22.05.2022 | 10:00

Ойуу тылынан саҥарар олоҥхо алыба

Ойуу тылынан саҥарар олоҥхо алыба
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

Олоҥхо уонна Таатта – уруулуу өйдөбүллэр. Олоҥхо – тыл муҥутуур таһымын, уус-уран тыл баайын байҕала буолбут айымньы. Оттон талыы-талба Таатта олоҥхо үөскээбит түөлбэтинэн, олоҥхоһуттар уутуйан төрөөбүт ытык сирдэринэн биллэр.

Олоҥхо эйгэтин бүгүҥҥү туругун туһунан Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин фольклору сүрүннүүр исписэлииһэ Майя Гаврильевна Егорованы кытта сэһэргэһэбин.

– Майя Гаврильевна, бүгүҥҥү кэпсэтиибит олоҥхо тула барыаҕа. Олоҥхо диэн, эн өйдөбүлгэр, тугуй?

– Олоҥхо – бу олорор олохпут уус-уран тыл күүһүнэн ойууланан кэпсэнэр саха норуотун уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, үс эйгэ алтыһар эриэкэс кэпсээнэ.

– Тааттаны олоҥхо биһигинэн, олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит түөлбэлэринэн ааттыыллар.

– Таатта ньаассын отуттан ааттаах-суоллаах дьон төрөөн-үөскээн тахсыбыттара. Бу ыйытыыга кыраайы үөрэтээччи Е.Д. Андросов суруйуутунан хоруйдуом: “Таатта сирэ былыр-былыргыттан улуу олоҥхоһуттарынан, ыллам ырыаһыттарынан, улуу ойууннарынан уонна отоһуттарынан ордук чорбойон аатырбыт-сураҕырбыт эбит. Кинилэр саҥарбат туоһуларынан биһиги өбүгэлэрбит ааспыт үйэттэн саҕалаан бу сүүрбэһис саҥатыгар диэри ыспыт, Улуу Үрүҥ Тунах ыһыахтарын ыыппыт сирдэрэ: Тыараһа «Аччыгый Эбэтэ”, “Улуу Сыһыыта”, Чөркөөх “Тохтобула”, Сиэллээх “Нааттаарата”, Ытык Күөл “Мойуоната”, Уолба “Эбэ Хотуна”, Дьүлэй “Сэттэ Тумул Халдьаайыта”, “Көлүйэ Күөлэ”, Баайаҕа “Эбэтэ”, “Маттаҕа Сайылыга”уонна “Бититтимэтэ” буолаллар. Бу ааттара ааттаммат ытык сирдэргэ элбэх ыаллыы, ыраах, туора да улуустар ааттаахтара анаан олоҥхолоһо, ыллаһа-туойса диэн ааттаан, көр-күлүү көтөллөнөн, ырыа-тойук ындыыланан, сэһэн-сэппэн сэтиилэнэн, олоҥхо-остуоруйа олбохтонон, аҕыс адаардаах айаны айаннаан, тоҕус тоҕойдаах суолу тобулан, ардыгар ахсым соҕустук айаннатан, сыыдам да соҕустук сиэллэрэн, омуннаахтык да ойуолатан, тиэтэллээх да соҕустук тэбиннэрэн кэлэннэр, уохтара-омуннара уҕарыар диэри дуоһуйа олоҥхолоһон, ыллаһан-туойсан, оонньоон-көрүлээн аххан бараллара үһү”.

«Көһөҥө ситим» бөлөх, Октябрьскай нэһилиэк

 – Тааттаҕа Олоҥхо күнэ хаһан олохтоммутай? Ол сыл туох киһи сэҥээрэ тэриллибитэй?

– Тааттаҕа саха үгэстэрэ умнуллубакка үйэттэн үйэҕэ салҕана, ырыабыт-тойукпут, олоҥхобут ыллана турарыгар, улууспутугар 2005 сыл кулун тутар 2 күнэ  “Олоҥхо күнүнэн” биллэриллибитэ.  Бу күн Дарыбыан Дабыыдап “Тойон Ньургун” олоҥхо кинигэтин биһирэмэ буолбута. Төгүрүк остуол тэриллибитигэр тыл учуонайдара, кыраайы үөрэтээччилэр кыттыыны ылбыттара. Бу күн  улууспут устуоруйатыгар  элбэх чахчылар суруллуохтара турдаҕа.

– Кэлин туох үлэ барда?

– Быйыл 17-с сылын Олоҥхо күнүн ыыттыбыт. Сарсыарда күммүт олоҥхоттон саҕаланар, улуус киин уулуссатыгар олоҥхо умсулҕаннаах ырыата-тойуга дьиэрэйэр. Ол курдук, "Олоҥхо сатабыла" бырайыагынан улуус хас биирдии уһуйааныгар, оскуолаларыгар олоҥхо уруоктара, олоҥхо киэһэлэрэ, быыстапкалар, маастар-кылаастар, төгүрүк остуоллар, араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.

