15.02.2024 | 16:00

Онколог Феодосия Иванова: «Искэн ыарыыны эмтиир кыахпыт улаатта»

(Саҥа тутуллубут Онкология киинэ үлэтин саҕалаата)
Онколог Феодосия Иванова:  «Искэн ыарыыны эмтиир кыахпыт улаатта»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

«Доруобуйа» национальнай бырайыак “Искэн ыарыытын утары охсуһуу” федеральнай бырайыагынан Дьокуускайга Онкология диспансерын саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ. Бу саҥа киин туох уратылаах буоларын, искэни эмтээһин ханнык таһымҥа кэлбитин туһунан медицина наукатын кандидата, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай онколога, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансер искэни утары эминэн терапия салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх эмчитэ, Саха сирин Онкологтарын ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Феодосия Гаврильевна Иванова кэпсээтэ.

Искэни эмтээһин үс сүрүн суолунан барар

– Саха сиригэр Онкологическай сулууспа тэриллибитэ 70-тан тахса сыл буолла. Билигин ыарыһахтарга оҥоһуллар көмө таһыма, эн санааҕар, хайдаҕый?

Өрөспүүбүлүкэбитигэр Онкологическай сулууспа биир кабинеттан саҕаламмыта. Онтон, Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн, 50-ус сыллардаахха бүтүн дойду үрдүнэн онкологическай диспансердары тэрийэллэр. Тоҕо диэтэххэ сэбиэскэй кэм саҕана статистика наһаа чуолкайдык үлэлиирэ – сүрэх ыарыытыттан уонна онкологическай ыарыылартан дьон кыайан эмтэммэккэ өлөллөрүн туһунан научнай үлэлэр эҥин суруллаллар этэ. Инньэ гынан биһиэхэ 1950 сыллаахха Онкологическай диспансер сулууспа быһыытынан тэриллибитинэн ааҕабыт. Биллэн турар, 70-тан тахса сыл тухары сайдыы балысханнык барда. Ордук тоһоҕолоон кэлиҥҥи уонча сылга судаарыстыба өттүттэн өйөбүл, үп көрүллүүтэ элбээбитин бэлиэтиэххэ наада. Регионнарга тутуу бөҕө барар, оборудование тупса турар.

Дьон өйдүүрүн курдук быһааран эттэххэ, онкологическай ыарыы үс сүрүн суолунан эмтэниллэр. Бастакытынан, эпэрээссийэнэн эмтээһин – искэни ылан кэбиһии; иккиһинэн, эминэн эмтээһин (химиотерапия);  үсүһүнэн, уотунан эмтээһин (лучевой терапия).

Хирургическай өттүн ыллахха, оборудование олус сайынна. Урут искэни ылан быраҕаары киһини улаханнык быһа сотон, арыйан эрэ баран ис уорганнарын эпэрээссийэлиир буоллахтарына, билигин үрдүк технологияларынан, кыра хайаҕаһынан киирэн искэни эндоскопическайдык ылан быраҕар аппаратура баар буолла. Онно, биллэн турар, хирург идэтийбит таһыма элбэҕи быһаарар. Кып-кыра хайаҕаһынан киирэн хас биирдии тымыры, силбэһиги арааран искэни эрэ быһан ылыы үрдүк таһымнаах эпэрээссийэлэр кэккэлэригэр киирэр. Күүстээх хирурдар Г.П.Упхолов, Л.С.Колесова, Т.А.Мигалкина, Л.С.Ларионова, Г.П.Гуляева уо.д.а. бэйэлэрин кэмнэригэр сүрдээх таһымнаахтык  үлэлээбиттэрэ.

