04.08.2021 | 18:05

Ой Бэскэ хаһаайыстыбалаах Корякиннар

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Сэбиэскэй кэмнэргэ куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ оҕуруот аһын, үтүмэн үүнээйини олордон, куораты бүтүннүү хааччыйар тэрилтэлэр үлэлээн олорбуттарын өйдүүбүт. Билигин онтон тарбахха баттанар ахсааннаахтар хаалбыттарын бары билэ-көрө сылдьабыт. 
Ол эрэн, Хатаска бэйэ тэрилтэтин тэринэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар эдэр ыаллар эмиэ бааллар. Кинилэртэн биирдэстэринэн Алёна Егоровна Корякина  дьиэ кэргэнинээн буолаллар.

Алена Егоровна, эн бэйэҥ Хатас сиригэр төрөөбүтүҥ, улааппытыҥ дуо?

— Мин Хатас нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Кэргэннээхпин, икки оҕолоохпут.

 — Бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар санаа хайдах үөскээбитэй?

— Ийэм Наталия Николаевна Корякина 72 саастаах, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, үлэ туйгуна, үйэтин-сааһын тухары ыанньыксыттаабыта. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит, мин саамай кыраларабын. Аҕабыт мин 8 ыйдаахпар өлбүтэ. Ийэм   1968-2010 сылларга ыанньыксыттаабыта. Ол кэнниттэн 5 сыл тарбыйах көрбүтэ. Үлэтэ-хамнаһа сыаналанан, “Үлэ албан аатын” III истиэпэннээх уордьанынан, Үрдүкү сэбиэт Бочуотунай грамотатынан,   элбэх мэтээлинэн, САССР Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин анал бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта. Ону таһынан ВДНХ араас  дьаһалларын хас да төгүл кыттыылааҕа.  Кыра эрдэхпиттэн ийэбэр  куруук кутурук маһа буоларым, наар батыһа сылдьарым. Ийэм кыһын буоллун, сайын буоллун,  хотонно буоллун, сайылыкка буоллун – куруук үлэлии эрэ сылдьарын өйдүүбүн. Ону ити бэйэм эппэр-хааммар инэриммиппин быһыылаах уонна бэйэбэр холобур оностубуппун. Билигин да ийэбит дьиэтигэр үлэҕэ  ынырда да,  бары ох курдук оҥостон тиийэбит.

Куоракка уһуннук таҥас атыылыыр маҕаһыыҥҥа администраторынан үлэлээбитим. Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр үлэлиэм диэн өйбөр да оҕустарбат этим. Ол да буоллар, тыа сиригэр улааппытым, үлэни-хамнаһы билбитим ханан эрэ дьайбыта, суолу арыйан биэрбитэ дуу?

—  Дьэ, үлэҕитин хайдах, хаһан саҕалаабыккытый?

—  «Ичигэс» диэн тэрилтэни тэриннибит. Ийэм өттүнэн хос-хос эһэм Василий Павлов-Ичигэс Бааска диэн сыылкаҕа кэлбит нуучча эбитэ үһү.

Үлэбитин быйылгыттан эрэ саҕалаатыбыт. Былырыын саҕалыыр былааннаах этибит да, Москваҕа эпэрээссийэҕэ баран кэлбиппит, онон кыаллыбатаҕа.

Оҕо сылдьан сайын аайы Хатаһым өлгөм үүнүүлээх бааһыналарыгар, куорат дьоно барыта атыылаһарын курдук оҕуруот аһын дэлэйдик биэрэр тэпилииссэлэргэ үлэлээччибин. Ол эрээри, билиҥҥитэ улахан билиим суох. Онон, быйыл саас бааһынабытыгар хаппыыста, хортуоппуй, аҕыйах моркуоп эрэ олордубуппут.

Бааһынабыт Владимировка уонна Хатас икки ардыларынан, улахан Эбэлээх Ой Бэс диэн ытык сиргэ баар.