– Улууска “Олоҥхо ассоциациата» хас сылтан тэриллибитэй?

– Таатта улууһун “Олоҥхо ассоциацията» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олоҥхо Ассоциациятын филиалын быһыытынан үлэлиир.  2014 сылтан саҥаттан сөргүтүллэн  үлэлиир. Үлэ ситимнээхтик, сыллата сонун тэрээһиннэрдээх барар. Таатта улууһун Олоҥхо Ассоциациятын Изабелла Александровна Сивцева салайар. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Бастыҥ үлэлээх Олоҥхо Ассоциацията”, Олоҥхо института бастакынан ыыппыт Олоҥхо дьыктааныгар бастакы буолбуппут үлэбит сөптөөх хайысханан баран иһэрин туоһулуур.

– Олоҥхону уһуйааччылар улууска кимнээхтэрий? Хас бөлөх баарый?

– Хас биирдии эйгэ уһуйааччылардаах. Олоҥхону ис санааларыттан үөрэтэр, тарҕатар улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, тумус туттар ааттаах-суоллаах дьоммут Раиса Маркова, Людмила Цой, Алексей Николаев, Афанасий Попов буолаллар. Билигин нэһилиэк аайы, ол аата 14 нэһилиэккэ, норуот айымньытын дьиэлэрин иһинэн олоҥхо бөлөхтөрө бааллар. Куолаан толоруу билигин сайынна, көдьүүһүн ылла. Бу бөлөхтөрү биир идэлээхтэрим – култуура үлэһиттэрэ сүрүннээн, олоҥхону толорооччулары кытта сибээстээхтик үлэлээн, үтүө түмүктэрдээхтэр.

– Саха таҥаһын тигиитэ төһө тэнийдэ? Олоҥхону толорооччу таҥнар таҥаһа оруолу ылар дуо?

– Сахабыт таҥаһа ыһыахха эрэ буолбакка, күннээҕи олоххо, урууларга кэтиллэрэ  кэрэхсэбиллээх. Таҥас киһиэхэ оруоллаах бөҕө буоллаҕа. Үчүгэй таҥаһы таҥыннахха, киһи үөрэр, санаата көтөҕүллэр. Олоҥхону толорооччу оруолун аһарыгар, оруолугар киирэригэр, толороругар, хайа уонна үчүгэй, баай-талым таҥастаах олоҥхолуу олороро көрүөхтэн кэрэ көстүү буоллаҕа.

Тыараһа нэһилиэгин  ыччатын бөлөҕө

–  Олоҥхо өҥнөрө, олоҥхо муусуката, олоҥхо саҥата диэн өйдөбүллэр бааллар дуо?

–  Бу өйдөбүллэр – тыл күүһэ буолар. Олоҥхо ойуу тылынан саҥарар, онно өҥ, муусука, саҥа барыта дьүөрэлэһэр. Ол иһин истэргэ, толорорго умсугутуулаах.

–  Олоҥхо киһиэхэ тугу биэрэрий? Толоруута өссө сайдыа дуо?

–  Олоҥхолуун алтыһыыга эмоция көмөтүнэн киһи туруга бөҕөргүүр, уус-уран тыл баайын үөрэтэҕин, киһи толкуйа күүһүрэр, сайдар. Биһиги үлэбит сүрүнэ олоҥхо эйгэтин тэрийии, куолаан толорууну тарҕатыы, биирдиилээн толорооччулары таһаарыы, дьиэ кэргэҥҥэ олоҥхону истии эйгэтин тэрийии, толорууга уһуйуу. Бу барыта ситимнээхтик үлэлэннэҕинэ, олоҥхо умнуллубакка сэҥээриллиэ, сайдыа.

–  Олоҥхо педагогиката төһө көдьүүстээҕий?

– Таатта улууһун "Арылы кустук" үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимэ  оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго СЭДИП олоҥхо педагогикатын технологиятынан көдьүүстээхтик үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Олоҥхо педагогикатын” биир дойдулаахпыт, киэҥник биллэр этнопедагог, педагогическай наука хандьытаата Екатерина Петровна Чехордуна төрүттээбитэ. Екатерина Петровна төрөөбүт улууһун кытта ситимин быспат, үлэбитигэр куруук көмөлөһөр. Ону таһынан Таатта иитэр-үөрэтэр кластернай үлэ үөрэх салаатын кытта биир былааннаахтык үлэлээн кэллэ. Былырыыҥҥыттан оҕо уһуйаанын, оскуоланы бүтэрээччилэр олоҥхону толорууларын үгэскэ кубулутар сыаллаах үлэни тэрийбиппит.

Бэйэҥ олоҥхону толорорго холоноҕун дуо? Ханнык олоҥхо эйиэхэ чугаһый?

