08.11.2024 | 10:00

Олоххо дьулуурдаах, ураты дьоҕурдаах Прокопий Петрович Романов

Олоххо дьулуурдаах, ураты дьоҕурдаах Прокопий Петрович Романов
Ааптар: Евгения ПОТАПОВА, Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров - Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотеката
Бөлөххө киир

Хас биирдии норуот төрөөбүт дойду сайдарын туһугар турууласпыт, үлэлэспит дьонунан-сэргэтинэн биллэр. Төһө да кэм-кэрдии аастар, чулуу дьон ааттара-суоллара кинилэр оҥорбут үтүөлэринэн, хаалларбыт нэһилиэстибэлэринэн үйэлэнэн, кэлэр кэнчээри ыччакка холобур буолуох тустаах. Оннук дьонтон биирдэстэрэ – былыт быыһыттан күн сардаҥатын булан олоҕун суолун сырдаппыт Прокопий Петрович Романов.

Алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 13 күнүгэр диэри Арассыыйа үрдүнэн «Үрүҥ торуоска» аахсыйа ыытыллар. Ый устата харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьоҥҥо уопсастыба болҕомтотун тардар араас хабааннаах тэрээһиннэр буолаллар. Ол курдук СӨ И.Н. Егоров - Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотеката, Дьиэ кэргэн сылын үтүө-мааны үгэһин бэлиэтээн, алтынньы 17 күнүгэр «Олох ыллыгынан...» диэн ахтыы киэһэтин Прокопий Петрович Романовка анаата.

 

Прокопий Петрович Романов – I группалаах инбэлиит, Дьокуускай куорат көрбөттөрүн уопсастыбатын 1960-65 сс. бэрэссэдээтэлэ, киэҥ билиилээх, айымньылаах үлэлээх история учуутала, Саха сирин көрбөт дьонуттан бастакынан нуучча дуобатыгар спорт маастарыгар хандьыдаат, І разрядтаах саахыматчыт, Саха АССР уонна ССРС хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ. Маны таһынан кини – дорҕоонноох саҥалаах хоһоон ааҕааччы, эйээркэй куоластаах ырыаһыт уонна дьүрүскэн тыастаах хомусчут.

Прокопий Петрович 1936 с. кулун тутар 7 күнүгэр Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр Петр Григорьевич уонна Ирина Андреевна Романовтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Кыра сааһыттан хараҕынан доруобуйата мөлтөөн, устатынан көрбөт буолан, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар аҕыс кылаастаах көрбөт оҕолор оскуолаларыгар үөрэнэ барар. Үөрэнэр сылларыгар Брайль систиэмэтинэн көрбөттөр суруктарын баһылаан, кинигэни доҕор оҥостор. Манна айылҕаттан бэриллибит дьоҕура уһуктан, дуобат аартыгар бастакы хардыыларын оҥорбута. Күн аайы доҕоро Иван Николаевич Егоровы кытта үөрэхтэрин кэннэ оскуолаларын күрүөтүн үрдүгэр олорон эрэ дуобаттыыр маастарыстыбаларын уһулуччу үчүгэй көрдөрүүгэ диэри чочуйаллара. Кэлин үөлээннээҕэ Иван Николаевич Егоров Ленинград куоракка Герцен аатынан педагогическай университеты бүтэрэн, математика учууталын идэтин баһылаабыта уонна төрөөбүт дойдутугар кэлэн өр сылларга учууталлаабыта, Иван Горнай диэн ааттанан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр поэт буолбута уонна, харахтарынан көрбөт дьон үөрэҕи баһылаан сайдалларыгар Брайль систиэмэтин алта туочукатын дьүөрэлээн, сахалыы алпабыыт сириибин айан, сүҥкэн үлэни оҥорбута. Ол курдук Прокопийдаах Иван дуоската уонна фигурата суох хас биирдии хаамыыларын өйдөрүгэр тутан, суоттаан, анаалыстаан дуобаттыыллара.