Билиҥҥитэ туох да тиэхиньикэбит, тыраахтарбыт суох, оҕуруоппут аһын харайар да сирбит (овощехранилище) суох. Онон ыраас лиистэн бэйэбит күүспүтүнэн саҕалаатыбыт, барыта – илиибитинэн үлэ. Сүрүннээн үс буолан үлэлии сылдьабыт. Эдьиийдэрим, балтыларым, бырааттарым кэлэн көмөлөһөллөр.

—  Хатаска эһиги курдук бааһынай хаһаайыстыбалаах эдэр дьон, ыал төһө элбэххитий?

— Эдэр бааһынайдары соччо билбэппин, эдэрдэр суохтар быһыылаах. Аҕа саастаах бааһынайдартан Елена Павловна Туриктыын билсибитим. Кыһын сиэмэ хортуоппуйбутун Хаҥаластан аҕалан, киниэхэ уурдарбыппыт.

— Биирдиилээн дьон тэрилтэ тэринэригэр дьыала-куолу өттүгэр төһө уустуктааҕый?

— Тэрилтэҕин регистрациялыыр, дьиҥинэн, олус судургу. Нолуок тэрилтэтигэр сайабылыанньа эрэ суруйаҕын. Онтон сыыйа-баайа барытын өйдүүгүн, билэн-көрөн бараҕын. Бириэмэтигэр отчуоккун туттарыаххын, нолуоккун төлүөххүн наада. Дьэ, ол кэнниттэн туруоруммут соруккун олоххо киллэрэргэ үлэ үөһүгэр түһэҕин – сүрүнэ ити буоллаҕа.

— Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо дьаһалта эбэтэр Тыа хаһаайыстыбатын өттүттэн туох эмэ өйөбүл баар дуо?

—  Туох да өйөбүл суох. Барытын бэйэбит хара күүспүтүнэн оҥоробут. Уопсайынан, Хатас нэһилиэгэ куоракка киирсэр буолан, маннык дьарыктанарга табыгаһа суох эбит. Ол эрэн, аймахтарбыт, билэр дьоммут көмөлөрүнэн син саҕалаатыбыт. Инникитин өссө сайыннаран, улаатан, кэҥиир былааннаахпыт. Тэпилииссэ, оҕуруот аһын харайар сир оҥостуохпутун баҕарабыт.

Бу икки ыйы быһа, күн аайы тохтоло суох, күүскэ үлэлээтибит. Тиэхиньикэтэ суох буоламмыт, элбэх бириэмэбит сыыс оту ыраастааһыҥҥа, хортуоппуйга уу кутууга, көмүүгэ барда. Сайын куйааска киэһээ 16.00 чаастан саҕалаан, түүн 24.00 чааска диэри үлэлии сырыттыбыт. Дьиҥэр, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлиибит.

Туох да диэбит иһин, санаабытын түһэрбэппит. Улахан убайым эргэ дьиэтин туран биэрбитигэр күннээҕи күүстээх үлэбит быыһыгар сайынны кыракый дьиэ тутта сылдьабыт. Бу иннинэ балааккаҕа олорбуппут.

— Кыһын өссө тугунан дьарыктанар санаалааххытый?

— Хомуурбутун хомуйан, харайар сирдээхпит эбитэ буоллар, кыһыннары атыылыа этибит. Ол эрэн, күһүн Бааһынай ырыынагар туран, барытын атыылаан бүтэрэр санаалаахпыт. Кэргэним хотуттан сылдьар буолан, кыһын аайы Уус Дьааны сибиэһэй балыгынан ырыынакка эргинэр. Быйыл киниэхэ күүс-көмө буолар санаалаахпын.

Уопсайынан, маннык дьиэ кэргэнинэн үлэлиир санааны кэргэним толкуйдаабыта. Онон кыһын балыгы атыылааһынынан, сайын оҕуруот олордуутунан дьарыктаныахпыт. 

