06.10.2022 | 15:00

«Отуор» киһи организмын чөлүгэр түһэрэр

Бу олоххо олорорбут тухары биһиги организммыт араас охсуулары, эчэйиилэри, депрессияны, стреһи барытын көрсүөн сөп. Киһи доруобуйата сүрдээх кэбирэх буолан кини кыраттан да айгырыыр. Онуоха биһиги бэйэбитин эдэр эрдэхпититтэн харыстаныахтаахпыт.
«Отуор» киһи организмын чөлүгэр түһэрэр
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА-Натали
Бөлөххө киир

“Отуор” двигательнай коррекция киинэ Дьокуускайга 2019 сыллаахха тэриллибитэ. Үлэтин сүрүн сыала – реабилитация, араас эчэйии уонна тостуу кэнниттэн киһи организмын чөлүгэр түһэрии. Уопсайынан, тиийэн кэпсэтэн, билсэн баран дьон доруобуйатыгар наһаа наадалаах уонна туһалаах киин үлэлии турар эбит дии санаатым. Ол туһунан Сахабыт сирин олохтоохторугар, “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар сиһилии кэпсиэм.

 

Хайдах саҕаланна этэй?

Миигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин киһини чөлүгэр түһэрэр исписэлиистэр Ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ Эдуард Донхванович Тен уонна бу Ассоциация киһини чөлүгэр түһэрэр “Отуор” национальнай  оскуолатын дириэктэрэ, этнореабилитолог Елена Валерьевна Черноградская үөрэ-көтө көрүстүлэр уонна ыраас, сырдык саалаҕа олорон истиҥник сэһэргэстибит.

Эдуард Донхванович:

– Биһиги, дьиҥэр, 2019 сыллаахха тэриллибиппит. Ол гынан баран 2020 сыл тохсунньу 17 күнүгэр юстиция министиэристибэтигэр регистрацияны ааспыппыт. Үлэбит бастакы кэмнэригэр кыбартыыра куортамнаһан олорбуппут. Онтон 202-с микрооройуоҥҥа көһөн тиийбиппит. Бары да билэрбит курдук, 2020 сыл саҕаланыыта пандемия кэлбитэ, араас хааччахтар киирбиттэрэ. Ол эрээри, төһө да харгыстары көрүстэрбит, үлэбитин тохтоппокко, сабыллыбакка, санитарнай эрэсиими, туох баар ирдэбиллэри тутуһан үлэлии олорбуппут уонна үчүгэй көрдөрүүлэри ситиспиппит.

Биһиги кииммит ааптарыскай концепциялаах буолан, оруобуна биһиэнин курдук киин чугас эргин Уһук Илиҥҥэ, хоту да, Арассыыйаҕа да суох. Саҥа саҕалаабыт кэмнэрбитигэр үгүстүк айаннаабыппыт, атын реабилитационнай кииннэр хайдах үлэлииллэрин көрбүппүт. Ол курдук, Москваҕа, Хабаровскайга, Коми өрөспүүбүлүкэтигэр, Биробиджаҥҥа о.д.а. сылдьыбыппыт. Билигин биһиэхэ улуустартан эрэ буолбакка, Арассыыйа араас регионнарыттан кэлэн эмтэнэллэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр. Оннооҕор омук сириттэн тиийэ эрийэн, консультация көрдөөн соһутан тураллар.

– Эһиги кииҥҥитигэр хайдах диагнозтаах уонна төһө саастаах дьон ордук кэлэллэрий?

– Бастатан туран, биһиэхэ сааска хааччах диэн суох. Эһээхэй оҕоттон саҕалаан 90 саастаах кырдьаҕаска тиийэ кэлиэхтэрин сөп. Саамай кыра киһичээммит үс ыйдаах этэ. ДЦП-лаах, араас эчэйии кэнниттэн инбэлиит буолбут оҕолор кэлиилэрэ үгүс. Сааһыгар тиийэн саҥарбат, хаампат да оҕо элбэх. Ону таһынан хаптаҕай уллуҥахтаах (плоскостопие), тоноҕосторугар, сүһүөхтэригэр олохсуйбут ыарыылаахтар, уорганнарын пересадкалаппыт эбэтэр төттөрүтүн донор буолбут дьон кэлэллэр, эмтэнэллэр, массаастаналлар. Куһаҕаннык утуйар, түргэнник сылайар оҕо да, улахан да дьон аҕыйаҕа суох. Эрдэ этэн аһарбытым курдук, сүрүн сыалбыт-сорукпут – киһи организмын чөлүгэр түһэрии.

Билиҥҥи олоххо уҥуохтарын тоһуппут, араас эпэрээссийэлэри ааспыт дьон элбэх. Син биир ханнык баҕарар эпэрээссийэ киһи доруобуйатыгар охсуулаах. Оннук дьоҥҥо анаан доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах хас да күннээх куурустар үлэлииллэр. Уопсайынан, көннөрү доруобуйатыгар болҕомто уурар, чөл туруктаах, доруобай сылдьыан баҕалаах дьон кытары кэлэн эмиэ дьарыктанан, сөптөөх сүбэлэри-амалары ылан бараллара аҕыйаҕа суох. Биһиги сарсыарда 9.00 саҕалаан киэһэ 19.00 ч диэри үлэлиибит. Дьон араас бириэмэҕэ суруйтаран кэлэр. Манна дьон хоммот. Көннөрү сеанс эрэ ылаллар.

– Кэлэктиипкэ хас киһи үлэлиирий?

– Уопсайа 8 буолан үлэлиибит.

– Кииҥҥит “Отуор” диэн наһаа үчүгэй сахалыы ааттаах. Бу ааты хайдах талбыккытый? Туох диэн суолталааҕый?

