Павел Алексеев: «Алта сыл эккирэтэн киирбит үлэм — дьону быыһааһын»
Быыһаа диэн тыл саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар “туох эмэ кутталтан, кыһалҕаттан өрүһүй, босхолоо” диэн суруллубут. Чахчы да, оннук буоллаҕа. Оттон иэдээнтэн, кутталтан быыһаныы диэн бу иккистээн төрөөһүн буолуо диэн саарбахтаабаппын.
Киһи кыһалҕаҕа ыктардаҕына, кутталга түбэстэҕинэ бастатан туран өрүһүлтэ көрдүүр, быыһааччыларга эрийэр. Хас биирдии киһи 112 диэн кылгас нүөмэри билиэхтээх. Манна эрийдэххинэ эн кыһалҕаҕынан көрөннөр сөптөөх быһаарыныы, көмө тута оҥоро охсоллор, бу кылгас нүөмэр иһигэр суһал көмө, баһаарынай, гаас, полиция о.д.а. киирэллэр. Онон, киһиэхэ саамай күндүтүн – олоҕун ыксаллаах түгэҥҥэ кинилэр илиилэригэр эрэнэбит.
Бүгүн мин ааҕааччыларбар ирдиир-быыһыыр аэромобильнай салаа начаалынньыгын солбуйааччы Павел Владимирович Алексеевы кытта сэһэргэһиибитин таһаарабын.
— Павел Владимирович, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо?
— Мин кииним түспүт, оҕо сааһым ааспыт сирэ Бүлүү куората буолар. 1978 сыллаахха Клара Павловна Глебова, Владимир Афанасьевич Алексеев дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтүм. Икки балыстаахпын, биир бырааттаахпын.
Оскуолабын бүтэрэн баран СПТУ-га үөрэммитим, онтон Ийэ дойдубар ытык иэспин төлүү барбытым. МЧС войскатыгар сылдьыбытым.
2000 сылга ыал буолбутум, икки оҕолоохпут. Улахаммыт Олег 23 саастаах, Уфа куоракка университеты бүтэрэн кэлэн, билигин Маҕаҥҥа “Аэропорты Севера” үлэлии сылдьар. Бу күһүҥҥү ыҥырыыга аармыйаҕа барыахтаах. Кырачааммыт, муруммут бүөтэ Диана – 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа иккис кылаас үөрэнээччитэ. Ийэбит, кэргэним Анна Васильевна Алексеева СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сир оҥоһуутугар сулууспата” СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтигэр тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах сирдэр быйаҥын кэтээн көрөр, бырайыак, смета оҥорор отделыгар үлэлиир. Бу идэтигэр 23 сыл үлэлээтэ, өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийэннэр сайыны быһа буор хаһаллар, кыһынын онтуларын анаалыстыыллар. Онон иккиэн хардары-таары командировкалаах үлэлээхпит.
— Быыһааччы буолар быһаарыныыны хаһан ылбыккыный, оҕо эрдэххиттэн баҕарар этиҥ дуо?
— Оҕо сааспар итинник үлэ диэн баарын туһунан өйбөр да суох этэ. 1998 сылга аармыйаттан кэлэн баран, сылдьыбыт чааһым МЧС буолан, дьэ бу идэни интэриэһиргээн, куоракка көһөн кэлэн баран киирэ сатаабытым. Итэҕэйиэххит суоҕа буолуо гынан баран, алта сылы быһа киирэ сатаабытым, анньыспытым. Миэстэ суох диэн буолара, оччолорго сахалары улаханнык ылбаттар да этэ.
2006 сылга, дьэ, Барышев Евгений Васильевич кабинетыгар киирбитим, кини бастакы начаалынньыгым этэ, ыйы быһа сорбун сордоон баран наһаа баҕалаах диэн ылбыта. Саха оҕото ньоҕой диэн, арааһа, мин туспунан буолуо. Кини кабинетыгар киирээри, күн аайы кэриэтэ кэлэрим, кэтиирим. Командировкаҕа барбыт буолар, мунньахтарга сылдьар, онтон дьэ ыйы быһа манаан киирбитим. Саатар олбуор харбааччынан да ылаллара буоллар диэн санаалаах этим. Аармыйаҕа үөрэммит идэм буоллаҕа, дьиҥэр. Ол тухары үлэлиибин, дьиэ кэргэммин аһатыахпын наада. Дьэ эр киһи сатыырын-сатаабатын, араас үлэттэн толлубакка барытын үлэлээн испитим. Куруусчуттаабытым, миэбэл таҥмытым, балкон туруорарым. Итини барытын олоҕум суола эбит диэн ааттыыбын. Туохтан да чаҕыйбат, иҥнибэт буоламмын барытын сатыыбын, чааһынай дьиэбэр барытын бэйэм илиибинэн оҥордум.
