07.10.2022 | 14:00

Патриотизм тыына баар, суох диир табыллыбат...

Дойдуга буола турар быһыынан-майгынан сибээстээн аныгы кэм ыччата патриотизм туһунан санаатын билээри, ыйытык оҥордубут. Манна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара кытыннылар.
Патриотизм тыына баар, суох диир табыллыбат...
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

1. Патриот диэн кимий? 
2. Саха ыччатыгар патриотизм баар дуо? Ол ордук туохха көстөрүй?
3. Патриоппун дэнэр буоллаххына, сахалыы кинигэни, хаһыаты ааҕаҕын, сахалыы таҥаһы-сабы, киэргэли кэтэҕин дуо?
4. Духуобунас уонна патриотизм  диэн тыллар суолталарын хайдах өйдүүгүн?

Дмитрий Барашков, ХИФУ горнай институтун 1 кууруһун устудьуона:

— Мин санаабар, патриот диэн төрөөбүт сирин-уотун, дойдутун убаастыыр уонна ис сүрэҕиттэн таптыыр киһи.

Патриотизм баар дии саныыбын. Ол, холобур, биир дойдулаахтарбыт аан дойду ханнык да муннугар тиийдилэр эрэ, Сахабыт сирин былааҕын өрө тута сылдьалларыгар, бэйэбит бырааһынньыкпытыгар сахалыы таҥас кэтэллэригэр, көннөрү күҥҥэ сахалыы моһуоннаах таҥаһы талалларыгар көстөр.

Мин патриоппун диэн улаханнык саҥарбаппын эрээри, төрөөбүт, улааппыт дойдубун таптыыбын, туох да иһин атын дойдуга көһөн барыам суоҕа. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр сахалыы кинигэлэри ааҕарым, хомойуох иһин, кэнники сылларга сахалыы таҥныбаппын.

Духуобунас диэн тыл сүрдээх дириҥ өйдөбүллээх. Холобур, биһиги өбүгэлэрбит хаалларбыт үгэстэрэ уонна үйэлээх сыаннастара дии саныыбын.

Нарыйа Петрова, ХИФУ физическэй култуура уонна спорт институтун 1 кууруһун устудьуона:

– Мин санаабар, дойдуларын туһугар кыһаллар, норуоттарын таптыыр, убаастыыр дьону ааттыыллар.

Билиҥҥи олоххо, чуолаан эдэр ыччакка патриотизм күүскэ тарҕанна. Ону хайдах быһаарабыт диир буоллаххытына, холобур, саха ыччата атын дойдуга эбэтэр атын куоракка тиийдэҕинэ, бэйэтин ытык сирин чиэһин харыстыыр, дойдутун таптаан, ахтан кэпсиир.

Мин сахалыы кинигэлэри соччо аахпаппын эрээри, төрөөбүт тылбын таптыыбын. Төлөпүөммэр сахалыы клавиатураны туттабын, тус олохпор сахалыы киэргэллэри: биһилэҕи, ытарҕаны кэтэбин.

Духуобунас ис туругу көрдөрөр, этэргэ дылы, мотивация буолар. Ол эбэтэр бэйэҥ баҕаран туран үтүө дьыаланы оҥоруу, кэннигэр суол хаалларыы. Патриотизм диэн бэйэҥ норуоккар ытыктабыллаах сыһыан уонна Аҕа дойдуну харыстыыр, бэриниилээх санаа түмүллүбүтэ буолар.

Терентий Третьяков, ХИФУ геолого-разведочнай факультетын 2 кууруһун устудьуона:

Мин санаабар, хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт сиринэн, дойдутунан киэн туттуохтаах, сыаналыахтаах, харыстыахтаах, ытыктыахтаах. Бу билиҥҥи кэмҥэ ордук тоҕоостоох, дьиҥнээх патриоттар биһиги дойдубут сайдарыгар төһөлөөх ыарахан үлэни ыыттахтара, төһөлөөх кылааттарын киллэрдэхтэрэ. Ону киһи ааҕан сиппэт. Бу маны  барытын өйдүүр, саныыр, сыаналыыр, киэн туттар, историятын билэр, аан дойдуга сырдатар, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир киһини патриот дии саныыбын.

Аныгы үйэни ылан көрдөххө, саха ыччатыгар патриотизм тиэмэтэ быдан сайдыбыт. Ол курдук кинилэр бэйэлэрин дойдуларын сайыннараары, ааттатаары  араас улахан тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, спортивнай  күрэхтэһиилэргэ Саха сирин ааттаталлар, форумнарга  кыайаллар, политическай көрсүһүүлэргэ санааларын этинэллэр. Биһиги дойдубут кимтэн да, туохтан да хаалсыбатын, сайдыы букатын тохтооботун бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөллөр.

Сахалыы кинигэлэри, хаһыаттары уонна да араас иһитиннэрэр тарҕатыылары оскуолаттан саҕалаан үөрэтэбит, ааҕабыт. Биһиги кырдьаҕас көлүөнэбит олус ааҕара, мин оҕо эрдэхпиттэн кинилэри кытта тэҥҥэ ааҕан улааппытым, ол иһин билиҥҥэ диэри истэрбин, ааҕарбын, көрөрбүн олус сөбүлүүбүн.