Елена Валерьевна:

– “Отуор” диэн саха төрүт тыла буолар. Нууччалыы эттэххэ, “гармония, единение, согласованность” диэххэ сөп, киһи психическэй туруга уонна этэ-сиинэ сөптөөх олугун ааттыыллар. Киһи организма туохтан баҕар кэһиллиэн сөп. Инфекционнай да ыарыылартан, охтон да түһүүттэн, араас эчэйииттэн…

– Тыа сириттэн, улуустартан дьон төһө кэлэрий?

– Улуустартан эрэ буолбакка, биһиэхэ араас регион дьоно барыта кэлэр. Ол курдук, Москваттан, Архангельскай, Амурскай уобаластартан тиийэ бааллар. Бэйэбит эмиэ атын регионнарынан кыралаан үлэлиибит.

Эдуард Донхванович:  

– Оннук. 2020 сыллаахха араас регионнарынан сылдьыбыппыт. Билигин партнердарбыт Москва, Благовещенскай куораттан сотору-сотору кыһалҕалаах дьону реабилитацияҕа ыытааччылар. Консультация да өттүнэн үгүс дьон кэлэр. Ханнык баҕарар төрөппүт, бастатан туран, оҕотугар кыһаллар. Оҕолоро чөл туруктаах, доруобай буолалларын туһугар араас сирдэри кэрийэллэр. Биһиэхэ, бэл, Американан, Германиянан эмтэнэ сылдьыбыт дьон кэлэллэр. Онно даҕатан эттэххэ, биһиги биир улахан ситиһиибит диэн,  былырыын бэйэбит ааптарыскай үлэбитинэн Грант сүүйбүппүт.

 

Харгыстары аахсыбакка

– Эһиги бу хайдах билсэн үлэҕитин бииргэ саҕалаабыккытый? Ол туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриҥ эрэ...

Елена Валерьевна:

– Эдуард Донхвановичтыын 2019 сыллаахтан бииргэ тапсан үлэлиибит. Мин бу үлэҕэ олох атын эйгэттэн кэлбит киһи буоллахпына, Эдуард Донхванович номнуо өр сылларга үлэлээбит уопуттаах киһи, билиитэ-көрүүтэ киэҥ. Олоҕун 30-тан тахса сылын реабилитацияҕа анаабыт. Онон бу биһиги төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэрбит, мин киниттэн элбэххэ үөрэнним, билбэтэхпин биллим уонна куруук бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, көрөрбүт-билэрбит, бэйэбит үлэбитигэр саҥаны айан таһаарыыбыт да кэҥээн, хаҥаан иһэр. Биллэн турар, саҥа саҕалыырбытыгар мин эмиэ бэйэм санааларбын, идеяларбын этэн, онтон элбэҕэ олоххо киирдэ. Онтон олус үөрэбин. Онон икки өттүттэн сүбэбитин, идеяларбытын холбоон үлэлиирбит олус үчүгэй. Иккиһинэн, биһиги нууччалыы, сахалыы тылынан бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит. Ол курдук, Эдуард Донхванович нууччалыы саҥарар,  сахалыы өйдөөбөт буоллаҕына, мин тылбаастаан, дьон санаатын, этэрин сааһылаан, быһааран киниэхэ тиэрдэбин. Нууччалыы саҥаралларын ыарырҕатар да дьон ханна барыай, баар буоллахтара дии.

– Бастаан үлэҕитин саҕалыыргытыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэҕит бааргытын хайдах биллэрбиккитий? Реклама, биллэрии хайдах ыыппыккытый?

Эдуард Донхванович:

– Оннук улахан реклама эҥин ыыппатахпыт. Ол саҕана үлэлиир дьиэбит да суох этэ. Бастакы кэмнэрбитигэр кыбартыыраларга олорон үлэлээбиппит. Биллэн турар, бастаан утаа чугас доҕотторбут наһаа көмөлөспүттэрэ. Ону таһынан биһигини куруук өйүүр партнердарбыт “Даймонд клиник”, “Планета электро”, “Holidaydecorykt”  ахтыллан ааһаллара оруннаах. Онон күн бүгүнүгэр диэри өйөбүл, көмө-тирэх буолар дьонноохпут диэн үөрэбит. Билигин киин сиргэ көһөн олус абыранныбыт, дьон кэлэригэр-барарыгар да табыгастаах.

– Инникитин туох былааннааххытын сэгэтэ түһэргит буоллар...

Елена Валерьевна:

– Билиҥҥитэ бэйэбит былааммытынан үлэлии олоробут, үксүн олоххо киллэрэбит. Төһө да пандемия үлэбитигэр араас харгыстары оҥорбутун иһин, сыалбытын чопчу тутуһан баран иһэр курдукпут.  Саҥаттан саҥа бырагыраамалары таһаарабыт, үлэбитигэр саҥа технологиялары киэҥник киллэрэ, тутта сатыыбыт. Билигин “Отуор” национальнай реабилитационнай оскуолабыт иһинэн “Инструктор нейрофитнеса” диэн саҥа идэҕэ исписэлиистэри үөрэтэ сылдьабыт. Бу квалификацияны үрдэтии чэрчитинэн ыытыллар үөрэх. Бүтэрбит дьон үөрэхтэрин туһунан сөптөөх дастабырыанньа ылан үлэлэрин салгыахтара.

“Отуор” киин иһинэн дьон доруобуйатын тупсарарга, чөлүгэр түһэрэргэ эмиэ сонун ньымалары олоххо киллэрэн, араас хайысхалаах интэриэһинэй, туһалаах исписэлиистэри булан, үлэбитин салгыыбыт. Ону таһынан “Отуор” этнореабилитациябыт араас бырагыраамаларын сайыннарыыга күүстээхтик үлэлэһэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....