17.07.2021 | 11:30

От ыйын уларыйыылара

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Коронавирус кэннэ
диспансеризация

Коронавирустан өрүттүбүт дьоҥҥо дириҥэтиллибит диспансеризация ыытыллыаҕа. Икки түһүмэҕинэн барыаҕа. Бастакы түһүмэххэ хроническай инфекционнайа суох ыарыыларга бэрэбиэркэлиэхтэрэ, манна сэттэ чинчийии киириэхтээх. Иккис түһүмэххэ диагнозтары чуолкайдааһын ыытыллыахтаах – үс чинчийии киирэр.

Медицинскэй чинчийии түмүгэр ханнык эмэ ыарыы көһүннэҕинэ, ыарыһаҕы диспансернай учуокка туруоруохтаахтар. Туһааннаахтарга медицинскэй көмө уонна реабилитация оҥоһуллуохтаах.

Дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин бу соругу от ыйын 1-кы күнүттэн толорон барарга соруйбута. Диспансеризация бу ыйтан саҕаланна.

 

Социальнай реклама дэлэйиэхтээх

Интэриниэт ситимигэр реклама 5 бырыһыана социальнай хайысхалаах буолуохтаах. Маннык ирдэбиллэр телевидениенэн уонна баннердарынан бэриллэр рекламаҕа эмиэ турдулар.

Дьокуускайга социальнай рекламалаах баннердар номнуо баар буоллулар.

 

ИП-лартан кассовай
тиэхиньикэ ирдэнэр

Үлэ дуогабарынан үлэһиттэрэ суох предпринимателлэр, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын атыыга таһааралларыгар, араас өҥөнү оҥороллоругар хонтуруоллуур кассовай тиэхиньикэлээх буолаллара булгуччу ирдэнэр буолла.

Гражданнары регистрациялааһын түргэтээтэ

От ыйыттан гражданнар кэлбит сирдэригэр регистрацияланаллара түргэтээтэ. Регистрациялыыр уорган биир күн иһигэр (урут үс күн этэ), сайаапка киирээтин кытта, гражданнары кэлбит сирдэринэн бэлиэтиэхтээх уонна регистрацияламмытын туһунан сибидиэтэлистибэ туттара охсуохтаах буолла.

 

Гаджеттарга бэйэ сыһыарыылара

От ыйын 1-кы күнүттэн араас гаджеттары оҥорон таһаарааччылар тэрилгэ баар браузерга Арассыыйаҕа оҥоһуллубут поисковигы туруорар эбээһинэстэннилэр.

Гражданин атыыласпыт гаджетынан туттарыгар, бэйэтин дойдутун поисковигынан туһаныахтаах.  Оннук бэйэ сыһыарыыта суох гаджеты атыылаабыт хампаанньалар административнай эппиэтинэскэ тардыллар буоллулар. Дуоһунастаах сирэйдэртэн 30-50 тыһ. солк., хампаанньалартан – 50-200 тыһ. солк.

 

Тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл

Аграрийдар от ыйыттан регион иһигэр биллэриллэр ыксаллаах быһыы-майгы олохтонуутуттан тыа хаһаайыстыбатын страховкалааһын дуогабарын түһэрсэр кыахтаннылар. Саҥа сокуон старховкаланааччыга субсидия кээмэйин эмиэ чопчулуохтаах.

 

Дьарыктаах буолуу биир кэлим реестрэ

От ыйыттан дьарыктаах буолуу биир кэлим реестрэ цифровой платформаҕа олохтонно. Манна гражданнар туһааннаах үлэ миэстэтин, оттон үлэһиккэ наадыйааччылар каадырдары булар кыахтаныахтара. Маннык тэйиччиттэн олорон үлэ уонна дьарыктаах буолуу кииннэригэр илэ көрсүһэн ыытыллар үлэ тэҥинэн барыахтара.

 

Уһук Илин гектарын ылар сир кэҥээтэ

Уһук Илин гектарын биэрэр регионнар ахсааннарыгар Мурманскай уобалас, Ненецкэй автономнай уокурук уонна Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук  киирдилэр. Маны тэҥэ Красноярскай кыраай 23 муниципалитетыгар, Архангельскай уобаласка, Коми өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Карелияҕа сир ылыахха сөп буолла. Чуолкай ханнык сирдэри биэрэллэрин олохтоох былаастар бэйэлэрэ чопчулуохтаахтар.

Бастакы алта ый устата, ол аата 2021 сыл иккис аҥаарын устата, биир гектар сири олохтоох пропискалаах эрэ дьон ылар бырааптаахтар. Оттон 2022 сыл олунньутуттан  - ким баҕалаах сир ылар кыахтанар.

 

Саанан-саадаҕынан эргинии быраабылата кытаатар

Сааны-саадаҕы харайыы быраабылаларын кэһии иһин, бу от ыйытан саҕалаан ыстараап 10 тыһ. солк. тиийдэ. Эбэтэр буруйдаах саатын былдьатан, сааны-саадаҕы тутар бырааба 3 сылга тиийэ быһыллыан сөп буолла.

Росгвардия соторуднигын ирдэбилин толорботох юридическэй сирэй 500 тыһ. солк. тиийэ ыстарааптаныан сөп.

 

Шахтердарга
медицинскэй болҕомто

Сир анныгар үлэлиир шахтердарга хас симиэнэ аайы медицинскэй чинчийии олохтонно. Маны таһынан диспансеризация, профилактическай чинчийиилэр киириэхтэрэ.

 

Баһаарынай суох буоллаҕына компенсация

Баһаарынайдар, таможня үлэһиттэрэ, холуобунай систиэмэ, накаастабыл систиэмэтин үлэһиттэрэ олохтон туоруур түгэннэригэр дьиэ кэргэттэрэ ый аайы ылар компенсацияланар буоллулар. Компенсация кээмэйэ суох буолбут киһи хамнаһын уонна иитэр киһитэ суох хаалбыт дьон биэнсийэлэрин арытын толорон биэрэр сыаллаах ааҕыллыаҕа.

 

Туристарга кешбэк уонна саҥа ирдэбиллэр

От ыйыттан Арассыыйаҕа сынньанар устудьуоннарга уонна оскуола үөрэнээччилэригэр, чуолаан “Россия – страна вохможностей” куонкурус кыайыылаахтарыгар, кешбэк кэлэн түһэр буолла. Маныаха 2 млрд. солк. көрүлүннэ.

Краснодарскай кыраайга бары гостиницалар уонна санаторийдар сынньана кэлээччилэр ПЦР-анаалыс эбэтэр быһыыны ылбыттарын туһунан ыспыраапкалаах кэлэллэрэ булгуччулаах буолла.

 

Чэпчэтиилээх ипотека

От ыйыттан чэпчэтиилээх ипотека усулуобуйата уларыйан, аны 2017 сылтан бэтэрээ төрөөбүт биир да оҕолоох  ыал 6 бырыһыаннаах ипотеканы, 12 мөл. солкуобайга тиийэ ылар кыахтанна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...