18.08.2022 | 10:00

Пестеревтэр: «Бэйэбит холобурбутунан үлэҕэ үөрэтэбит, олоҕу умсулҕаннаахтык олорорго уһуйабыт»

Пестеревтэр: «Бэйэбит холобурбутунан үлэҕэ үөрэтэбит, олоҕу умсулҕаннаахтык олорорго уһуйабыт»
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Сүһүөх уйбат диэбэккэбит

Сүрэх тылын истиэххэ,

Сонун ыыры кэрэхсээммит

Сэниэлэнэ түһүөххэ.

 

Күлүмүрэ

 

Бүгүн кэпсиир дьиэ кэргэним чахчы да сүһүөх уйбатын сүрэхтэрин тылыгар уйдаран, өйдөһүү-өйөһүү эйгэтигэр бигэнэн, саҥаттан саҥаны, сонуну оҥорон, күүстэригэр күүс, санааларыгар санаа эбинэр кэрэхсэбиллээх ыал. Анна уонна Павел Пестеревтэр орто дойду саамай ыраас, истиҥ-иһирэх иэйиитигэр куустаран, 1979 сыллаахха ыал буолар уруу малааһынын тэрийбиттэрэ. Анна Уус Алдан улууһун биир ааттаах-суоллаах, дириҥ устуоруйалаах Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх, онтон Павел, этэргэ дылы, өбүгэ саҕаттан төрүт-уус Хатас олохтооҕо.

Саха киһитэ барахсан аймаҕымсах, хаан-уруу киһитигэр куруутун сылаас-сымнаҕас сыһыаннаах. Инньэ гынан киин сиргэ – куораты сыттана сытар Хатаска кэлбит Анна Петровна Стручкова, Петр Николаевич Рожиннар улахан кыыстара Марианна бииргэ төрөөбүт балтыларын бэйэтигэр олордон үөрэттэрэрэ, үлэлэтэрэ кэпсэл, сонун буолбатах. Анна эмиэ оскуолатын бүтэрэн баран уһуннук толкуйдаабакка, бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Хатаска кэлэр. Оччолорго үөрэх хайа да таһымыгар (орто, орто анал, үрдүк) туттарсан киирэр манан аҕай дьыала буолбатах этэ. Кыысчаан бастакы сылыгар үөрэҕэр киирбэккэ, ыраата барбакка, Хатаска үлэҕэ киирэр. Сытыы-хотуу, сэргэх, кэпсэтинньэҥ кыыһы бэлиэтии көрөн, Павел доҕордоһорго, чугасыһарга сананан, элбэх араас биричиинэни булан, Аннатын аттыгар баар буолбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалара. Оттон Анна дуоспуруннаах, сүрдээх сэмэй, туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат үлэһит уолу сирбэт.

Пестеревтэри кытта кэпсэтиибит маннык буолла:

– Анна Петровна, дьэ, ол курдук үчүгэй баҕайытык билистигит уонна ыал буоларга сананныгыт.

– Оннук. Биһиги хайдах эрэ хара маҥнайгыттан ис-испититтэн бэйэбитигэр тардыһыыбыт күүстээх этэ. Билсээт даҕаны, тоҕотун билигин да этэр кыаҕым суох, урут-уруккуттан билсэр дьон курдук этибит. Тус бэйэм «бу мин киһим» диэн сүрэхпинэн сэрэйбитим. Оннук да буолбута, күһүн билсэн баран, нөҥүө сайыныгар 200-тэн тахса киһилээх улахан уруу малааһынын тэрийбиппит. Дьоммут икки өттүттэн элбэх оҕолоох буоланнар, аҥаардас биирдии бэйэбит дьиэ кэргэммититтэн бэйэтэ 50-тан итэҕэһэ суох ыалдьыттаах этибит, онуоха уруу дьону, доҕоттору-атастары, бииргэ үлэлээччилэри, салайааччылары эбэн кэбис… Төрөппүттэрбит барахсаттар оччотооҕу үгүс саха ыалыттан туох да уратыта суохтара, таҥара тугу ирээттээбитинэн, туохха анаабытынан, олорор олохторо тугу тосхойбутунан орто дойдуга олорон ааспыттара. Кинилэр хас биирдиибит сүрэҕэр, дууһатыгар иҥэрэн хаалларбыт биир сүрүн алгыстара – орто дойдуга киһи биирдэ баар буола түспэт, кэннибитигэр элбэх сыллар усталлар, хас биирдиигитин аҕалбыт удьуоргут утума, өбүгэҕит ситимэ дьоннордооххут. Кинилэр олорбут олохторун ийэ куккутугар иҥэрэн, бу орто дойдуга кэллэххит. Онон куруутун бииргэ буолуҥ диэн.

