14.10.2022 | 15:00

Олоҕуҥ суолун буллуҥ дуо?

Олоҕуҥ суолун буллуҥ дуо?
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Олох суола диэн бу киһи олоҕун устата айанныыр ыллыга. Бу ыллыгы сөпкө тутуһуохтаахпыт, ханан эрэ туораан хаалан, айаммыт сыыһа салаллыан сөп. Холобур, идэҕин сөпкө талыыттан сөптөөх суолу тутуспутуҥ, инники дьылҕаҥ кытта тутулуктаах. Онон киһи олоҕун суола бэйэтин илиитигэр, кини тус бэйэтэ эрэ ону уларытар кыахтаах. Үчүгэй эбэтэр, төттөрүтүн, табыллыбат, сатаммат өттүгэр.

Хас биирдии киһи олоҕо – бу уһуун-уһун эриллэҕэс-бураллаҕас суол, сыыһаттан, алҕастан, холонууттан, дьоллоох уонна сордоох түгэннэртэн турар, бу кэлин барыта олоххор уопут буолан кэлэр. Элбэх киһи сөптөөх суолтан туораан, тулалыыр эйгэ мөкү өттүгэр ылларан, олоҕо алдьанар. Киһи бу олох устун хаамарыгар дьылҕатын бэйэтэ салайыан наада, сиэри-майгыны, үтүөнү-мөкүнү барытын арааран, сиидэлээн ылан. Олоххо уопутун туһанан, уопсастыбаҕа бэйэтин личность быһыытынан көрдөрөн, атаҕар бигэ туруохтаах. Дэлэҕэ, “Олох олоруу – көнө хонууну туорааһын буолбатах” диэн өс хоһооно баар буолуо дуо?

Киһи барыта ситиһиилээх буолуон баҕарар. Ситиһиигэ тиэрдэр суол чэпчэки буолбатах, балачча киириилээх-тахсыылаах, судургута суох. Ситиһии элбэх үлэни эрэйэр, тулууру, дьулууру ирдиир, дьылҕаҥ араас эриирин-мускуурун, тургутуутун ааһыаххын наада.

Улахан ситиһиилэммит, аан дойдуга биллибит, байбыт-тайбыт дьону ааҕан билэбит. Кинилэр хара көлөһүннэрин тоҕон, араас моһолу ааһан, өйдөрүн үлэлэтэн ситиһиилэммиттэрин туһунан истэбит. Бүгүн аан дойду миллиардердарын туһунан буолбакка, аттыбытыгар сылдьан ситиһиилэммит дьон кэпсээннэрин истиэҕиҥ.

 

Бэйэм холбор кыахтаахпын дии саныыбын

Мария, 57 саастаах, урбаанньыт:

– Дьокуускай куоракка олоробун, үлэлиибин. Сэбиэскэй Сойууска төрөөбүт киһи буоллаҕым. Онон оскуола кэнниттэн соҕуруу куоракка баран туттарсан, аһылык технологын идэтин баһылаан кэлбитим. Бастаан утаа идэбинэн остолобуойга үлэлээбитим. Онтон рестораҥҥа миэстэ булан көспүтүм. Бу кэмҥэ дьүөгэм бытовойга үлэлии киирбитэ, бэйэтэ закройщица этэ. Кини аймахтарын дьиэлэригэр иккиэн бииргэ олорбуппут. Оччолорго куортам эҥин төлөттөрбөттөр, оннооҕор уоту, квартплатаны төлөөҥ диэбэттэр. Онон буор-босхо олоробут. Биир эмит киэһэ киинэҕэ баран кэлэбит. Сайсары оройуонугар дьиэлээхпит, оччолорго онно “Айхал” диэн киинэ тыйаатыра баара. Сап-саһархай кырааскалаах. Индийскэй киинэлэргэ көтүппэккэ сылдьарбыт. Онтон атын аралдьыйар сирбит суох. Түүнүн үҥкүүлүү барбаппыт, эгэ, рестораҥҥа сылдьыахпыт дуо, бэйэм онно үлэлиир буолан, сылайан сөп буолан кэлэбин.

