25.11.2023 | 12:00

Олохпут оҥкулун оҥорсубут оскуолабыт

Олохпут оҥкулун оҥорсубут оскуолабыт
Ааптар: Бэчээккэ бэлэмнээтэ Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай
Бөлөххө киир

Төһө даҕаны сыллар-хонуктар элэҥнээн аасталлар, киһи төрөөбүт түөлбэтин, үлэлээн, олорон ааспыт сылларын, хомойбут-үөрбүт кэмнэрин саныыра-ахтара кэмэ-кэрдииһэ, аата-ахсаана суох. Ол, биллэн турар, үлэлээн-хамсаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан олорон, сааһырыы боруогар үктэннэххэ, ордук элбиир, күндүтүйэр.

Арассыыйаҕа биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылынан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Ньурба оройуонун Сүлэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Матрена Прокопьевна Аммосова ахтыытын сурукка тиһэбин. Матрена Прокопьевна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа уолун, сиэннэрин тапталларыгар угуттанан, Дьокуускай куоракка олорор:

– Мин, Аммосова Матрена Прокопьевна, ыам ыйын 25 күнүгэр 1947 сыллаахха Ньурба оройуонун Үөдэй нэһилиэгэр икки хараҕа суох күн күбэй ийэбэр Аммосова Аграфена Егоровнаҕа суос-соҕотох оҕонон күн сирин көрөн, ийэм эрэйдээҕи дьоллообут, күнэ-ыйа буолбут киһитэбин. Ийэм инбэлиит, соҕотох буолан, Аммосов Михаил Егорович диэн биэс оҕолоох бииргэ төрөөбүт быраатыгар алтыс оҕонон олус үчүгэйдик көрүллэн улааппытым.

Үөдэй оскуолатын бэлэмнэнии, онтон бастакы кылааһын кулууп дьиэҕэ хоп курдук үөрэнэн, иккис кылааска Хаҥалас оскуолатыгар үөрэнэ барбытым. Учууталым Усураева Анастасия Дмитриевна, талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, ырыаһыт, үҥкүүһүт, иистэнньэҥ дьоҕурун ааһан, үөрэх босуобуйатын, дидактическай матырыйаалын бэйэтэ оҥороро. Тас көрүҥэ, тутта-хапта сылдьара, таҥаһа-саба барыта кэрэ улахан буукубанан суруллар Учуутал этэ. Кинини инникитин биология-химия учууталынан үлэлиирбэр олук уурбут киһинэн ааҕан, улахан бокулуону аныыбын!

Нуучча улуу тылыгар кыра кылаастарга үөрэппит Кочнев Николай Иннокентьевиһы, көрүҥэ төһө да кытаанаҕын иһин, сөбүлүүрбүт. Ырыа уруогун, скрипкаҕа доҕуһуоллаан, дьаныардаахтык үөрэтэрэ, бэйэтэ айбыт ырыаларын ыллатара. Араадьыйа сонуннарын олус көтөҕүллэн туран кэпсиирин өйдүүбүн. Ю.А. Гагарин космоска көтөн сири эргийбитин оскуола «линейкатыгар» кэпсээбитин умнубаппын. Кэлин, бэһис кууруска, куорат оскуолатыгар практиканы барарбар, “Кылаас чаас ыытаргар ыҥыраар, көмөлөһүөм”,– диэбитигэр олус үөрбүтүм. Саха кыыһыгар сааһырбыт нуучча киһитэ кэлэн, куоракка историческай быһыы буолбутун кэпсээбитин нуучча оҕолоро харах-кулгаах буолан дьоһумсуйан истибиттэрэ. Учууталбыт барахсан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта ырааппыт киһи, хаһан эрэ үөрэппит оҕотугар көмөлөспүтүн санаан көрүҥ! Чахчы улуу Учуутал кини этэ!

Улаханнык убаастыыр, таптыыр учууталбыт Тарасова Вера Моисеевна нуучча тылыгар салгыы үөрэппит үөһэттэн айдарыылаах киһи этэ. Кэпсиирэ, хоһоону ааҕара киһини олус тардар этэ. Туох барыта ситимнээх дииллэринии, кини үтүөтүнэн нуучча тылыгар, грамматикатыгар үчүгэй буолан, үрдүк үөрэххэ киирдэҕим.