–  Олоҥхону толорбоппун эрээри, истэрбин сөбүлүүбүн. Үлэбинэн күн аайы олоҥхону кытта алтыһабын. Сыллааҕы ылыллыбыт былаан күн аайы үлэлиири ирдиир. Саха киһитигэр "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхо ордук чугас. Былатыан Ойуунускай 30 олоҥхону холбоон суруйбут олоҥхото, саха бастыҥ эпоһа буолан, ЮНЕСКО-ҕа киирэн, сахалар материальнай култуурабыт өлбөт-сүппэт үөстэниитигэр олук буолбут олоҥхобут буолар.

– Олоҥхо саамай күүстээх уобарастара ханныктарый? Тоҕо уонна тугунан күүстээхтэрий?

–  Хас биирдии киһи бэйэтигэр истэригэр, үөрэтэригэр, толороругар чугас уобарастардаах буолар. Ол киһи бэйэтэ ылыныытыттан тутулуктаах.  Уобараһы толорор киһи араастык толорор. Сороххо куолаһа, дикцията, тембра сөп түбэһимиэн сөп. Сорохторго олох анаммыт курдук толоруллар, ылланар. Олоҥхо уус-уран тылынан, ойуулааһынынан күүстээх.

– Үлэ барыытыгар туох ситиһилиннэ?

–  Бу ыйытыыга эмиэ улуу Ойуунускай тылынан хоруйдуум: “Хайа да омук сайдарыгар, үрдээн үүнэн тахсарыгар, ханнык даҕаны кирилиэһин маҥнайгы үктэлэ буолара – норуот ырыата, норуот олоҥхото...”. Бу ыллыктаах тылларынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, Былатыан Ойуунускай аатынан норуот тыйаатыра тэрийиитинэн “Былатыан ыччаттара”  уопсастыбаннай хамсааһын чэрчитинэн  Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэ 34 улуус ыччата “Дьулуруйар Ньургун Боотур”олоҥхону толордулар. Бырайыак түмүгүнэн сыл бүтүүтэ “Саха” КИХ ханаалын “Олох үөһүгэр” биэриигэ кэпсэтии ыыппыппыт. Ону тэҥэ олоҥхону истии эйгэтин тарҕатар сыалтан улууска биир сонун бырайыакка өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр "Тааттадальнобой" Никифор Кутугутов салайааччылаах уопсастыбаннай тэрилтэ, Борис Платонов салайааччылаах “Таатта”, Евгения Туласынова салайааччылаах  “Якутск” таксилар суоппардара бэйэлэрэ уонна айанньыттар уһун айаннарыгар истэллэригэр  Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону флешкаҕа уган биэрбиппит. Олоҥхо эйгэтин тэрийэн, олоҥхону ыалга истии, дьиэ кэргэнинэн, нэһилиэнньэнэн олоҥхону толоруу үгүс сэҥээриини ылар. Бөлөҕүнэн толорууттан биирдиилээн олоҥхону толорооччулар тахсаллара – ол биһиги сүрүн ситиһиибит. Пандемия кэмигэр үлэбитин тохтоппокко куйаар ситимин нөҥүө олоҥхо олуктарынан ырытыыны тэрийэн итэҕэл, медицинэ, тыл, уйулҕа өттүнэн дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэри ыыппыппыт. Олоҥхо киэҥ киэлитин сэгэтэн үлэни ыытар биир киһи үлэтэ буолбатах. Былааннаммыт үлэни бииргэ торумнаан, ситминээх үлэни бүтүн кэллэктиип, бары эйгэттэн- култуура, үөрэх уо.д.а. кыттыһан көмөлөөн оҥордоххо үлэ үтүө түүмүктээх буолар.  

Түмүккэ,  олоҥхону тарҕатар, үйэтитэр, киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар,  үлэбитин сүрүннүүр Саха Өрөспүүблүкэтин Олоҥхо Ассоциятыгар, Олоҥхо киинигэр, Олоҥхо тыйаатырыгар, фольклору сүрүннүүр уһуйааччыларбытыгар, биир эйгэлээхтэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит. Олоҥхо курдук алыптаах, умсугутуулаах эйгэ олоххутун киэргэттин, үлэҕитин ситэрэн биэрдин, тыла-өһө туруккутун тупсардын. Төрүт үгэспит сайдыыга симэлийбэккэ, оҕустарбакка, ыал аайы олоҥхо истиллэ, толорулла турарыгар болҕомтобутун ууран, өссө айымньылаахтык үлэлиэхпит.

– Майя Гаврильевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын. «Таатта – олоҥхо түөлбэтэ, олоҥхо дойдута” диэн аатын ааттата, ситиһиилээхтик үлэлээҥ, элбэх ыччаты уһуйуҥ диэн баҕа санаам бастыҥын аныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...