Прокопий Романов олоҕун тухары араас дьоҕурдаах, идэлээх дьону кытта алтыһар. 1951 с. Саха сиригэр хараҕынан эмиэ көрбөт нуучча суруйааччыта, учуутал, эсперантист Василий Яковлевич Ерошенко кэлэ сылдьан, көрбөт оҕолор оскуолаларыгар ыалдьыттаан ааһар. Прокопий кинини кытта илэ көрсөн кэпсэппитэ, онуоха эбии киниттэн бачыыҥка бэлэх туппута – олоҕор эмиэ биир умнуллубат чаҕылхай түгэн буолбута.

1955 с. оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, эһиилигэр Дьокуускай куорат уопсай үөрэхтээһин 2-с №-дээх оскуолатыгар үөрэҕин салгыырга быһаарынар. Бу сыл алтынньы 12 күнүгэр Дьокуускай куорат көрбөттөрүн уопсастыбатыгар киирэр. 1958 с. Федора Иннокентьевна Семенова диэн хараҕынан көрбөт кыыһы кытта олоҕун холбуур.

1959 с. 2-с №-дээх оскуола үөрэҕин түмүктүүр уонна 1960 с. Дьокуускайдааҕы культпросветучилищеҕа библиотека салаатыгар үөрэххэ киирэр. Устудьуон олоҕун Дьокуускай куорат көрбөттөрүн уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин үлэтин кытта дьүөрэлии тутар. Бу эппиэттээх дуоһунаска 1960-1965 сс. үлэлиир. Бэйэтин айымньылаах көрүүлээх, үлэтигэр бэриниилээх бэрэссэдээтэл быһыытынан көрдөрөр: Н. Островскай аатынан көрбөттөр уопсастыбаларын кулуубун уус-уран тэрээһиннэригэр болҕомтотун уурара, сыанаттан хоһоон ааҕара, хомустуура, ыллыыра, эр дьон хорун ансаамбыла Иркутскай, Улан-Удэ, Свердловск курдук улахан куораттарга өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээн, бастыҥнар ааттарын ылаллара. Прокопий Романов Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан сылдьар Семен Романовы кытта «Увезу тебя я в тундру...» диэн Михаил Пляцковскай тылларыгар, Марк Фрадкин матыыбыгар ырыаны толордохторуна, дьон астыныан астынара, дуоһуйуон дуоһуйара. Маны таһынан саха норуодунай поэта Иван Гоголев-Кындыл «Я – Якут» хоһоонун дорҕоонноохтук, итэҕэтиилээхтик ааҕан, айымньыны тилиннэрэрэ диэн үөлээннээхтэрэ бэлиэтииллэр.

Романовтар дьиэ кэргэн көрбөттөр анал библиотекаларын көхтөөх ааҕааччылара этилэр: «саҥарар» кинигэ (аудиокинигэ) уһуллан тахсаатын кытта, аан бастакынан кинилэр билсэллэрэ. Прокопий Петрович эбии Брайль сириибинэн история учебниктарын, дуобакка уонна саахымакка сыһыаннаах араас босуобуйалары куруук уларсара, үлэтигэр туттара.

1962 с. училищетын бүтэрэн, СГУ-га история салаатыгар киирэр. Устудьуоннуур сылларыгар Таатта улууһун Баайаҕатыгар 1968-1970 сс. история учууталынан үлэлиир. Төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэр, нэһилиэк олоҕор бэйэтин кылаатын хаалларбыта. 1970 с. университетын бүтэриэҕиттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи харахтарынан көрбөт оҕолор оскуолаларыгар өр сылларга учууталлыыр. Уруоктарынан эрэ муҥурдаммакка, дуобакка, салгыы саахымакка уонна хомуска эбии дьарыктары ыытара. Хомусчут оҕолор ансаамбыллара Арассыыйатааҕы көрбөттөр уопсастыбалара Иркутскай куоракка тэрийэр уус-уран күрэхтэригэр куруук бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьалларын дипломнар, грамоталар туоһулууллар.

Прокопий Петрович дуобакка тэҥнээҕин булбата. Хас биирдии хаамыытын өйүгэр тута сылдьан суоттуурун, ырытарын кинини кытта күөн көрсүбүт дьон бары сөҕөн-махтайан, киэн туттан кэпсииллэрэ. Биир турнирга дуоскаҕа төбөтүн умса ууран, аҕыйах сөкүүндэ тохтобул ылбыт, ол кэннэ биир-икки хаамыынан утарсааччытын эрэллээхтик кыайбыт түгэнэ биллэр.

