17.08.2021 | 18:52

Олоҕун кинигэтин сэгэтэн аастахха

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

“Дьолу баҕарар буоллаххына, үлэни таптаа”, – диэн бэргэн этии баар.  Чахчыта да, үлэһит киһини чугастык  билэ-көрө сырыттаххына,  аҕыйах да тылынан кэпсэтэн аастаххына, эн кини үлэнэн дьоллоно сылдьар киһи буоларын өйдүүгүн.

Хатас сэлиэнньэтигэр үлэҕэ-үөрэххэ дьону түмэр, саҥаттан саҥа санааларынан саҕыллан,   нэһилиэнньэ олоҕор сонун көстүүлэри киллэрсэр биир үтүөкэн киһинэн Наталья Ивановна Руфова буолар.

Наталья Ивановна Руфова  Клара Павловна Готовцева уонна Иван Софронович Неустроевтар  дьиэ кэргэттэригэр  маҥнайгы оҕонон төрөөбүтэ, кини кэнниттэн өссө 5 оҕо күн сирин көрбүтэ. Кыысчаан   эбээлээх-эһээтигэр  эмиэ  маҥнайгы сиэн буолан, сиэн оҕо минньигэһин биллэрбитэ. Ол туһунан Наталья Ивановна: “Онон, тула өттүттэн тапталга күөлэһийэн улааппытым, ол эрэн, ааппын билбэт атаах буолбатах этим. Ол бука, саха дьонун сиэринэн баары-суоҕу билэ улааппыппыттан буолуо уонна алта оҕоттон маҥнайгы буоллаҕым дии», – диэн ахтар.

 

Олох тыгыалас тымырын тутан

 

– Билии-көрүү аанын төрөөбүт-үөскээбит Түүлээҕим нэһилиэгин аҕыс кылаастаах оскуолатыгар арыйбытым. Билиҥҥигэ холоотоххо,  оччолорго кылааска  сүүрбэччэлии оҕо үөрэнэрэ. Ыаллар бары биэстии-алталыы оҕолоохторо, Дьоруой ийэлэр да аҕыйаҕа суохтара. Оскуолаҕа үөрэнэрим тухары наһаа астынан туран үөрэммитим,  сүрэҕэлдьиирбин да  өйдөөбөппүн. Ордук тыл өттүгэр үчүгэйим, ааҕар-суоттуур да өттүгэр хаалсыбатым. Бибилэтиэкэҕэ  сылдьарбытын сөбүлүүрбүт, Найахы орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан,  «Бастыҥ ааҕааччы» аатын ылаттаабыт сыллардаахпын. Орто оскуоланы Найахы орто оскуолатыгар бүтэрбитим.

Уопсастыбаннай олоххо оҕо эрдэхпиттэн көхтөөх этим. Найахы орто оскуолатыгар хомсомуол маҥнайгы сүһүөх тэрилтэтин   сэкиритээринэн талыллыбытым. «Оскуола, производство, үрдүк үөрэх» ыҥырыынан  пиэримэҕэ  үлэлээбиппит. Гостуруоллар, күрэхтэр,  араас мунньахтар, субуотунньуктар уо.д.а. –  олох тыгыалас тымырын тута сылдьыбытым. Ол саҕана билэрбит-көрөрбүт  эрэ биир –  Саха судаарыстыбаннай университета этэ.  Онон,  үрдүк үөрэххэ киирэр түгэн тиийдиҥ да тосхойбот этэ.

Хата  «Оскуола, производство, үрдүк үөрэх» диэн хамсааһын судаарыстыбаннай буолан, үлэһит киһини үөрэххэ киллэрэргэ, салҕыы сайыннарарга наһаа үчүгэй бырагыраамалаах этэ – бэлэмнэнии салаата диэн баара. Ол нөҥүө элбэх киһи ааспыта, ол иһигэр,  мин эмиэ. 

Ыал улахан оҕото буоларым быһыытынан, дьоммор көмөлөһөр баҕа санааттан Суоттуга 19-с нүөмэрдээх СПТУ-га хомсомуол  босхоломмут сэкиритээринэн үлэлээбитим. Онно бу тэрилтэ устуоруйатыгар  күрүө тутуутугар аан бастакы тутар этэрээти үлэлэппиппит.

Үөрэҕи батыһыы

 

– Онтон кэргэн тахсан, оҕолонон-урууланан чуумпуруу сыллара буолбуттара, кыра быстах үлэлэргэ сылдьыбытым. Үһүс оҕом кэнниттэн  оҕо уһуйааныгар үлэлии киирэн баран,  олохпор саҥа долгун, саҥа кэрчик кэм саҕаламмыта.

Бастаан Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа  оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору иитээччи идэтин бүтэрбитим. Утаппыттыы, умсугуйан  үөрэммитим, бастыҥ устудьуоннар ахсааннарыгар киирэммин, аны педагогическай институкка  быһа киллэрбиттэрэ. Институту бүтэрэн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору үөрэтэргэ  уонна иитэргэ  үрдүк үөрэхтээх психолог, педагог буолбутум.

 

Элбэҕи ситиспит эбиппит

 

– Петр Анатольевич Баишев уонна Парасковья Афанасьевна Козлова ыҥырыыларын ылынан, Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар исписэлииһинэн  үлэлии киирбитим. Наһаа үчүгэй хамаанданан үөрэ-көтө, астына үлэлээбиппит. Үлэбэр үөрэ-көтө барарым. Биллэн турар, үлэҕэ-хамнаска барыта остуол ньуурун курдук көбүс көнө буолбатах этэ. Ол гынан баран,  ол сылларбын билигин да астына-дуоһуйа саныыбын. Онно үлэлээбит сылларбар дьон-сэргэ баҕа санаатын өйөөн-өйдөөн, Үлэ биржата дьарыктаах буолууга анаммыт маҥнайгы хардыыларыгар киирсэн, элбэх киһини быстах үлэҕэ тардыбыппыт, кылгас анал үөрэхтэргэ ыыппыппыт, нэһилиэк иһигэр иискэ  үөрэттэрбиппит (истипиэндьийэ  ылаллара). Саастаах уонна доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт  «Үһүс көлүөнэ оскуолата» диэн ааттаммыт тэрилтэни кытта ыкса сибээстээхтик  үлэлээбиппит.

