Олох оскуолатын барбыт методист
РФ Үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, “Методист Якутии” бэлиэ хаһаайына, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы кыһайан көһөрүүтүн кыттыылааҕа Петр Петрович Григорьев, кырдьыга даҕаны, олох оскуолатын туйгун үөрэнээччитэ, сиппит-хоппут методист этэ. Кини Ленинградтааҕы Герцен аатынан пединституту ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1977 сылтан 1982 сылга диэри Хатас орто оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1983 сылтан 2008 сылга диэри Учууталлар идэлэрин үрдэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи институт политехническай үөрэхтээһинин кабинетыгар методиһынан, кэбинет сэбиэдиссэйинэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Бу ааһан эрэр Үлэ, Учуутал уонна уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сыла, Олоҥхо декадата Петр Петровичка чопчу сыһыаннаах. Кини орто дойду олоҕуттан барбыт сыла туолуутугар дьиэ кэргэн архыыбыгар хараллыбыт бииргэ алтыһан үлэлээбит доҕотторо урут суруйбут сыанабылларынан, кини суруйан хаалларбыт үлэтинэн ытык киһибитин өссө төгүл ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
Е.К. Васильев, СӨ үтүөлээх учуутала: “Петр Петрович 1938 с. муус устар 18 күнүгэр Чурапчы улууһун Хадаарыгар төрөөбүтэ. 1957 с. дойдутугар ырыа учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Оскуола үлэтин ымпыгын-чымпыгын билбит, сиппит-хоппут тэрийэр дьоҕурдаах киһини 1983 с. институкка үлэҕэ ылаллар. Онтон ыла кини иитии-сайыннарыы кабинетын методиһынан, сэбиэдиссэйинэн айымньылаахтык үлэлиир. Петр Петрович өрөспүүбүлүкэ мындыр өйдөөхтөрүн, уран тарбахтаахтарын куурустарыгар утумнаахтык кытыннарар. Ол курдук Таатта Баайаҕатыттан Б.Ф. Неустроев-Мандар, Таатта Чычымаҕыттан В.И. Михайлов, Бүлүү Баппаҕаайытыттан А.Д. Николаев, Хаҥалас Булгунньахтааҕыттан кэргэннии А.П., А.А. Никифоровтар, Уус-Алдан Суоттутуттан М.Н. Абрамов, Нам I Хомустааҕыттан И.Н. Готовцев, Уус-Алдан Чараҥыттан Г.Н. Бурцев, Таатта Туора-Күөлүттэн Э.А. Алексеев, Аллайыаха Чокуурдааҕыттан Г.В. Слепцов, Нам оскуолатыттан И.П. Игнатьев, Хатастааҕы оҕо саас дьиэтиттэн С.С. Иванов, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх асчыт И.И. Тарбахов, норуот ураты дьоҕурдааҕа П.Д. Ердашева уо.д.а. кини үтүө көмөлөһөөччүлэрэ. Кинилэр ситиһиилэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанарыгар, үлэлэрэ сыаналанарыгар Петр Петрович турууласпыта эрэбил. Учууталлар учууталлара киһи үтүөтүн таба көрөн, ону сайыннарарга көмөлөһөр, кэскиллээҕи өйүүр биир идэлээхтэрин көҕүлүүр, өрө күүрдэр аналлаахтар. Ол барыта Петр Петровичка толору сыһыаннаах”.
Петр Петрович туһунан өр сыл институт дириэктэринэн, проректорынан үлэлээбит Н.Н. Винокурова этиитэ: “Кинини мин Хатаска дириэктэрдиир эрдэҕиттэн билэбин. Оччолорго Хатас оскуолатыгар история учууталларын кууруһун тэрийэн ыытар этибит. Петр Петрович – элбэх саҥата суох, чиҥник үлэлиир, тылыгар туругас, үлэҕэ, олоххо дьулуурдаах киһи, үлэһит. Институкка үлэлиир кэмигэр үлэнэн иитии-сайыннарыы араас хабааттыытыгар сыллата сүүһүнэн үлэ учууталын, норуот маастардарын хабан куурустары ыытта. Ол түмүгэр үлэ уруогун үөрэтэр учууталлар, үөрэх туһааннаах предметин суолталара биллэ-көстө үрдээтэ, ситиһиилэрэ эмиэ ону бигэргэтэр. Элбэх учуутал үлэҕэ ситиһиитин түмэн тарҕатта. Мэҥэ Хаҥаласка Дьабыыл оскуолатыгар ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы конференцияҕа кини биир тэрийээччи, көҕүлээччи быһыытынан кыттыбыта”.