Эминэн эмтээһин 90-ус сыллардаахтан ордук күүскэ саҕаламмыта. Урут отделение быһыытынан суоҕа, 1989 сыллаахха туспа химиотерапевтическай отделение диэн арыллар, 20 куойкаттан саҕалаан 25 тиийбитэ. Онно А.А.Домашенкина олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол эрэн 80-ыс сыллар бүтүүлэригэр, 90-устар саҥаларыгар эмпит ахсаана аҕыйах этэ. Билигин химиотерпия салаата 70 куойкаланна. “Противоопухолевая лекарственная терапия” диэн ааттыыбыт, химиянан эрэ эмтээһин буолбатын иһин. Билигин наука күүскэ сайынна, урут искэн “злокачественнай” эрэ портретын көрөр буоллахпытына, билигин искэн молекулярнай-генетическэй портретын, ол аата бу искэн килиэккэлэригэр ханнык мутациялар баралларын барытын анаалыстаан көрөн, молекулярнай диагностика оҥоһуллар. Биһиги диспансербытыгар бу лаборатория хаһыс да сылын үлэлиир. Онно олоҕуран саҥа эмтэр киирдилэр.

Дьоҥҥо омук эмэ ордук туһалаах диэн сыыһа өйдөбүл баар. Оннук буолбатах. Биһиги эмтэрбит туох да уратыта суохтук эмтииллэр – ону барытын норуоттар икки ардыларынааҕы клиническэй чинчийиилэр туоһулууллар. Оччотугар тоҕо тас дойду эмэ хайҕанарый? Бу барыта ырыынак, коммерция, омук эмтэрин оҥорор уонна атыылыыр дьон туох да тирэҕэ суох, наукаҕа олоҕурбатах кэпсээннэриттэн, маркетиннарыттан тахсар. Дьиҥэ, эмпит формулата биир – атома, молекулата биир, көннөрү тас хаҕа, бытыылката уратылаах. Онон бэйэбит эмпитинэн олох үчүгэйдик эмтиир кыахтаахпыт диэн этэбин.

Уотунан эмтээһин (лучевая терапия) технологията наһаа сайдыбытын иһин биһиэхэ маннык эмтиир аппаратуранан хааччыллыы үчүгэйдик тэрилиннэ. 2019 сыл саҥатыгар радиология дьиэтэ сөргүтүллэн, уопсай иэнэ үс төгүл улааппыта. Икки линейнэй ускоритель турар – чопчу искэни ытыалаан хатарар, аттыгар сытар уорганнары тыыппат. Ону тэҥэ биһиэхэ экспертнэй кылаастаах линейнэй ускорителлар тураллар, олоруҥ дойду үрдүнэн тарбахха баттанар аҕыйахтар. Бастакы радиолог быраастарбыт В.Н.Бабенко, С.И.Зорина, М.А.Лахачисова, Р.Д.Холмогорова уо.д.а. үлэлээннэр, дьон-сэргэ махталын ылыан ылбыттара.

Бу үс өрүтүнэн искэни эмтээһин сайдыы тэтиминэн баран иһэр. Бэйэм боростуой быраас быһыытынан эттэхпинэ, Айсен Сергеевич Николаев Ил Дарханынан талыллан баран үлэтин бастакы ыйдарыгар биһиги онкодиспансербытыгар кэлэ сылдьыбыта. Ол саҕана КПД дьиэҕэ үлэлии олорбуппут – кып-кыараҕас, эрийэ-буруйа көрүдүөрдэрдээх, лифт суох буолан, хирурдар эпэрээссийэлээбит ыарыһахтарын атын этээскэ көтөҕөн таһаараллар, эпэрээссийэлиир саалаларбыт быыкаалар... Салайааччы быһыытынан ону көрөн соһуйбута, сөхпүтэ. Мантан ыла болҕомто саҕаланна быһыылааҕа. Дьон сүрүннээн туохтан өлөрүй? Үс улахан төрүт баар – сүрэх ыарыыта, онкология уонна араас тас дьайыылартан. Ону салалта өйдөөбүтүн түмүгэр, Дьокуускайга наһаа үчүгэй Кардиология киинэ тутулунна, сүрэх ыарыытын эмтээччилэр көрдөрүүлэрэ олох тупсан эрэр. Бу биһиэхэ оһуобай үчүгэй Онкологическай киин тутулунна...