Додохова Ираида Марковна пионер баһаатайдыыра, оскуолаҕа элбэх үлэни ыытара. Намыын куолаһа, уһун хара баттаҕа, кэрэ мөссүөнэ харахпар билигин да баар.

Сүдү учууталбыт Осипова Анна Афанасьевна химия, биология уруоктарын биэрэрэ, айылҕаҕа илдьэ сылдьан, кэрэни кэрэхсииргэ үөрэтэрэ. Биирдэ биһигиттэн туох үлэһит буолуохпутун баҕарарбытын ыйыппытыгар, мин, эмчит буолар санаалаах эрээри, тоҕо эрэ эмискэччи биолог буолуохпун баҕарабын диэбитим. Ол санаам чахчы туолбута.

Интернаппыт үөрэх саҕаламмытын кэннэ хойутуу аһыллар буолан, ыалга олорорго күһэллэрбит. Саҥаһым Евдокия Никандровна сүүрэн-көтөн, күһүн аайы миигин ыалга олохтуура. Аны ыалларым бары Хаҥалас мааны, биллэр-көстөр ыаллара этилэр – Гаврильев Дмитрий Платонович (Чөҥөчөк), кэргэнэ Даарыйа, Гаврильев Николай Романович, кэргэнэ Прасковья, Григорьев Василий Гаврильевич (Хасхаайап), сэрии бэтэрээнэ, кэргэнэ Даарыйа, Иванов Дмитрий Гаврильевич (Сыннык), кэргэнэ Анна уо.д.а. Ыал аҕалара кэргэттэригэр ытыктабыллаах сыһыаннарын бу ыалларга көрбүтүм, аһылыктара элбэҕин, минньигэһин. Аны олордоллоругар манньа ылбаттарын кэлин билбитим. Истиҥ тылларынан санаан ааһыахпын баҕарабын Хаҥалас интернатын иитээччитэ Семенова Анна Иннокентьевнаны. Бэрээдэги, ырааһы ирдиирэ, сатабыллаахтык салайан, мөлтөхтүк үөрэнэр оҕолорго үчүгэй үөрэнээччилэри көмөлөһүннэрэрэ, сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕалаан, таҥас суунары, утуйар орону хомуйары барытын бэйэтэ быһааран көмөлөһөрө. Анна Иннокентьевна барахсан таҥас быһарга, тигэргэ, баайарга үөрэппитигэр махтанабыт. Онон Хаҥалас нэһилиэгэ дьоннуун-сэргэлиин киһи киэн тутта кэпсиир, сүгүрүйэр дойдута.

I-Хаҥалас 8-с кылаастаах оскуолатын 1964 сыллаахха “ударнигынан”, бүтэрэн, салгыы Мархаҕа үөрэнэ барбытым. Ол саҕана Марха оскуолата Ньурба оройуонугар инники күөҥҥэ сылдьара. Манна Чуукаар, Өҥөлдьө, Хорула, Акана, I-II-Хаҥаластар, Үөдэй нэһилиэктэрин оҕолоро кэлэн үөрэнэллэрэ. Оскуолабыт улахана, үрдүгэ, сырдыга сүрдээх үчүгэйэ, ол эрэн тымныы этэ. Ордук интернаппыт тымныы этэ. Сууммут баттахпыт сонно кырыаран хаалара, телогрейкабытын утуйарбытыгар эрэ устарбыт. Тымныы интернаттан тымныы оскуолаҕа барымаары саһа сатааһын, хойутааһын эҥин тахсыталыыр этэ. Хата, иккис сылбытыгар оскуолабытын сылытаннар, үөрэ-көтө үөрэнэр буолбуппут.

Интернаппыт повара эдэр ийэ Алексеева Александра Григорьевна (биһиги Шура диирбит) аһылыга олус минньигэс буолара. Биир дойдулааҕым буолан, хам-түм миигин дьиэтигэр ыҥыран сырытыннарара. Төһө даҕаны олорор усулуобуйабыт ыараханын иһин, араас сирдэртэн түмсүбүт оҕолор диэтэххэ, иллээхтик олорбуппут, мээнэ кыыһырсыбат, охсуспат этибит.