Петр Петровиһы кытта үөрэх министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһинэн өр бииргэ үлэлээбит, педагогическай наука кандидата, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлээх үлэһитэ, учууталлар учууталлара, Саха сирин методиһа П.П. Кондратьев сыанабыла: “Петр Петрович өссө 70-80-с сылларга методистары бэйэтин сонун, сэргэх методическай тобулуутунан соһуппута, болҕомтону тарпыта. Кини өссө оччолорго физика кабинет-лабораториятын тэрийбитэ. Онон кэми-кэрдиини өтөрү көрбүтэ, куоһарбыта диэн бигэргэтэбин. Чахчы фундаментальнай политехническай бэлэмнээх үлэһит буолан ураты дьоҕурдаах, сонуннук, айымньылаахтык үлэлиир учууталы таба көрөн көмөлөһөр, сайыннарар, көҕүлүүр, кинилэр уопуттарын дөбөҥнүк тарҕатарга дьулуһар. Киниттэн эдэр методистар олус элбэҕи туһанар кыахтаахтар.”
Петр Петрович үгүс үлэлэрин быыһыгар саха улуу айымньытын олоҥхону эмиэ чинчийбитэ. Ол киэҥ далааһыннаах ырытыытыттан олоҥхо саха тылын сайыннарыыга суолтатыгар санаатын билсиэҕиҥ.
Олоҥхо өбүгэбит тылын-өһүн сайыннарбыт сүмэтэ туохханый?
Олоҥхо – ураты баай тыллаах диэн киһи барыта сөҕөр-махтайар. Ол ураты баай тылы-өһү көрдөөн ыгылҕаны, тыҥааһыны үөскэтэр олох наадата суох. Олоҥхо айыллар технологията уу биир тыынынан сүөкэнэрин курдук бэйэ бэйэлэриттэн быстыспат оччотооҕу кыһалҕалаах олох сиэттиһэр ситимнэрэ кэлим сыл тахсыы дьарыктарыгар тирэҕирэр. Ханнык баҕарар дьарык кэпсэтиилээх үлэнэн доҕуһуолланар, сатабыллара сайдан кэпсэтиигэ киирэллэр, хатыланаллар, олохсуйаллар.
Эргимтэтин далааһына кэһиллибит метеорит халлаан куйаарын хойуу араҥатыгар киирдэҕинэ күүстээх аалсыыны көрсөн умайан тахсарын туһунан айылҕа үөрэҕин сокуоннарыгар сурулларын бары билэбит. Ол сир олохтоохторугар сырдык күнү сурааһын буолар көстүүтүн өбүгэлэрбит саҕаттан «сындыыс» эбэтэр «сүүрэр сулус» диэн ааты тыл тамаҕар олохсуппуттара биллэр. Кинилэр айылҕа түүҥҥү көстүүтүн эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, дьиэ-уот кыһалҕатыгар сыһыары тутан кэпсэтиигэ киллэрэн сайыннарбыттарын дириҥ өйдөбүллээх этиилэр туоһулууллар. Холобура, П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар «сындыыс» диэн тыл ис хоһоонун сүтэрбэккэ хайдах курдук сымсатык сыһыары тутан маарынната, дьүөрэлэтэ, аныгы ааҕааччы хараҕар бу көстөн кэлэр гына ханарытан дьүһүйбүтүн көрүөҕүҥ:
«... Сыралҕан куйаас сыламнаабыт
Сытар хайа сындыыстаах...»