Духуобунас диэн тыл патриотизм диэн тылы кытта ситимнээхтэр, тоҕо диэтэххэ киһи ис туруга, ис санаата төһөнөн күүстээх, толкуйа бэрээдэктээх буоллаҕына, киһи киһини үтүөҕэ сирдиэн, үөрэтиэн-такайыан сөп. Ол иһин духуобунай өттүнэн баай киһини сөптөөх суолга сирдиэххэ сөп. Дойдум дьоно, бары бииргэ, биир сомоҕо эрэ буоллахпытына барытын кыайыахпыт, ааһыахпыт, тохтотуохпут!

Валентина Гоголева, ХИФУ естественнэй наукалар институттарын 1 кууруһун устудьуона:

– Бэйэлэрин дойдуларынан киэн туттар, төрөөбүт сирдэрин харыстыыр, көмүскүүр дьон.

Билиҥҥи ыччакка патриотизм суолтата, тыына күүһүрэн турар дии саныыбын. Аныгы көлүөнэ ыччата сахалыы саҥарабыт, култуурабытын харыстаан, киэн туттабыт. Билиҥҥи ыччат, мин көрүүбэр, быдан сайдыылаах, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, инникигэ эрэллээх уонна саамай сүрүнэ – тус көрүүлээх уонна сыаллаах. Ону ситиһэригэр олох кыра сааһыттан кыһаллар, чөл олоҕу тутуһар.

Сахалыы таҥаһы сылга биирдэ-иккитэ кэтиэхпин сөп. Ордук киэргэллэри сөбүлүүбүн.

Духуобунас диэн, бастатан туран, киһи олоххо, дьоҥҥо сыһыана. Киһи күнтэн күн сайдара, олоххо туттар сыаннастара, толкуйа, санаата.

Никита Аянитов, ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун 1 кууруһун устудьуона:

– Патриоттар дойдуларын таптыыллар.

Мин санаабар, хас биирдии киһиэхэ патриотизм диэн баар. Холобура, саха ыччата биһик ыйаабыт дойдутун өрө тутар, таптыыр, убаастыыр, харыстыыр. Ону кини тутта-хапта сылдьарыгар, саҥатыгар-иҥэтигэр, толкуйугар кытта көстөр.

Биллэн турар, сахалыы хаһыаты, кинигэни  ааҕабын. Сахалыы таҥас кэлин элбээтэ, син таҥна сатыыбын. Төрүт аспытын сөбүлүүбүн, сахалыы ырыалары, киинэлэри көрөбүн уонна ийэ тылбынан саҥарабын.

Духуобунас диэн, мин санаабар, санаа күүһэ уонна дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу.

Петр Слепцов, АГАТУ 1 кууруһун устудьуона, «ЗЁМА» уопсастыбаннай хамсааһын актыбыыһа:

– Патриот төрөөбүт сирин-уотун өрө тутар, убаастыыр уонна өрө таһаара сатыыр.

Саха ыччатыгар патриотизм тыына баар, суох диирбит табыллыбат. Билигин олохпут күүскэ сайдан эрэр, инникитин ыччаты иитиигэ үлэ ыытылыннаҕына сайдыа. Оннооҕор ити уопсастыбаннай хамсааһыннарынан ылан көрүөххэ сөп, түмсүүгэ элбэх ыччат баар, бары биир санаанан салайтараллар, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээхтэр.

Мин бэйэм наһаа аахпат этим, ол эрэн сахалыы таҥаһы кэтэбин, сахалыы бреннэри өйүүбүн.

Духуобунас диэн күүстээх санаа, итэҕэл. Духуобунас уонна патриотизм быстыспат ситимнээхтэр.

Ыйытык түмүгүнэн ыччат санаата барыта биир эбит диэн түмүккэ кэллим. Кинилэр санааларыгар, патриот диэн бэйэтин дьыалатын чиэһинэйдик оҥорор, дойдутун туһунан хорсуннук этинэр, төрөөбүт сирин таптыыр уонна инники сайдыытыгар туох эмэ кылааты киллэрэр киһи. Ол эрээри баччааҥҥа диэри эдэр дьон бэйэлэрин патриоттарынан ааттыыр кыахтара суох. Дойдуга баар кыһалҕалары аһаҕастык этэр ыччат тарбахха баттанар.

Үгэс буолбут патриотизмы иитии халыыбын таһынан музей үлэтин биллэрэ-көрдөрө сылдьыахтаахпыт, бэтэрээннэри, суруйааччылары, композитордары уонна худуоһунньуктары кытта элбэхтик көрсүһүннэриэхтээхпит. Аныгы кэм ирдэбилинэн өй-санаа дискуссияларын, кейстэрин тэрийэн, ыччат дойдутугар бэриниилээх, убаастабыллаах буоларын ситиһиэхтээхпит. Сахалыы саҥарарбыт таһынан, Ийэ дойдубутугар чахчы бэриниилээхпитин дьиҥнээх дьыаланан, үлэнэн, үөрэҕинэн, билиинэн дакаастыахтаахпыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...