31.12.2023 | 12:00

Олоҕу таптыахха, оҥоро сатыахха!

Олоҕу таптыахха, оҥоро сатыахха!
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Марха түөлбэтигэр олорор Наум Трифонович Слепцов кэлэр сыл кулун тутар 8 күнүгэр 100 сааһын томточчу туолар. Ытык кырдьаҕас оҕолорун, сиэннэрин сылаас тапталларыгар угуттанан, олус үчүгэйдик көрүллэн-истиллэн баччаҕа тиийдэ. Бэтэрээн Дьоппуон милитаристарын кытта кыргыһыылары ааспыта, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр биэс сыл сулууспалаабыта.

Наум Трифонович Таатта улууһун Чөркөөҕүгэр Чээнньийэ алааска 1924 сыл кулун тутар 8 күнүгэр төрүүр. Сэттэ эрэ ыйыгар кэлбит оҕо киһи буолара саарбах диэн, уолу куобах тириитигэр суулаан, оһох кэннигэр ууран кэбиһэллэр. Ол оҕолоро, хата, киһи буолан, икки ыйын туолан бороохтуйа түспүтүн кэннэ, ийэтэ олус ыараханнык төрөөн доруобуйата мөлтөөбүтүттэн, аҕатын бииргэ төрөөбүтүгэр Трофим Слепцовка ииттэрэ биэрэллэр. Оннук Трофим Наумовичка, кини кэргэнигэр Настааччыйаҕа күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕолоро буолар.  

 

“Кулаак уола”

30-ус сылларга кулаактары утары охсуһуу үгэнигэр дьонун нэһилиэктэн 5 биэрэстэлээх сиргэ көскө үүрэллэр, 30-ча төбө сүөһүлэрин колхуоска былдьыыллар. Үс чааскыны кытта биир ынаҕы хаалларбыттарын ылан, дьонтон ат уларсан атын сиргэ көспүттэрин, оччолорго 6-7 саастаах оҕо ийэтин кытта мэҥэстэн, аҕалара атын сиэтэн арҕаа айаннаабыттарын билигин да харааста кэпсиир:

Дьоммун кулаактар диэбиттэрин дьиибэргии саныыр этим. Билигин, кырдьан баран, сытан эрэн арааһы ырытабын уонна маннык эбит диэн түмүккэ кэллим: ииппит аҕам политсыылынайдарга биир кылаас үөрэммит буолан, нууччалыы кэпсэтэр, кыратык суруйар, үчүгэйдик ааҕар-суотуур буолан, улахан үөрэхтээх киһинэн ааҕыллара. Онон кинини атыыһыттар кэпсэтиилэрин ыытар ыраах айаннарыгар илдьэ сылдьаллар эбит. Ол кэмҥэ кини дьону хамнастаан хаһаайыстыбатыгар үлэлэтэрин хамначчыттары тутар диэбиттэр. Аны Сүөкүлэ диэн ииппит кыыһын, Петр Богатырев диэн тулаайах уолу ылан киһи оҥорбутун, кэргэннээбитин кытта кулаак хамначчыттара диэбиттэр эбит. Ол иһин Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр барыахпар диэри “кулаак уола” диэн дьаралыктаммыттаахпын.         

 

Япония сэриитигэр

Наум Трифонович, убайа Василий Трифонович суолун батыһан, Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирэр. Сэрии сут дьылларыгар аччык аҥаардаах үөрэнэллэр, үөрэх быыһыгар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр, фроҥҥа бараары хаста да тыллана сатыыр.  Ол аайа «Саха сирин учуутал эр дьоно турар-турбат барыта сэриигэ барда, эһиги үөрэххитин бүтэриэхтээххит» диэн матыыптаан бронь биэрэн иһэллэр. Онон Наум дойдутун фашистартан көмүскүү барар баҕаттан үөрэҕин бүтэһик куурсугар тохтотон, дойдутугар тахсан үлэлиир. Интэринээт иитээччитинэн аныыллар. Улуу Кыайыы туһунан сураҕы оскуолаҕа атаарбыт оҕолоро үөрэ-көтө төттөрү сүүрэн кэлэн иһитиннэрэллэр.

Ол сыл кини аармыйаҕа ыҥырыллар уонна Япония милитаристарын утары сэриигэ ыытыллар. Япония саамай бөҕөргөтүүлээх, хаайыылаах кытайдарга мындырдаан туттарбыт Хайлар кириэппэстэрин ылыыга, хааннаах кыргыһыыга кыттар, ол түмүгүнэн “Туйгун пулеметчик” наҕараадалаах.

Биэс сыл дьоппуон билиэннэйдэрин үлэлэтиигэ, ыскылааттары харабыллааһыҥҥа о.д.а. эппиэтинэстээх кытаанах үлэҕэ сылдьар.