 

"Диспансернай кэтэбилгэ учуокка турар дьон ахсаана элбиир буоллаҕына, ол аата биһиги бу дьону үтүөрдэн, халбаҥнаабат ремиссияҕа тиэрдибиппит. Диспансернай учуокка сылдьар дьон ахсаана элбиирэ онкосулууспа үлэтэ үчүгэйин көрдөрөр."

 

Атын регионнартан кэлэн эмтэниэхтэрэ

2019 сыл сэтинньитигэр, Айсен Николаев этиитинэн, оччотооҕу Куораттааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Николаевич Васильев өйөөн, куорат балыыһатын дьиэтигэр көспүппүт. КПД-дьиэттэн тиийбиппит кэннэ ол 5 этээстээх туспа турар кэҥэс дьиэ дыбарыас курдук этэ. Ханнык баҕарар медицина салаатын сайдыыта базатыттан, олорор услуобуйатыттан наһаа тутулуктаах буолар. Биһиги куорат балыыһатыгар кэлээт да, сайдан барбыппыт – молекулярнай диагностика лабораторията арыллыбыта, патанатомия лабораторията баар буолбута (урут РБ-1 илдьэн туттаран баран, түмүгүн өр күүтэрбит), отделениеларбыт ахсааннара элбээбитэ – икки химиотерапия отделениета, икки хирургия, поликлиникабыт кэҥээн симиэнэҕэ 140-150 киһини көрөр кыахтаммыппыт, быраастарбыт ахсааннара элбээбитэ. КПД дьиэҕэ үлэлии олорон 250-ча үлэһиттээх эбит буоллахпытына, куорат балыыһатын дьиэтигэр кэлэн 500-чэкэ үлэһиттэммиппит.

Аны бу саҥа дьиэбитигэр көһөн кэлэн 1000-тан тахса үлэһиттэннибит. Биллэн турар, бу барыта быраастар буолбатах, бачча улахан дьиэ, оборудование көрүүтүгэр-истиитигэр инженердэр уо.д.а. барыта киирэр. Саҥа кииммит 26 тыһыынча кв миэтэрэ кэриҥэ иэннээх. 8 эпэрээссийэлиир саалалаах, алтатыгар үрдүк технология туһаныллар эпэрээссиийэлэрин оҥорор буолуохпут. Өскөтүн биһиги урукку дьиэбитигэр сылга 2500 эпэрээссийэни оҥорбут буоллахпытына, манна сыллааҕы эпэрээссийэбит ахсаана 4000-тан тахсыахтаах.

Диагностика өттүгэр рентген-хирургическай установка турда. Бу тымырынан киирэн диагностиканы уонна эмтиир процедуралары оҥорор кыаҕы биэрдэ. Экспертнэй кылаастаах саамай үчүгэй оборудованиелары атыыластыбыт. 260-ча срезтээх компьютернай томограф кэлэн турда – маннык томограф дойду үрдүнэн 3-4 устуука баар, олортон биирэ биһиэхэ ананан кэлбитэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын көмөтө уонна дойду бэрэсидьиэнин өйөбүлэ. Атын регионнары кытта алтыһабыт, уопсайынан, Арассыыйа онкологтара наһаа түмсүүлээхпит, өйөһөбүт, уопут атастаһабыт, кинилэр этэллэринэн, маннык инновационнай киин ханна да суоҕун кэриэтэ. Ол иһин атын регионнартан кэлэн эмтэниэхтэрэ диэн былаанныыбыт.

 

"Урут искэни утары эмп барыта тастан киирэр эбит буоллаҕына, билигин, тас дойдулар бары 
тиэрэ хайыһан олорор кэмнэригэр, бэйэбит дойдубутугар оҥорон таһаарыы күүһүрдэ. Бэрэсидьиэммит В.В.Путин доруобуйа харыстабылын салаатын уонна учуонайдар иннилэригэр фармацевтическай оҥорон таһаарыыны өрө тардарга, сайыннарарга улахан соруктары туруорда. Элбэх эмп бэйэбитигэр оҥоһуллар буолла. Биһиги диспансербытыгар үксүн Арассыыйа эмин туттабыт."

