02.12.2023 | 10:00

Омук тылын учуутала Күннэй Иннокентьева: «Дьоҥҥо көмөлөһөөрү үөрэтэбин»

Омук тылын учуутала Күннэй Иннокентьева: «Дьоҥҥо көмөлөһөөрү үөрэтэбин»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Кистэл буолбатах, сахаттан, нууччаттан ураты атын омук тылын билии аныгы үйэҕэ сайдыы, билии-көрүү биир тутаах хаачыстыбата буолла. Холобура, тустаах үлэҕэр атын омук тылын билии ирдэммэт да буоллаҕына, күннээҕи олоххо кэмиттэн кэмигэр олус наада түгэнэ үөскүүрэ мэлдьэх буолбатах.

Күннэй Иннокентьева — английскай тыл учуутала. Кини икки сыллааҕыта английскайдыы иҥнигэһэ суох саҥарарга, кэпсэтэргэ үөрэтэр куурустарын арыйбыта.

– Күннэй, дьэ, Дьокуускай куорат «Киин куорат» хаһыатын ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ. Учуутал идэтин хайдах талбыккыный? 

– Оҕо эрдэхпиттэн английский тылы олус сэргиир буоламмын, оскуолам кэнниттэн ХИФУ ИЗФИРыгар тылбаасчыт идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Бастакы куурус кэнниттэн Американы баран көрбүт киһи диэн санаа үөскээбитэ эрээри, соҕотох ийэлээх буоламмын, айаҥҥа харчым суоҕа. Ол да буоллар, санаабын түһэрбэккэ, оптуобус тохтобулларыгар биллэриилэри сыһыартаан, 20 сааспыттан харчы мунньунар сыаллаах репетитордаан саҕалаабытым. Аҕыйах үөрэнээччини ылбытым. Сарсыарда үөрэхпэр 7 чааска айанныыбын, үөрэнэн бүттүм да оҕолорбун үөрэтэ барабын. Үлэм үөрэхпэр мэһэйдээбэт буолан, уһуйааччыларым кыһаллыбаттара. Бастакы үөрэнээччим бэһис кылаас оҕото этэ, онтон оскуоланы бүтэрэригэр көҥүллүк омук тылынан кэпсэтэр буолбута. Билигин кини эмиэ омук тылын учууталын идэтин талан үлэлии-хамныы сылдьар. 

Ити курдук биир сылы быһа репетитордаан харчы мунньунан баран, Америкаҕа көппүтүм. Дьокуускай - Москва - Берлин - Вашингтон хайысханан икки суукка айаннаан тиийбитим. Соҕотох тиийбитим эрээри, Вашингтоҥҥа бииргэ үөрэммит кыыспын көрсөн, үөрүү бөҕө буолбуппут. Онтон өссө икки саха кыыһын кытта билсэн, бииргэ дьиэ устан олорбуппут. Уонна үлэ көрдөөн барбыппыт. Мин бастаан маҕаһыыҥҥа атыыһыттаабытым, онтон хайа аттыгар турар аттракционҥҥа хаартыскаҕа түһэрэр үлэлээх этим. Сайын устата харчы мунньаммын Америка устун күүлэйдээбитим: Пенсильвания, Теннесси, Нью-Йорк, Массачусетс, Флорида, Нью-Джерси, Хотугу Каролина штаттарыгар сылдьан, атын дойду олоҕун-дьаһаҕын көрөн-истэн уонна саамай сүрүнэ — английскайдыы хото кэпсэтэн, тылбын өссө күүскэ сайыннарбытым. Дьокуускайга төннөн бакалавры уонна магистратураны кыһыл дипломнарынан бүтэрбитим.

– Бу билиҥҥи куурустаргын арыйыаҥ иннинэ ханна үлэлээбиккиний? 

– Үөрэхпин бүтэрэн баран тыл оскуолатыгар үлэлээбитим. Онтон Америкаҕа босхо үөрэнэр “Фулбрайт” гранты сүүйэн, антах университекка үөрэнэрим үрдүнэн, бэйэм эмиэ устудьуоннары нуучча тылыгар үөрэппитим. Дьокуускайга төннөммүн “Индрайвер” үлэһиттэрин английскай тылыгар уһуйбутум. Онтон 2021 сылтан бэйэм куурустарбын үлэлэтэбин.

