27.11.2020 | 05:44

“ОСКУОЛАБЫТ ОҔОЛОР БААЛЛАРЫГАР САМНАН ТҮҺҮӨ ДИЭН КУТТАНАБЫТ!”

“ОСКУОЛАБЫТ ОҔОЛОР БААЛЛАРЫГАР САМНАН ТҮҺҮӨ ДИЭН КУТТАНАБЫТ!”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта, Сайсарыга баар 4-үс нүөмэрдээх коррекционнай оскуола дьиэтэ оҕо үөрэнэр усулуобуйатыгар эппиэттээбэтиттэн, Прокуратура бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын аатыгар суукка иск түһэрилиннэ.

Куорат дьаһалтатын суут нөҥүө инбэлиит оҕолорго сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ модьуйуохтара.

Санатан эттэххэ, сэтинньи ый саҥатыгар социальнай ситимнэргэ 4-үс нүөмэрдээх оскуола төрөппүттэрин дууһаларын кыланыыта киэҥник тарҕаммыта. Кинилэр саҥа оскуола дьиэтэ тутулларын кэтэспиттэрэ 13 сыл буолбут. Оттон бу оскуолаҕа доруобуйаларыгар хааччахтаах инбэлиит оҕолор үөрэнэллэр.

Сэтинньи 16 күнүгэр Прокуратура бэрэбиэркэтэ ыытыллыбыта. Кэккэ бэрээдэги кэһиилэр бэлиэтэммиттэрэ. Ол түмүгэр Дьокуускай Үөрэхтээһиҥҥэ управлениетыгар суукка үҥсүү ыытылынна. Саҥа оскуола дьиэтэ тутуллуохтаах эбэтэр оскуола үлэлииригэр табыгастаах дьиэ атыылаһыллыахтаах.

Маны тэҥэ, Прокуратура көҕүлээһининэн, оскуолаҕа баһаартан сэрэхтээх буолуу уонна санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт буолуу иһин административнай дьыалалар арылыннылар.

2007 сыллаахха 4-үс нүөмэрдээх коррекционнай оскуоланы быстах кэмҥэ диэн 70-ус сыллардаахха тутуллубут хаарбах мас дьиэҕэ көһөрбүттэрэ. “Саҥа оскуола тутуллуор диэри” диэн минньитиллибитэ. Онтон ыла 13 сыл ааста – бастаан сурук суруйан саҕалаабыт, тойон-хотун үрдүк боруогун атыллаабыт төрөппүттэр оҕолоро оскуоланы бүтэрбиттэрэ ыраатта, билигин хаһыс да көлүөнэ төрөппүттэр кинилэр дьыалаларын салҕыыллар.

ТӨРӨППҮТТЭР ТУЛУЙАЛЛАРЫТТАН ААСПЫТТАР

Зинаида НИКИФОРОВА – төрөппүт:

– Мин оҕом үһүс сылын үөрэнэр, маҥнайгыттан хаарбах туруктаах, эргэ мас дьиэҕэ үөрэнэ кэлбиппит. Онтон ыла сыл аайы саҥа оскуола тутулларын кэтэһэбит.

Биһиги оскуолабытыгар ыарахан туруктаах инбэлиит оҕолор бааллар. Үөрэнэр усулуобуйалара олус мөлтөх. Оскуолабыт тымныы, холобур, оҕолорбут атын оскуолаларга курдук атах таҥаһын уларыттар кыахтара суох – кыһыҥҥа этэрбэстэрин кэппитинэн үөрэнэллэр. Дьиэ иһигэр тахсан киирэр усулуобуйалаахтар эрээри барыта наһаа эргэ уонна хаарбах туруктаах. Остолобуойдара эргэтин, кыараҕаһын, оҕолорго табыгаһа суоҕун киһи этэ да барбат.

Наталия – төрөппүт:

 – Мин оҕом эмиэ инбэлиит, алтыс сылын бу оскуолаҕа үөрэнэбит. 2007 сыллаахха Пирогова уулусса 2-гэр биһиги оскуолабыт саҥа дьиэтин бастакы сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга, араас тойон-хотун кыттыылаах түспүтэ. Онтон ыла 18 сыбаайа сиргэ анньыллан турар, оскуолабыт билигин да суох. Төрөппүттэр саҥата суох кэтэһэн сылайдыбыт, оҕолорбут 21-ис үйэҕэ маннык куһаҕан усулуобуйаҕа үөрэнэллэриттэн хомойобут. Тулуйа сатаан баран айдаарарга сананныбыт, биһиги туруорсубатахпытына ким да кыһаммат балаһыанньата буолла.

Биһиги оскуолабытыгар 1-9 кылааска барыта 304 оҕо үөрэнэр. Олортон 204 оҕо инбэлииттэр, 80-ча оҕо дьиэтигэр үөрэнэр, уоннааҕылар оскуолаҕа кэлэбит.