 

Бэйэҕит көрдөрүнэн иһиэхтээххит

– Статистика тугу кэпсиирий? Искэн ыарыы статистикатын эһиги бэйэҕит таһаараҕыт, балаһыанньа хайдаҕый?

Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин Онкологияҕа диспансера диэн ааттаахпыт, ол аата диспансер диагноз туруоруллуоҕуттан ыарыһах өлүөр диэри учуокка туруорар. Ол иһин биһиэхэ бүтүн  “Организационно-методический отдел” диэн баар, хас киһи учуокка турбута, хас киһи ханнык стадиялааҕа барыта учуоттанар. Улуустар ый аайы отчуот биэрэллэр.

Бу статистика этэринэн көрдөххө, бүгүҥҥү күҥҥэ 14 400 киһи учуокка турар. Манна быһааран биэрэр наада, сыыһа өйдөөһүн элбэхтик тахсар. Саҥа киин тутуллубутун кэннэ СМИ-лэр үгүстэрэ “Саха сиригэр 14 000 тахса киһи онко буолбут” диэн таһаардылар. Бу бачча элбэх киһи барыта эмтэнэ сылдьарын курдук информация тарҕаммыта. Дьиҥэ бу 14 400 киһиттэн 2000-тан тахса эрэ киһи күүстээх эмтэниини бара сылдьар, онтон атыттара – учуокка турааччылар, үтүөрбүттэр эбэтэр ремиссиялаан, ыарыылара тохтоон, кэтэбилгэ сылдьааччылар.

Онкологияттан өлүү. Биһиэхэ сылга 1200 кэриҥэ киһи өлөр уонна сыллата 2600 курдук киһиэхэ саҥа ыарыыны булабыт. Арассыыйа бары регионнарыгар тэҥнээтэххэ, биһиэхэ өлүү таһыма кыра.

Биир улахан кыһалҕабыт – атын регионнарга холоотоххо, 1-2 стадиябыт аҕыйах. Искэн ыарыыны эрдэ булуу территориябыт улаханыттан, суолбут-ииспит суоҕуттан бытаарар. Холобур, хоту олорор киһи сөмөлүөтүнэн көтөрүгэр аччаабыта 20 тыһыынчаны төлөөн туран компьютернай томографияны түһэ кэлбэт... Ол иһин биһиги миэстэтигэр диагностиканы тупсарыахтаахпыт. Ол курдук, быйыл “Онконастороженность” диэн туох баар терапевтары, быраастары барыларын хабар үөрэтиини саҕалаан эрэбит. Урут да үөрэтэр этибит, быйыл ньымабытын уларытыахпыт. Холобур, биир улуустан 1-2 киһини үөрэтиэхпит, кинилэр салҕыы уопут тарҕатыахтара. Ханнык ыарыыларга “онконастороженность” диэни үлэлэтэрбитин билэр буолуохтаахпыт. Биллэн турар, дойду үрдүнэн бирикээс, нуорма-быраап аакталара бөҕө бааллар, олорго хроническай ыарыылаах дьонтон көрдөөн булан ылыахтаахпыт эҥин барыта суруллар.

Сороҕор медиктэр эрдэ булбуттарын кэннэ, ыарыһахтар араас биричиинэнэн биһиэхэ кыайан кэмигэр кэлбэтэх түгэннэрэ баар буолааччы. Дьоҥҥо өйдөтөн этиэххэ наада, киһи туругун бэйэтиттэн ордук ким да билбэт. Ыалдьар буоллугут да, бэйэҕит көрдөрүнэн-хайаан иһиэхтээххит. Медиктэр уонна нэһилиэнньэ өттүттэн биир сүбэнэн үлэлээтэхпитинэ эрэ искэн ыарыытын эрдэ булар кыахтаахпыт. Дьиҥэ, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, дойду бырабыыталыстыбатын өттүттэн үлэ барар. Оннооҕор ыраах Орто Халыма улууһа компьютернай томографтаммыта. Миэстэтигэр табан үлэлэтэр, сөпкө туттар эрэ наада. Кистэл буолбатах, сорох сиргэ оборудование үлэлээбэккэ турара баар буолар. Ону улуус кылаабынай быраастара тэрийиэхтээхтэр. Искэн ыарыыны төһөнөн эрдэ булабыт даҕаны, бу ыарыыттан өлүү ахсаана аччыыр. 

