13.11.2022 | 10:00

Педагог оҕо саһан сыппыт талаанын арыйар

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн үлэлиир «Фьюжн» устуудьуйа айар дьоҕурдаах оҕолору дизайҥҥа, уруһуйга уонна да атын сатабылга үөрэтэр, талааннарын сайыннарар.
Педагог оҕо саһан сыппыт талаанын арыйар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи омуктар тылларын, култуураларын үөрэтэр институтун социальнай-култуурунай сервис уонна туризм доцена Елена Васильевна Андреева устуудьуйа үлэтин, үөрэнээччилэр ситиһиилэрин сырдатта. Оҕо саһан сыппыт талаанын хайдах арыйыахха сөбүн сиһилии кэпсээтэ.

 

Үс сыл үөрэнэллэр

– Дьиҥэр, устуудьуйабыт үлэлээбитэ быйыл 10 сыл буолла. Өссө дизайнердары үөрэтэр Аныгы искусство институтун Москватааҕы филиала баар эрдэҕинэ тэрийбиппит. Ол сабыллыбытын кэннэ, кэлин ХИФУ баазатыгар көспүппүт.

Бастаан арылларбытыгар оҕолору аҥаардас художественнай эрэ хайысхаҕа үөрэппэккэ, дизайҥҥа уһуйар сыаллаах-соруктаах этибит. Онно күн бүгүҥҥэ диэри сүрүн болҕомтобутун уурабыт.  Манна даҕатан эттэххэ, сорох төрөппүттэр академическай живопись дизайнтан туох уратылааҕын өйдөөбөттөр.

Дьиҥэр, оҕолор алталарыттан дьарыктаныахтарын сөп. Ол эрээри бастакы кылаастан ыла сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ сороҕор уһуннук сатаан олорбот, кэлбит-барбыт, сытыы оҕолор кэлэллэр. Холобур, дизайҥҥа биир дьарык балтараа чаас, живописька эмиэ балтараа чаас, көмпүүтэргэ үлэ 45 мүн. уһун буолар. Онон төрөппүттэр оҕолоро өр олорон үлэлииргэ үөрэммиттэрин кэннэ аҕалаллара ордук.

Оҕолор нэдиэлэҕэ биэс чаас дьарыктаналлар. Биир күн – 3 академическай чаас, иккис күн – икки академическай чаас. Икки симиэнэнэн үлэлиибит, ол үөрэнээччилэргэ табыгастаах. Ол курдук дизайҥҥа, уруһуйга, академическай живописька, скульптураҕа, декоративно-прикладной искусствоҕа, компьютернай технологияларга уһуйуллаллар. Маны сэргэ, фотошопка үлэлииллэр, бэйэлэрин таһымнарынан фирменнэй истиили, сайтары оҥороллор. Уопсайа үс сыл үөрэтэбит, бүтэрдэхтэринэ, ону туоһулуур сибидиэтэлистибэ туттарабыт.

Хас биирдии оҕону кытта тус-туспа үлэлиибит. Бары араас саастаахтар уонна аҕыйахтар. Манна эбэн эттэххэ, тэҥ сорудаҕы да биэрдэххэ, оҕолор айымньылара майгыннаспат буолар. Тоҕо диэтэххэ үөрэнээччилэр таһымнара, кыахтара атын-атын.

Сайын аайы устуудьуйабытын лааҕыр курдук үлэлэтэбит. Сезон уһуна – икки нэдиэлэ. Айар дьарыктарбытыгар актерскай маастарыстыба эбиллэн биэрэр. Итиэннэ лааҕыр бырагыраамата арыый киэҥ буолар: психологическай трениннэр, экскурсиялар, спортивнай күрэхтэһиилэр, викториналар, куонкурустар ыытыллаллар.

Халыыпка киирэр дөбөҥ, тахсар ыарахан

“Клиповай” өй-санаа туһунан сөпкө эттиҥ, онно сөбүлэһэбин. Билиҥҥи оҕолор айалларын ыарырҕаталлар диэн көрөбүн. Идеятын тута этэр, көрүөх бэтэрээ өттүгэр айан таһаарар оҕо аҕыйах. Итиннэ интэриниэт сабыдыала улахан дии саныыбын. Ол иһин аныгы үйэ ыччата халыыпка киирэн хаалар, онтон тахсара ыарахан.

Үксүн оҕолор хаһан көрдөрөн биэрэргин күүтэллэр. Биллэн турар, туохха эрэ тирэниэхтэрин наада. Ол эрээри креативнай өйү-санааны туох даҕаны солбуйар кыаҕа суох. Биһиги устуудьуйабыт итиннэ улахан болҕомтотун уурар, оҕолор судургуну да атын харахтарынан көрөллөрүн курдук үөрэтэ сатыыбыт.      

Олоххо туһалаах билии

Аныгы үйэҕэ дизайҥҥа, графикаҕа сатабыл хайаан да наада. Идэлэрин толору баһылаабыт дьон, этэргэ дылы, арыылаах килиэптэрин булуналлар. Мин санаабар, айар эйгэ үлэһитэ айаҕын ииттэр кыахтаах кэмэ кэллэ. Оҕолор ылбыт билиилэрин олоххо хайдах баҕарар туһанар кыахтаахтар. Холобур, дьарыкка оҥорбут панноларынан дьиэлэрин, хосторун киэргэтиэхтэрин эбэтэр аккырыыккаларын күндүтүк саныыр дьонноругар бэлэхтиэхтэрин сөп.

Дизайн – креативнай хайысха. Биһиги сүрүн сыалбыт  –  оҕолор фантазияларын, айар, судургуну даҕаны атын харахтарынан көрөр дьоҕурдарын сайыннарыы.

Дизайн уонна живопись бииргэ сылдьыахтаахтар

Уруһуйга кими баҕарар үөрэтиэххэ, оҕо фантазиятын хайдах баҕарар арыйыахха сөп. Төрөппүт, уһуйааччы кини кыаҕыгар эрэниэн эрэ наада. Аны туран, сатаан олорон үлэлиир, биһиги ноҕоруускабытын тулуйар эрэ оҕо элбэҕи ситиһэр.

Биһиги хас биирдии үөрэнээччибитин личность быһыытынан көрөбүт. Оннук гыннахха, оҕо арыллар, дьоҕура кустук араас өҥүнэн оонньуур. Уопуттаах, идэтигэр бэриниилээх педагог үөрэнээччи саһан сыппыт талаанын хостоон таһаарар, арыйар диэн өрүү этэбин.

Устуудьуйабыт хара тэриллиэҕиттэн ааттаах-суоллаах дизайнердар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр дьон үлэлииллэр. Кинилэр ортолоругар Ольга Скорикова, Вера Готовцева, Татьяна Полятинская, Марина Соболева уо.д.а. бааллар. Манна оҕону кытта педагог эрэ барыта кыайан үлэлээбэт диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Төрөппүттэр “Бу мин оҕом оҥорбута дуо?”  диэн  оҕолорун ситиһиилэриттэн ардыгар соһуйар да түгэннэрэ баар. Онон уһуйааччыларбытыгар махталбыт улахан.

Дизайн уонна живопись тус-туспа сылдьыа суохтаахтар, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсиэхтээхтэр.  Мин санаабар, художественнай үөрэх биир кэлимсэ буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ креативнай өй-санаа толору сайдар кыахтаах, – диэн Елена Васильевна кэпсэтиибитин түмүктүүр. 

Устуудьуйа иитиллээччилэрэ араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Натюрморт, мэтириэт уо.д.а. жанрдарга, хатыламмат тиэмэлэргэ үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....