01.05.2020 | 11:38

Олохпут тугу бэлэмниир?

Олохпут тугу бэлэмниир?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин коронавирус диэн тылы өссө саҥара, тыллана илик эрэ оҕо сатаабат, билбэт буолуохтаах. Бу тыл уоспутуттан түспэт буолла, эгэ, социальнай ситимнэртэн саҕалаан тэлэбиисэр, хаһыат, аан дойду барыта бу ыарыы тула күннээҕи сонуммут, кэпсэтиибит, ырытыыбыт ааһар.

Ыарыы турбутун кэннэ маннык мындыр, киһини толкуйдатар этиилэр, санаалар социальнай ситимнэргэ кэлбиттэрэ.

Киһи аймах бу ыарыыны ылыахтааҕын ылла...

- Биһиги доруобуйабытын сыаналаабат, көрүммэт буоллубут, онон доруобуйа киһиэхэ хайдах курдук күндүтүн, онуоха кыһаллыахха наадатын иһин бу ыарыыны ыллыбыт.

- Биһиги айылҕабытын сыаналаабат буоллубут, ол сыалтан бу ыарыы биһиэхэ кэллэ, айылҕабытын киртиппэт, алдьаппат, сылдьарбытын аҕыйатарбыт туһуттан.

- Биһиги дьиэ кэргэммитин аанньа ахтыбаппыт, куруук ааһа-көтө сылдьабыт, хонукпутугар эрэ кэлэбит, онон бу ыарыы биһигини дьиэбитигэр хаайда, дьиэ кэргэн быһыытынан олорорго үөрэтэр гына.

- Биһиги саастаах, кырдьаҕас дьоммутун убаастаабат буоллубут, онон кинилэр сүрдээх чараас дууһалаахтарын, ыалдьар сүрэхтээхтэрин, уйаннарын өйдүүрбүт туһугар бу ыарыыны ыллыбыт.

- Биһиги медицинскэй үлэһиттэри, фармацевтары сыаналаабат буоллубут, билигин кинилэри солбуйар туох да суоҕун биллибит.

- Биһиги учууталлары убаастаабат буоллубут, ол иһин бу ыарыы оскуолалары саптарда, төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолорун үөрэтэн боруобалаан көрөллөрүн курдук.

- Биһиги тугу барытын атыылаһар кыахтаахпыт, ханна баҕарар, кимниин баҕарар сылдьар кыахтаахпыт, кими баҕарар кытта көрсүөхпүтүн сөп дии саныырбыт, ол иһин бу ыарыыны ыллыбыт, билигин өйдүөх тустаахпыт, бу барыта кыаллар кыаҕа суоҕун.

- Иллэҥ кэммитигэр маҕаһыыннары кэрийэрбит, баҕарарбытын атыылаһан дьоллонорбут, билигин бу ыарыы барыбытын хаайталаата, дьолу атыылаһан ылбаппытын өйдөттө.

- Тас көрүҥмүтүгэр, сирэйбитигэр-харахпытыгар үгүс элбэх болҕомтону уурар этибит, бэйэбитин атын дьону кытта тэҥниирбит, билигин бу ыарыы сирэйбитин маасканан бүрүйдэ, кыраһыабай көстүүбүт таска эрэ буолбатын өйдөтөөрү.

- Биһиги бу сиргэ хаһаайыннар курдук сананарбыт, ол иһин бу ыарыыны ыллыбыт, кыратык да буоллар долоҕойбутугар тугу эрэ хоҥнорон өйдүүрбүтүгэр, толкуйдуурбутугар, туох эрэ көстүбэт күүс үөрэтэн, суолбутун-ииспитин ыйан биэрэригэр.

- Бу ыарыы биһигиттэн элбэҕи ылла, ол быыһыгар үгүһү үөрэтэргэ, толкуйдуурга, олоххо туох саамай суолталааҕын билэргэ кыах биэрдэ.

Уонна бүтэһиккэ бу ыарыы киһи аймахха чахчы наадалаах эбит диэн түмүктээн этэллэр.