– Искэн ыарыыны сэрэтии, эрдэ булуу туһугар хас да бырайыак үлэлиир дии. Эн санааҕар, итилэртэн саамай көдьүүстээх туох буолла?

Чуолаан бу ньыма, барыйыак үчүгэй диэбэппин – бары холбоон түмүктэрэ үчүгэй.

 “Онкопоисксаха.рф” ураты региональнай скрининговай бырайыак, 2020 сыллаахха ковид кэмигэр Онкодиспансер, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Ил Дархан өйөбүллэринэн олоххо киирбитэ. Бу бырайыагынан дьон өлүүтэ элбэхтик тахсар алта нозологията хабыллар: тыҥа, эмиий, суон уонна көнө оһоҕос, быар, самах былчархайа (простата), киэли хапчаҕайын (шейка матки) ыарыылара. Онкоскрининг диэн доруобай дьон ортотугар ыытыллар тэрээһиннэри ааттыыбыт. Эрдэ диагностикалааһын диэн номнуо хроническай ыарыылаах дьону миэстэтигэр чинчийэн араагы булуу ааттанар. Бу бырайыак 3 сыл устата аһара үчүгэйдик үлэлээтэ, 2023 сыллааҕы отчуоппутугар 1-2 стадиябыт былаанын толордубут – мин, кылаабынай онколог, өр кэмҥэ бу ыарыыны утары охсуһар эмчит буоларым быһыытынан, бу көрдөрүүлэргэ олус кыһаллабын, араагы 1-2 стадиятыгар булуу ахсаана элбээн истэҕинэ эрэ дьоммутун быыһаан ыларбыт үксүөҕэ.

 

"Онкологическай ыарыһах эмэ, чинчийиини ааһыыта биһиэхэ барыта босхо оҥоһуллар, ханнык да төлөбүрдээх өҥө суох. Онкологияҕа төлөбүрдээх эмтэнии диэн уруккуттан суох, инникитин да суох буолуоҕа. Судаарыстыба уонна страховой хампаанньалар уйуналлар."

 

Барыта бэйэбит оҕолорбут үлэлииллэр

Саҥа кииммит поликлиниката номнуо толорутук үлэлээтэ. Ыарыһахтарбыт омук сиригэр сылдьар курдукпут диэн үөрэллэр. Чахчы, дыбарыас курдук дьиэ, өһүөтэ үрдүгэ, салгына ырааһа, киэҥэ-куоҥа, сырдыга. Үлэһиттэрбит усулуобуйалара наһаа тубуста. Мин урут Медкииҥҥэ, атын улахан балыыһаларга сылдьан куруук ымсыырар этим, хайа дьоллоохтор маннык усулуобуйаҕа үлэлииллэрэ буолла диэн.

– Каадырдарынан хааччыллыы хайдаҕый?

Саҥа үлэһит элбээтэ. Быраастарбыт улахан аҥаардара эдэрдэр – барыта бэйэбит оҕолорбут. Мединституту бүтэрэн, Арассыыйа араас бөдөҥ онкологическай институттарыгар, тас дойдуга кытта клиническэй ординатураҕа, аспирантураҕа үөрэммит ыччаттарбыт.  Омук тылын билэллэр, оборудованиены барытын баһылаан иһэллэр, настаабынньык быһыытынан кэтээн көрдөхпүнэ, дьоҥҥо сыһыаннара, тутта-хапта сылдьаллара барыта таһымнаах. Маннык үчүгэй исписэлиистэрдээх сулууспа бу уораҕайга көһөн кэлэн, кэҥээн, сайдыы бөҕө барыа дии саныыбын.