Манна тутуу үлэтигэр кыттыбыт киһи итэҕэтиилээхтик ырытыһыан сөп. Олоҥхо тылларын сыһыаран санаттахха: «... баттаатахха маталдьыйбат, үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт, кэбиэлээтэххэ кэбэлдьийбэт...» мастары саха киһитэ былыргыттан билинэр, үрдүктүк сыаналыыр, харыстыыр, хаһаанар. Бу мас солуута суох сиргэ туттуллубатын, өһүө «сындыыс» маһа буолуо диэн чопчу ааттаан, кэпсэтии, сүбэлэһии былаастаах өһүөлэри түһэрэллэрин билэбин. Өссө чопчулаатахха, «сис сүгэһэрдьит сындыыс» өһүө диэн араастанар. Кини үрдүгэр тэҥник арыттаан өһүө мастары түһэриллэр. Олор үрдүлэригэр үөһэ үрүт мастары тэлгэтэ уурбуттара өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр ырылхайдык көстөр. Үрүт мастар үрдүлэригэр тиит мастан хастаммыт хатырык тэниччи тэлгэтиллэр, онно халыҥ даҥ буора дьапталҕаланар. Олор ардах уутун аһарбатахтарын оччотооҕу өһүө кэдэйбэтэҕэ, эмэҕирбэтэҕэ туоһулуур. Оттон П.А. Ойуунускай:
сыралҕан куйааһынан – үрүт мастары санаппыт;
сыламнаабыт – тэлгэтиллибиккэ дьүөрэлэппит;
сытар хайа – «сүүрэр сулус» оҥорбут сурааһынын, көнө «сындыыс» мас сытарын курдук атынан айаннан иһэн ыраахтан маарыҥната көрбүтүн дьүһүйбүтэ чахчы.
Бу барыта киһи мэйиитин иһигэр чочуллубут өй тэрээһиннээх уонна таһаарыылаах ыпсарыылаах үлэтин түмүгүн көрдөрөр. Ырытыы уонна тылы байытыы «сындыыстаах» уонна «сыламнаабыт» диэн тыллар тула сайдыахтааҕа көстөр. Иккис холобур:
«... Чэлгиэн сата саатаабыт
Чэҥ муус сиксиктээх...»
Ааҕааччы ханнык тыл тула ырытыы саҕаланыахтааҕын туох да мэһэйэ суох инники холобурунан ыттаран «сиксиктээх» диэн тылга саатыырыгар тиийэр.
Сиксик. Туох эмэ ойоҕоһо, түгэҕин кытта ыпсыыта (Г.Ф. Сивцев. С.К.Т. 108).
Ыаҕас сиксигин кыһыйан...тооромос хайаҕы киллэрэр (Я.С. I, 34)
Ырааҕынан сир-халлаан сиксигин курдук тунаарыйан көстөр мыраан (...А.А. С.К. 521)
«Чэлгиэн сата саатаабыт...» – мэлдьитин тымныы тыал-куус арахсыбат сирэ. Оннук сиргэ түспүт сөҥүү чэҥ мууска кубулуйарын ааптар бэлиэтии көрбүтүн чорботобун. Оттон тыал чэҥ мууһу кытта аалсыытыгар мүлүрүтэ куччатар, сымнатар дьайыылааҕын бэлиэтиибин. Маннык түбэлтэтигэр сахалар ханарытан «куурдар» диэн тылы тутталлар. Оччотугар тыл бииртэн бииргэ үктэллэнэн араастаан сайдар. Манна тыал куурдар анал дьайыыланан тахсар.
20-с үйэ биэс уонус сыллардааҕы кэм сахалара атахпытыгар түнэ эбэтэр саары этэрбэһи кэтэн улааттахпыт. Ол этэрбэһи улларыы чабычах уонна ыаҕас түгэхтэрин ойоҕосторугар ыпсары тигиитигэр маарынныыр. Сиксиктэрин ыпсарыллар ньымата – анал дьайыы – ыстааһын уонна ситии утаҕынан холбуу үүйэ тардыы.
Билиҥҥи кэм киһитэ мас баҕана сири кытта ыпсыытыгар моойдоно бэрдийбитин, эмэхсийбитин бэлиэтии көрүөҕэ. Манна быһатытан киһи мэйиитигэр сэрэйии сатабылын дьайыытынан мас, салгын, сиик, кунус дьайсыһа алтыһар эттиктэри чорботуллар. Хайдах быһыылаахтык дьайсалларын аахсыбакка моойдоно бэрдийбит ыпсыытын баҕана сиксигэ курдук ылыныахха сөп.
