10.07.2021 | 11:30

Петр Васильев: «IT-эйгэтэ өй үлэтин ирдиир»

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Петр Васильев оскуола саҕаттан информатика уруогун интэриэһиргээн, үөрэппитэ. Оҕо-оҕо курдук көмпүүтэри хасыһан, оонньууну оонньоон улааппыта. 14 сааһыттан уолчаан ким уонна туох киһи буоларын чопчу быһаарыммыта. Ахсыска тахсан баран бэйэтэ сайт оҥорор буолбута, онтон стартапка сыстан бэйэҕэ үлэлиир санааламмыта.  Намнааҕы гимназияны ситиһиилээхтик түмүктээн, информатика БКЭ-тин үрдүк баалга туттаран IT-эйгэтигэр суола аһыллан барар. Кини билигин Сахабыт сирин биир тарбахха баттанар программиһа буолары ситистэ.

— Нам улуустааҕы гимназиятын 2013 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэммин, ХИФУ математика уонна информатика институтугар программист идэтин баһылаабытым. Хара маҥнайгыттан үөрэххэ киирээт, бииргэ үөрэнэр доҕотторбун кытта информационнай эйгэ киэҥ балысхан сайдыытын кэпсэтэрбит. Хайдах эрэ, бэйэм эйгэбэр сылдьар курдук санаммытым. Ити сылдьаммын үөрэнэн, көрөн программа оҥорорго үөрэммитим. Салгыы сайдан, билиим кэҥээн истэҕин ахсын биирдиилээн дьонтон, тэрилтэлэртэн сайт оҥоруутугар сайаапкалары ылар буолбутум.   

— Эн билигин тэрилтэ тэринэҥҥин үлэлии олороҕун?

— IT-ны интэриэһиргиир, дьиҥнээхтии эттэрин-хааннарынан, санааларын, аныгы олох информационнай сайдыытын туһугар кылааттарын киллэрэ сылдьар эдэр дьону түмэммин киин куоракка “Студия разработки IT Kitchen” диэн ааттаах тэрилтэ тэринэн үлэлээбиппит номнуо түөрт сыл буолла. 

— Ханнык хайысханан дьарыктанаҕыт?

— Судаарыстыбаннай сакаастарга күүскэ ылсан үлэлиибит, сайт оҥоробут, төлөпүөн сыһыарыыларын. Билигин хамаандабар биэс киһи үлэлиир. Маҥнайгы цифровой табаарбытын  Хакатоннары кытта билсэммит оҥорон таһаарбыппыт. Билигин бэйэбит кыахпытын таба туһанаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолоругар ыытыллар  “Моя профессия – IT» күрэххэ эксперт быһыытынан үлэлиибит.

Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавируснай инфекция дьон олоҕун-дьаһаҕын тосту уларытта. Бу кэннэ, олоҕу сыаналыырбыт өссө күүһүрдэ. Биһиги тэрилтэбит, ыарыы тарҕаныытын саҕана цифровой пропуск оҥорбута. Ону таһынан, КТ-га түһэриллибит хаартысканы искусственнай интеллеккэ угууга үлэлэспиппит. Искусственнай интеллект көмөтүнэн дьон инфекцияҕа сыстыбытын дуу, суоҕун дуу быһаарар кыах баар. Салгыы, олох ирдэбилинэн бу бырайыагы кытта өссө күүскэ үлэлэһэр сыал-сорук турар.

— Ылан көрдөххө информационнай технология биһиэхэ төһө сайынна?

— Дойду хайа баҕарар муннугар программированиенан дьарыктанар дьон сыллата элбээн иһэр. Оҕолору кыра саастарыттан IT-технологиялары сатаан туттарга үөрэтэр буоллулар, IT көмөтүнэн олоҕу-дьаһаҕы хайдах гынан уларытыахха сөбүн өйдөөтүбүт, бу улахан ситиһии. Маныаха хас биирдии дойду каадыр боппуруоһун күүскэ көтөҕөр буолла. IT ыыра олус киэҥ. Сыллата саҥа идэлэр, таһымнар эбиллэ тураллар, онно сөптөөх каадыр эппиэттэһэрэ уустуктардаах. Үлэ таһаарыылаах буоларыгар бириэмэ уонна усулуобуйа наада. Дьэ, оччоҕо сайдыы аартыга арыллыа турдаҕа.

— Кистэл буолбатах буоллаҕына, IT-га билигин хамнас төһө буолан турар?

— Юниор-программист компанияларга үлэҕэ киирэн сөп. Холобура, Дьокуускайга саҥа саҕалаан эрэр программист хамнаһа 50-60 тыһыынчаттан саҕаланар. 1-2 сылынан орто таһымҥа таҕыстаҕына, 80-90 тыһ. солк. аахсыан сөп. Уопуттаах программистар 100-тэн тахса тыһ. ылаллар. Киин куораттарга, холобура, Москва, Питер курдук дойдуларга киһи да ахсаана элбэх, ырыынак да киэҥ, хамнас да үрдүк. Холобур, бу дойдуларга ортотунан саҥа саҕалааччылар ыйга 100-чэкэ тыһ., орто таһымнаахтар 150-200 тыһ., үчүгэй программист 300-400 тыһ. солк. хамнастаахтар.

— IT-ны кытта бодоруһуон, сыстыан баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиигин?

— Элбэхтэ үөрэниҥ. Өйгүтүн, толкуйдуур санааҕытын барытын балысхан эйгэтигэр үлэлииргэ дьарыктааҥ. Биллэн турар, IT-ны кытта үлэлиир киһи омук тылын биэс тарбах курдук билиэн наада. Омук тылыгар ыарахаттары көрсүбэт туһугар, тылы үөрэтиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...