Мединститукка икки сыллааҕыта Онкология кафедрата арыллыбыта. Ол иннинэ онкология кууруһа эрэ баара, профессор П.М.Иванов соҕотох үөрэтэрэ. Билигин кафедраҕа 5 үлэһиттээхпит, икки наука доктора, уоннааҕылар кандидаттар үлэлии сылдьаллар. Бу кииммитигэр кафедраҕа туспа миэстэ арылынна, устудьуоннар үөрэнэ-үөрэнэ ыарыһахтары үрдүттэн көрүөхтэрэ.

 

ЦАОП-тар уонна ПОК-тар

– Улуустары кытта үлэ хайдах барарый? Телемедицина төһө туттулларый?

Улуустарга балаһыанньабыт син тубуста. Ол курдук, 2019 сыллаахтан дойду үрдүнэн “Онкологическай ыарыыны утары охсуһуу” диэн национальнай бырайыак саҕаламмыта. Бу бырагыраама чэрчитинэн, биһиги региональнай бырагыраамабытыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 18 ЦАОП (Центр амбулаторной онкологической помощи) диэн арылынна. Дьокуускайга 4 ЦАОП үлэлиир. Кинилэр сыаллара-соруктара – эрдэ диагностикалааһын уонна эминэн эмтээһин. Эминэн терапия үстүү нэдиэлэ буола-буола бара турар. Онно ыраах улуустан айаннаан кэлэр күчүмэҕэйдэрдээҕин иһин, бу көмөнү миэстэтигэр ыллыннар диэн, ЦАОП-тар тэриллибиттэрэ. ЦАОП-тар поликлиника састаабыгар киирэллэр, онколог-быраастаахтар, эндоскопиялаахтар, компьютернай томографтаахтар, рентген кабинеттаахтар, биопсия оҥороллор о.д.а. Кинилэр биһиги филиалларбыт курдук үлэлииллэр, күҥҥэ хаста даҕаны сибээстэһэ олоробут. Онкологтар видеонан, төлөпүөнүнэн консультация биэрэбит. ЦАОП үгүс улууска баар буолла, суох сирдэригэр ПОК (Первичные онкологические кабинеты) диэннэр бааллар. Билиҥҥи туругунан улуус аайы кэриэтэ онколог быраас баар буолла, олох аҕыйах улуус онколога суох олорор. Араагы эмтиир быраастары үөрэтии күүскэ барда.

Телемедицинанан кэлиҥҥи сылларга киэҥник туһанабыт. Сылга 1500 курдук Арассыыйа киин онкологическай институттарын кытта консультация оҥоробут. 450-тан тахса консультацияны улуустарга оҥоробут.

 

Араак 50 бырыһыана эмтэнэр

– Араак 40 бырыһыан эмтэнэр диэн 2019 сыллааҕы интервьюбутугар кэпсээбитиҥ. Билигин хайдаҕый?

Барыта стадиятыттан тутулуктаах. Ааспыт сыллааҕы отчуоппут түмүгүнэн араак 50 бырыһыанын 1-2 стадияҕа буллубут, ол аата бу дьон үтүөрэллэр.

– Онкомаркер анаалыһа диэн баарын билигин элбэх киһи билэр, үгүстүк туттарар буоллубут. Норуокка “онкомаркера куһаҕан буолбут, бу киһи бүппүт”, “онкомаркерга көстүөр диэри стадията ырааппыт” диэн өйдөбүллэри хайдах быһааран биэриэҥ этэй?

Билбэт дьон санаатыгар оннук бөҕө буоллаҕа дии. Онкомаркер сүүс бырыһыан чуолкай көрдөрөр диэн буолбатах. Кини хроническай уонна да атын ыарыыларга үрдээн көстүөн сөп. Араас-араас уорганнар онкомаркердара бары араас нуормалаахтар. Кыратык улааппыт буоллаҕына, айманар сатаммат.

Онкомаркер – диагностикаҕа, клиническэй хартыынаҕа көмөлөһөөччү курдук туттуллар. Бу киһиэхэ эмэ төһө туһалаан эрэрин, искэн улааппытын эбэтэр кыччаабытын КТ-нан көрөр эбит буоллахпытына, онкомаркердар таһымнарынан төһө сөпкө эмтээн эрэрбитин кэтиибит.

