиргэ ууран арассаадалыыбыт.
Бамия төрөөбүт дойдута Африка буоларын, сылааһы сөбүлүүр уонна курааны уйумтуо. Улаатан истэҕинэ угугар наһаа кэрэ сибэккитин көрдөрөр, ол сибэккитэ гибискус сибэккитин саҕа улахан буолар. Ол кэрэни таба тутан көрөр биир умсугутуулаах түгэн, тоҕо диэтэххэ наһаа түргэнник аһыллар уонна аҕыйах мүнүүтэнэн сабыллан хаалар.
Бамия аһа стручковайдыҥы быһыылаах, улааттаҕына иһигэр түөрт камераланар. Мин бу үүнээйи аһын атын оҕуруот астарын кытта рагуга эбэн туттабын. Кыһыҥҥыга тоҥорон хаһаанабын.