Нэһилиэкпит киинигэр «Күөх сирэми» чэлгитэ үүннэрбиппит – мас, сибэкки олордубуппут, үтүөкэн дьоммутун кэпсиир истиэндэлэри туруортаабыппыт.   Ити курдук, кэпсээтэххэ өссө да элбэх буоллаҕа, ити саамай улаханнарын ааттаталаатым.

Дьаһалтаҕа үлэлиирим тухары куорат тэрилтэлэриттэн ордук тахсыылаахтык Үлэ биржатын уонна Дьокуускай куорат социальнай дьаһалтатын кытта үлэлэспиппит. Инньэ гынан, дьоммут-сэргэбит, төһө кыалларынан, көрүллэр көмөлөрү, өйөбүллэри барытын туһаналларын ситиспиппит.  Ааспытын кэннэ кэннибин хайыһан көрдөхпүнэ, ол сылларга куһаҕана суохтук үлэлээбит эбиппин диэн кыбыстыбакка этиэхпин сөп эбит.

 Биһиги нэһилиэк туруорсуутунан, элбэх мунньахтарга этэн-тыынан, суруктары суруйан, бырайыактары көмүскээн доруобуйатынан хааччахтаах дьоммут дьиэлэригэр тупсаҕай оҥоһуу киллэриллибитэ.   Эбэтэр дьиэҕэ гаас киириитигэр, хочуоллары уларытыыга нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар көмө оҥоһуллуутугар бастакы хардыылары оҥорсубуппуттан үөрэбин эрэ буоллаҕа.

 

Айар аартыгы тэлэччи арыйан

 

– Онтон өссө биир бэлиэ түгэн 2014 сыл атырдьах ыйыттан «Тускул» Култуура киинигэр  үлэлии кэлбиппэр тосхойбута. Күн бүгүн «Тускулга» эмиэ  астына-дуоһуйа үлэлиибин. Үлэлииргэ-хамсыырга, ситиһии ситимнэнэригэр бигэ  тирэхтээх хамаанда,  түмсүүлээх буолуу улахан оруолу оонньуур дии саныыбын. Ити чааһыгар мин олох дьоллоох киһибин. Дьиҥ хамнастаах тэрилтэлэрбэр да, уопсастыбаннай да түмсүүлэргэ куруук дьоһун дьонноох кэлэктииптэргэ үлэлээн кэллим. Билигин үлэлиир кэлэктииппэр дьэ, кырдьык да,  айар-тутар аартык аанын тэлэччи, дэлэччи аһан,  саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну, ол эрэн, уруккуну умнубакка, ааспыты бырахпакка ыкса сибээстээн, ситимнээн олоробут. Сарсыарда аайы үлэҕэ үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа кэлэр дьоннуун бииргэ буолуу – дьол биир утаҕа. «Тускул» КК хас биирдии  үлэһитэ дьиҥ бэйэтин миэстэтигэр  баҕаран туран утаппыттыы үлэлиир диэн этиэхпин сөп. Ол салайааччыбыт, хамандыырбыт,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Михайловна Чепалова үтүөтэ-өҥөтө дии саныыбын. Дэлэҕэ даҕаны,  кинини таптаан Идея Михайловна диэн ааттыахтара дуо?..

***

Дьиэ кэргэним туһунан этэр буоллахха, кэргэним   Анатолий  Руфовтыын 35 сыл бииргэ олорбут ыстаастаах ыалбыт. Анатолий Афанасьевич  үрдүк үөрэхтээх, Саха судаарыстыбаннай университетыгар инженернэй-тэхиньиичэскэй факультекка үөрэнэн,   тутуу инженерин идэтин ылбыта.  БАМ тутуутун бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ “Гражданскай килбиэн” мэтээлин хаһаайына. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Үс оҕолоохпут, билигин бэйэлэрэ ыал дьоннор. Алта сиэннээхпит. Дьиэ кэргэним үлэлиирим тухары миэхэ эрэллээх тыыл, көмө-имэ, тирэх  буолаллар. Кинилэргэ махталым улахан.

***

 

Наталья Ивановнаны Хатас сэлиэнньэтигэр билбэт киһи суоҕа да буолуо.  Кинини өссө сахалыы сериалларга оонньуурун көрбүт буолуохтааххыт. Ол курдук, кини куруук дьон ортотугар, үлэ үөһүгэр сылдьар хоһуун киһи. Дьону түмэр, бэйэтигэр тардар дьоҕура тугунан  да кэмнэммэт. Ылбаҕай ырыаһыт, ордук урукку ырыалары кэрэ куолаһынан ыллаан, эдэр-эмэн дьон сүрэҕин тутар.  Соторутааҕыта толорор ырыаларын хомуурунньугун диискэ гынан таһааран, үөрүүтүн  дьонун-сэргэтин кытары үллэстэн, хамсык кэмигэр хаайтара быһыытыйбыт дьону ырыанан-тойугунан  “эмтээтэ”, сүргэлэрин көтөхтө. 

Аны Хатас үтүө үлэһит дьонун, “Хатас” сопхуоһу уо.д.а. тиэмэлэргэ баай ис хоһоонноох кинигэлэри таһааран, биир дойдулаахтарын махталларын ылыан ылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...