Ол курдук үлэлээн-хамсаан, син киһи тэҥинэн аһаан-таҥнан олорбуппут. Онтон Сойууспут ыһылынна, тэрилтэлэр сабыллан бардылар, үлэбитигэр “сокращение” диэн буолла. Мин, аҕыйах сыл үлэлээбит киһи, үлэтэ суох туран хааллым, дьүөгэм эмиэ “сарбылынна”.

Дойдубутугар барар санаабыт суох, тугу эрэ толкуйдуохха диэн буолла. Дьон бары хайдах эрэ уолуйбут, барар-кэлэр сирин билбэт курдук буолбут этэ. “Челночниктар” диэн баар буоллулар. Соҕурууттан табаар аҕалан атыылыыллар. Мин дьүөгэм Люда харса суох этэ, этэргэ дылы, “кто не рискует” диэбитинэн сылдьара. Ыллыбыт да, соҕурууттан табаар аҕалан атыылаан киирэн бардыбыт. Иллэҥ буола түстүбүт эрэ, бэрэски оҥорон кэрийэ сылдьан атыылыыбыт, онтон сакаас эҥин ылар буолан бардыбыт. Хайдах эрэ барыта түргэнник табыллан киирэн барбыта, ситиһии да өр күүттэрбэтэҕэ. Харчыны эргитэн, оҥорон, атахпытыгар турбуппут. Биллэн турар, туох да чэпчэкитик кэлбэтэҕэ, ийэ-хара көлөһүммүтүн тоҕон, сороҕор үүрүллэн-үтүрүллэн, сэнэнэн, кырбана да сыһан. Үгүһү кэпсии барбаппын, билигин ситиһиилээх, кыахтаах дьон ахсааныгар киирэбит дии саныыбын.

Иккиэн ыал буолбуппут, оҕо, сиэн баар. Доҕордуу, дьүөгэлии сыһыаммыт билигин да уларыйбат, өссө чиҥээн биэрбитэ, этэргэ дылы, сорох бииргэ төрөөбүттэр ымсыырар ыкса, истиҥ сибээстээхпит. Сааһыран сыһыаммыт өссө бигэ буолла, ити, арааһа, ыарахан кэмнэргэ бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн, биир санаанан салайтаран сылдьыбыппытыттан буолуо. Билиҥҥи бизнеспит диэн, дьиҥэр, ол саҕаттан, 90-с сыллартан саҕаланнаҕа дии, элбэх сиргэ маҕаһыыннаахпыт, төрөөбүт нэһилиэкпитигэр, улууспутугар, ону таһынан чааһынай аптекалардаахпыт. Биллэн турар, ыарахаттар суох буолбатах этилэр, маҕаһыыммыт табаардыын, маллыын умайбыт да түгэнэ баара. Онтон санаабытын түһэрбэккэ (дьиҥэр, санаа түһүүтэ баар бөҕө буоллаҕа), 2000 сыллартан эмиэ саҕалаабыппыт. Онон икки кыыс нарын санныгар арааһы барытын көрбүппүт.

Билигин дойдубутугар меценаттыыбыт, араас кыһалҕа тирээтэҕинэ, көмөҕө бастакынан кэлэбит, онон дойдубут дьоно махталлара муҥура суох. Кыайыы 75 сылыгар администрацияҕа көмөлөһөн, түүнүн уоттаах-күөстээх, дьон налыччы сынньанарыгар паарка курдук, сэриигэ сылдьыбыт, эргиллибит дьон испииһэгин киллэрэн туран монумент оҥотторбуппут, олохтоохтор да көмөлөспүттэрэ, кыттыспыттара.

Киһи олоҕун суола араастаан тыргыллар, онтон туораан хаалымыахха наада. Ситиһиилээх, кыахтаах буоларга кытаанах санаа, өй-сүрэх мөккүөрэ, сүрэхтээх буолуу, бэйэни ыһыктыбакка хорсун санааланыы уонна, биллэн турар, туохтан да, кимтэн да толлубакка, чаҕыйбакка харса суох инниҥ диэки барыы наада.