Бу үлэҕэ 18 сыл үлэлээтим, 2006 сыл сааһыгар киирбитим. Сарсыныгар тута дьуһуурустубаҕа туруорбуттара, дьэ төһө сатабыллаах эбит диэн тургутан көрөөрү, бастакы сүрэхтэниибин, бэрэбиэркэни бэркэ ааспытым, сатыырбын, билэрбин барытын көрдөрбүтүм. Бэлэм уол сылдьар эбит диэбиттэрэ, дьэ онтон ылата үлэм саҕаламмыта. Командировка бөҕөтүгэр сылдьыбытым, сыл иһинэн бэйэбин көрдөрөн, старшайынан анаабыттара.
— “Сэрэтии, быыһааһын, көмөлөһүү” – бу быыһааччы сүрүн соруктара буолаллар. Бу тыллар эйиэхэ туох суолталаахтарый?
— Биһиги үлэбитигэр быһаччы сыһыаннаах тыллар. Күннэтэ бу тылларынан үлэбит, күммүт саҕаланар, суолтата онно сытар дии саныыбын. Дьоҥҥо өйдөтүү, үөрэтии, маннык гынымаҥ диэн сэрэтии. Көрдөр, үөрэт уонна холкутук сырыт. Дьон билбэттэриттэн, сатаабаттарыттан кутталга түбэстэхтэринэ ыксаан, уолуйан хаалаллар. Ону биһиги быыһыы ыстанабыт. Күннээҕи үлэбит төһө да кутталлаах буоллар, иэдээҥҥэ түбэспит дьону ким эрэ быыһыахтаах буоллаҕа.
Биһиги идэбитигэр саамай кутталлаах үлэлээхтэр – водолазтар. Кинилэр быыһаабаттар, кинилэр хостууллар. Массыына тимирэр, киһи тимирэр. Сайыны быһа оннук үлэлииллэр.
— Чугас дьоҥҥут эһигини өйүүллэр, өйдүүллэр дуо?
— Сорохтор өйдөөбөттөр, онон уолаттар бу үлэ биһиэхэ сөбө суох эбит диэн сайабылыанньа суруйан бараллар. Кырдьык, дьиэҕэ-уокка көстүбэккин, куруук командировка, кыра хамнас, сайыны быһа баһаардары умулларыы, хонор хоноһо курдуккун.
Мин дьонум өйдүүллэр, өйүүллэр, онон улахан-улахан махталбытын уолаттар ааттарыттан эмиэ, тапталлаах кэргэттэрбитигэр аныыбын. Кинилэр тулуйан, өйдөөн, онон тутуһа сырыттахпыт.
— Үлэҕэр саамай ыарахан түгэн туох этэй?
— “Груз 200”. Бэйэҕэ тиийиммиттэри булуу, ыстанаары турар дьону быыһааһын, баһаартан оҕолору таһаарыы. Суол саахалыгар эмиэ быыһааччылар тиийэбит. Тыыннаах дьоннооҕор өлбүт дьону кытта үлэлиир ордук диибит, тыыннаах киһи көрдөһөрө, ааттаһара, ытыыра-соҥуура, тыын былдьаһара... Киһи уйулҕата хамсыах курдук буолар.
Биир ыарахан, өйбөр хаалан хаалбыт ыҥырыы Усуйаана улууһугар Депутатскайга бөртөлүөт сууллуута. Атырдьах ыйыгар буолбута, умайбыт дьону хостооһун ынырык этэ. Харааран, чох буолан хаалбыт дьону көрүү... Бөртөлүөт саппааһа сытар эрэ, киһи эрэ. Манна бастакыбын маассабай элбэх өлбүт киһини көрбүтүм, олус ыарахан этэ. Былырыын АН-2 Сэбээн Күөлгэ сүппүтүн булбуттара, биһиги этэрээппит өлбүт дьону таһаарбыта, балтараа килэмиэтири хайаларынан дабайан аҕалбыппыт.
— Кими эмит быыһаабакка хааллаххытына, буруйданааччыгыт дуо?
— Биирдэ миэхэ оннук түгэн буолбута. 250 киилэ ыйааһыннаах 20 саастаах оҕону кыбартыыратыттан Суһал көмө массыынатыгар таһаарыҥ диэн ыҥырыы кэлбитэ. Ыйааһыннаах буолан, таһырдьа быкпатах, салгыҥҥа сылдьыбатах оҕо эбит. Хамсаннаҕына тымырдара быһа барыахтарын сөп дииллэр. Түөрт буолан армейскай наһыылканан таһырдьа таһаардыбыт, оҕобут сибиэһэй салгыны эҕирийэн, эмискэ тартаран барда, үс чаас хачайдаабыттара, быыһаабатахтара, эһиги өлөрдүгүт диэбиттэрэ. Истэргэ кыһыылаах, абалаах этэ.
— Ордук ханнык түгэҥҥэ элбэх ыҥырыы киирэрий?
— Кыра оҕолор, иккилээх-үстээх барахсаттар ааннарын хатаан кэбиһэллэр, үксүн онно ыҥырыы кэлэр. Биир кырдьаҕас эмээхсин инсуллаабытын ыаллара охтубутун истэн ыҥыраннар, быыһаабыппыт. Саамай куһаҕана сайын куйааска, сүрэх ыарыһахтар, дабылыанньалара тахсар хайыыр, ааннарыгар сатаан кэлбэккэ биһиэхэ эрийэллэр. Социальнай үлэһиттэри кытта ыкса үлэлиибит, көрөр кырдьаҕастара үс хас күн эппиэттээбэтэх, биллибэтэх буоллаҕына биһиэхэ эрийэллэр, баран эмиэ ааны арыйааччы буолабыт.
