13.02.2022 | 19:00

ОНКОПОИСКСАХА.РФ сайт сүрэхтэннэ

ОНКОПОИСКСАХА.РФ сайт сүрэхтэннэ
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Олунньу 4 күнүгэр ОНКОПОИСКСАХА.РФ сайт сахалыы тылынан сүрэхтэннэ. Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Онкопоисксаха.рф» олохтоох нэһилиэнньэни хабарга туһаайылынна. Аҕам саастаах дьоҥҥо табыгастаах буолуо диэн эрэнэбит. Бырайыак олоххо киириэҕиттэн көдьүүстээҕин көрдөрдө. Онон нэһилиэнньэ доруобуйата бөҕөргүүрүгэр кылаатын киллэриэ дии саныыбыт. Саха сирин олохтоохторун көрдөрүнүҥ уонна доруобуйаҕытын, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ диэн ыҥырабыт”, – диэтэ онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Ивановна. 

Сайт ийэ тылынан оҥоһулларыгар “Сахалыы Бикипиэдьийэ” төрүттээччитэ Ньукулай Павлов-Халан өҥөтө улахан диэн тэрилтэ кэлэктиибэ киниэхэ махталын биллэрдэ. 

«Тылбаастыырбар элбэх киһиттэн сүбэлэттим. “Сахалыы тиэрминнэр” диэн хас да сыл тухарыалтыспыт бөлөхтөөхпүт, онно учуонайдар, суруналыыстар, эгэлгэ эйгэлэртэн саха тылын билэр дьон да киирэллэр. Онно, холобур, «шейка матки» уонна «предстательная железа» диэн уорганнар тылбаастарыгар элбэх мөккүөр тахсыбыта. Ордук улахан көмөнү Петр Сысоевич Тумусов диэн эмиэ быраас үөрэхтээх, “Аан туом” (сахалыы анатомия) кинигэ ааптара оҥордо. Иккис сүбэһитим университет саха салаатын дириэктэрэ Гаврил Григорьевич Торотоев, уонна үһүс киһим – Арчылан, “Күрүлгэн” сурунаал эрэдээктэрэ.
Онкодиспансер салалтата дьон туһа диэн үлэлиирин хайгыы көрдүм уонна сокуону ытыктаан, судаарыстыба икки тылын тэҥҥэ туттарга дьулуһуута атын да тэрилтэлэргэ үтүө холобур буоларыгар баҕарабын», – диэтэ Ньукулай Павлов-Халан, Ил Дархан Тылга сүбэтин чилиэнэ, медицина наукатын хандьыдаата, лингвистика магистра.

“Бырайыакпыт Арассыыйа атын регионнарыттан кэллиэгэлэрбит үрдүк сыанабылларын ылла”, – дииллэр диспансер үлэһиттэрэ.  

Санатан аастахха, бу 2020 сылтан үлэлиир web-платформаны онкодиспансер исписэлиистэрэ оҥорбуттара. Скрининг көмөтүнэн араак 6 көрүҥүн эрдэ быһаарыахха сөп. Ол курдук, баҕалаах дьон сайтка киирэн, тыҥа, быар, эмиий, суон оһоҕос, киэли хапчаҕайын (шейка матки), самах былчархайын (предстательная железа) чинчийиитин ааһар кыахтаахтар.

Икки сыл устата Саха сирин 15 тыһыынча олохтооҕо  «Онкопоисксаха.рф» скрининговай бырайыакка кыттыбыт. Табыгастаах уонна туттарга судургу буолан, хайыы-үйэ дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Сонуннар | 15.03.2024 | 14:00
Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Кулун тутар 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы Утуйуу күнэ бэлиэтэнэр. ВОЗ статистикатынан, нэһилиэнньэ 10-30% кыайан утуйбакка (бессонница) эрэйдэнэр, сорох дойдуларга ити көрдөрүү 50−60%-ҥа тиийэр.
Сыана үрдээһинэ
Сонуннар | 22.03.2024 | 18:00
Сыана үрдээһинэ
(2024 сыл олунньу ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн)
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Сонуннар | 16.03.2024 | 18:00
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 7,5 бырыһыан үрдүүр. Бу туhунан 262 N-дээх уурааҕы кулун тутар 5 күнүгэр Арассыыыйа Бырабыыталыстыбата бигэргэттэ. Индексация кээмэйэ ааспыт сылга биэнсийэлээхтэргэ олох таһымын алын кээмэйин улаатыытынан ааҕыллар. Бу төлөбүргэ анаан социальнай пуонда бүддьүөтүгэр 37,5 млрд солк. көрүлүннэ. Статитстика көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса киһи социальнай...
Сергей:  «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Дьон | 21.03.2024 | 18:00
Сергей: «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Оҕо сылдьан разведчиктаах киинэлэри умсугуйан көрөрбүт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕаран, сэриилээх оонньуурбут, саһа, сыбдыйа, сыылла сылдьан өстөөхтөрбүтүн самнарарбыт.  Разведчик диэн тылы иһиттэхпинэ, тута харахпар Штирлиц уобараһа көстөр. Кини өстөөхтөр уйаларыгар тиийэн, былааннарын, дьайыыларын биһиги дьоммутугар тиэрдэн, кыайыыны ситиһэргэ улахан кылаатын киллэрсэр.   Ол аата дьиҥнээх разведчик хайдах буолуохтааҕый? Кини боростуой саллаат...