29.04.2021 | 23:59 | Просмотров: 830

Паасха үтүө үгэстэрэ

Православнай итэҕэллээхтэр быйыл Паасханы ыам ыйын 2 күнүгэр бэлиэтиэхтэрэ. Саамай киэҥник биллэр үгэстэринэн кулич астааһын уонна саҥа олох үөскүүр бэлиэтин – сымыыты кырааскалааһын буолар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Паасха –  былыргы уонна кэрэхсэнэр бырааһынньыктартан биирдэстэрэ. Хайдах да уустук кэмҥэ олорбуттарын иһин, православнай итэҕэллээх норуот христианскай бырааһынньыгы көтүппэт этэ. Ыраас эбэтэр Улуу чэппиэр быйыл муус устар 29 күнүгэр түбэстэ. Бу эмиэ үйэлэри нөҥүөлээн кэлбит туспа үгэстэрдээх.

Аныгы үйэҕэ итэҕэлиттэн тутулуга суох дьон Паасханы дьиэ кэргэн бырааһынньыгын курдук ылынар, үөрэ-көтө көрсөр, кулич астыыр, сымыыт кырааскалыыр. Бүгүн Паасха күнүн көрсө дьон сөбүлээн астыыр аһын ырысыабын саныахха.

6 кулич тахсар:

Үүт – 500 мл

Бурдук – 1 киилэ

Ынах арыыта – 200 г

Саахар – 300 г

Сымыыт – 6 устуука

Доруоһа – 12 г

Изюм – 275 г

Ванилиннаах саахар – 1 ч.нь.

Туус – 0.25 ч.нь.

Тиэстэҕитин доруоһа эбэн таһаараҕыт, бары састаабын кутаҕыт. Илиигитинэн көпсөркөй гына мэһийэҕит, пуормаларга быһаҕас гына кутаҕыт. Сылаас сиргэ өссө төгүл үллүөр диэри туруора түһэн баран, духуопкаҕа быһа холоон 35 мүнүүтэ 180 кыраадыска буһараҕыт. Куличтаргыт сойбуттарын кэннэ сөбүлүүргүтүнэн киэргэтэҕит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...