04.05.2024 | 18:00

Оонньууну оройуттан тутабыт!

Оонньууну оройуттан тутабыт!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Мантан саас даачаҕа, айылҕаҕа сынньана тахсыахпыт, дьиэ кэргэнинэн, кэлэктиибинэн, кылааһынан походтар саҕаланыахтара. Үчүгэй сынньалаҥ көрө-нара, күлүүтэ-үөрүүтэ суох табыллыбат. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар араас көрдөөх оонньуулары бэлэмнээтибит. Ааҕыҥ, сэргээҥ, тускутугар туһаныҥ!

Өҥнөр

Оонньооччулар төгүрүччү тураллар. Ыытааччы: “Биир, икки, үс! Кыһылы таарый!” – диир. Оччоҕуна кыттааччылар кыһыл өҥнөөх предмети булан таарыйа охсуохтаахтар. Ким бүтэһик хаалбыт, бу өҥү булбатах – оонньууттан туоруур. Салгыы ыытааччы атын өҥү этэр.

Оонньууну өссө уустугурдуохха сөп: ыытааччы кыттааччыларга баар чопчу өҥнөөх предметтэри этэр. Холобур, араҕас браслет, үрүҥ былаат, халлаан күөҕэ сэлиэччик, хара ачыкы, от күөҕэ бейсболка о.д.а.  

 

Барыта төттөрү

Ыытааччы кыттааччылар иннилэригэр турар уонна араас хамсаныылары көрдөрөр, онуоха оонньооччулар төттөрү хамсаныылары оҥоруохтаахтар. Холобур, ыытааччы илиитин үөһэ көтөҕөр – эһиги түһэрэҕит; кэннинэн турар – иннигитинэн тураҕыт; уҥа илиитин уунар – эһиги хаҥас илиигитин; хаҥас атаҕынан кылыйар – эһиги уҥа атаххытынан. Ким сыыспыт – ол ыытааччы буолар уонна саҥа сорудахтары толорторор.

 

«Крокодил»

Улахан дьон уонна оҕо аймах сөбүлүүр оонньуута. Хамаандаларга арахсар ордук. Тыллары илиигитинэн-атаххытынан, араас хамсаныыларынан таайтараҕыт. Аат тыллары эрэ буолбакка, туохтуурдары, даҕааһын ааттары таайтаран, оонньууну өссө интэриэһинэй оҥоруохха сөп. Эрдэттэн кумааҕыга суруйан бэлэмниир, пакекка эбэтэр бэргэһэ иһигэр угар ордук. Оччоҕуна хамаандалар онтон биир-биир уочаратынан хостууллар. Көрдөөх тыллары толкуйдуур үчүгэй, сынньалаҥҥытын күлэн-үөрэн атаарыаххыт.

Оонньуу төһө да судургу буоллар, туспа быраабылалардаах:

– көмөлөһө сатаан, предмети бэйэтин көрдөрүллүбэт;

– тылы этэн көмөлөһөр көҥүллэммэт;

– тыл буукубаларын барытын этэн бэриллибэт.

Тугунан көмөлөһүөххэ сөбүй?

– сыыһа тылы этэр буоллахтарына, илиигитин кириэстии тутаҕыт;

– сөптөөх хоруйга чугаһаатахтарына эбэтэр атын тылынан (синонимынан) солбуйуҥ диэн этэригэр таайтарааччы биир сиргэ туран эргийэр;

– олох таайымаары гыннахтарына, тыл хас буукубалааҕын этиэххэ сөп.

 

«Хортуоппуй»

Элбэх киһилээх хампаанньанан оонньуурга үчүгэй.

Кыттааччылар төгүрүччү тураллар уонна бэйэ-бэйэлэригэр мээчиги, ол эбэтэр “итии хортуоппуйу” бырахсаллар. Мээчиги кыайан хаппакка түһэрбит киһи оонньооччулар ортолоругар чохчойон олорор. Төннөр туһугар кини көтөн иһэр “хортуоппуйу” турбакка эрэ хабыахтаах. Атын оонньооччулар чохчойон олорооччуларга мээчик быраҕан быыһыахтарын сөп. Ону хаптахтарына, бары тураллар. Суох буоллаҕына, мээчиги бырахпыт киһи чохчойон олорооччулар хамаандаларын хаҥатар. 

 

Ким саамай сымса эбитий?

Сиргэ араас фигуркалары, предметтэри ууруллар (биир киһиэхэ тиксиэ суохтаах). Музыка холбонноҕуна, ыытааччы оонньооччулары ламбадаҕа курдук туруоран эбэтэр сиэттиһиннэрэн, бэйэтин кэнниттэн батыһыннаран, тэйиччи соҕус илдьэр. Музыка тохтоотоҕуна, кыттааччылар сиргэ сытар фигуркалартан биирдиини хаба тардан, ыла охсуохтаахтар. Кимиэхэ тиксибэтэх – ол туоруур. Итинник сырыы аайы биирдии фигурканы аҕыйатан иһэҕит. Ким бүтэһик хаалбыт – ол кыайыылаах.

