02.09.2023 | 12:00

Олохпут суола харчы тула

Олохпут суола харчы тула
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

«Тоҕо куруутун харчым тиийбэтий?” “Тоҕо түргэнник бүтэрий?” “Улахан тугу да атыыласпат курдукпун дии”... маннык санаа хас биирдии киһиэхэ киирэрэ баар суол.
Киһи барахсан бу олоххо харчыта суох, этэргэ дылы, киһи буолбат. Олох укулаата, сарсыҥҥыта уонна бүгүҥҥүтэ үксэ харчыттан тутулуктаах. 
Оттон харчыны сатаан тутта үөрэнии бэйэтэ ускуустуба диэххэ сөп. Күндү ааҕааччым, эн харчыгын сатаан сөпкө туттаҕын дуо? Эбэтэр ый аайы хамнастан хамнаска эрэ диэри олороҕун дуу? Дьэ, оччотугар мин эйигин элбэх оҕолоох эдэр ийэни, экэнэмиис-буҕаалтыр идэлээх Наталья Лаврентьеваны кытта билиһиннэрэбин.

— Наталья, бастатан туран, харчыга сыһыаныҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

— Харчыны баҕа санаабын толорорбор, сыалбын ситиһэрбэр кыах уонна инструмент быһыытынан көрөбүн. Олохпут араас өрүттэригэр харчы тиэмэтэ син биир баар. Дьоллоох буоларга харчы саамай сүрүн диэбэтэрбин даҕаны, ханнык эрэ чааһын толорор. 

— Харчыны «өйдөөхтүк туттуохха», «кэмчилиэххэ наада» дииллэр, ол сыалы ситиһии кистэлэҥэ туохханый?

— Кэмчилээһин диэн харчыны букатын туттубакка сыттык анныгар ууруна сытыы буолбатах, сөпкө аттарыы, үллэрэн, барыстаахтык туттуу, туһаҕа таһаарыы буолар.

— Оччоҕуна хайдах үллэриэххэ уонна уурунуохха сөбүй? Хайдах мунньабыт?

— Харчыны үллэрии ый аайы оҥоһуллар. Харчы кэлиитин-барыытын учуоттаан, сүрүн уонна сүрүнэ суох ороскуоттарга үллэрэҕин. Холобур, ый аайы уоту, гааһы, ууну төлүүбүт, аспытыгар диэн эмиэ ый аайы төһө эрэ харчы барар, аны, иэстэрдээх буоллахпытына, онно эмиэ ый аайы төлөһөбүт, оҕолор оскуолаҕа уонна уһуйааҥҥа сылдьалларыгар төлөбүрдэрбит эмиэ ый аайы оҥоһуллаллар.

Онтон сүрүнэ суохха диэҥҥэ таҥас киириэн сөп, ый аайы саҥаттан саҥа таҥас ылыммаппыт, дьиэҕэ туттуллар мал-сал, сынньалаҥ буолуон сөп. Маннык курдук хаттыгастарга араартыыр табыгастаах.

Харчыны уурунуу – бу хас биирдии киһи бэйэтин кыаҕыттан тутулуктаах. Ол эрэн мин биир ньыманы сүбэлиэм этэ – хаһан баҕарар бастаан бэйэҕэр төлөө. Сыаллаах киһи сыалын ситиһэригэр төһө эрэ харчы наада буолар, ол харчытын уурунан мунньуон сөп. Онуоха кэлэр дохуоттан  хас эрэ бырыһыанын, холобур, 5-10% уурунан иһиэхтээх.

— Олох ханнык баҕарар түгэнигэр «финансовай подушка наада»  дииллэр, ол эбэтэр сэрэххэ саппаас харчы. Бу маны ааҕааччыларбытыгар быһаарыаҥ дуо?

— Оннук, сэрэххэ диэн саппаас харчылаах буолуохтааххын. Тоҕо диэтэххэ киһи олоҕугар туох барыта буолуон сөп. Оттон ол саппаас харчы төһө буолуохтааҕый? Кыччаабыта үс ыйы улахан кыһалҕата суох олорорго тиийиэхтээх. Сыл аҥаара холкутук олорорго мунньар өссө ордук. Аны туран, саппаас харчылаах киһи хаһан баҕарар бэйэтигэр эрэллээх, холку буолар, эмискэ үлэтэ суох хаалыам эбэтэр дохуотум кэлэрэ тохтуо диэн куттаммат. Ол сылдьан, дьэ, харчыны үлүннэрии туһунан толкуйдуохтаах.

Онтон үгүс киһи хайыырый? Саппаас харчылара суох, ол эбэтэр сарсыҥҥыларыгар эрэллэрэ суох, онон куттал уонна ыгылыйыы туругар сылдьаллар уонна, дьэ, инвестицияҕа киирэллэр. Бу, мин санаабар, – олох сыыһа.

— Харчы туохха, ханна барара биллибэт буолар, маны хайдах хонтуруоллуубут?

— Бу биир сүрүн биричиинэтинэн сыал-сорук суоҕа буолар. Олоххо сыала суох киһи күннээҕинэн олорор. Харчытын күннээҕи олох ирдэбиллэригэр туттан бүтэрэр. Кэлэр хамнаска, дохуокка диэри тириэрдимиэн даҕаны сөп. Ол инниттэн сыал-сорук турара хайаан да наада.

Харчыны учуоттаныы үөрүйэх буолуохтаах. Биир-икки күн учуоттанным, онон сөп буолла диэн буолбатах. Саҥа саҕалыыр киһи күн ахсын да оҥоруон сөп. Оччоҕо, дьэ, харчы ханна барбыта ырылыччы көстөр. Аны туран, тоҕо учуоттанаргын чопчу билиэхтээххин. Сыала да, былаана да суох киһи харчытын учуоттана сатаатаҕына да, кыаллыбат.

— Үптээх-харчылаах буоларга тугу гынабыт? Кэнники бириэмэҕэ элбэх киһи сыаналаах кумааҕыта атыылаһыҥ, баай тэрилтэргэ инвестициялааҥ, биэксэллэ ылыҥ дииллэр.

— Үптээх-харчылаах буолуоххун баҕарар буоллаххына, бастаан өйгүттэн-санааҕыттан саҕалаа. Туох мэһэйдэр, хаарчахтар баалларый, олору кытта үлэлэс. Ол кэннэ харчыгын ааҕан-суоттаан, хонтуруолга ыл, атаххар бигэтик турдаххына, харчыбын ханна гынабын диэн санаа кэллэҕинэ, инвестицияны көрүөххэ сөп. Ол эрээри инвестицияны быһаарсар эрэ буоллахха ылсар ордук. Көрүҥэ олус элбэх. Хаһан баҕарар кыраттан боруобалаан көрүҥ, чэпчэки сыаналаах аахсыйалары атыылаһан баран, пуондабай ырыынак ис тутулун үөрэтэр ордук. Сыаналаах кумааҕы атыылаһыах иннинэ бу кумааҕыны үчүгэйдик билсиэхтээхпит, анаалыстаан көрүөхтээхпит. Инвестицияны саҕалыах иннинэ маҥнай «финансовай подушка» оҥостор наада. Ол инниттэн, араас күчүмэҕэйдэр тахсалларыгар, киһи бэйэтигэр эрэллээх буолар.

— Харчылаах буолуу туругар хайдах тиийиэхтээхпитий?

— Түөрт сүрүн салаа баар –  “финансовая безопасность”, “финансовая стабильность”, “финансовая независимость” уонна “финансовая свобода”. Элбэх харчылаах буолар туһугар дохуот араас-араас сиртэн кэлэрин ситиһиэххэ наада уонна, сэрэххэ диэн, уурунуу харчы баар буолуохтаах. Дохуоккут ороскуоккутунааҕар икки төгүл үрдүк буоларын толкуйдааҥ. Бу таһымҥа тиийбит киһи салгыы инвестицияҕа барар.

— Туох кистэлэ кэлиэй, элбэх киһи хамнастан хамнаска олорор... бу дьоҥҥо тугу сүбэлиигит?

— Хамнастан хамнаска олорууну “финансовая опасность” диэн туругунан быһаараллар. Мантан тахсарга күүскэ үлэлэһиэххэ наада. Этэн аһарбытым курдук, өй-санаа да өттүнэн, харчыны туттуу да өттүнэн. Ситиһиилээх дьон үөрэхтэрин истиҥ, кинилэр уопуттарын көрүҥ, финансовай билиигитин кэҥэтэн иһиҥ. Билигин биһиэхэ, сахаларга, бу өттүгэр билиини тарҕатааччы элбээтэ. Кинилэр консультацияларыгар, куурустарыгар үөрэниҥ диэн сүбэлиэм этэ. Саамай үчүгэй инвестициянан бэйэҕэ инвестициялааһын буолар, ол эбэтэр бэйэҥ билиигин кэҥэтии, сатабылгын сайыннарыы, киһи быһыытынан сайдыы.

— Харчыны сөпкө туттарга нумерология көмөлөһөр дуо, кинилэр туох сыһыаннаахтарый?

— “Личные финансы” диэн өйдөбүл баар, харчыны сөпкө туттарга, дьаһанарга үөрэтэр. “Личные финансы” икки сүрүн чаастан турар – психологическай уонна финансовай. Уйулҕа чааһыгар өйү-санааны кытта үлэ, харчыга сыһыан, араас хааччахтары кытта үлэлэһии киирэр. Онуоха нумерология көмөтүнэн харчыны кытта сыһыаҥҥа баар блоктары арыйыахха сөп эбит.

— Наталья, ааҕааччыларбытыгар бэрт судургутук туһалаах сүбэлэри биэрбиккэр махтанабын! Ситиһиини уонна табыллыыны баҕарабын.

— Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...