Биһиги Путиҥҥа тиийэ сурук суруйбуппут – ол сурукпут төттөрү СӨ Бырабыыталыстыбатыгар кэлэр, салгыы Үөрэх министиэристибэтигэр түһэр. Биир да тойон аккаастаабат, “инбэлиит оҕолорго оскуола наада” дииллэр эрээри, оскуолабыт тутуллуохтаах болдьоҕо сыл аайы көһөрүллэн иһэр. Аны 2023 сылга көстө дииллэр...

Оскуолабыт дьиэтэ эмэх  буолан бүттэ, номнуо иккитэ үһүөтэ сууллубута. Биирдэ 2-ис нүөмэрдээх кабинекка, дьолго, оҕолору учуутал переменаҕа көрүдүөргэ таһаартаабыт кэмэ этэ. Биирдэ мастарыскыай кабинетыгар ким да суох кэмигэр өһүө сууллубут этэ... Эргэ мас дьиэҕэ хаһан баҕарар баһаар буолуон сөп, эмиэ өһүөтэ сууллан түһүөн сөп, оччоҕо биһиги оҕолорбут куотан тахсар да кыахтара суох...

 Александр Николаевич Петров – төрөппүт:

– Мин уолум быйыл 7-ис кылаас, оскуолатын бүтэрэрэ икки эрэ сыл хаалла. Мин оҕом саҥа тупсаҕай оскуолаҕа үөрэнэр баҕа санаата туоларыгар саарбахтыыбын эрээри, кэнники кэлэр оҕолор тустарыгар билиҥҥи төрөппүттэр күүскэ туруорсар, киирсэр санаалаахпыт. Сайдыылаах үйэҕэ инбэлиит оҕолор тоҕо маннык атаҕастаналларый?

Аны саҥа оскуола тутуллуохтаах сиригэр суоллар быһа охсуһууларыгар быйыл улахан эргиир оҥоһулунна, мин көрдөхпүнэ оскуола сириттэн хабыллыбыт. Биир өттүттэн мечеть элбэх сири ылан турар. Иннэ аны хайдах гынан оскуола батара буолла...

Дьокуускайга оскуола тиийбэтин, сир аҕыйаабытын барытын өйдүүбүт. Ол бириэмэҕэ СӨ үрдүкү былааһа элитнэй Арктическай оскуоланы көрүөх бэтэрээ өттүгэр тутан таһаарда, хас эмэ миллиард суумалаах култуурунай киини тутан эрэр. Саха сирэ маннык кыахтаахтык, баайдык олорор диэн киһиргээри...

Дьиҥнээх сайдыылаах уопсастыбаҕа бастатан туран нэһилиэнньэ харысхала суох араҥатын өйүөхтээхтэр этэ, атын эбитэ буоллар 2013 сыллаахха сыбаайатын сиргэ анньан баран биир сылынан инбэлииттэргэ аналлаах оскуоланы тутан кэбиспит буолуохтаахтар этэ. Ардыгар биир эмэ үрдүк сололоох оҕото инбэлиит буолан төрөөбүтэ буоллар, биһиги балаһыанньабытын өйдүөхтэрэ эбитэ эрэ дии саныыбын... 

ДЬАҺАЛТА ДЬИЭ КӨРДҮҮР

Мирослав Николаевич АФАНАСЬЕВ – Дьокуускай куорат Үөрэхтээһиҥҥэ управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу:

– Суукка исковой сайабылыанньа түстэ. Суут билиҥҥитэ буола илик. Ол эрэн Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата бу оскуола балаһыанньатын бэркэ билэн олорор. Аҕыйах хонуктааҕыта Прокуратура бэрэбиэркэтин кытта бииргэ сылдьыһан кэлбиппит. Билигин саҥа дьиэни атыылаһан ылыы барыйаана суох, инбэлиит оҕолор үөрэниэхтэрин сөптөөх усулуобуйалара хааччыллар дьиэтэ көстө илик.

Бу коррекционнай оскуола, доруобуйаларынан араас хааччахтаах, инбэлиидинэй кэлээскэнэн сылдьар оҕолор үөрэнэллэр. 25 кэлээскэлээх оҕо баарыттан 8-һа нэдиэлэҕэ хаста да дьарыктарга кэлэн бараллар эбит. Онон кинилэргэ сөптөөх, пандустан саҕалаан барытыгар табыгастаах, эйгэ тэриллэрэ ирдэнэр. Ол иһин ханнык баҕарар дьиэни атыылаһан ылан оскуоланы күн бүгүн онно көһөрөн кэбиһэр табыллыбат. 

Бу боппуруоска өссө да мунньахтар буолуохтара. Куорат тутууга департамена уонна Үөрэхтээһин управлениета кыһалҕаны быһаарарга үлэлииллэр. Билиҥҥитэ сөптөөх дьиэ көстө илик эрэ диир кыахтаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...