— Ордук ханнык ыҥырыылары өйдөөн хаалбыккыный, сороҕор көрүдьүөс түгэн буолааччы дуо?
— Биирдэ сайын куоракка ыҥырыы кэллэ. Биир эбээ эрийэр: “Оҕом төбөтүн кирилиэс перилатыгар кыбытан кэбистэ”, – диир. КПД дьиэҕэ, бэһис этээскэ эбит. Тиийбиппит, эбээ барахсан сиэнин бэрэскинэн аһата олорор эбит. Киһитэ төбөтө да кыбылыннар, хата, аһыы турар. Тимирин атытан төбөтүн таһаардыбыт. “Өссө аллараа этээстэргэ төбөҕүн уган көрөҕүн дуо? – диибит, киһибит ончу төбөтүн быһа илгистэр.
Икки бырааттыылар мэниктии сылдьаннар, биирэ пластмасс унитаз хаппаҕын төбөтүгэр кэтэн кэбиспит, ол хостооһуна эмиэ көрүдьүөс этэ. Оҕобут төбөтүн барытын харса суох арыынан ньалҕаарыччы сотон, кутан нэһиилэ таһаарбыппыт.
Кулун тутар ыйга ийэлээх аҕалара шортигынан эрэ балкоҥҥа табахтыы тахсыбыттарыгар иккилээх, үстээх оҕолоро ааннарын хатаан кэбиспиттэр, тиийбиппитигэр эмэһэ сыгынньах үөрэ-көтө сүүрэкэлии сылдьаллара.
Биир оҕо тарбаҕын гаечнай күлүүскэ укпут этэ, эрбиэххэ наада буолбута, болгарка аҕаллыбыт, оҕобут ону көрөн тарбахпын быһыахтара диэн ытааһын бөҕөтө, онон тимир эрбиинэн син балачча уһуннук эрбээн араарбыппыт.
— Быыһааччы буолуон баҕалаах эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ, баҕарыаҥ этэй?
— Хайаан да үөрэниҥ, биһиги үлэбитигэр киирэр киһи аччаабыта үс-түөрт идэлээҕэ ордук. Сварщик, мэхээньик, география учуутала да буоллун, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах, биэлсэр, быраас кэллэҕинэ өссө үчүгэй. Хамнаһы мыыммат, интэриэстээх, баҕалаах уолаттар үлэлииллэр.
Уу мотуорун, бурааны ыытар бырааптаах буоллахтарына, олох үчүгэй. Тыа оҕолорун ыла сатыыбыт, аҕаларын, эһэлэрин кытта булка сылдьыбыт, туохтан да чаҕыйбат, тымныыны-итиини тулуйар, суолу-ииһи билэр, ас астанар буоллун, дьэ ити быыһааччы сүрүн хаачыстыбалара. Өссө биир саамай сүрүнэ – дьону кытта кэпсэтии, тыл күүһэ. Сатаан саҥарбатаххына, уопсай тылы булбатаххына кыайан үлэлээбэккин, өй, үлэ, тыл, киитэрэй буолуу наада. Дьону тылгар киллэрии, ааттаһыы, албыннаһыы, көрдөһүү, ыгылыйдахтарына ону салайан биэрии – бэйэтэ туһунан психология.
Биһиги киэн туттар, тарбахха баттанар спортсмен уолаттардаахпыт. Күүстээх мадьынылар, маастардар Егор Гуляев, Юрий Протопопов, Николай Обоев уо.д.а. Хастыы да килэмиэтири уһуннук хаамыахха, сүүрүөххэ наада, хайаны дабайабыт, түһэбит-тахсабыт, “спецназтарбыт” дэһэбит. Онон, эдэрдэр, кытаатыҥ, сыал, баҕа санаа хаһан баҕарар туолар.
— Үлэҕин тугун иһин сөбүлүүгүнүй?
— Бу үлэм миэхэ саамай үчүгэйи биэрбитэ диэн сири-дойдуну көрдүм, өрөспүүбүлүкэни барытын, дьон хайдах олорорун, хотуттан соҕурууга тиийэ. Сахам сирин командировкаларбынан иккитэ эргийдим быһыылаах.
Халаантан олус элбэх нэһилиэктэри быыһаатыбыт, чурапчылары, таатталары, дьааҥылары, ууга күүскэ барбыт нэһилиэктэри. Түүннэри-күнүстэри, өрүстэри тоҕо тэптэрэ-тэптэрэ, дьоҥҥо көмөлөһөн, ол баар биһиги үлэбитигэр саамай кылаабынайа – дьону быыһааһын.
— Павел Владимирович, кэпсээниҥ иһин махтал! Дьон эрэлэ, махтала кэлэ турдун, ыарахан үлэҕитигэр ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабын.