15.04.2022 | 19:00

Олорор дьиэҥ хаарбах туруктаах? Төлөпүөннээ!

Олорор дьиэҥ хаарбах туруктаах? Төлөпүөннээ!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ 2021 сылга олохтоох бүддьүөккэ  2,1 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Олохтоох дьаһалта иһитиннэрбитинэн, былырыын 160-тан тахса эргэ мас дьиэ муниципальнай бүддьүөт суотугар хаарбах туруктааҕынан билиниллибитэ.

Күн бүгүн Дьокуускай куорат территориятыгар, сокуоҥҥа олоҕуран, 1042 хаарбах туруктааҕынан билиниллибит элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар. Көһөрүү боппуруоһунан быһаччы дьарыктанар тэрилтэ – «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ. Бүгүҥҥү балаһаҕа департамент көһөрүүгэ салаатын начаалынньыга Туяра Романовна Абрамова уонна олох-дьаһах пуондатын кытта үлэлиир салаа начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Альберт Лукич Петров ыалдьыттыыллар. Кинилэр гражданнары көһөрүү, олорор дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинии ымпыгын-чымпыгын сиһилии кэпсиэхтэрэ.

Туяра Абрамова, «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ көһөрүүгэ салаатын начаалынньыга:

— Гражданнары көһөрүүгэ туһаайыллыбыт анал бырагыраамалар үлэлииллэрин билэбит, былырыын кинилэр чэрчилэринэн төһө хаарбах туруктаах дьиэ көһөрүлүннэ?  

— Билиҥҥи туругунан киин куорат территориятыгар реестргэ 1042 дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллэн киирэ сылдьар. «2019–2025 сылларга гражданнары олох-дьаһах хаарбах туруктаах пуондатыттан көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраама олоххо киириитин чэрчитинэн былырыын, 2021 сылга, барыта 10 294,90 кв. м. иэннээх 285 олорор дьиэ көһөрүлүннэ.

Аны ««Дьокуускай куорат» куорат уокуругун нэһилиэнньэтин дьиэнэн хааччыйыы» муниципальнай хос бырагыраама олоххо киириитин чэрчитинэн 2021 сылга гражданнар 1 261 кв. м. иэннээх 285 олорор дьиэттэн көстүлэр.

Биллэн турар, дьиэлэри көтүрүү гражданнар көспүттэрин кэннэ оҥоһуллар, ол курдук, былырыын 15 эргэ дьиэ көтүрүллүбүтэ.

— Хаарбах туруктаах, эргэ дьиэлэртэн көһөөччүлэр бары да интэриэһиргиир боппуруостара буолуохтаах, кинилэри ханна көһөрөллөрүй? Бары саҥа тутуллубут дьиэлэргэ көһөллөр диэн өйдөбүл баар.

— Олоҕурбут бэрээдэгинэн, хаарбах туруктааҕынан билиниллибит уонна көтүрэргэ ууруллубут элбэх кыбартыыралаах дьиэ кыбартыыратын бас билээччитин бырааба Арассыыйа Федерациятын Олох-дьаһах кодексатын 32-с ыстатыйатынан хааччыллар. 

Ол курдук, Арассыыйа Федерациятын Олох-дьаһах кодексатын 32-с ыстатыйатын 8-с чааһыгар этиллэринэн, кыбартыыра бас билээччитэ атын олорор сиринэн хааччыллар, эбэтэр харчынан толуйууну ылар бырааптаах.

Итиннэ даҕатан эттэххэ, Арассыыйатааҕы Олох-дьаһах кодексатыгар 2019 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи 473-ФЗ №-дээх федеральнай сокуонунан киллэриллибит уларыйыыларынан сибээстээн, Арассыыйа Федерациятын Олох-дьаһах кодексатын  32-с ыстатыйатын 8.2 чааһыгар олоҕуран, хаарбах туруктаах, көтүрүллүөхтээх эргэ дьиэни атыыласпыт киһиэхэ харчынан толуйуу көрүллэр, ол эрэн ити дьиэни атыыласпыт сыанатыттан үрдээбэт.

Наймылаһааччыларга (судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай олох-дьаһах пуондатыгар олорооччулар) саҥа олорор сир, Арассыыйа Федерациятын Олох-дьаһах кодексатын 89-с ыстатыйатыгар олоҕуран, социальнай наймылаһыы дуогабарынан бэриллэр. Олорор нэһилиэнньэлээх пууннарын усулуобуйатыттан көрөн, дьиэ бары өттүнэн хааччыллыылаах (благоустроеннай) уонна иэнинэн урукку олорбутуттан кырата суох уонна нэһилиэнньэлээх пуун чэрчитигэр баар буолуохтаах, уопсайынан олорор дьиэ бары ирдэбиллэригэр эппиэттиэхтээх. 

Гражданнар көһөн баран саҥа олорор сирдэрэ сокуоҥҥа олоҕуран ыытыллыбыт электроннай аукцион түмүгүнэн тутулла турар эбийиэктэргэ да, урут дьон олорбут кыбартыыраларыгар (вторичный рынок недвижимости) да атыылаһыллыан сөп.