– Соҕуруу эмтэнэ барар киһи син биир элбэх. Бүттүүн норуотунан харчы хомуйабыт. Олортон сорохторо “манна аккаастаатылар” диэбит буолаллар. Ханнык түгэннэргэ аккаастыылларый?

Манна мин дьоҥҥо биири быһаарыахха наада диибин – аан дойду үрдүнэн араагы олохтоммут стандартарынан эмтииллэр. Эмтээһин биир кэлим протокола диэн баар, биллэн турар, стадиятыттан тутулуктаах. 4-үс стадиялаахтар үксүн Кореяҕа эҥин бараллар. Бүтэһик стадията буоллаҕына, биһиги аһаҕастык кыаллыбат диэн этэбит. Ким туох кыахтааҕынан, харчыта ханна тиийэринэн эмтэнэ сатыыллар. Биһиги ону боппоппут. Сорох дьон дьиэлэрин, туохтарын барытын атыылаан туран эмтэнэ бараллар. Онно төлөбүрдээх клиникалар буолан, олус үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр, сиэтэ сылдьаллар, усулуобуйалара үчүгэй. Ол иһин дьон химияларын онно баран ылыахтарын баҕараллар. Дьиҥэ, химия эмэ барыта биир. 

– Психологическай көмө өттүнэн сайдыы хайдах баран иһэрий?

“Антирак” диэн уопсастыбаннай түмсүү баар, Капиталина Капитоновна Алексеева бэйэтэ араагы ааспыт киһи салайан үлэлэтэр, энтузиаст. Биһиги көмөлөһөбүт. Арт-терапия курдук хабааннаах араас аралдьытар, уоскутар дьарыктары ыыталлар. Граннарга кыттан, онтон үбүлэнэллэр.

Диспансерга психологическай көмөнү биһиги бэйэбит тэрийэн ыытабыт. Киһиэхэ өйөбүл, истиҥ сыһыан наада. Ыалдьар да дьоҥҥо, кинилэр чугас дьонноругар да уйулҕаһыт көмөтө ирдэнэр. Бу саҥа кииммитигэр онкопсихолог үлэлиэхтээх.

– Саха сиригэр араак ханнык көрүҥэ элбэҕий?

Уопсайынан ылар буоллахха, бастакы миэстэҕэ тыҥа араага турар, иккискэ –  эмиий араага, үһүс миэстэҕэ – куртах араага. Онтон эр киһи, дьахтар диэн араардахха, хартыына арыый атын: эр дьоҥҥо бастакы миэстэҕэ син биир тыҥа араага турар; дьахталларга – эмиий араага. Дьахтар тыҥа араагынан ыалдьара эр дьоннооҕор аҕыйах буолар.

– Оттон бу ыарыы удьуордааһынынан бэриллэрэ хайдаҕый? Чугас дьонум араактан суох буолбут буоллахтарына, миэхэ эмиэ үөскүөн сөп диэн сэрэхэдийии төһө сөбүй?

Итинник өйдөбүл баар. Ол эрэн араак туспа көрүҥнэрэ эрэ удьуорунан бэриллэллэр – онно мутациялары көрүөхтээхпит. Холобур, аан дойду сулуһа Анджелина Джоли икки эмиийин ылларан кэбиспитэ дии. Кини ийэтэ уонна эбэтэ бу ыарыынан ыалдьыбыттар эбит, ол иһин кини 40-нун туолан баран туттарбыт анаалыһыгар бу мутациялары булбуттар – ити саамай сөп дьаһаныы. Арассыыйаҕа дьахтар сымыытын уонна эмиийин араактарыгар итинник сэрэтии ньымата туттуллар.

Тыҥа араага удьуордуур диэн буолбатах, манна табах дьайыыта ордук күүстээх. Уопсайынан, куһаҕан дьаллыктар – табах, арыгы кутталлаахтар. Куртах, очоҕос араага удьуорунан бэриллэр дии саныыр сыыһа, бу үксүн сыыһа аһааһынтан үөскүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...