— Кэрэ аҥаарга, ыал ийэтигэр олус ыарахан үлэ буолбатах дуо?

— Кырдьык, олус ыарахан үлэ. Ол эрэн, элбэх толкуй кэнниттэн бэйэҕэ үлэлииргэ санаммыт буоламмыт, тиһэҕэр тириэрдэр баҕалаахпыт. Дьиҥэр, ханнык баҕарар үлэ элбэх бириэмэни, күүһү-уоҕу ирдиир. Сөпкө толкуйдаан, бириэмэни аттаран, дьүөрэлээн үлэлээтэххэ, кыаллыбат да кыаллыа дии саныыбын. Улаханнык өйүүр, сүрүн киһибинэн, биллэн турар, кэргэним Виталий Анатольевич Горохов буолар.

Онон, ылыммыт быһаарыыбын олоххо киллэрэн эрэрбиттэн, олохпор улахан хардыыны оҥорбуппуттан, чэпчэкитэ суох үлэни кыайа-хото сылдьарбытыттан олус астынабын.

— Эһиги курдук хаһаайыстыба тэринэн, олоҕун тыа хаһаайыстыбатыгар аныан, дьиэ кэргэнин бэйэ үүннэрбит аһынан хааччыйыан баҕалаах эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Билигин кимиэхэ эрэ сүбэ-соргу биэрэр курдук улахан уопутум суох. Ол гынан баран, быйыл хаппыыстам арассаадата улаханнык табыллыбатаҕа. Ол иһин, олордуоххут иннинэ үчүгэйдик ыйыталаһан, сүбэлэтэн баран олордор буолун диэхпин баҕарабын. Үксүн Интэриниэти көрөн үөрэнэбин. Киһи-киһи араастык сүбэлиир, ол иһин, үксүгэр бэйэбит билиибитин туһанабыт. Онон, үлэбит түмүгэ күһүн хомуур саҕана көстүөҕэ. Онно баҕар сүбэ-ама да биэриэм (күлэр). Билиҥҥитэ хаппыыстабыт эрэ хойутаабыт курдук.

— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түстэххинэ?

— Кэргэним хотугу улуустан,  Уус Дьааныттан сылдьар. 10 саастаах уоллаахпыт уонна 3 саастаах кыыстаахпыт.

— Ханнык бырааһынньыктары ордук сөбүлүүгүт?

— Улахан бырааһынньыктары: Сана дьыл буоллун, Дьахтар күнэ буоллун, Ыһыах буоллун  бииргэ төрөөбүттэрбиниин ыла сатыыбыт, тэрийэбит. Уопсайынан, аймахтарбытын түмэбит, удьуор утума ханан да быстыбатыгар, оҕолорбут, сиэннэрбит бииргэ тутуһан улааталларыгар, үлэни уонна сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлииргэ кыһаллабыт.

Санаам хаппахчытыгар:

— Сир астыырбын соччо сөбүлээбэппин, ол эрэн сугуну, малинаны манньыйан сиибин;

— Дьиннээх олоххо буолбут, киһини толкуйдатар ис хоһоонноох киинэлэри көрөбүн;

— Хара саарыл (фиолетовый), кубархай кыһыл (розовай) өҥнөрү сөбүлүүбүн;

— Эр киһи дьиэ туттуохтаах, оҕо төрөтүөхтээх, мас олордуохтаах буоллаҕына,  ыал ийэтэ  дьиэтин көмүлүөгэр  уот оттуохтаах, оҕотун атаҕар туруоруохтаах,  олордуллубут мас силиһин бөҕөргөтүөхтээх;

— Иллэҥ кэм кырыымчык курдук да, аан дойдуну кэрийиэхпин, дьикти-кэрэ миэстэлэринэн сылдьыахпын баҕарабын. Иллэҥ буоллум да,  баҕа санаабын ситиһиэм диэн бигэ эрэллээхпин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...