Прокопий Петрович Романов – Саха сирин көрбөттөрүттэн нуучча дуобатыгар бастакы спорт маастарыгар хандьыдаат. Кемерово, Омскай, Челябинскай, Тула уо.д.а. куораттарга дуобат турнирдарыгар куруук бочуоттаах миэстэлэри ылара. Ааттаах-суоллаах маастарга дьарыктаммыт оҕолор Хабаровскай куоракка күрэхтэһэн, чөмпүйүөн аатын сүкпүттэрэ, ол түмүгэр хас да оҕо дуобакка спорт маастарыгар хандьыдаат буолбута. Бу барыта – учуутал Романов таһаарыылаах, кыһамньылаах үлэтин ситиһиитэ.

История учууталын да быһыытынан үөрэнээччилэриттэн билигин хас да көлүөнэ история учуутала иитиллэн тахсыбытын этэр оруннаах.

Прокопий Романов 1971 с. саахымакка І разряд нуорматын толорбута. Саахымакка даҕаны, дуобакка курдук, үрдүк маастарыстыбалааҕа. Ону туоһулуур биир түгэни үөлээннээхтэрэ билигин даҕаны киэн тутта ахталлар. 1970 с. сайыныгар Дьокуускай куоракка нуучча гроссмейстера, саахымакка Аан дойду 12 төгүллээх чөмпүйүөнэ Анатолий Евгеньевич Карпов ыалдьыттыыр. Бу суолталаах түгэни бэлиэтии диэн, Н. Островскай аатынан көрбөттөр уопсастыбаларын кулуубугар ыҥыран, саахымакка блиц-турнир тэрийэллэр. Ааттаах-суоллаах Карповтыын биһиги Прокопий Петровичпыт күөн көрсөр. Икки улахан маастар тыҥааһыннаах оонньуулара тэҥнэһиинэн түмүктэнэр. Ол курдук бу түгэн Саха сирин көрбөттөрүн уопсастыбатын историятыгар көмүс буукубанан тиһиллэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсээн буолан тарҕанан, сыллары уҥуордаан бу үйэҕэ диэри «тыыннаах» кэллэҕэ!

Романовтар үрдүк култууралаах, дириҥ билиилээх, мындыр өйдөөх дьиэ кэргэн этэ. Икки уол оҕоҕо орто дойдуга олох бэлэхтээн, иитэн, үөрэхтээн, үлэһит дьон оҥорбуттара. Харахтарынан иккиэн көрбөт дьон диэтэххэ, дьиэлэрэ куруук ырааһа, остуоллара минньигэс аһынан толору буолара, долбуур хайдарынан араас кинигэ кэчигириирэ диэн уопсай дьиэҕэ ыаллыы олорбут доҕотторо бэлиэтииллэрэ.

Айылҕаттан дьоҕурдаах, идэтигэр бэриниилээх, араас эйгэҕэ ситиһиилээх Прокопий Петрович Романов туһунан киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр, аатын-суолун үйэтитэр сыаллаах И.Н. Егоров - Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотекалара «Незрячие деятели Якутии» диэн кинигэ төрдүс таһаарыытын Прокопий Романовка анаан, «Жизнь и партии Прокопия Петровича Романова» диэн аатынан сүрэхтээн, быйыл бэчээттээн таһаарда. Прокопий Петрович Романов олоҕун сырдатар кинигэ хомуллан тахсарыгар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ, Прокопий Романов кийиитэ Тамара Григорьевна Романова сүдү көмөнү оҥордо.

Ити курдук Прокопий Петрович Романов олох араас очурдарыттан, ыарахаттарыттан толлубакка, орто дойдуга анаммыт олоҕун киһи сиэринэн толору олорбута.

 

Төрөөбүт дойду историятын дьон оҥорор, суруйар. Прокопий Романов курдук айылҕаттан дьоҕурдаах дуобатчыт, саахыматчыт, учуутал, хоһоон толорооччу, ырыаһыт, хомусчут туһунан кэлэр көлүөнэ билиэхтээх уонна, киэн туттан, холобур оҥостуохтаах!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....