— Быйыл, 2022 сылга, төһө хаарбах туруктаах дьиэ көтүрүллэрэ былааннанарый? Куорат территориятыгар ордук ханнык дьоҕус оройуоннарга, ханнык кыбаарталларга итинник дьиэлэр элбэхтэрий?

— Быйылгы сыл бастакы кыбартаалыгар 2020 уонна 2021 сыллар түһүмэхтэринэн барыта 2 848,8 кв.м. иэннээх 84 олорор дьиэттэн гражданнар көстүлэр. Бу сыл бүтүөр диэри 36 624,40 кв.м. иэннээх хаарбах туруктаах дьиэлэртэн 3021 олохтоох көһөрүллэрэ былааннанар. 2022 сылга 27 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көтүрүүгэ муниципальнай бүддьүөттэн үп көрүлүннэ. 

Хаарбах туруктаах элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр реестрдэрин бүгүҥҥү күннээҕи дааннайдарынан саамай элбэх дьиэ киин куорат Сайсары (271 дьиэ), Строительнай (255 дьиэ), Промышленнай (109 дьиэ) уонна Автордорожнай (101 дьиэ) уокуруктарыгар бааллар.

Альберт Петров,  «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ олох-дьаһах пуондатын кытта үлэлиир салаа начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу:

— Дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинии туохтан тутулуктааҕый? Чопчу тутуллубут сыла сабыдыаллыыр дуо, хас сыллааҕы дьиэлэр көтүрүүгэ барсалларый?

— Хаарбах туруктаах дьиэ диэн өйдөбүлгэ дьиэ тутула (конструкцията) бүттүүнэ эргэрбитэ киирэр, холобур, таас дьиэлэргэ – 70%-тан тахса эргэрии, олохтоох матырыйаалтан тутуллубут мас дьиэлэргэ уонна атын тутууларга – 65%-тан саҕалаан. Ол аата тутуу тирэх буолар, тутар конструкцията (несущие конструкции) өссө да бөҕө, ол эрэн эксплуатационнай нуормаҕа эппиэттээбэт буолбут. 

Сокуон балаһыанньаларыгар олоҕуран, дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинии туһунан быһаарыыны ылынарга анал тэрилтэ түмүгэ ирдэнэр. Ол – элбэх кыбартыыралаах дьиэ техническэй туругун туһунан түмүк, ити докумуоҥҥа эбийиэк хаарбах (аварийнай) туруктааҕа чопчу ыйыллыахтаах.

— Түмүккэ, маннык ыйытыы – гражданин бэйэтэ дьиэтин хаарбах туруктааҕынан, олорор усулуобуйатын мөлтөҕүнэн ааҕар буоллаҕына, ханна тиийэн туруорсарый? Экспертиза оҥоттороругар туох докумуон ирдэнэрий? Ити өҥө төлөбүрүн Олохтоох дьаһалта уйунар дуу, туох эмэ уларыйыы баар дуу?

— Бастатан туран, олорор дьиэ хаарбах, олорорго сөбө суох туруктааҕынан Олохтоох дьаһалтанан бигэргэтиллибит биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа аактатыгар уонна түмүгэр олоҕуран билиниллэр.

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын 2006 сыл тохсунньу 28 күнүнээҕи 47 №-дээх уурааҕынан бигэргэтиллибит элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэри хаарбах туруктааҕынан билинэр уонна көтүрэр туһунан Балаһыанньа 45-с пуунугар олоҕуран, элбэх кыбартыыралаах дьиэни чинчийиини  биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэтин былааныгар киллэрэр курдук маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

Бастакытынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинэр туһунан кэлэктиип (олохтоохтор) сайабылыанньалара;

Иккиһинэн, олорор сирдэри (кыбартыыралары) бас билэр туһунан быраап докумуоннарын куопуйалара;

Үсүһүнэн, дьиэни чинчийэн көрбүт анал тэрилтэ түмүгэ (үнүстүрүмүөннээх хонтуруол, лабораторнай тургутуу, чинчийиилэр түмүктэрэ).

Экспертиза өҥөтүн ким төлүүрүй диэн ыйытыккар, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата сылын аайы техническэй түмүгү оҥоруу төлөбүрүн уйунар. Ити мас дьиэҕэ олорор уонна экспертизаны төлүүр кыаҕа суох гражданнарга докумуон хомуйалларын судургутутар уонна өйөбүл буолар.

Ытыктабыллаах «Киин куорат» хаһыат ааҕааччылар! Элбэх кыбартыыралаах уонна мас дьиэлэри хаарбах туруктааҕынан билиниигэ сыһыаннаах ыйытыыларгытын «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ исписэлиистэригэр сайт нөҥүө биэриэххитин эбэтэр маннык аадырыска тиийиэххитин сөп: 

Дзержинскэй уул., 21, приемнай төлөпүөнэ: 22–60–46;

Көһөрүү салаата: 22–60–48;

Олох-дьаһах пуондатын салаата: 22–60–49.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....