 

Чулуу учуутал

Наум Трифонович сэрии кэнниттэн кэлэн үөрэҕин ситэрбит, онтон баартыйа ханна аныырынан Аллайыаха, Горнай, Таатта, Томпо улуустарыгар хастыы эмэ сыл учууталлаабыт, саабыстаабыт, дириэктэрдээбит. Ол тухары киниэхэ наар мөлтөх туруктаах оскуолалары өрө таһаартараары туттараллар эбит. Оскуола туттарбыта, ол саҕана күүскэ киирбит производственнай үөрэхтээһин базатын хас да улууска тэрийбитэ дьон махталынан туоһуланар.

 

Герой аатын үйэтитэр

Саамай уһуннук үлэлээбит Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатыгар кып-кыра хостон саҕалаан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатын сүгэр музейы кэргэнэ история учуутала Аграфена Дмитриевнаны кытта олохтоохтук ылсан тэрийбиттэр. Ол түмэллэрэ билигин улуустааҕы таһымнанан турар, маны таһынан Арассыыйаҕа ханна да суох улахан, толкуйдаах оҥоһуулаах мемориальнай комплексы туттарбыттар. Дьоруой Охлопковы кытта алтыһан ааспытын, оҕолорун кытта ыкса доҕордоспутун, дьоруой аатын үйэтитиигэ оҥорбут үлэтин барытын олус киэн тутта кэпсиир.

 

Саахымат уонна дуобат баар буолан

Наум Трифонович үйэлээх сааһын тухары саахыматы киэҥник пропагандалаан кэллэ. Үлэлээбит оскуолатын аайы дуобат, саахымат куруһуогун үлэлэтэн, үөрэнээччилэрин дойду таһымыгар таһаарбыт уһулуччу түмүктэрдээх үлэлээх.

Кини бачча сааһыгар түөһэйбэккэ, мэйиитин үлэтэ энчирээбэккэ кэлбитин саахыматы кытта эмиэ ситимниир. Сыл аайы Дьокуускайга, Кыайыы күнүн көрсө, саахымат, дуобат матч-турнирын ыытар. Бу турниртан үүнэн тахсыбыт кэскиллээх саахыматчыт үгүс.

 

Ытык сэргэлэр

Төрөөбүт-үөскээбит Тааттатыгар Чөркөөххө Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылын аайы сэргэ туруорар үгэстээх. Ол сэргэлэрэ кини дойдутуттан сэриигэ баран тыыннарын толук уурбут үөлээннээхтэрин кэриэстииллэр. Кырдьаҕас саллаат билигин Кыайыы 80 сылыгар сэргэ туруордарбын диэн сыаллаах-соруктаах олорор.

Бэйэтин бэлиэ үбүлүөйдээх саастарыгар, ыччатым мин дойдубар тардыһар буоллун диэн, Чэнньийэ алааһыгар эмиэ сэргэлэри туруорар. 100 сааһынан дойдутугар туруоруохтаах сэргэтин оҥорор маастары булан, кэпсэтиитин ыытан олорор.

 

Сүүс саастаах киһи сүбэлэрэ

Хаһыат балаһатыгар Наум Трифонович биир үйэ устата олорбут олоҕун, оҥорбут үтүө дьыалаларын батарбаккын. Ол иһин 100 саастаах киһи билиҥҥи олох үөһүгэр сылдьар бар дьонугар сүбэлэрин таһаарабыт:

***

Дьиҥнээх киһи диэн үтүө санаалаах, ыраас дууһалаах буолуохтаах. Туох баар үлэҕин, оҥорор дьыалаҕын үтүө санааттан эрэ оҥорор буоллаххына илэ тахсаҕын. Иллээх-эйэлээх олоҕу тутуу, кимиэхэ  да куһаҕаны санаабакка сылдьыы, дьоҥҥо наар үтүөнү эрэ баҕарыы – олус судургу уонна эһиэхэ барыгытыгар табыллар дьыала.

***

Олоххо дьахтар үлэтэ оҕо көрүү, ас астааһына, эр киһи эбээһинэһэ харчы аҕалыы эрэ диэн араарар сыыһа. Кэргэнниилэр биир киһи курдук санаалаах, хамаанда буоллахтарына эрэ барыта кыаллар.

***

Киэҥ көҕүстээх буолуохха наада. Атын дьон хайдах да үөхтүн, кыыһырдын – эн холку майгыгынан уоскутуоххун сөп.

***

Олох араас буолар. Түһүүлээх-тахсыылаах, өлүүлээх-сүтүүлээх – ол эрэн олоҕуҥ тиһэх сылларыгар олорон тэҥнээн көрдөххүтүнэ, дьоллоох уонна үчүгэй түгэннэриҥ улаханнык баһыйан тахсыахтара.