Күһүҥҥү муус аннынан муҥханан балыктааһыны саныаҕыҥ. Быһа тардан балыксыттар муҥха ийэтигэр хаайтарбыт балыгы чардаат ойбонтон хостуур утумнарын кылгастык кэпсэтэр түгэннэриттэн болҕойуоҕуҥ. Хаары күрдьэн майдааны оҥоруу, балыгы сүүрдэ баһыы, соһуу, тарҕата сүөкээһин курдук түһүмэхтэр кэннилэриттэн тута сөрөөн, ким да санаппатаҕын үрдүнэн муҥхалыы үөрэммит дьон туоххаһыйбытынан бараллар. Ол аата хатарҕан тымныыга инчэҕэй муҥха ийэтэ мууска хам сыстыа диэн сэрэхэчийии түгэнэ. Муҥха «кынаттарын сүүрдэ, ийэтин сахсыйа куурдуоххайыҥ» диэн тиэтэйэ былаастаах этии иһиллэр. Муҥха ийэтин кынаттарын хам тоҥмот туругун ылыннарыы диэн биир туспа үлэ көрүҥэр ыҥырыы. Ону олоххо киллэрэргэ кэпсэтии, үөрэтии былаастаах үлэ ис хоһооно сатабыл дьайар аналларынан көрдөрүллэр. Ыраас хаар үрдүгэр соһуу, төгүрүччү тарҕанан туруу, көннөрө тэниччи тардыы, икки илиинэн харбаан ылыы, үөһэ көтөҕөн таһаарыы, биир тэҥҥэ аллара түһэрии, эмискэ илии үрдүгэр салгыҥҥа тохтотуу, бары оҥоһуллубуту хаста да төхтөрүйүү, хаарга сытыарыы.
Технологическай ситимҥэ киллэрдэххэ:
Туоххаһыйыы;
Сылтаҕа – инчэҕэй эттик мууска хам сыстарыттан сэрэхэчийии;
Соруга – муҥха ийэтин, кынатын мууска хам тоҥмот турукка киллэрии;
Кэпсэтиигэ киирэр сатабыл дэгиттэр өйдөбүлэ – куурдуу;
Ньымата – салгыҥҥа оҕустарыы.
Быһаччы дьайыылаах сатабыллар: тутуу, соһуу, туруу, тэнитии, ылыы, көтөҕүү, сахсыйыы, төхтөрүйүү, сытыарыы. Бу хайаан да толоруллар сатабыллар.
Куурдуу олох-дьаһах атын дьарыктарыгар маарыҥнаһар, дьүөрэлэһэр (политехническай) сыһыана: инчэҕэй таҥас тыалга куурумтуота, сууллубут тоҥ таҥас салгыҥҥа сымнааһына, бөһүйүүтэ, сөтүөлээн таҕыстахха киһи тоҥо быһыытыйыыта, утары тыалтан киһи сирэйэ иһэлийиитэ, инчэҕэй баттаҕы, илиини итиинэн үрдэрэн фенынан куурдуута уо.д.а.
Ис иһиттэн иэйиилээх, киирэр-тахсар дьайыылаах, тэҥнии, дьүөрэлэтэ, маарыҥната тутар доҕуһуоллаах дьүһүйүүнү:
оҕо эрдэҕиттэн дьиэ-уот, олох-дьаһах кыһалҕаларыгар быһаарыылаах кыттыыны ылбыт;
олоҕун күн-дьыл эргиирин батыһа оҥостубут;
чугастааҕы өбүгэлэр олохторун сыта-тура сэҥээрбит, сөхпүт-махтайбыт, баҕарбыт, үөрэппит;
олоҥхо дойдутун үрэхтэрин, маардарын, алаастарын, сис тыаларын быһыта түһүтэлээн, устатын-туоратын атаҕынан кээмэйдээн айаннаабыт;
сылгы, ынах сүөһү, тыа мааныылаах кыылларын майгыларын, үүнээйилэрин кэтээн көрбүт;
кинилэр чопчу сыһыаннаһар эҥэрдэрин чорбото, араара үөрэммит;
кэлэр-барар ыырдарын, орохторун сонордообут;
алтыһарын былаһын тухары тулалыыр эйгэ, айылҕа ис-тас көстүүлэрин сөҕө-махтайа анаарбыт;
тугу билбитин-көрбүтүн ырыта ырыҥалыыр дьоҕурга сыһыары туппут;
үлэ, дьарык тэрээһинин олохтоохтук ылыммыт;
тылын-өһүн байытыммыт;
айылҕа сокуоннарын туох да суруга-бичигэ суох этинэн-хаанынан иҥэриммит эрэ киһи оҥорор.
Үлэ, дьарык бары көрүҥэ киһи тыла-өһө сайдарыгар уонна байарыгар быһаарыылаах түгэннэрэ үрдэ суох элбэх.
Өрөспүүбүлүкэбит биир бастыҥ методиһа, убаастанар учуутал, ытык убай, тапталлаах аҕа, эһэ Петр Петрович Григорьев олорбут олоҕунан, үлэлээбит үлэтинэн умнуллубат суолу хаалларбыта аны да дириҥ өйү, тобуллаҕас толкуйу саҕа туруохтун.