12.11.2022 | 09:00

Олус да суохтуубут

Олус да суохтуубут
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу дьыл сэтинньи 12 күнүгэр биһиги ортобутуттан тапталлаах убайбыт Борисов Константин Константинович ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ биир сылын туолар.

Убайбыт Константин 1956 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгэр Матрена, Константин Борисовтарга иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Өбүгэлэр үгэстэринэн иккис уолларын аҕатын аатынан сүрэхтээбиттэрэ.

Убайбыт сэттэ сааһын туолан Лөгөй орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бастаан ыарырҕатан баран кэлин олус кичэйэн, кыһаллан “ударник” да буола сылдьыбыта. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олус көхтөөх, актыыбынай, боксанан сөбүлээн утумнаахтык дьарыктанар, араас күрэхтэһиилэргэ кыттан миэстэлэһэр эбит, ол курдук Горнайга тиийэ күрэхтэспит. Оскуола кэнниттэн боксаҕа оҕолору дьарыктыы сылдьыбыт. Умсугуйан туран коллекционер буолан маарка, значок арааһын мунньубута билигин да хараллан уурулла сылдьар. Хаартыска уонна фольклор куруһуогар сылдьыбыт, маны таһынан поэзияны олус сөбүлүүр буолан хоһоон айар, ырыаны, муусуканы таптаан истэр. Кини наһаа үчүгэй кылыгырас буочардаах этэ. Костя өссө биир үлүһүйүүтүнэн дьөһөгөй оҕото этэ. Кини оҕо сылдьан кыра уҥуохтаах, чэпчэки, бэйэтин кыанар, сытыы-хотуу буолан ат сүүрдэрэ. Акка сыстаҕас уолу сөбүлээн, дьарыктаан, ыһыахтарга жокей буолан элбэхтэ бастаабыта, үөрүү өрөгөйүн билбитэ. Сиэр Уола, Көмүс Атах диэн аттарын хойукка диэри олус күндүтүк саныыра, ахтара.

1973 сыллаахха комсомол кэккэтигэр киирэр. Чиэһинэй, көнө, элбэх оҕолоох ыал оҕото буолан кырдьаҕастары убаастыыр, кыралары аһынар. Кини олус элбэх атастааҕа-доҕордооҕо, олус эрэллээх табаарыс этэ. Оҕо, оскуола эрдэхтэн сытыы-хотуу, дьоҥҥо элэккэй сыһыаннааҕа, онто кэлин үлэһит да буолбутун кэннэ тэҥҥэ сылдьыспыта. Ол курдук үлэлиирин, олорорун тухары элбэх киһиэхэ көмөлөһөн, сүбэ-ама буолара. Оҕо эрдэҕиттэн сылгылары, аттары таптаабыт, бүөбэйдээбит буолан кини сүрэҕэ олус амарах этэ.

Аллара ортоку Костя олорор

1975 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран Партизан Заболоцкай сопхуоска оробуочайынан үлэлии киирэр. 1976-78 сс. армия кэккэтигэр сулууспалаан, ытык иэһин толорон кэлэр.

1978 сыллаахха дойдутугар кэлэн спорт инструкторынан үлэлии киирэр, онтон Лөгөй атыы-эргиэн киинигэр оробуочайдыыр. 1979 сыллаахха Маҕаннааҕы баһаарынай чааска стрелок-пожарнигынан сулууспалыы киирэр, ол кэннэ 1980 сылтан 1997 сылга диэри Ис дьыала министиэристибэтигэр үтүө суобастаахтык сулууспалыыр.