Билигин бизнеспитин оҕолорбут салгыыллар, хайа-хайалара иирсибэккэ, бэрт былдьаспакка үлэлииллэр, биһиги салайан, сүбэлээн эрэ биэрэбит. Дьон наһаа интэриэһиргиир, хайдах биирдэ да этиспэккэ, арахсыбакка баччаҕа диэри кэллигит диэн. Дьэ ол кистэлэҥэ туохханый диир буоллахха, иккиэн тус-туһунан майгылаахпыт, биирбит холку, биирбит хорсун, харса суох, онон бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит, тулуйсан истэбит уонна олоххо көхтөөхпүт, биирдик толкуйдуубут. Оччоҕо киһи элбэҕи ситиһэр, харчыны тардар. Кылаабынайа, чиэһинэй буолуохха наада. Оҕолорбутун эмиэ онно үөрэтэбит. Байдыбыт-тайдыбыт, кыаҕырдыбыт диэн дьону сэнээһини олох сиэргэ баппат быһыы дии саныыбыт. Колхуостаах, ыанньыксыт дьон оҕолоро буоламмыт барытын бэйэбит көлөһүммүтүнэн, өйбүтүнэн, күүспүтүнэн оҥордубут. Туораттан, кимтэн да көмөтө суох. Оҕолорбут улааталларыгар барыта баар этэ да буоллар, иитии улахан оруолу ылар.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан табаарыстарыгар киһиргии сылдьыбат этилэр, оҕоттон таһынан таҥыннаран, көмүс, бриллиант иилинэ, кэтэ сылдьыбатахтара. Мин дьүөгэм Людам наһаа муударай киһи. Кини олоҕо миигиннээҕэр ыарахан этэ. Иһэр дьонноох буолан олус кыбыстара, үксүн интэринээккэ олороро. Бэйэбит элбэх да буолларбыт, ийэм, мин дьүөгэбин аһынан, сорох кэмҥэ биһиэхэ олорон үөрэнэрэ. Онтун күн бүгүҥҥэ диэри махтана ахтар, оҕолоругар кэпсиир. Бизнесмен киһи кытаанах, аһыныгаһа суох, бардам дии саныыллар. Дэлэҕэ, киһи дьиҥ-чахчы майгытын билиэххин баҕарар буоллаххына, “дуоһунаста уонна харчыта биэр” дииллэр. Оннук уларыйбыт дьону тус бэйэм билэбин. Оччолорго саҥа саҕалыы, атахпытыгар тура сатыы сылдьан кыаҕырбыт билэр дьоммутуттан көмө көрдөөн тиэрэ хайыспыт түгэннэрэ элбэх. Киһи да уларыйар буолар эбит этэ. Биһиги Людабынаан ханнык да түгэҥҥэ бэйэ-бэйэбитин таҥнарбат, дьоҥҥо көмөлөһөр, байдахпытына, кыаҕырдахпытына да бу сирэйбитин сүтэрбэт гына ол үүрүллэ, кыйдана, сэнэнэ сылдьан тылбытын бэрсибиппит, андаҕайсыбыппыт. Онтубут бу олохпут суолун устун тэҥҥэ айаннаан кэллэ.

Түүн, күнүс буоллун, хайа-хайабыт сүбэ-ама буола сүүрэн тиийэр кыахтаах, ханнык да ыарахан күммүтүгэр сарын-санныбытын уурабыт. Мин кэргэним куһаҕан ыарыы буулаан өлөр-тиллэр кэмигэр сыттаҕына Людам аттыбыттан арахсыбатаҕа, сиэстэрэ булан дьиэбэр олордон эмтэппитэ, соҕуруу эмтэтэ барарбытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыбыта, бизнеспит харчытын балачча чарааһаппыппыт.

Уопсайынан, олох суола хаһан да көнө буолбат, ону эдэр дьон өйдүөн наада. Ол да буоллар, ханнык да түгэҥҥэ бэйэ бодотун тардына сырыттахха, дьону кытта чиэһинэйдик, көнөтүк сыһыаннастахха, олоҕуҥ эйиэхэ үтүөнэн төлүүр. Били “бумеранг” дииллэрин курдук. Дьоҥҥо үтүөнү, кэрэни баҕарыҥ, дьоҥҥо көмөлөһүҥ, дьоллоох буолуҥ, олоҕу баарынан олоруҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...