04.02.2023 | 16:00

Олохпут сайдыыта, таһыма хас биирдиибититтэн тутулуктаах

Судаарыстыба уонна уопсастыба биир ситим. Судаарыстыбаны уопсастыба тутан олорор. Ол эбэтэр олох сайдыыта норуоттан, норуот биир киһиттэн турар. Бүгүҥҥү нүөмэргэ уопсастыбаннай үлэни салайар дьиэ кэргэн ийэтэ, тэрилтэ салайааччыта Полина Ильинична Христофорованы кытта кэпсэтиини сэҥээрэ ааҕыаҕыҥ.
Олохпут сайдыыта, таһыма хас биирдиибититтэн тутулуктаах
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Үтүө күнүнэн, Полина Ильинична! Эн Таатта улууһун дьаһалтатын иһинэн “Уопсастыбаннай сэбиэти” салайаргынан, эйигин кытта дойду сайдыытын түстэһэр, хамсатар уопсастыбанньыктар туһунан кэпсэтэргэ сананным. Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан сырдат эрэ.

— Мин таалар хонуу түөһүгэр, тардыы талах үүнэр Таатта үрэх намылыйа устар Чөркөөҕөр сайыны көрсө, бэс ыйын 1 күнүгэр 1970 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Төрөппүттэрим Акулина Егоровна, Илья Николаевич сиэрдээх иитиини биэрэн, сахалыы иитиилээхпин. Уонна оттон урукку кэм оҕото буолан, үөрэххэ-үлэҕэ эриллэн улааппытым.

Бэйэҥ туох идэлээххиний?

— Улуус баайга-дуолга, сиргэ сыһыанын сүрүннүүр тутаах тэрилтэ салайааччытынан үлэлиибин. Бастакы идэм геодезист, кэлин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспа менеджерэ үөрэҕин бүтэрбитим. Идэбинэн үлэлээбитим үйэ чиэппэрэ буолан эрэр. Эбии 2008  сылтан “Туймаада” ФАПК нөҥүө тыа сиригэр дьиэ туттар дьоҥҥо кыра бырыһыаннаах заем биэриигэ субагенынан үлэлиибин.

Аны уопсатыбаннай үлэҕэ киириэххэ. Дьокуускай куорат уокуруктарыгар элбэх уопсастыбаннай сэбиэт үлэлиир. Бу сэбиэттэр үлэлэрэ киин куораппыт сайдыытыгар, олоҕор сүҥкэн күүс буолаллар. Онтон тыа сиригэр маннык үлэ хайысхата хайдах ыытылларый?

— Уопсастыбаннай үлэбин 2015 сылтан саҕалаабытым. Нэһилиэгим дьокутаатынан талыллан эмиэ үлэлээбитим. Онно тыа хаһаайыстыбатын, атыы-эргиэн уонна сир-уот кэмитиэтин салайбытым. Дьокутааттар уонна Саха сирин дьахталларын форумнарын бастакы, Саха сирин дьахталларын XV сийиэстэригэр, Уһук Илин дьахталларын форумнарыгар кыттыыны ылбытым. Онтон 2020 сыл ахсынньытыттан Таатта улууһун  Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиибин. Сэбиэккэ улуус киинин олохтоохторо, үлэ эйгэлэринэн бастыҥ уопсастыбанньыктара үлэлииллэр. Сэбиэт 11 киһиттэн турар.

Үлэҕит сыала-соруга, ис хоһооно тугуй?

— Улууспут сайдыытын түстэһии, дьон уопсастыба олоҕор кыттыытын тэрийии, тутулла турар эбийиэктэр, суоллар хаачыстыбаларын тупсарыы, бэрээдэги көрүү уо.д.а.

Киһи уопсастыба сорҕото, олоҕу хамнатар күүс дииллэр.

— Оннук. Уопсастыба киһиттэн турар. Дойду баайа – кини норуота. Биир кэлим олоҕу биирдиилээн дьон санаата, айыыта, кыһамньыта уларытар кыахтаах. Холобура, билигин киһи тупсаҕайдык олороругар элбэх бырагыраама үлэлиир. Олохтоохтор бу бырагыраамаларга кыттан, олорор сирдэрин, куорат да буоллун, тыа сирэ да буоллун, үбүлээһин көрдөрүөхтэрин, хамсааһын оҥоруохтарын сөп. Эбэтэр коммерческайа суох уопсастыбаннай түмсүүлэри тэрийэн, олорор түөлбэлэрин тупсарыыга эмиэ үлэлииллэр. Хас биирдии нэһилиэккэ интэриэстэринэн түмсүүлэр бааллар. Бу эмиэ уопсастыбаннай үлэ күүскэ барарын туоһута.

Ыытыллыбыт үлэттэн холобурдаан кэпсээ эрэ.

— Ааспыт икки сыл төһө да дойдуга хамсык бүрүүкээтэр, олох ханнык да эйгэтигэр үлэ тохтообокко барбыта. Уустук балаһыанньаҕа олохтоохторго  ураты болҕомто ууруллан, үлэ нэһилиэк, улуус, куорат, өрөспүүбүлүкэ салалтатын дьаһалларынан ыытыллыбыта. Ол курдук, волонтердар хамсааһыннара күүскэ үлэлээбитэ. Кыаммат араҥаҕа ситимнээх көмө оҥоһуллубута. Судаарыстыбаннай Дуума быыбарыгар Уопсастыбаннай кэтээһиннэр тэриллэннэр, дойдубут сүрүн быыбара ыытыллыбыта. Таатта улууһугар 23 уопсастыбанньыгы үөрэппиппит. Биэрэпиһи ылан көрдөххө, биэрэпиһи ыытааччыларынан эмиэ бастыҥ уопсастыбанньыктар үлэлээбиттэрэ. Бу дойду таһымынан холобурдаатым. Оттон улуус Сэбиэтин үлэтин ылан көрдөххө, 2021-2022 сс. Ытык Күөлгэ Ленин уулусса, 22 нүөмэригэр Полиция, Ойуунускай уулусса, 40 нүөмэригэр 66 кыбартыыралаах уопсай дьиэ, киин балыыһа тутууларын көрүү, хонтуруоллааһын ыытыллыбыта. Дьохсоҕон нэһилиэгин Даккы учаастагар “Якутскгеофизика” АУо 1 №-дээх сейсморазведовательнай партията үлэлээбит сирин хомуйбатаҕын сүнньүнэн акта оҥоһуллан, тустаах тэрилтэҕэ ыытыллыбыта. Ытык Күөл – Туора Күөл – Дэбдиргэ айан, бөһүөлэк иһинээҕи суоллар оҥоһууларын көрүү ыытыллыбыттара. Бу хонтуруоллуур эриэйдэлэри бастыҥ уопсастыбанньыкпыт Иннокентий Бояров иилиир. Улуус бүддьүөтүттэн НКО-лар үлэлэрин өйөөһүҥҥэ куонкурус ыытыллыбыта. “Гражданскай форумнарга” кыттабыт, бу форумнар билиҥҥи уопсастыба туруктаах буолуутугар туһуланаллар. Киһи олоҕун сайдыыта үптэн улахан тутулуктаах. Маннык форумнарга омугуттан тутулуга суох ким баҕалаах кыттан, бэйэтин бырайыагын олоххо киллэрэргэ дьулуһуохтаах.

Билигин дойду үрдүнэн уустук кэм. Элбэх эр киһибит сулууспалыы сылдьар. Дьокуускай куоракка Ирина Саввина салайааччылаах иистэнэр сыах үлэлиир. Эн Таатта улууһун #МЫВМЕСТЕ уопсастыбаннай ыстаабын үлэтин сырдат эрэ.

— Дойду үрдүнэн ыытылла турар хамсааһыҥҥа таатталар эмиэ көхтөөхтүк уонна күүрүүлээхтик кыттабыт. Ыстаабы улуус баһылыгын солбуйааччыта, улуустар уопсастыбаннай хамсааһыннарын кураатара Алена Гаврильевна Гуляева салайар. Ыстаапка улууспут хас биирдии тэрилтэтин үлэһитэ уонна олохтооҕо кытта сылдьарыттан үөрэбит. Улуус баһылыга М.М. Соров анал уурааҕынан быстах хомуурга барбыттар дьиэ кэргэннэригэр туһааннаах көмө, өйөбүл олохтоммута. Хомуурга барбыт дьоммут ийэлэригэр, ойохторугар көрсүһүүлэр тэриллэннэр, көмөлөр, сүбэлэр оҥоһуллубуттара. Кырачааннарга Саҥа дьылы көрсө “Үтүө санаа харыйата” тэриллэн, утренник ыытыллыбыта. Хас биирдии тэрилтэ салайааччыта, тэрилтэ, “Монтажник” ПК, дьокутаат Виктор Лебедев тустаах ыал оҕотугар бэлэх оҥорон үөрдүбүттэрэ. Гуманитарнай көмөнү тиэрдиспит биир дойдулаахтарбыт Руслан Платоновы, Николай Мочкины, “Эр санааланыы” уордьанын кавалера Руслан Максимовы кытта көрсүһүүлэр тэрилиннилэр.  Биирдиилээн ыаллар, тэрилтэлэр, бааһынай хаһаайыстыбалар, СХПК-лар этинэн, арыынан көмө оҥордулар. Бу көмө «Сахаволонтер» тэрилтэ нөҥүө Москва, Санкт-Петербург госпиталларыгар тиэрдиллибитэ. Уопсастыбаннай ыстаап, Аҕалар түмсүүлэрин, “Үс түмсүү” бырабылыанньатын чилиэнэ, улуус култууратын салайааччыта Гаврил Вырдылин, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Андрей Семенов, суоппар Егор Попов  улуус олохтоохторо, тэрилтэлэр көмө обмундированиеларын, малы-салы, эми-тому, аһы Биробиджан, Хабаровскай, Уссурийскай, Владивосток, Сергеевка куораттар байыаннай чаастарыгар тиэрдибиттэрэ. Күн күбэй ийэлэр, эбэлэр ОТМАМЯКУТИИСЛЮБОВЬЮ хамсааһыҥҥа кыттыһан, спецтаҥас тиктилэр. Манна урбаанньыттар Татьяна Ноенохова, Зинаида Николаева, Ванда Никифорова миэтэрэнэн таҥас спонсордаабыттара, иистэнньэҥнэр Изольда Акимова, Анна Никифорова, Надежда Поисеева салалтатынан, улуус түөлбэлэрин, түмсүүлэрин, тэрилтэлэрин, Бэтэрээннэр сэбиэттэрин, учууталлар, үөрэнээччилэр көмөлөрүнэн анал көстүүмнэр, хаттык таҥастар, аптечкалар, суумкалар уо.д. а тигилиннилэр, тигиллэллэр. Тумус туттар киһибит Мандар Уус алгыһынан оҥоһуллубут харысхаллар, этиҥ түспүт мастан оҥоһуллубут харысхаллар, оҕолорбут суруйбут 200 истиҥ тыллаах суруктара дьоммутугар харысха буолан, санааларын күүһүрдүө, дурда-хахха буолуоҕа, эргиллэн кэлэргэ көмүскэ буолуоҕа. Күн бүгүн Ытык Күөл – Дьокуускай маршрутунан сылдьар “Пятерочка” такси  дьиэ кэргэнтэн икки киһини босхо тиэйэр өҥөнү биллэрдэ. Бу олус суолталаах көмө. Маннык көмө улуус урбаанньыттарыттан, бэйэ дьарыктаах олохтоохтортон киирэ турара барыбытын үөрдэр. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн чаҕылхай туоһута ити.

Полина Ильинична, идэлээх уонна уопсастыбаннай үлэҥ таһынан туох дьарыктааххын?

— Кыыс оҕо ийэ, эбэ буолар аналын билэн олорор дьоллоохпун. Олоҕум аргыһа Василий Михайловичтыын икки кыыстаахпыт, икки уоллаахпыт, сиэннээхпит.  Үс оҕону улаатыннаран үөрэхтээтибит, кыра кыыс 5-с кылааска үөрэнэр, сиэммит дьыссаат киһитэ. Тыа ыалын сиэринэн кэтэх дьиэлэнэн, оҕуруот олордон, күннэтэ олохтон дуоһуйууну ыла, үлэлии-хамсыы олоробут. “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар доруобуйаны, нус-хас олоҕу баҕарабын. Олорор куораккыт сайдыытыгар бэйэҕит кылааккытын киллэриҥ, күөҕүнэн симээҥ, таптааҥ диэн баҕа санаам бастыҥын аныыбын.

Бу курдук, хас биирдиибит төрөөбүт сирбит чэлгийэ сайдарыгар, үүнэригэр кыттыстаҕына, харыстабыллаахтык сыһыаннастаҕына, киһи олоҕо тупсуо, эйгэтэ кэҥиэ, ыччата сайдыа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...