Константин идэтигэр таба тайанан өр сыллар устата бэриниилээхтик үлэлиир. Конвойнай рота хамандыырынан старшина Кузьмин Федор Афанасьевич түбэһэн, кытаанах ирдэбиллээх салайааччыга такайыллан, убайбыт үлэһит бэрдэ буолан үүнэн-сайдан тахсар. Старшината бочуоттаах сынньалаҥҥа барарыгар, эрэллээх, үлэһит уолун бэйэтин оннугар хаалларан, рота старшината буолар, биэнсийэҕэ тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлиир. Идэтин толору баһылаабыт, сытыы-хотуу киһи, эп-эдэркээн оҕолору конвой уустук идэтигэр умсугуйан үлэлэтэн, олоххо бэйэлэрин булуналларыгар, барыларын оҕолорун курдук санаан, хас биирдии бэйэлэрин ис туруктарын арыйан, кимиэхэ туох кыһалҕа баарынан көмөлөһөн, дьон бөҕө махталын ылбыта.

1984 сыллаахха Константин Константинович партия кэккэтигэр киирэр. Партийнай билиэтин бу сыл сэтинньи 15 күнүгэр тутар.

Убайбыт үтүө суобастаах үлэтин элбэх грамота, Махтал суруктар, харчынан бириэмийэ туоһулууллар. Биир саамай үрдүк наҕараадатынан 1987 сыллаахха “Милиция туйгуна” бэлиэ, “За безупречную службу” мэтээли икки төгүл ылыыта, ССРС норуодунай дьокутааттарын съеһин президиумун бэрэссэдээтэлэ Умалатова илии баттааһыннаах “Маршал Советского Союза Жуков” диэн мэтээлэ бу кини сэмэй, чиэһинэй сулууспатын туоһулуур. Маны таһынан кини ИДьМ аатыттан комсомольскай конференцияҕа делегатынан талылла сылдьыбыт.

Биэнсийэҕэ тахсан баран 1995 сыл кулун тутар 9 күнүгэр “Сахакредитбааҥҥа” 1-кы категориялаах инспектор-охраннигынан үлэлээбитэ. 1996 сылга старшай инкассаторга көспүтэ. Ити курдук сааһын тухары ис дьыала иһинэн идэҕэ эриллэн, буһан-хатан, эдэрдэри бэйэтин оннугар хаалларан 1997 сыллаахха уурайбыта. Баара буоллар бүгүн идэлээх күнүнэн эҕэрдэлээн бөҕөтө буолуо этибит...

Убайбын кытта былырыын алтынньы ыйга бүтэһик көрсүһүүбүт

1978 сыллаахха оскуолатааҕы бастакы тапталын Светатын кэргэн ылан ыал буолан, Кэптэнинэн, Баатаҕайынан уруу тэрийэллэр. Аҕалара иккиэн бииргэ Илин сэриигэ сылдьыбыт табаарыстыылар оҕолоро холбоһоннор үөрүүлэрэ икки бүк үрдүүр. 1979 сыллаахха бастакы уол оҕо, Бэрииһэптэргэ бастакы сиэн Сергей төрүүр. Нөҥүө сыл кэрэ кыыс Таня кэлэн үөрүүлэрэ муҥура суох буолар.

Биһиги убайбыт кэргэн быһыытынан олус бэриниилээх, эрэллээх киһи этэ. Саҥаспыт Светаны олус күүскэ таптыыра, киниэхэ хоһоон бөҕөтө айара, аныыра, куруук көмөлөһө сылдьара. Ас астыыра минньигэһэ, бу үөрүнньэҥэ, ыалдьытымсаҕа. Кинилэр куруук өлгөм астаах буолаллара, онтулара арааһа элбэҕэ, саҥаспыт бу балыгы тууһуура минньигэһэ, араас бурдук аһа, аҥаардас муоруһа кытары атын, ураты амтаннаах буолара.

Оҕолор улаатан ыал буолан эһээ, эбээ минньигэс сытын билбиттэрэ. Улахан сиэн Ксения Санкт-Петербург куоракка, Кирилл Дьокуускайга иккиэн устудьуон аатын ситиһиилээхтик сүгэ сылдьаллар.