***

Өлүүнү араастык ылыныахха сөп. Киһи этэ-сиинэ өллө да, бу сиртэн суох буолбут курдук санаамыахха наада. Киһи оҕолоругар, оҥорон хаалларбыт дьыалаларыгар салҕанар. 

***

Дьиҥнээх таптал имэҥнээхтик уураһыы-сыллаһыы буолбатах. Бу икки киһи өйүн холбоһуута. 60-70 сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэри билэбин, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөр эрэ дьон өр олороллор. Ким кими тулуйара манна наадата суох.

***

Төрөөбүт дойдуга тапталы оҕолорбутугар кыраларыттан иҥэрэн иһиэхтээхпит. Мин тапталым төрөөбүт алааспыттан саҕаламмыта. Дьылҕам ханна да тиэртин, ол алааспыттан ордук сири булбатаҕым.

***

Дьылҕам биэрбитин барытын туһаммыт, үөһээттэн суруллубуту барытын толорбут буоламмын, дьоллоох киһибин дэнэбин. Дьиҥнээх тапталы билбитим, оҕолорбун киһи оҥортообутум, билигин ыччаттарбын көрөбүн. Үлэттэн дьолломмутум, үлэнэн улааппытым, элбэх үтүө дьону иитэн таһаардым.

***

Олох быһаарыныылартан турар. Олоҕум устата элбэх быһаарыныыны ылынан кэллим. Билигин сытан эрэн онтубун киинэ курдук эргитэн көрөбүн. Кырыйдаххына арай манна итинник гыммыт буолуум, оччоҕо маннык буолуо этэ дии саныырыҥ элбиир эбит. Ол эрэн мин олоҕум – барыта дьылҕам суола, туохтан да улаханнык кэмсиммэппин.

***

Киһи улаханнык кырыйдаҕына ийэтин-аҕатын наһаа саныыр буолар эбит. Билигин мин сыттым да ийэлээх аҕабын кытта төрөөбүт алааспар сылдьарбын оҥорон көрөбүн. Наар үөрэх, үлэ эккирэтиитигэр кырдьаҕастарбар бириэмэбин анаабатахпыттан, элбэхтик ыкса алтыспатахпыттан кэмсинэбин. Уонна суох буолбуттарыгар ийэ буордарыгар кистээбит эрэ үтүөлээхпин быһыылаах дии саныыбын.

***

Эдэр сылдьан атеист этим. Биһигини абааһы да, иччи да суох диэн ииппиттэрэ. Билигин уһун олоҕу олорон баран этиэхпин сөп: көстүбэт күүстэр, айылҕа күүһэ диэн чахчы баар эбит. Айыыһыттарым араҥаччылаабыт буоланнар, тоҕус өлөр өлүүттэн тыыннаах ордубутум.

***

Киһи сыаллаах буоллаҕына, олоҕун оҥостор. Биир сыалы ситиһэргэ хас да хардыыны былаанныахха наада.

***

Ыра санаа диэн киһиэхэ барытыгар баар буолуохтаах. Оттон мин, таҥхаччы кырдьыбыт киһи, ыра санаам биир – дьонум-сэргэм эрэ этэҥҥэ олордуннар диэн.

***

40-50 сааскар, олоххун оҥостон эрэ баран өйдөнөр эбиккин. Өйдөннөххүнэ, ааспыт сылларгын анаалыстаан көрүөххүн сөп. Хас биирдии буолбут түгэн үөрэтэр аналлаах кэлбитин билэҕин.

***

Кинигэни ааҕар буоламмын чөл өйбүнэн олоробун. Улуу учуонайдар үлэлэрин барытын кэриэтэ аахтым, саха литературатын хастыыта да аахтым. Көрөр эрдэхпинэ, 98 сааспар диэри, улаатыннарар тааһынан ааҕар этим.

Бэйэм начаалынай кылаас, онтон нуучча тылын учууталын идэтин баһылаабытым эрээри, үйэм тухары, дьоҕурдаахпын билэн,  математигынан үлэлэппиттэрэ.

 

Барыгытын Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Билиигитин наар хаҥата сылдьыҥ, төрөөбүт дойдугутун бэриниилээхтик таптааҥ, уопсастыбаҕа туһалаах дьон буолуҥ. Бэйэ ис кыаҕын бөҕөргөтүҥ, олох охсууларыттан охтон, тостон биэримэҥ – ыараханы барытын туоруохха сөп, туораан баран кэлин син биир үтүө, үчүгэй өттө баһыйарын өйдүөххүт.

Олоҕу таптыахха, оҥоро сатыахха!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...