 

Ким түргэн – ол кыайыылаах

Кыттааччылар тобуктарын икки ардыгар теннис мээчигин эбэтэр испиискэ хаҕын кыбытан сүүрэллэр, оннук биэтэккэ тиийиэхтээхтэр. Аара баран иһэн түһэрбит киһи мээчигин (испиискэ хаҕын) ылан төттөрү кыбытар уонна салгыы сүүрэр. Ыытааччы секундомеры холбоон, ким төһө бириэмэнэн кэлбитин быһаарар. Ким бастыҥ көрдөрүүлээх – ол кыайыылаах.

 

Көрдөөх эстафета

 

Оонньооччулар икки хамаандаҕа арахсаллар. Хас биирдии кыттааччы уочаратынан сорудаҕы толорор, хамаандатыгар төннөн кэлэр. Түргэн уонна сорудаҕы чуолкайдык толорбут хамаанда кыайыылаах тахсар. 

 

Асчыттар

Кыттааччы ахсаана: 5-15 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: 2 сиикэй хортуоппуй, 4 кытай палочката.

Кыттааччылар биирдии хортуоппуйу палочканан ылаллар уонна биэтэккэ диэри сүүрэн, хамаандаларыгар төннөн кэлэн, аныгыскы кыттааччыга туттарыахтаахтар. Хамаанда кыттааччылара итинник бары уочаратынан сүүрэллэр.

Сүүрэн иһэн хортуоппуйу түһэрбит киһи ону палочкатынан ылар уонна салгыы сүүрэр.  

 

Уу таһааччылар

Кыттааччы ахсаана: 5-12 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: 4 олоппос, 2 уулаах миискэ, 2 ост.ньуоска, 2 ыстакаан.

Икки олоппоско уулаах миискэлэри уонна ньуоскалары уураҕыт. Мантан тэйиччи соҕус өссө икки олоппоско ыстакааннары уураҕыт. Ыстакаанын бастакынан толорбут хамаанда кыайыылаах буолар.

 

Кууллаах сүүрүү

Кыттааччы ахсаана: 5-8 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: 2 улахан куул.

Кыттааччылар куул иһигэр киирэн, уочаратынан биэтэккэ диэри сүүрэн, төннөн кэлэллэр. Бастакы киһи сүүрэн кэлэн иккис турар киһиэхэ куулун биэрэр.

 

«Кенгурулар»

Кыттааччы ахсаана: 5-10 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: 2 фартук, 2 сымнаҕас оонньуур.

Свисток тыаһаатаҕына, бастакы кыттааччылар сып-сап фартуктарын кэтэллэр уонна ол сиэбигэр сымнаҕас оонньууру уктан баран биэтэккэ диэри ойуоккалаан бараллар, төннөллөрүгэр сүүрэн кэлэллэр. Салгыы фартуктарын уонна сымнаҕас оонньуурдарын иккис турар киһиэхэ биэрэллэр. Түргэн хамаанда хотор.

 

Ытыстан ытыска

Кыттааччы ахсаана: 5-10 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: 2 ытыс саҕа А-4 кумааҕы.

Кыттааччылар ытыстарыгар А-4 кумааҕыны ууруналлар уонна ону туппакка эрэ биэтэккэ диэри сүүрэллэр. Бастакы киһи төннөн кэлэн, кумааҕыны иккис турар кыттааччыга туттарар, итинник бары уочаратынан сүүрэллэр. Кумааҕыны түһэрбит киһи сиртэн ылан ытыһыгар уурунар уонна салгыы барар.

 

Дьаабылыканы түһэримэ!

Кыттааччы ахсаана: 3-6 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: 2 дьаабылыка.

Кыттааччылар дьаабылыканы төбөтүгэр ууран баран биэтэккэ диэри сүүрэн кэлэллэр. Дьаабылыкатын түһэрбит оонньооччу хамаандатыгар төннөр уонна айанын саҥаттан саҕалыыр. Дьаабылыканы бастакынан аҕалбыт хамаанда кыайыылаах тахсар.

 

Хапытааны таҥыннарабыт

Кыттааччы ахсаана: 8-12 киһилээх икки тэҥ хамаанда.

Туох наадата: кыттааччылар ахсааннарынан икки тэҥ набор таҥас-сап, киэргэл (ачыкы, суумка, зонтик, сэлээппэ).

Хамаандалар хапытааннарын таҥыннарарга куоталаһаллар.

Хапытаан хамаандатыттан 6-8 миэтэрэ тэйиччи турар. Кини таһыгар араас таҥас-сап, киэргэл сытар.

Ыытааччы “Чэ!” диэтэҕинэ, бастакы оонньооччу сүүрэн тиийэн хапытааныгар тугу эрэ кэтэрдэр. Онтон сүүрэн кэлэн, иккис киһини таарыйар. Оннук уочаратынан сүүрэн тиийэн, хапытааннарын таҥыннараллар.

Бастакынан толору таҥныбыт хапытаан хамаандата кыайыылаах буолар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...