Учууталларбыт даҕаны идэлэрин баһылаабыт, билиини биэрэр, киһи убаастыыр дьоно этилэр. Физика учуутала Яковлев Петр Афанасьевич, математика учуутала Наумов Василий Алексеевич, химия учуутала Степанова Анастасия Михайловна, физкултуура учуутала Никифоров Афанасий Иннокентьевич, история учуутала Степанов Николай Ильич, черчение учуутала Иннокентьев Николай Петрович курдук талбыт курдук, киһи тылынан сатаан эппэт, чахчы ис дууһаларынан ылсан үлэлиир учууталларга үөрэммит дьоллоохпут.

Физик Яковлев Петр Афанасьевич  мин дьылҕабар уһулуччу үтүөлээх. Кэргэнэ Валь Вера Елисеевна I-Хаҥаласка олорон үлэлиирэ, медик этэ. Петр Афанасьевич онно бардаҕына, оскуоланы бүтэрэр оҕолору билсиһэр этэ. Онон мин Мархаҕа үөрэнэ кэлэрбэр кинини билэр курдукпун. Петр Афанасьевич сөбүгэр кытаанах, садаача бөҕөтүн дуоскаҕа суоттуур, суоттатар, уопут бөҕөтүн оҥотторор этэ. Мин хараҕым мөлтөҕүнэн истибиппинэн эрэ үөрэнэр буолан, үөрэхпэр үстэнэн барбытым. Аны туран, учууталым итэҕэлин түһэн биэрэрбиттэн кыбыстабын. Биирдэ дуоскаҕа таһаарбытыгар, олус долгуйбуппуттан эбитэ буолуо, миэлбин төлө тутан испитим. Ону учууталым мөхпөккө төттөрү олордубута, оҕо психологиятын ол курдук билэр учуутал этэ.

Физкултуура учууталынан Никифоров Афанасий Иннокентьевич  таһаарыылаахтык үлэлиирэ. Мин 6 кылааһы бүтэрэрбэр атаҕым ыалдьан (уҥуох сөтөлө), 1 сыл хаампакка гипсэҕэ сыппытым. Онтон ыла физкултуура уруогар үөрэммэт этим. Оскуолабын бүтэрэрбэр ити эрэ предмеккэ үстэммэт даҕаны кутталланан, үөрэнэргэ күһэллибитим. Учууталым канакка хатаастар тиэхиньикэни киһи өйдүүрүн курдук быһааран, скакалкаҕа ойуу, гимнастика, хайыһар, сүүрүү о.д.а. көрүҥнэрин барытын оҕолордуун тэҥҥэ ситиспитим. Кыаммат, спорка сыһыана суох оҕоҕо кыһаллыа да суоҕун сөп этэ. Дьэ ити курдук уһулуччулаах учууталга түбэһэн, аттестаппар баҕалаах үспүн үөрэ-көтө туруортарбытым. Афанасий Иннокентьевич эппиэтинэскэ үөрэппитэ, кыаҕа даҕаны суох киһи, дьарыктаннаҕына, ситиһэрин такайбыта. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэрбэр даҕаны икки сыл устата “зачету” эрэллээхтик ыларым.

Биология, химия идэтин таларбар төһүү буолбут күндүттэн күндү учууталларбар Осипова Анна Афанасьевнаҕа (Хаҥалас), Гаврильев Семен Давыдовичка (Хаҥалас), Степанова Анастасия Михайловнаҕа (Акана) истиҥ, иһирэх тылларбын аныыбын. Кинилэргэ түбэһэн олохпун бу идэҕэ анаабыппар дьылҕабар махтанабын.

Биһиги 10 “а” кылааска 22 оҕо үөрэммиппит. Кылааспыт салайааччыта Чикачева Зарема Федоровна диэн билиилээх, ирдэбиллээх, нууччалыы элбэхтик саҥарар нуучча тылын уонна литературатын учуутала этэ. Ордук чаҕылхайдык Марха оскуолатын оҕолоро үөрэнэн, кэлин улахан дьон буолбуттара: Кылатчанов Альберт – техническай наука доктора, Алексеев Яша – СГУ, математик, Николаева Дуня – английскай тыл учуутала.