– Павел Петрович, оттон эн ыал буолбут, ийэ-аҕа алгыһын ылбыт күҥҥүн төһө саныыгын?

– Былыр-былыргыттан уруу малааһына алгыс тылы ылынан, инники олох түһүн түстээри, аймах-билэ дьону билиһиннэрэн, кэккэни хаҥатаары ыытыллан кэллэҕэ. Ол чахчы. Биһиги уруубут күн этиллибит кэс тыллар, аламаҕай санаалар, эйэҕэс эҕэрдэлэр иҥэннэр, баччааҥҥа диэри өйдөһөн-өйөһөн бииргэбит, оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит: аҕа ууһун ааттатар уоллаахпыт, ийэ ууһун тэнитэр кыргыттардаахпыт. Бэйэбит холобурбутунан үлэҕэ үөрэтэбит, олоҕу умсулҕаннаахтык олоророрго уһуйа сатыыбыт,  уонна  дьону кытта иллээх-эйэлээх буоларга сүбэлиибит.

– Олус да үчүгэйдик эттигит – олоҕу умсулҕаннаахтык олоруу диэн. Итини быһаарыҥ эрэ.

– Ээ, оттон кырдьык оннук … (Анна Петровна мичээрдиир – Аапт.).  Оҕолорбор да, сиэннэрбэр да куруутун этэр этиим – ити. Тугу эмит оҥорор буоллуҥ да, умсугуйан туран, утаппыттыы оҥор диэн. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, умсугуйуу диэн наһаа улахан баҕа санаа уонна ол туһугар хамсаныы буолар. Баҕа санааҥ улахан, сыалыҥ-соругуҥ чуолкай буоллаҕына, муна-тэнэ барбакка, ол туһугар ыппыт охтуу көнөтүк бараҕын. Ол хаһан баҕарар кыайыылаах буолар. Оттон баҕа санаа кыраттан саҕалаан улааттар улаатан иһиэхтээх дии саныыбын. Холобура, киһи олоҕо ардыгар ыллык суол курдук синньээн, кыараан ылар, ардыгар кэҥиир, оттон эн чуолкай баҕа санаалаах буоллаххына, ол ыллыгыҥ аартыгы булларар. Мин олох эдэр сылдьан ыалдьан доруобуйабынан хаарчахтанан хаалбытым. Сорох түгэҥҥэ барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ диэбит курдук буолуталаан ылара. Дьэ оннук күннэргэ дьиэ кэргэн оруола сүрдээх улахан. Дьиэ  кэргэммэр, ордук аҕабытыгар Павелга махталым муҥура суох. Оҕолорбут аҕабыт –  миэхэ, мин аҕабытыгар сыһыаммытынан иитиллибиттэрэ. Үчүгэй буоллун, куһаҕан буоллун – бары бииргэбит диэн.

– Дьэ, кырдьыга даҕаны, хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэн диэн иитиллибит эйгэтэ, аан дойдуну, орто дойду олоҕун ылыммыт биһигэ буоллаҕа. Эһиги дьиҥ сахалыы тэринэн, сахалыы өйүнэн-санаанан ыйдаран олороргутун билэбит. Манна оҕолоргут, сиэннэргит оруоллара хайдаҕый?

– Оннук. Биһиги сүөһүлэнэн-астанан, оҕуруоттанан олорорбут барыта оҕолорбут, сиэннэрбит көмөлөрө буоллаҕа. Хайа ыал буолуохпутуттан дьиэ иһинээҕи күннээҕи түбүгү Павелбынаан тэҥҥэ үллэстэбит. Оттон күн-дьыл хардыытын кытта ситимнээх улахан үлэҕэ – оттооһун-мастааһын, муус ылыыта, оҕуруот олордуута, үүнүүнү хомуйуу, хотону, кыбыыны, далы кыһыҥҥы-сайыҥҥы кэмҥэ арааран оҥоруу, өрөмүөннээһин, идэһэни дьаһайыы, кэнсиэрбэлээһин уо.д.а. бары тэҥҥэ саба түһэбит. Инньэ гынан оҕолор кыра эрдэхтэриттэн сыа-арыы, үп-харчы, тот олох хантан кэлэрин илэ-чахчы көрө-истэ эрэ буолбакка, оҥоро, тута-хаба үөрэнэллэр. Ол бэйэ-бэйэни убаастаһыыга, бэйэ-бэйэҕэ сылаас, харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитэр.

Күннээҕи түбүгү үллэстэбит диэтигит. Чэ, холобура диэн, биир күн сарсыардатын кэпсээн ааһыҥ эрэ.