* * *

Бу ыарыы туруоҕуттан дьон майгыта-сигилитэ, өйө-санаата чахчы алдьанна. Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар уйдаран, аралдьыйан ханна эрэ Кытай куораттарыгар бу ынырык, дьону-сэргэни өлөрөр-сүтэрэр ыарыы турбутун бастаан утаа чугастык ылымматахпыт, манна, биһиэхэ, кэлиэ эрэ диэн улаханнык долгуйбатахпыт. Дьиҥэр, билиҥҥи сайдыылаах үйэбитигэр ыарыы кэлэрэ бэрт кэбэҕэс буолаахтаатаҕа. Онтон сыыйа-баайа бырааһынньыктартан өйдөнөн, тэлэбиисэр сонуннарын кэтэһэр буолбуппут. Бачча киһи ыарыйда, бачча киһи өллө, ынырык сыыппаралар... Арай сэрии саҕана итинник сводкалар, чахчылар кэлэллэрин билэбит. Чахчы дьэ куттанан, дьулайан барбыппыт. Күнүнэн эрэ буолбакка, чааһынан, суукканан дьон ыалдьыбыта элбээн, өлүү тахсан, киирэн барбыта. Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах “пандемия”, “карантин”, “изоляция” диэн тыллар олохпутугар бигэтик киирбиттэрэ.

Дьэ, бу түгэҥҥэ, бу кэмнэргэ дьон туга-ханныга көстөн, сорохторго “алдьархайтан ас таһаарынар” диэн саха өс хоһоонунуу майгы-сигили уларыйан киирэн барда.

Ыарыы Арассыыйаҕа киирбитин кэннэ араас сэрэтэр үлэлэр, массыанньыктартан, албынтан-түөкэйтэн сэрэниҥ диэн ыҥырыылар куттаан киирэн барбыттара. Мааскалаах дьон дьиэҕитин ыраастыыбыт диэн албыннаан киирэн халаан тахсаллар, төлөпүөнүнэн эрийэн ону-маны ыйыталлар, харчыгытын усталлар эҥин диэн. Дьэ, онтон атыыһыттар күннээн киирэн бараллар. Аптекаларга мааска аата мэлийэр, хата, били арыгыны долбуур анныттан кистээн атыылыыр бутлегердар күннүүллэрин курдук, аны мааска тигэн атыылааччылар күннүүллэр. Хаста да туттуллар мааскалар сыаналара ботуччу соҕус буолар, аны арааһынайдаан киэргэтэн, уруһуйдаан, быысапкалаан тиктэхтэринэ олох да 500 солкуобайга тиийэ үрдүүр. Дьон бары маҕаһыыҥҥа сүүрэр, хас да ыйдааҕы аһын-үөлүн ылынаары, хаһаанаары. Манна да атыылааччылар көрөн турбаттар, бэҕэһээ эрэ чэпчэки куруппабыт, гречкэбит, туалетнай кумааҕыбыт биир долбуурга туран ыарыы охсор. Маны, биллэн турар, улахан хонтуруолга ылаллар, ыстараап диэн үрдүгүн быһаллар. Аны оҕуруот аһыгар эмиэ үрдээһин саҕаланар, ордук чеснок, имбирь астарга. Имбирь Москва диэки олох да 6.000 тиийэр. Эмиэ хонтуруол, хамыыһыйа тиһигин быспакка үлэлиир, кэрийэр, быһа линиялар аһыллаллар.

Санаан көрүҥ, бу икки ый иһигэр биһиэхэ, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр маннык уларыйыы олохпутугар таҕыста, оттон саҥа сылга үктэммиппит баара суоҕа түөрт ый буолла. Ол былаһын тухары бу ыарыы айдаана уостан түспэккэ “ылланар”, күннээҕэ сонуҥҥа, ырытыыга кубулуйар.

Сахабыт сиригэр коронавируһунан ыалдьыыны кэлии киһи аҕалбыта. Онуоха сиэри таһынан айдаан тахсыбыта, киниттэн сутуллан уонунан киһи ыалдьыбыта. Эмиэ да сөп ээ. Бу маннык ынырыктаахай, киһи өлүүлээх, ханнык да эмп-томп айылла илик, вакцина көстө илик ыарыыта биһиги аҕыйах ахсааннаах норуоппутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлиитэ аһара кутталлаах буоларын бары өйдүүбүт. Саха киһитэ өбүгэлэрин саҕаттан ыалдьытымсах, тулуурдаах да буоллар, бу түбэлтэҕэ тулууруттан тахсыбыта, өйө-санаата улаханнык аймаммыта. Бастакы киһи анаалыһын кэтэһии улахан тыҥааһыннаах буолбута. Дьон бэйэбит да анаалыспытын маннык долгуйа күүппэтэхпит диэбиттэрэ баара. Онон бастакы бигэргэтиллибит анаалыс кулун тутар 20 күнүгэр кэлэн, салалтабыт бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олохтоох телевидениенэн биллэрбитэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр балтараа ый иһигэр балтараа сүүстэн тахса киһи ыарыйда. Өссө да эбиллэ тураллара киһини дьиксиннэрэр. Бары дьиэҕэ хаайыллан олоробут. Саамай күүстээх миэрэ мантан ордук суоҕун бары билэбит да, син биир хаайтарбаппыт, тахсан дьаарбайабыт, күүлэйдиибит. Бу ыарыы олус кутталлааҕын өссө да билинэ иликпит, толору билинэрбит да саарбах.

Ыстатыйам саҕаланыытыгар «бу ыарыы киһи аймахха кэлиэхтээҕин кэллэ” диэн суруйбуппар төннүөхпүн баҕарабын. Манна утарылаһар кыахпыт суох курдук. Баҕар, таспытыгар эмиэ дьаалабытынан айдаарыахпыт, “диваннай аналитиктар” буоламмыт куолулуохпут, оттон испитигэр син биир кутуйах хаамар, хайа эрэ өттүгэр сөбүлэһэр, сөпсөһөр буолуохтаахпыт. Тоҕо диэн ыйытыы бобута-хайыта туппахтыыр. Тоҕо бачча үчүгэйдик, туох да кыһалҕата суох олордохпутуна маннык ыарыы аан дойду дьонун буулаата. Тоҕо, туох иһин, туох буруйбутугар? Киһи кыланыан баҕарар курдук. Чахчы да күөх оту тосту үктээбэккэ, сытар ынаҕы туруорбакка олоробут дуо? Суох буоллаҕа. Сиэр-майгы сатарыйда. Албыннааһын, уоруу, өлөрүү, атаҕастааһын, кырбааһын, күлүгээннээһин күн аайы тахса турар. Сир үрдүгэр күҥҥэ 200 тыһыынча киһи өлө турар диэн статистика көрдөрөр. Оттон коронавирус турбутун кэннэ, бу көрдөрүү өссө элбээтэҕэ.

“Олорор мутуккун кэрдимэ” диэн олус бэргэн сахалыы өс хоһооно баар. Биһиги тугу да улахаҥҥа уурбат, айылҕабытын киртитэр, алдьатар, кыаммакка, кырдьаҕаска көмөлөспөт, кими да аһыммат, бэйэни эрэ көрүнэр, тугу да суолталаабат, ыһа-тоҕо сылдьар буолбуппутун мэлдьэһэр кыах суох. Айылҕа ытыыр, иэстэһэр, өс-саас ситиһэр. Айылҕа эмиэ киһи курдук, ыалдьар, онтон өрүттүөн да, өрүттүмүөн да сөп. Онон бу ыарыы кырдьык дьон-сэргэ кыратык да өйүн-санаатын ыраастаннын, киэҥник толкуйдуур буоллун, кырдьаҕаска сүгүрүйэр, кыаммакка көмөлөһөр, идэлээх дьону убаастыыр буоллун диэн турбута буолаарай? Бу кэннэ, ыарыы букатын аастаҕына, баҕар, дьэ иллээхтик-эйэлээхтик олоруохпут буолаарай, сэрии диэн тылы умнан, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаны бөҕөргөтөн, дьиэ кэргэни өрө тутан. Оннук эрэ буоллун! Бары да таҥара илиитин иһигэр сырыттахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...