– Туох сыаллаах тус куурустаргын арынныҥ? 

– Дьоҥҥо көмөлөһөөрү! Мин үөрэнээччилэрим — улахан дьон. Бэйэм хаста да атын дойдуга олорбут, сылдьыбыт киһи быһыытынан кинилэргэ көмөлөһөр, өйөбүл, тирэх буолар сыалтан үөрэтэбин. Холобура, сорох үрдүк хамнастаах үлэлэргэ английскай тылы билиини ирдииллэр, эбэтэр атын дойдуга тиийэн муна-тэнэ сылдьыбатыннар, наадаларын сатаан этинниннэр, кыһалҕаларын быһаарыстыннар диэн. Уонна, биллэн турар, атын дойду култууратын, историятын кытта билсиһэргэ тыл сүҥкэн суолталаах, этэргэ дылы, аптаах күлүүс тэҥэ буоллаҕа.

– Оҕолору үөрэтэр чэпчэки дуу, эбэтэр улахан дьону дуу? 

– Үөрэниэн баҕалаах киһини сааһыттан тутулуга суох үөрэтэр чэпчэки. Ол эрээри мин билигин улахан дьону эрэ кытта үлэлиибин, специализациям оннук. Өйдөөн көрбүтүм диэн, улахан дьон саҥа тылы үөрэтэллэригэр  ыарахаттары көрсүбэттэр, барытын үчүгэйдик өйдүүллэр, ылыналлар, онон хойутаан да үөрэнэр туох да куттала суох. Оҕолору үөрэтэр былааным суох. 

– Омук сиригэр олохсуйа барбыт сахалар кытта ол дойду тылын билбэккэ эрэйдэнэллэр быһыылаах...

– Оннук холобур элбэх. Кэллиэгэлэрин, саҥа доҕотторун кытта алтыһыахтааҕар, төрөппүт оҕолорун кытта кэпсэтэргэ кытта уустуктары көрсөллөр.

– Омук тылын үөрэтэргэ ханнык судургу ньымалары туттуохха сөбүй? 

– Мин, холобура, киинэттэн быһа тардан көрдөрөбүн, сороҕор омук табаарыстарбыттан интервью ылан, ону холбуубун, омуктар хайдах саҥаралларын билиһиннэрэбин.  

– Соҕотоҕун үлэлиири ыарырҕаппаккын дуо? 

– Соҕотох үлэлиир, төттөрүтүн, үчүгэй. Бэйэҥ тугу санаабыккын олоххо киллэрэ сатыыгын, кими даҕаны кэтэспэккэ-манаспакка. Уонна мин номнуо 10 сыл үлэлиибин, онон уопуттаахпын, куруук үөрэнэбин, Арассыыйа биллэр исписэлиистэригэр дьарыктанабын, ону үөрэнээччилэрим билэллэр. 

— Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сыла буола турар. Эн учууталлаабытыҥ номнуо 10 сыл буолбут, бу идэ туһунан тугу этиэҥ этэй? 

— Учуутал үйэтин тухары үөрэниэхтээх, тоҕо диэтэххэ олох эмиэ биир сиргэ турбат, уларыйа, сайда турар. Учуутал кыыһырыа, санаата түспүтүн эмиэ көрдөрүө суохтаах.

— Инникигэ былааныҥ? 

– Инники былааным диэн магистратураҕа омук сиригэр үөрэниэхпин, билиибин хаҥатыахпын баҕарабын. Бу күһүн барыахтаах этим да, ийэм сиһин эчэтэн, онтон инсуллаан хаалбыта. Онон ийэбин көрөбүн, эмтэнэригэр көмөлөһөбүн. Быйыл туруом диэн былаанныыр: “Эһиил үөрэнэ барыаҥ этэ”, — диэн. 

— Күннэй, кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах үлэҥ инникитин даҕаны таһаарыылаах буоларыгар  баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...