– Сарсыарда эрдэ турууттан саҕаланар. Павел оҕо эрдэҕиттэн эрдэһит, онон ону ыар таһаҕас оҥостубат, эдэриттэн сарсыарда 5 чааска турар. Ынахтарын киллэртээн ыыр, кэлбит субайдарын, наһаа ыраах баран хаалбатыннар диэн, имэрийэн-томоруйан, албыннаан, кыратык ас сыыһа биэрэн манньытар. Сүөһү барахсан сүрдээх өйдөөх, саҥата эрэ суох. Мин кини киириэр диэри аспын-үөлбүн, сэппэрээтэрбин, үүт-сүөгэй иһитин-хомуоһун бэлэмниибин. Күннээҕи сонуну, халлаан, сүөһү-ас туругун, бүгүҥҥү былааммытын кэпсэтэ-кэпсэтэ, чээйдиибит. Ол кэмҥэ үүппүтүн сылытары сылытан, сойутары сойутан, дьэ, үүт сүүрдүүтэ буолар. Сүүрбүт үүппүт суоракка, иэдьэгэйгэ барар, сүөгэйбит бэйэбит испитигэр ыалларынан түҥэтиллэр, ордуга мунньуллан, арыы таптайыллар. Бу үлэ барыта сууйуулаах-сотуулаах,  киириилээх-тахсыылаах, көтөҕүүлээх-сүгүүлээх. Ону барытын күн аайы оҥорор буоламмыт, этэргэ дылы, харахпытын быһа симэн да туран оҥорор-ситэрэр, бүтэрэр-оһорор турукка тиийдибит да быһыылаах (Анна Петровна мичээрдиир – Аапт.). Ол кэннэ аны, дьэ, оҕуруокка тахсабыт, таарыччы кууруссабытын аһатабыт, сымыыт хомуйабыт. Уопсайынан, сүөһүнү, кууруссаны көрүүгэ күн-дьыл бэрээдэктэниитэ улахан оруоллаах, кэмиттэн кэмигэр оҥорор буоллуҥ да, бэйэтэ ис-иһиттэн сааһыланан тахсан иһэр.

- Өбүгэ саҕаттан үгэстэрбититтэн биирдэстэринэн иис-күүс буолар. Анна Петровна бу хайысханы кыайа туппут дьоннортон биирдэстэрэ буолаҕын.

– Иис-уус, баайыы, уһаныы мин олох оҕо эрдэхпиттэн эппэр-хааммар, санаабар баар. Бу олорон санаатахпына, хайдах эрэ олоҕум хас биирдии кэрчик кэмин аайы иискэ-күүскэ сөптөөх дьону көрсөр эбиппин. Ол курдук, олохпор биир саҥа сүүрээн, уларыйыы Дарья Семеновна Козлованы кытта көрсүһүүбүттэн саҕаламмыта. Кини биһигини төрүт иискэ, сииккэ, өҥү-дьүһүнү араарарга, дьүөрэлииргэ, таҥаһы-сабы таба таларга үөрэппитэ. Онон киниэхэ махталым муҥура суох. Билигин ис-туругум, санаам тугу эрэ өр баҕайы көрдөөбүппүн булбуттуу өрө көтөҕүллэн, утаппыттыы үлэлии-хамсыы сылдьабын.

Анна Петровна айар-тутар аартык суолларынан айаннаан, элбэх араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан ылбыт үрдэллэрин сэгэтэр буоллахха, “СахаЭкспо” быыстапка кыттыылааҕа, Санкт-Петербург куоракка 11-с төгүлүн ыытыллыбыт “Звуки и краски белых ночей” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус лауреата, “Лоскутная мозаика Якутии” быыстапка кыайыылааҕа буолан, үлэлэрэ Иваново куоракка икки ый турбуттара, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин быыстапкатын кыайыылааҕа уо.д.а.

 

Бу дьарыккар дьиэ кэргэниҥ сыһыана хайдаҕый, туох оруоллааҕый?

– Саамай кылаабынай дьонум кинилэр буоллаҕа дии. Павел саамай таптыыр, астынар-дуоһуйар уонна ис-дьиҥин билэр дьарыга – сылгыны көрүү-харайыы. Инньэ гынан сиэл, кутурук бэлэмнээһинэ, ону сууйуу-тарааһын, куурдуу-хатарыы – кини чааһа. Кыргыттарым, кыыс сиэннэрим ол сууйуллубуту сааһылааһыҥҥа, ииһим таҥаһын-сабын өтүүктээһиҥҥэ, сороҕор өҥүн-дьүһүнүн да араарыыга куруутун көмөлөһөллөр. Сиэн кыыһым Виталина олох кыратыттан сиэлинэн да оҥоһукка, оҕуруонан киэргэтиигэ уо.д.а. иис-күүс бары көрүҥэр сүрдээх сыстаҕас, түргэнник ылынар.

Анна Петровна, кэпсэтиибит саҕаланыытыгар доруобуйанан хаарчахтаныы туһунан боппуруоһу таарыйбыппыт. Бу төрүт дьарык, дьиҥ сахалыы өй-санаа, дьиэ кэргэн ис туруга бу туруулаһыыга оруоллаах дуо?

– Бэртээхэй боппуруос. Ааттыын да хаарчах буоллаҕа… Ыалдьар киһи сүрдээх чараас эйгэлээх, кып-кыраттан хомойуон-хоргутуон, сүөм түһүөн сөп. Онно туруулаһыыга биһиги, сахалар, ураты дьулуурбут, тулуурбут уонна киэҥ-холку көҕүспүт чахчы көмөлөһөр дии саныыбын. Аны ити төрүт ииспит барыта тус-туһунан туһуламмыт алгыстаах, арчылаах, көмүскэллээх, ол эмиэ көмөлөһөр дии саныыбын. Кылынан, сиэлинэн оҥоһуктар үрдүк дабылыанньалаах, атах-сүһүөх ыарыылаах дьоҥҥо туһалаахтарын бары да билэбит. Бэл диэтэр ситии быатын үгэс быһыытынан оҥорорго, ол аата хатарга (сорохтор анал станогунан оҥороллор), илии-атах тэҥҥэ үлэлээн, бэйэтэ туһугар массаас, хаан сүүрүүтүгэр туһата мөккүөрү үөскэппэт. Оттон дьиэ кэргэн ис туруга, ис тутула оруола олох улахан диэн сыаналыыбын. Мин оҕолорум, сиэннэрим, кэргэним туһугар туруулаһабын, онтон кинилэр мин туспар тугу барытын гыныахтарын сөп.

– Павел Петрович, дьиэ кэргэн ис тутулугар аҕа оруола хайдаҕый? Эн санааҕар, аҕа киһи хайдах буолуохтааҕый?

– Аҕа оруола улахан дии саныыбын. Мин үөрэтэ-ньаҥсыйа барбакка, батыһыннара сылдьан көрдөрөрбүн, тэҥҥэ сырытыннарарбын ордоробун. Ол сылдьан ким туохха сыһыаннааҕын көрөргө үчүгэй. Аҕа киһи эппиэтинэстээх, эппитин оҥорор, оҥорторор, олоххо куруутун интэриэстээх, кыайыгас-хотугас, чөл, чэгиэн туруктаах, кырдьыксыт буолуохтаах.

– Чөл, чэгиэн турук эйиэхэ, дьэ, кырдьык, баар. Аҥаардас «Айхал» ансаамбылга үҥкүүлүүргэр элбэх киһи: «Байбал олох иҥэһэ үрдүгэр сылдьара биллэр, наһаа чэпчэкитик хамсанар», - диэн сөҕөр-махтайар ээ. Күн бүгүн иккиэ бэйэҕит уонунан буоллугут. Эһиги олоххутугар күтүөт, кийиит киирдэ. Кинилэри кытта сыһыаҥҥыт?

– Биһиги дьолбутугар, сүрдээх үлэһит, көнө сүрүннээх, көрөн олорбот дьон киирбиттэрэ. Күтүөппүт туох да үлэттэн иҥнибэт, тыа ыалын олоҕун кыһалҕатын этинэн-хаанынан билэр, сатабыллаах, көнө майгылаах уол. Кийииппит эмиэ кэллэ даҕаны көрөн олорбокко барытыгар ылсан иһэр.

– Анна Петровна, Павел Петрович! Эһиэхэ, эйэҕэстэй эбээлээх эһээҕэ, истиҥ-иһирэх ийэлээх аҕаҕа этэҥҥэ буолууну, доруобуйаны баҕарабын. Эһиги курдук төрүт үгэһи, бэйэ аһын-үөлүн өрө тутар дьон баарын тухары саха аймах турукпут өссө чиҥии туруоҕа.

Бииргэ буолартан бигэ тирэхтээх, кытта буолартан кынаттанар, кэккэлэһэ буолартан кэрэтийэр Анна, Павел Пестеревтэр куруутун көхтөөхтөр, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун үөһүгэр сылдьаллар. Ол курдук, «Тускул» КК иһинэн үлэлиир түмсүүлэртэн Павел Петрович үҥкүүнү ордорон дьарыктанар, Анна Петровна иистэнэр, «Утум иис» түмсүү салайааччыта, үөрэтээччитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...