Остуоруйаттан саҕыллыбыт дьарык
Хаһыаппыт бүгүҥҥү таһаарыытыгар айылҕа биир кэрэ бэлэҕин – сибэккини оҥорор Мария Попова бу дьикти дьарыга остуоруйалаах кинигэттэн саҕыллыбытын, ол кинигэтэ аны олоҕун аҥаарын булсуһуннарбытын уонна «Кэрэни көрбүт / Не хороните меня без Ивана» киинэҕэ кини туох сыһыаннааҕын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
– Үтүө күнүнэн, кэрэни оҥорор Мария! Куйаар ситиминэн эн олус кэрэ сибэккилэри оҥороруҥ тарҕанна. Бу дьикти, ураты дьарыгыҥ туһунан кэпсэтиэх эрэ.
– Мин бу ураты көрүҥүнэн үс сыллааҕыта дьарыктанан саҕалаабытым.
– Уран тарбахтаах айара-тутара элбэх. Эн тоҕо чуолаан сибэкки оҥоруутун таллыҥ?
– Улахан норуоттар омуктарын уратытын көрдөрөр национальнай бэлиэлээхтэр. Холобура, дьоппуоннар сакураларыгар сүгүрүйэллэр. Тус бэйэм кыыс оҕо буолан айыллыахпыттан сибэккини олуһун таптыыбын, сэҥээрэбин. Ол иһин уонча сылы быһа Сахам сирин сибэккилэрин оҥорор ымыы санааны иитиэхтии сылдьыбытым. Билигин ол ырабын олоххо киллэрэн эрэбин.
– Өр “буспут” санаа диэх курдук, тыыннаах сибэккиттэн уратыта суох оҥорон сөхтөрдүҥ! Төһө уустук эбитий?
– Ханнык баҕар дьарыгы ис сүрэхтэн ылыстахха, илиини араарбакка оҥордоххо, киһи үөрэнэр эбит. Бу керамическай флористика искусство саҥа көрүҥэр киирэр диэххэ сөп. Бэйэтэ куурар полимернай глинанан оҥоһуллар. Сибэккилэр барыта боробулуоха каркастаахтар. Инникиттэн сыалым-соругум диэн оҥоһуктарбын тыыннаах сибэккигэ чугаһата сатааһын этэ. Маҥнай араас ньымалары туттан көрбүтүм – кумааҕынан, буһарыллар туойунан, фоамиранынан. Онтон бу матырыйаал тыыннааҕымсытарга ордук барсарын иһин, манна тохтоотум. Ордук кырааскатыгар болҕомтобун уурабын, тыыннаах сибэккини үтүгүннэрэбин. Хаартыскаҕа дьиҥ дьүһүнэ көстүбэт. Сибэккини оҥорорго маҥнай үүнээйим тутулун, хас сэбирдэхтээҕин, ханан сытарын үөрэтэбин, сантиметрыгар тиийэ эскиз оҥостобун. Үүт-үкчү буоларын туһуттан ботаническай тутулугар болҕомто уурабын.
– Мария, сибэкки эн тус бэйэҕэр тугу биэрэрий?
– Сибэкки диэн сир симэҕэ буоллаҕа. Кини тулалыыр эйгэни симиир аналлаах. Айылҕа бэйэтэ чочуйан таһаарбыт биир кэрэ, дьикти үүнээйитэ буоллаҕа. Сахаларга сибэкки саамай күүтүүлээх кэммитин сайыны кытта ситимнээх. Хас биирдиибит аам-даам тымныылаах кырыа кыһын, тыаллаах-куустаах саас кэнниттэн чаҕылыччы тыкпыт күннээх сайыны үөрэ көрсөр. Ол да иһин сибэкки дьөрбөтүн бэлэх туттахпытына, биһигиттэн ордук дьоллоох киһи суох курдук турукка киирэбит эбээт.
– Оҕо сылдьан туох баҕа санаалаах этигиний? Ол баҕа санааҕын олоххо киллэрдиҥ дуо?
– Оҕо сылдьан куруук уруһуйдаан тахсарым. Кинигэлэртэн сөбүлээбит хартыыналарбын аҥаар кырыытыттан үкчү гына үтүгүннэрэн ыларым. Сорох ойууларбын билигин да бу баардыы өйдүүбүн. Биир үтүө күн ийэм эдьиийэ кинигэлэри аҕалбыта. Олус үчүгэй иллюстрациялардаах сахалыы тылбаастаммыт нуучча остуоруйалара этэ – “Өлбүт сарыабына”, “Тэтэгэркээн сибэккичээн». Биһиги ол кинигэлэргэ баар сарыабыналары барытын уруһуйдаабыппыт. Арай биир уруһуйум олох табыллыбатаҕа. Сарыабынам көрүөхтэн кэрэ короналаах, таҥаһа барыта оҕуруо. Уруһуйдуу сатаа да сатаа, олох кыаллыбат. Оттон эдьиийим уруһуйа табыллыбыт аҕай. Оҕо санаабар кыратык күнүүлээн ыллым, ордук санаатым, сыыһаларын була сатаатым. Ол оннук хаалбыта. Арай улаатан баран кэргэн тахсыбыт уолум дьиэтигэр тиийбитим – ол кинигэлэрим тураллар эбит. Онно дьэ сирийэн көрбүтүм, иллюстратор кэргэним аҕата, сахалартан бастакы идэтийбит худуоһунньук, фотограф Иван Попов уола, биллиилээх скульптор, косторез, кинигэ иллюстратора Иван Иванович Попов буолан биэрдэ.