Биһиги тапталлаах убайбыт сырдык мөссүөнэ сүрэхпитигэр куруук тыыннаах буолуоҕа. Эйигинэ суох ааста биир төгүрүк сыл, эйигинэ суох балтыларыҥ бука бары тулаайахсыйан хааллыбыт. Быраһаай уһун дьылларга, баар-суох күндү, тапталлаах убайбыт.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, убайбыт хоһоон суруйара, ис-иһиттэн айар дьоҕурдааҕа, талааннааҕа. Кини дойдутун олус ахтарын, таптыырын туоһулуур хоһооннорун бу күннэргэ саҥаспыт булан биэрбитин хаһыатым сирэйигэр хайаан да таһаарарга сананным.

***

Самаан сайын салаллан,

Торҕо буруонан унаарда,

Күөрэгэй кэрэ ырыата

Быйды Эбэҕэ эргилиннэ.

 

Эбэ бастыҥ туонатыгар

Лөгөй тойон удьуордара

Алгыс тылынан салайтаран

Ыһыах ыһа тоҕуоруйда.

 

Уруккуну ахтыһыы,

Кэскиллээҕи кэпсэтии,

Үөрүү-көтүү муҥутуур,

Дьон-сэргэ үмүөрүһэр.

 

Лөгөй Тойон, Мас Мэхээлэ

Олорон ааспыт олохторун

Сиэрдээхтик салҕыаҕыҥ,

Түһэн биэрбэттик туттуоҕуҥ!

 

***

Үлэ Геройун үүннэрбит

Ытык-мааны дойдубут,

Үлэ дьоһун уордьаннаах

Заболоцкай колхозпут

Ытык-мааны ыччаттара,

Сыллар-хонуктар аастыннар,

Олох-дьаһах уларыйдын,

Умнуохпут суоҕа биһиги

Ыйаабыт ытык сирбитин,

Кэрэ дойдуну – Кэптэнини,

Дьоһун сири – Лөгөйү!

***

Быйды Эбэ мындаатыгар,

Ыт иһиттээх ыксатыгар,

Хоройбон хоннохторунан,

Туойа сайылык тулатынан,

Күчээйи күөлүгэр уутуйан

Уһун сыллар усталарыгар,

Кэлэн ааһар кэмнэргэ

Кэхтибэккэ үөскээбит

Лөгөй Тойон удьуордара

Кэптэнилэр буолабыт.

Лөгөй сирэ – дьоһун дойду

Үйэлэргэ ааттаныа.

Ааһар сыллар арҕастарын,

Кэлэр кэмнэр кэрдиистэрин,

Үгүс көлүөнэ ыччаттарбыт

Үүнэн, сайдан көрүстүннэр,

Кэптэнибит кэрии тыатыгар

Кэҕэ кэпсэлэ кэхтибэтин,

Сыһыы, алаас аайытын

Сыспай сиэллээх сырыстын,

Хонуу, толоон аайытын

Хороҕор муостаах тоҕуорустун.

***

Оҕо сааска оонньоохойдоон

Ойор-тэбэр кэмнэрбит

Быйды Эбэ хонноҕор

Элэс гынан ааспыта.

Биһи бары Бэрииһэп

Ытык дьон ыччаттара,

Биир сомоҕо буоламмыт

Лөгөй сирин айхалын,

Кини ытык аатын

Үйэ тухары өйдүөҕүҥ.

Кэлин кэрэмэс ыччаттар

Кэптэнини – киин сири

Ырыа-хоһоон тамаҕар

Ырыа гынан ыллаарыҥ.

***

Мунчаарар муҥкук киэһэлэргэ

Санаа-толкуй түмүллүүтэ

Өйдөөн кэлэбин дойдубун,

Ыраах сытар Лөгөйбүн.

Атах сыгынньах арбах устун

Сүүрбүт-көппүт Кээттийэбин,

Хайыһар тэбэн сырылаппыт

Былдьаһыктаах алааспытын.

Үйэм аҥаарын омурҕаныгар

Оллоонноон олороммун,

Оҕо сааһым доҕотторун

Сыымайдыыбын, саныыбын.

Оччотугар санаам сааһыланар

Өссө эрдэ эбит диэммин,

Олох омун долгунугар

Утары устуохтуу сананабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....