Оскуолабыт дириэктэрэ Григорьев Никифор Николаевич геометрияны үөрэппитэ, наһаа интеллигентнай, үрдүк култууралаах салайааччы этэ. Мин Мархаттан 4 көстөөх Үөдэйгэ олорор буолан, өрөбүллэргэ үксүн сатыы тахсан, арыт хойутаан кэлэрим. Дириэктэрбит ону өйдүүрэ, мөхпөт этэ эрээри, биһиги, оҕолор, толлорбут, убаастыырбыт. Оскуолабыт биир грузовой массыыналааҕа. Биирдэ, таайым оҕото оһолго түбэспитигэр, Үөдэйгэ бараары ол массыынаны киирэн көрдөспүппэр, сонно тута сөбүлэһэн биэрэн ыыппыта. Ити түгэн дириэктэрбит оҕо, улахан киһи диэн араарбакка кыһалҕалааҕы ыарахан кэмҥэ өйүүрүн, көмөлөһөрүн көрдөрөр.

Үөрэппит учууталларым барахсаттар бары даҕаны үтүктүспүт курдук маанылара, идэлэрин таптыыллара, билиилээхтэрэ, үрдүк култууралаахтара. “Сырдык сулус буолан сирдииллэр” диэн маннык учууталлары этэн эрдэхтэрэ.

Ити курдук 1966 сыллаахха Марха оскуолатын эксээмэннэрбин “4”,“5” сыаналарга туттаран бүтэрбитим. Ол саҕана оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэххэ барары педагогическай совет мунньахтаан быһаарара. Мин, тулаайах, оскуолабын үчүгэйдик бүтэрбит оҕо, үөрэххэ барар направление ылыахтааҕым эбитэ буолуо да, биэрбэтэхтэрэ. Райкомол сэкирэтээрэ Ефремов Семен Михайлович райкомолга ыҥыран ылан, Ынахсыт ферматыгар комсомольскай путевканы туттаран кэбиспитэ. Санаам түһэн райкомол иннинээҕи оптуобус тохтобулугар турдахпына, арай физика учуутала Петр Афанасьевич тийэн кэлэн, олус истиҥник кэпсэппитэ уонна: “Направлениета да суох куоракка бар, киирии эксээмэннэргин туттардаххына, үөрэххэ киириэҥ”,– диэн сүбэлээбитэ. Мин онтон эр ылан дьоллоох Дьокуускай куоракка айанныы турбутум. Учууталым барахсаны соһуччу көрсүбэтэҕим буоллар, бука, дьылҕам атыннык салаллыа эбитэ буолуо. Туох барыта ыйаахтаах дииллэриинии, суолум арыллан биэрэн испитэ. Физиканы, химияны, нуучча тылын ситиһиилээхтик туттаран, СГУ БГФ салаатыгар үөрэххэ киирбитим уонна 40-ча сыл үтүө суобастаахтык учууталлаабыт дьоллоохпун.

Биир кэмҥэ үөрэнэн доҕордоспут дьүөгэм Павлова Валя оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, СГУ математика салаатыгар үөрэнэн, сөбүлүүр идэтинэн үлэлээн, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгунугар тиийэ ситиһиилээх. Интернакка олус тапсан, истиҥ иэйиилэрбитин үллэстэн, эксээмэннэрбитигэр бииргэ бэлэмнэнэн олорбуппут. Кини көмөтүнэн алгебраҕа “5” сыананы ылан, аттестаппар “4” сыана туран, дьүөгэбэр Валяҕа махталым улахан. Биир паартаҕа олорбут дьукааҕым Васильев Вася Арассыыйа үтүөлээх юриһа буолбута, оччоттон даҕаны бэйэтэ туспа көрүүлээх, этиилээх буолааччы. Харахпынан мөлтөх буолан дуоскаҕа суруллары Вася тэтэрээтиттэн устан салҕаммытым элбэх.

Биһиги кылааска үөрэхтэригэр үчүгэйдэринэн Федорова Катя, Иванова Рита, Иванова Дуня биллэллэрэ. Билигин баар, бииргэ үөрэммит кыргыттарбын олус күндүтүк, истиҥник, иһирэхтик саныыбын. Чугас дьоммор эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу, оҕолор, сиэннэр тапталларын, сир үрдүгэр ыраас, эйэлээх халлааны баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...