– Дьэ, дьикти эбит! Дьикти аттыбытыгар баар дииллэрэ чахчы ээ. Мария, киһи баҕа санаатын олоххо киллэрэригэр туох нааданый?
– Хас биирдии киһи оҕо-ыччат сааһыттан баҕа, ыра санаалаах буолар. Ким эрэ санаатын ситиһэр, ким эрэ санаата уларыйар. Дьиҥэр, баҕа санаа диэн олоҕуҥ аргыһа. Күннээҕи түбүк эмиэ баҕа санааттан турар буоллаҕа. Мин билигин оҕо сааһым баҕа санаатын толордум дии саныыбын.
– Бэйэҥ туох идэлээххиний? Ханна үлэлиигин?
– П.П. Романов аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы художественнай училищены кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Салгыы Арктика институтун дизайн салаатыгар туттарсан киирбитим эрээри, академическэй уоппуска ыламмын, ситэрбэтэҕим. Кэлин кэтэхтэн библиотечнай салааны бүтэрбитим. Идэбинэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет научнай библиотекатыгар библиограбынан үлэлээбитим. Онтон 2018 сылтан хартыына галереятын сэбиэдиссэйинэн үлэлиибин. Галерея иһинэн изостудияны салайабын.
– Кэрэни айааччы буолаҥҥын, айылҕа уларыйыытын, кини сөҕүмэр кэрэтин кэтээн көрө сылдьар буолуохтааххын. Дьыл ханнык кэмин сөбүлүүгүн?
– Айар киһи тулалыыр эйгэни анаара көрүүтэ күүстээх буолар. Айыллыы, арыллыы диэн баар. Онон Сир ийэ уһуктар, күн сардаҥата чаҕылыччы тыгар кэмнэрин сааһы, сайын саҕаланыытын сөбүлүүбүн. От-мас, сибэкки күҥҥэ тардыһа үүнүүтүн астына көрөбүн.
– Айар үлэҕэр инники туох былааннааххын?
– Салгыы дойдум сибэккилэрин, отоннорун тыыннааҕымсытан оҥоруохпун баҕарабын. Кэлэр сайын саҥа матырыйааллары хомуйар былааннаахпын. Сыл аайы кэргэним өбүгэлэрин дойдутугар талыы-талба Тааттаҕа сайылыыбыт. Таатта үрэххэ дуоһуйа сөтүөлээн, сир астаан, аймахтарбытын көрсөн, күһүн биирдэ куоракка кэлэбит.
– Аны кэпсэтиибитин тус бэйэҕэр туһаайыахха. Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
– Эҥсиэли хочотугар сытар Нам улууһун баай историялаах Партизан нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Анна Николаевна, аҕам Семен Петрович Кривошапкиннар алта оҕону төрөтөн, үлэҕэ уһуйан улаатыннарбыттара. Ойор-тэбэр оҕо сааһым төрөөбүт нэһилиэкпэр ааспыта. Партизан орто оскуолатын 1998 сыллаахха бүтэрбитим. Кэргэним Иван Иванович Попов идэтинэн худуоһунньук. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга үлэлиир. Кыыспыт Вера Дьокуускайдааҕы художественнай училище живопись салаатын 2 куурсугар ситиһиилээхтик үөрэнэр. Былырыын эһэбит, хос эһэбит Иван Васильевич туһунан “Кэрэни көрбүт. Не хороните меня без Ивана” киинэни таһаарбыттара. Олус үчүгэй хаачыстыбалаах, киһини тардар киинэ буолбут диэн астынныбыт.
– Бэйэҥ эмиэ уруһуйдьут удьуордааҕыҥ буолуо.
– Аҕам өттүнэн эбэм үчүгэйдик уруһуйдуура. Аҕам да уруһуйдуур быһыылааҕа. Бииргэ төрөөбүттэр бары уруһуйдуубут, иистэнэбит, ону-маны оҥоробут. Биир эдьиийим Надежда Намнааҕы педучилище, онтон Новосибирскайдааҕы Государственнай педагогическай университет графическай факультетын бүтэрбитэ. Балтым Анна эмиэ кыра эрдэҕиттэн үчүгэйдик уруһуйдуур, оҕуруонан араас брошкалары, заколкалары оҥорор.
– Мария Семеновна, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Сэдэх дьарыгыҥ искусство биир көрүҥэ буолан күүскэ тарҕаннын. Кэрэ айылҕалаах төрөөбүт дойдубут үүнээйилэрэ эн имигэс илиигинэн оҥоһуллан, дьону-сэргэни үөрдэ турдуннар диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбын.